Киир

Киир

*****

Бу хатан дьыбары киэр илгэн,
Дабайыам Мырааным Чочурун,
Саҥа Дьыл, Саҥа Дьол кэлэрин
Кутаа уот күөдьүтэн көһүтүөм...
 
Саҥа Дьыл үүнүөхтээх түүнүгэр
Саҥа Дьол аргыһа буолаҥҥын
Сандаара үллүктээ, үрүҥ хаар,
Сир ийэ киэлитин сырдатан!
 
Дьиримнии тырымныыр сулустар,
Дьол-соргу сирдьитэ буолаҥҥыт
Хас биирдии сүрэххэ бэлэхтээҥ
Хардалаах үйэлээх тапталы!
 
Саҥа Дьыл күүтүүлээх түгэнэ
Хас сүрэх аайытын нүөлүйдүн!
Алыптаах бу нуурал киэһэҕэ 
Барыбыт ырабыт туолуохтун!
 
А. Ускеева, ахсынньы, 2021 с.
 
*****
Саҥа дьылбыт
Саргылыы үүммүтүнэн!
Саҥа кэммит
Салаллан кэлбитинэн!
 
Үчүгэйкээн дьонноруом
Үүммүт күммүтүнэн!
Үтүөкэн күммүт
Үөрүүнү үтэлээтэ!
 
Кэлбит күммүт
Күндү дьоммор
Кэһиитин күндүлээтэ,
Кэрэтин кэккэлэттэ!
 
Тахсыбыт күммүт
Тапталлаах дьоммор
Тупсууну тутуурдаан,
Табыллыыны тарҕатта!
 
Бүгүҥҥү күммүт
Баҕарбыт баҕаҕыт
Бастыҥын анаан
Бэрдин бэлэхтээтэ!
 
Кэскилээнэ
 
САҤА СЫЛБЫТ
 
Оҕус сыла баран эрэр,
Бүтэһик күннэрин эрдэр.
Саҥа сылбыт кэлэн эрэр
Кэрэ кэмин биллэрэр.
 
Баабыр сыла баабый хардыы
Эриэн быраан үктээн иһэр,
Сэмээр күүтэн арыт саллыы
Куппутугар дьэргэйэр.
 
Ханнык да сыл кээлтин иһин
Саҥа дьылы күүтэбит.
Эргэ сылбыт эстэр иэһин
Атаараммыт үөрэбит.
 
Куйаар дуолун байҕал иэнэ
Оҕус сылын мэлдьэһиэ.
Буолан ааспыт  кэрдиис кэмэ
Сааспытыгар эбиллиэ.
Баабыр сыла тиийэн кэлэн
Баппаҕайыгар тирэниэ.
Эдэр Чысхаан тэҥҥэ сиэлэн
Эйэлээҕин биллэриэ.
 
Олох тупсар суолун тутар
Саҥа сылга сорук турар.
Дьолуо бааттаах баабыр буолан
Толоруохтун дьолунан!
 
Саҥа сылбыт сүүрээниттэн
Сомсор буолуох кэрэтин!
Үтүө, үрдүк кэккэ түмсэн
Үөрүүбүтүн үксэттин!
 
 Марта- Мария.
 
23.12.21.
 
САҤА ДЬЫЛ
 
Саргылаах алгыстаах,
Саҥа Дьыл барахсан
Саҥа Дьол аргыстаах
Салаллыый, сандааран!
Сыл ахсын салпакка,
Сылайан сыппакка,
Санааны муспакка,
Сарадах ойуулаах
Сабарай лабаалаах,
Сымала сыттардаах,
Салама уоттардаах,
Салбырҕас оонньуурдаах
Сыа чэгиэн харыйа
Салаатын таарыйа,
Самныбат уйгунан,
Сайаҕас күлсүүнэн,
Сылдьыахха үҥкүүлээн!
Субурдук үөрүүнэн
Сулуһу күөдьүтэн,
Супту күөх күөнүгэр
Соргулуох үрдүгэр!
Санньыйар диэн тугун
Саараама, умнуоҕуҥ!
Сахабыт дьонноро!
Суо- дьоһун санаанан,
Сахалыы тылынан,
Сандалы тулалаан,
Саҥа Дьыл киэһээтин,
Саҥа Сыл илдьитин,
Саргылыах кэскилин!
 
Марта- Мария.
 
24.12.20. Нам.

 

**** 

Саҥа дьыл түүнүгэр маҥан хаар кыыдамныыр
Үөһээттэн үөр лыахтыы  тэлээрэ үҥкүүлүүр, 
Ып-ыраас маҥан хаар ытыспар кутуллар
Күн чөмчүүк кэриэтэ мичээрээт иһийэр.
 
