Туох барыта бүтэр уһуктаах буолан, алдьатар эбэтэр абырыыр. Киргиэлэй, били, кыһыҥҥы бүдүө-бадаа санаарҕабыллаах күннэрэ аны сааскы күн мичээринэн солбуллубута. Таһырдьалыын-иһирдьэлиин чаҕылыйа сырдаан, чэбэр хаһаайка иһитин кылбаччы сууйбутунуу, бүтүннүү күлүмүрдэс буолбута. Санаа-оноо аараан хаалбыт сибиэнэ да биллибэттии сүппүтэ, бүтэйдии оһон хаалбыта. Тырым-чаҕыл күн барахсан иэгэйэр икки атахтааҕы чэбдик салгыҥҥа угуйбута, инньэ гынан турар-турбат барыта таһырдьаны былдьаспыта. Эдэр өттө имин хаана кэйэн, мичилийэ көппүтэ, эмэн өттө да хаалсыбатаҕа: иэнэ ирэн, сылаас сүүрээн угуттаан, биллэ тэтимирбитэ.
Киргиэлэй, ама, онтон матыа баара дуо – бэйэтэ-бэйэтинэн буола түспүтэ. Үлэтин кэнниттэн кыараҕас кыбартыыратыгар тиэтэйэр-саарайар бэйэккэтэ кэлиҥҥинэн атыҥҥа аралдьыйара баһаамнаабыта. Бэл, быыс-арыт көһүннэ да, кырдьаҕас дьоҥҥо аналлаах араас тэрээһиҥҥэ сүр тиэтэлинэн кыырайан тиийбитэ эрэ баар буолла. Устудьуон сылдьан ансаамбылга ыллыырын санаталаата, оннооҕор быдан өрдөөҕүтэ оскуола биэчэригэр вальстаан эргичийэрин өйдөтөлөөтө.
Куорат сиргэ дьэ тэрийэр да буолар эбиттэр: ырыа да дьарыгар кэлэн тирииҥ тэнийиэр диэри ыллаан ыыра бар биитэр тилэҕиҥ элэйиэр диэри үҥкүү куруһуогар сылдьан тэлээрэ көт.
Киргиэлэй сирэйдиин сырдаата, чэбдигирэн, эрчимирэн туран кэллэ, арай биирдэ өйдөөбүтэ – күн солото суох буолан хаалбыт эбит!
Кини бараллаата дьон элбэхтэрэ сүрдээх. Онно көр – үөрбүт сирэй, манна хайыс – манньыйбыт харах! Тоҕо үчүгэйэй! «Саҥа киһи кэллэ» диэн көрүү-истии элбээбит быһыылаах: дьахталлар барахсаттар, мэктиэтигэр, кини диэки көрө-көрө, тугу эрэ сибигинэһэр, хотоойутук хобугунаһар курдуктар. Харах алаарара диэн, дьэ, манна эбит. Биирдэ өйдөөбүтэ, вальска эргичийиэхтээх паарата саньытаарка Дуунньа бу кэлэн, тэтэрэ кыыһан турар! Бу дойдуну хаһааҥҥыттан булбута буолла? Олус уларыйбыт көрүҥнээх. Киргиэлэй итиннигэ эрэ буолуо дии санаабатаҕа.
Үөһээ этээскэ олорор бу дьахтар сарсыарда эрдэлик үлэтигэр баран эрэрин көрдөҕүнэ, олоччу бороҥ таҥастаах-саптаах, биир оннук өлбөөркөй сирэйдээх-харахтаах, эдэрэ да, эмээхсинэ да биллибэт биир күдьүс бөгүүрэ харбыалаһан иһэр буолара эбээт! Сыыстарбыт эбит улаханнык! Аттыгар тэтэркэй имнээх, куба маҥан илиилээх, чочуонай атахтаах кырасаабысса эйэҕэс баҕайытык мичээрдии турар эбит!