  Хаамсыахха доҕоччуок саҥа дьыл түүнүгэр
  Маҥан хаар вальсыгар эргийэ үҥкүүлүөх.
 
Халлааҥҥа сулустар саспыттар сүппүттэр
Үөһэттэн мичиҥнии дьээбэлии көрбөттөр,
Арай бу маҥан хаар  эргийэ тэлээрэ
Саҥа дьыл үөрүүтүн үллэстэр курдуга.
 
   Хаамсыахха доҕоччуок саҥа дьыл түүнүгэр
    Маҥан хаар вальсыгар эргийэ үҥкүүлүөх
 
Ол эмиэ пааралар хаамсаллар куустуһан
Саҥа дьыл түүнүгэр туналга сууланан,
Маҥан хаар кыырпаҕын тоһуйан ыһаллар
Дьоллоохтук күлсэллэр  эргийэн ылаллар.
 
   Хаамсыахха доҕоччуок саҥа дьыл түүнүгэр
   Маҥан хаар вальсыгар эргийэ үҥкүүлүөх.
 
Н.Дьуур.

 

Саҥа дьылга бука бары

Саҥаны, кэрэни кэтээн
Оҕо буолан, ол тухары
Оҕонньор кэлэрин күүтэн,
Иллэҥ бириэмэ булабыт,
Искэ иһийэн ылабыт...
 
Оҕус сыла ааста тигинээн,
Араас суоһар түгэн бэлэхтээн.
Олус ыардык буолла сороҕо:
Абытай уота, ыарыы соро
Бүтэр уһугар, оо, быһылаан
Буолла эбээт - барытын аймаан!
 
Олохпут дьаһаллар оҥкула,
Одун хаан быһаарар содула:
Ким дьиикэй, ким күүстээх баһыйар,
Көдьүүс өттүн көҥүл дьаһайар.
Кыахтаах буолла - барытын ылар ...
Кыыллыы сокуон олоххо көстөр!
 
Кэлэр сылга Баабыр буоламмыт
Көҥүл тыынан, күүһү көрдөрөн,
Саха буолан тыыллан тураммыт
Саҥалыы санаа тыынын булан,
Эрдиниэх бары тэҥҥэ туттан
Эрэл, итэҕэл туомун булан.
 
Доҕоттоор, сахалыы санааны
Олоххо туруору тутуһан,
Оҕолор тустарын көрүнэн,
Дугданы - хахханы оҥостон,
Сомоҕо буоламмыт туруоҕуҥ,
Сөптөөхтүк дьаһанан барыаҕыҥ!
 
Кырдьаҕас ытыкка сылдьарын,
Кэнчээри өйөбүл ыларын,
Талааннаах көҥүллүк тыынарын,
Тулабыт сандаара сырдыырын,
Барыбыт баҕата туоларын
Бу киэһээ түмсэммит түстүөҕүҥ!
 
Саҥалыы сылбытын уруйдаан,
Сандалы остуолу тулалаан,
Сайдыыбыт оҥкулун оҥорон,
Санаабыт тустарын ситэрэн,
Көтөҕүөх бакаалы тыаһатан
Кэскиллээх олоҕу баҕаран! 
 
Бүөтүр, Уус Алдан
31.12.2021
19.19.
 

Саҥа 2022 сылбыт

Саҥалыы салаллан
Санаабытын сандаартын!
 
Ситиһиини бэлэхтээн
Сылааһы - истиҥи  салайан
Сүрэхпитин ньүөлүттүн!
 
Сырдык - кэрэ мичээрин,
Саҥа ыраас үөрүүтүн
Салайан аҕаллын!
 
Доруобуйаны түстээн,
Дьоһуннаах олоҕун
Дьолунан толордун!
 
Баҕарбыт баҕабыт
Бастыҥын барҕардан
Барыта туолуохтун!
 
Кэскилээнэ

 

2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣

🎊🎊🎊🎊🎊
🎄🎄🎄🎄🎄
 
Ааспыт сылга үчүгэйи,
Санааҕытыгар хаалларыҥ.
Саҥа дьылга кэрэни,
Эрэйэҥҥит көрсөөрүҥ.
 
Баабыр курдук сымсатык
Үлэлээҥҥит үксээриҥ,
Мындыр өйгө умсаҥҥыт
Толлубакка түмсээриҥ.
 
Кэлэр кэмҥэ үтүөнү
Үллэстэҥҥит сылдьаарыҥ,
Өрүү үүнэр күннэри
Кэрэхсииргит таах хаалбатын.
 
Саҥа кэлбит дьылынан !
"Соргу дугуй" – Дьол устунан !
Эҕэрдэлэһиэххэ...
Үөрүөххэ көтүөххэ ! Дом🙏
 
🎊🎊🎊🎊🎊
🎄🎄🎄🎄🎄
 
Дмитрий Борисов
 
*****
Бу хатан дьыбары киэр илгэн,
Дабайыам Мырааным Чочурун,
Саҥа Дьыл, Саҥа Дьол кэлэрин
Кутаа уот күөдьүтэн көһүтүөм...
 
Саҥа Дьыл үүнүөхтээх түүнүгэр
Саҥа Дьол аргыһа буолаҥҥын
Сандаара үллүктээ, үрүҥ хаар,
Сир ийэ киэлитин сырдатан!
 
Дьиримнии тырымныыр сулустар,
Дьол-соргу сирдьитэ буолаҥҥыт
Хас биирдии сүрэххэ бэлэхтээҥ
Хардалаах үйэлээх тапталы!
 
Саҥа Дьыл күүтүүлээх түгэнэ
Хас сүрэх аайытын нүөлүйдүн!
Алыптаах бу нуурал киэһэҕэ 
Барыбыт ырабыт туолуохтун!
 
А. Ускеева, ахсынньы, 2021 с.

 

САҤА СЫЛБЫТ

Оҕус сыла баран эрэр,
Бүтэһик күннэрин эрдэр.
Саҥа сылбыт кэлэн эрэр
Кэрэ кэмин биллэрэр.
 
Баабыр сыла баабый хардыы
Эриэн быраан үктээн иһэр,
Сэмээр күүтэн арыт саллыы
Куппутугар дьэргэйэр.
 
Ханнык да сыл кээлтин иһин
Саҥа дьылы күүтэбит.
Эргэ сылбыт эстэр иэһин
Атаараммыт үөрэбит.
 
Куйаар дуолун байҕал иэнэ
Оҕус сылын мэлдьэһиэ.
Буолан ааспыт  кэрдиис кэмэ
Сааспытыгар эбиллиэ.
Баабыр сыла тиийэн кэлэн
Баппаҕайыгар тирэниэ.
Эдэр Чысхаан тэҥҥэ сиэлэн
Эйэлээҕин биллэриэ.
 
Олох тупсар суолун тутар
Саҥа сылга сорук турар.
Дьолуо бааттаах баабыр буолан
Толоруохтун дьолунан!
 
Саҥа сылбыт сүүрээниттэн
Сомсор буолуох кэрэтин!
 Үтүө, үрдүк кэккэ түмсэн
Үөрүүбүтүн үксэттин!
 
 Марта- Мария.
 
23.12.21.

 

Саҥа дьыл үүнэр үрдэлинэн эҕэрдэ!

🎄❄️🎄❄️🎄❄️🎄❄️
 
Кэлбит саҥа дьылга,
Тулаҕытын туман тууйбатын
Эйгэҕитин тымныы тыыппатын,
Сүрэҕи  таптал угуттаатын
Сылаас сыһыан уйалаатын!
 
Үүммүт саҥа сылга,
Үргэл сулустуу суһумнуу
Үөрүү үрдэлэ үксээтин,
Умайар кутаа кыымыныы
Дьоллоох түгэн элбээтин!
 
 Хоһуунай.Амма.
 
Саҥа Дьыл үүнүөҕэ...
 
Дьиктилээх
Саҥа Дьыл үүнүөҕэ
Алыптаах түгэнэ үөрдүөҕэ,
Соһуччу бэлэҕин биэриэҕэ
Ырабыт бу күҥҥэ ситиэҕэ...
 
Дьиримниир тырымнас уотунан
Мүөт дыргыл минньигэс сытынан,
Харыйа дьиэ иһин толоруо
Сып-сылаас сырдыгар угуйуо...
 
Хас биирдии сүрэҕи долгутан
Саҥа Дьыл ааннарын аһыаҕа,
Сандаарар уотунан ыҥыран
Харыйа дьиримнии туруоҕа...
 
Тулалыыр алыпка уйдаран
Куба хаар тэлимнии түһүөҕэ,
Талбаарар дьиктигэ куустаран
Саҥа Дьыл үөрүүтүн түстүөҕэ...
 
Ульяна Ива.
 
 САҤА СЫЛЫНАН!
 
Аан дойду айгыстан
Саҥа Сыл кэллэ-диир.
Сахалар кыттыһан
Эҕэрдэ этэбит.
 
Саҥа Сыл салаллан
Саргыны аҕаллын!
Үчүгэй Сыл үүнэн
Үтүөнү үксэттин!
Кэлэр Сыл киэркэйэ
Кэрэнэн сыдьаайдын!
 