Бу кырдьаҕастар кулууптара хайа да бэйэлээх сааһырбыт киһини кылгас кэм иһигэр эдэригэр түһэрэрин билбэккэ сылдьыбытыан. Дуунньата инньэ 19-с үйэ саҕаланыытыгар мааны графиня күн судаар дыбарыаһыгар баалга кэлэн кынталдьыйарын курдук буолан хаалбыт! Көр эрэ, хас эмэ сылы быһа ыарыһахтар балааталарын сууйбут-соппут, ытыһа бүтүннүү муос чэр буолбут саньытаарка буолбакка, үрдүк сололоох дворяннар ымсыыра көрөр хотуннара илэ бэйэтинэн дии!
Киргиэлэй ити санаатын өссө «көөнньөрөн», бэйэтэ даҕаны онтон итэҕэһэ суох граф курдук сананан, «графинятын» вальска киллэрэн эргичиппитинэн барбыта. Биирдэрэ имигэс биилин хамсатан, куба маҥан илиитин санныгар ууран, бүтүннүү таайтарыылаах мичээр буолан, талбаарыйа устубута...
Ити күн дьиэлэригэр бииргэ айаннаан кэлэн, кыбартыыраларын ааныттан илии тутуһан арахсыбыттара. Сааһыран эрэр дьон сиэринэн арааһы бары ыаспыйалаһыахтарын туттуммуттара (ону «кырдьаҕас дьон ыаһаҕа» да дии санаатахтара), букатын эдэр саастарын эргиппит курдук, симиктик мичээрдэһэн эрэ кэбиспиттэрэ...
* * *
Аҕыйах хонук иһигэр куораты биир гына хаар үллүктээбитэ. Онон эрэ бүппэтэҕэ: күүстээх тыал түһэн, туох да кыайан сылдьыбат гына онон-манан олоччу тибэн кэбиспитэ. Олбуор сиппийээччилэргэ көһүппэтэх үлэлэрэ – халыҥ хаары кытары «сэриилэһии» – күөрэс гыммытыгар эдэр өттө тиритэ-хорута түһүммүтэ, кырдьаҕас өттө муҥун ытаабыта.
Субуота күн халлаан хас эмэ хонукка кубулҕатын киллэрэн, били, бэҕэһээҥҥэ диэри силлиэнэн сирбиэтэнэрэ, тыалынан кымньыыланара уурайан, аны онтун түөрэ мэлдьэһэн кэбиспиттии, сылаас тыынынан илгийбитэ, хахха сиргэ харалдьыгын таһаарбыта, чалбаҕын чэлгиппитэ.
Киргиэлэй «Бааһынай ырыынагар баран киһи сииригэр туох эмэ хараны, үрүҥ аһы ылыам, эбиэттэн киэһэ үҥкүүм куруһуогар тэлээриэм» диэн былааннаах дьиэтин-уотун өрө тарда сырыттаҕына, киирэр ааҥҥа субонуок тыаһа лыҥкырдаабыта. «Бачча эрдэ хайалара кэллэҕэй?» диэн саныы-саныы, аа-дьуо хааман тиийэн аанын аспыта – Дуунньа илэ бэйэтинэн.
Көрдөһүүтэ дьэҥкэ: даачатыгар хаар үлэтигэр көмөлөс диэн. Киргиэлэйгэ эгэ эрэ буоллаҕа. Уопсайынан, хара үлэттэн хаһан да киэр хайыспатаҕа, оттон бүгүн, күн чаҕылыччы тыган турдаҕына, таһырдьа үлэлиир диэн ырай олоҕо буоллаҕа.
Дуунньа аан таһыгар баар пуфикка олорон дьиэни-уоту көрбүтэ-истибитэ, Киргиэлэй «аас, чэй иһиэхпит» диэбитин тоҕо эрэ буолумматаҕа. Үлэҕэ кэтэр таҥаһа бэйэтигэр тып-тап курдуга: чараас кууркатын икки эмиийэ тиирэ тэбэ сылдьар курдуг, оттон ыга тута сылдьар ыстааныгар дьахтар толору буута төһө да састар, хайдах курдук үчүгэй быһыылааҕа сонно биллэрэ. Дуунньа тыла-өһө кыайан тахсыбакка, «чэ, үчүгэй, оччоҕо даачаҕа күүтүөм» диэн баран, хайдах киирбитэй да, сол курдук соһуччу тахсан барбыта.