Ситиһии сиэттистин
Кыайыылыын кыттыстын!
Алгыспын ылынан
Аал уотуҥ сандаардын,
Алаһаҥ сырдаатын,
Алааһыҥ аһаттын,
Туругуҥ тубустун,
Тус санааҥ туолуохтун,
Ыралаах ыллыгыҥ
Ырыаҕа ылланнын!
 
Эйигин тулалыыр
Эйэҕэс дьонноруҥ
Эйэни, эрэли
Эргиччи сиэттиннэр!
Саҥаны-саргыны
Саталлаан салайыҥ!
Бу олох суолунан
Дьол-соргу аргыстаах
Этээҥҥэ айаннааҥ!
Уруй!-Туску!
Айхал!-Мичил!
 
НОХТОХОН.31.12.2021 сыл.
 
*****
 
Дьон-сэргэ дьоллорун барҕарда
Долгураҥ иэйиинэн угуттуу,
Саргылаах Саҥа Дьыл киэһэтэ
Сандаара салаллан кэллэҕэ...
 
Дьүкээбил суһумун сандаарда
Күлүмнэс уотунан тырымныы,
Лаглайа киэргэммит харыйа
Сиэдэрэй симэҕэ ситтэҕэ...
 
Маскараат, Дед Моруос, Хаарчаана,
Эгэлгэ дьэрэкээн оонньуурдар...
Эриэккэс ырыалар, хоһооннор,
Эһээ Дьыл күүтүүлээх бэлэҕэ...
 
Саҥа Дьыл алыптаах киэһэтэ,
Саҥа Дьол суһумнуур сыдьаайа,
Саҥа Сыл күүтүүлээх түгэнэ
Абылаҥ иэйиинэн куустаҕа...
 
Саҥа Дьыл алыптаах түүнүгэр
Тырымныы умайар сулустар
Кэскили, дьиктини ыралаан,
Кистэлэҥ иэйиини саҕаллар...
 
Саҥа Дьыл дьиктилээх түүнүгэр
Саргылаах санааны соргулаан,
Сиппэтэх санаалар ситэллэр,
Туолбатах ыралар туолаллар...
 
Аана Кыыһа, 01.01.2022
 
*****
Саҥа дьылы көрсөөрү
Ёлка маһын туруордум,
Араас өҥнөөх оонньууру
Онно тиһэн ыйаатым.
 
Араас аһы астааммын
Доҕотторбун ыҥырыам,
Бары бииргэ түмсэммит
Саҥа дьылы көрсүөхпүт.
 
Саҥа сыл, саҥа дьолу
Үөрүүнү аҕаллыннар,
Тымныы оҕонньор кэһии
Оҕолорго түҥэттин.
 
Үөрүү-көтүү аргыстаах
Саҥа дьылы көрсүөххэ,
Эҕэрдэлэһэн бары
Уон иккини ылыахха.
 
Кураан тыаһын иһиллээн
Эҕэрдэни истиэххэ,
Саҥа сылы айхаллаан
Салюппутун ытыахха.
 
     Мичилиинэ
 
****
Уу нуурал киэһэҕэ, чуумпуга
Саҥа дьыл күнүгэр хаар түһэр,
Музыка тыаһыгар уйдара
Намыын ырыа иһиллэр, ыраахтан.
 
Кулуупка,  вальска ыҥырдыҥ, эн
Үҥкүүгэ эргийэ киирдибит,
Синньигэс биилбиттэн ылаҥҥын
Аргыыйдык тэлээрэ көттүбүт.
 
Саҥа дьыл киэһээтин, кинилиин
Долгуйа уураһан ылбыппыт,
Эдэр саас үөрүүтүн-көтүүтүн
Мин онно билбитим, кэрэтин.
 
Уулусса устунан сиэттиһэн
Ыйдаҥа сырдыгар сирдэтэн,
Хаамыстыбыт дьоллоно, үөрэ
Саҥа дьыл,  саҥа дьол аргыстаах.
 
       Мичилиинэ.
 
*****
Саҥа сыл аанын арыйабын,
Саҥалыы олоххо үктэнэбин,
Сааһырдым диэн хомойбокко,
Сааспын ааҕа барбакка...
Саҥа сыл бастакы аана,
Сырдаан киэҥник арылын,
Сатыырбынан саҥаҕа үөрэниэм,
Сэмээр, олохпун да тупсарыам..
Саҥа сыл бастакы күнүттэн,
Сиппэтэх санааларбынан,
Ситэрэр тус олохпун,
Саҥалыы сандаардыам.
Саҥа сыл бастакы аана,
Сэмэйдик, чуумпутук арылынна,
Сахалыы ситимминэн,
Одун Хааммынан,
Олоруом саҥа сылбын....
 
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, 01.01.20

Бүтэһик сонуннар