Киргиэлэй, чэйдии-хайыы барбакка, хара үлэҕэ кэтэр таҥаһын онтон-мантан булан кэтээт, аан таһынааҕы сиэркилэҕэ көрүнэ, сирэйин-хараҕын имэринэ түһэн баран:
– Көр эрэ, эр бэрдэ уруккубуттан соччо уларыйбатах эбиппин ээ, арай хараҕым аннынан сааһырыы ыллыктара баар буолбуттар, баттаҕым кэрэмэстийбит, – дии санаат, аанын аспыта...
Дуунньа даачата мантан уонча мүнүүтэ хаамыылаах сиргэ – уһун синньигэс күөл үрдүгэр – баара. Киргиэлэй сылдьарын сылдьыбатаҕа эрээри, эдьиийин даачата итинтэн чугас буолан, сайынын бара-кэлэ көрөн ааһааччы. Онно көрдөҕүнэ, син балачча киэҥ уһаайбалаах уонна хаһааҥҥыта эрэ балачча кыахтаах хаһаайын илиитигэр сылдьыбыт даача быһыылааҕа. Гараас, баанньык, тэпилииссэ, о.д.а. араас тутуу көстөрө.
Киргиэлэй эдьиийигэр көмөлөһөөрү ити сиринэн син балачча тиэһиннэҕэ буолуо эрээри, Дуунньа эргэрэн эрэр олбуоруттан биир эмэ киһи тахсан эрэрин көрбөтөҕө биитэр оҕо аймах күүгээнин ончу истибэтэҕэ. Бэркэлээтэҕинэ, сырдык таҥастаах хаһаайка тэпилииссэтин таһыгар дьоҕус биэдэрэ тутуурдаах тугу эрэ түбүгүрэн кылбаҥныы сылдьар буолара.
Эдьиийэ, түгэн эрэ көһүннэр, суорумньу курдук: «Кирииһэ, ити Дуунньаны кэргэн ыларыҥ буоллар, бэркэ табыллан олоруох этигит. Көрбөккүн дуо хайдах курдук бүгүрүтүн. Араас үүнээйини барытын олордор. Арай эр киһи илиитэ сыстыбатаҕа ырааппыт буолан, даачата эргэрэ быһыытыйбыт», – диирэ.
Эрэ, бэйэтиттэн балыс, сүрдээх кырасыабай киһи, арыгыга ылларан, букатын эдэригэр суорума суолланаахтаабыт, оҕо-уруу диэни хааллараахтабатах үһү.
Киргиэлэй үһүс этээскэ олорор ыала, саньытаарка Дуунньа туһунан билэрэ ити эрэ этэ.
* * *
Хара үлэҕэ сыстыбатаҕа ырааппыт буолан, Киргиэлэй бугуһуйбута сүрэ бэрдэ. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр хаары өрө сүргэйэн, үрдүк гына күрдьүк оҥортолоон кэбиспитэ. Онон эрэ бүппэтэҕэ: хаһаайка этиитинэн, ол хаарын 5-6 буочукаҕа өрөһөлүү симмитэ. Аны кырыыһаттан хаары түһэрэрэ хаалбыта.
Киргиэлэй, кыра эрдэҕиттэн үрдүктэн куттанар буолан, туруору кырыыһаттан дьулайа быһыытыйбыта эрээри, тэтэрэ кыыспыт сирэйдээх Дуунньаҕа онтун биллэриэ дуо – кирилиэстэнэн-тойдонон үөһэ ыттыбыта. Хата, барбах таарыйыа эрэ кэрэх – халҕан саҕа кэтиттээх хаар аллараа диэки курулаабытынан барара.
Онтон күрдьэҕэ арыый тиийбэт сиригэр тиийэн, хаара тохтоон хаалбытыгар Киргиэлэй күүскэ үтүрүйэ сатыы туран, халты тэбинэн, аллара куугунаабыта. Кутталыттан сүрэҕэ айаҕар тахса сыспыта эрээри, эмискэччи ыарыылаах баҕайытык туох эрэ кытаанаҕар охсуллан, мэктиэтигэр, хараҕа ирим-дьирим барбыта. Иһиттэн саҥата да кыайан тахсыбакка тыын ыла сатыы сыттаҕына, Дуунньа элэстэнэн кэлбитэ...
Тоҕус сорунан дьиэҕэ үнүөхтэһэн киирбиттэрэ. Хата, хаһаайка оһоҕун отто охсубут буолан, дьиэ сылаас баҕайы этэ. Хантан эрэ дьуот, биинтэ булан аҕалан эмтээн-томтоон барбыта.
Киргиэлэй кырыыһаттан суулларыгар чоройон турар тоһоҕоҕо ыстааннары-туруусуктары улахан баҕайытык тыыра тарпыт, хата, тээһэҥкэтин кыранан таарыйтарбатах, оттон тоноҕоһун төрдүнэн хоҥхочоҕо ньүөлүйэрэ сүрдээх. Ыарыыта бэрт буолан эбитэ дуу, дьахтар иннигэр сыгынньах сытарыттан кыбыстарын да умунна, оттон биирдэрэ кэм эмп тэрилтэтигэр үлэлиир киһи буолан, хируртан итэҕэһэ суох тутар-хабар...
Улаханнык оһоллоно сыспыт киһини бүөбэйдииргэ Дуунньа син балачча түбүгүрбүтэ. Инньэ гына сылдьан иккиэн даҕаны бириэмэлэрэ барбытын билбэккэ да хаалбыттара.
Киргиэлэй ынчык-хончук бөҕөтүн түһэрэн, оронтон нэһииччэ алтахтаан туран, остуолга өйөтөн-убатан кэлэн олорбута. Дуунньата ханньаак таһааран үрүүмкэлэргэ куппутугар иһэ да илигиттэн холуочуйбукка дылы буолбута, сонно имин хаана кэйэн киирэн барбыта.
Сааһыран эрэр дьон туохтан иҥнэн-толлон туруохтарай, аһаан-сиэн, үөрэ-көтө арааһы кэпсэтэ түһэн баран, ороннорун оҥостон (Киргиэлэй күүһүн мунньуна таарыйа кэтээн көрөөччү эрэ буолаахтаатаҕа) сыппыттара. Имэҥ-дьалыҥ диэни умна быһыытыйбыт дьон туҥуй саастарыгар эргиллибит курдук санаммыттара. Оһоллонон баран сыгынньах сытар таптаһаары ийэттэн төрүү сыгынньах сытар диэн олох атын-атыттар быһыылаах. Имэҥ сылаас сүүрээнэ дьырылаан киирэрэ ончу атын буолар эбит. Дуунньа даҕаны мааҕын Киргиэлэйи субу умса-тиэрэ эргичитэ сылдьан көрбүтэ-истибитэ, тутан-хабан эмтээбитэ да, суорҕан иһигэр кыаһыланан хаалбыт курдуга.
Чочумча сыппахтыы түһэн баран уураспыттара, онтон Дуунньа, кинини харыстаан буолуо, бэйэтэ «туохтаары» үрдүгэр тахсаары гыммыта сатамматаҕа – Киргиэлэйгэ ыарыыта тулуппатаҕа. Онуоха дьахтар аллара сытан эрэ эр киһини аа-дьуо хам кууһан ылан, үрдүгэр саба тардынан кэбиспитэ. Дьэ уонна туох барыта оннун-тойун булбутун кэннэ, сэрэниин-сэрэнэн аллараттан күөгэҥнэппитинэн барбыта.
Тапталлааххар сылаас баҕайытык куустаран сылаанньыйарыҥ күүскэр күүһү эбэрэ үчүгэйин ньии, маннык үтүө кэм түргэнник бүтүөн төрүт баҕарбат буолар эбиккин. Нуурал-нусхал, нуурал-нусхал...
БУТУКАЙ.