Киир

Киир

“Олохтоох оҥорон таһаарыы харгыстара уонна кэскилэ” т/х кэпэрэтииптэрин сийиэһин чэрчитинэн АГАТУ уонна ТХК устудьуоннарыгар Үлэ дьаарбаҥката тэриллибитэ мээнэҕэ буолбатах. Тустаах салааҕа үлэһит илии, идэлээх каадыр тиийбэтэ бүгүн да, кэнэҕэһин да уһуутуу турар улахан кыһалҕа, ыган иһэр ыарахан таһаҕас буолар туруктаах. Аһы-үөлү бэлэмниир КФХ буоллун, ТХПК, тэрилтэ буоллун – үлэһитэ суох хайдах сайдыай?

Ыстатыыстыка чахчытынан, т/х салаатыгар 22,3 тыһ. киһи үлэлиир. Бу – өрөспүүбүлүкэ үлэлээн иитиллээччитин баара эрэ 4,4 %-на. Оттон Дьаарбаҥка киирии чааһыгар этиллибитинэн, киин куоракка, ол эргин 39 АПК тэрилтэтигэр 3,5 тыһ. киһи үлэлиир. АПК-ҕа үлэлээччи, сүрүннээн, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Өлүөхүмэ улуустарыгар элбэх. Кэпэрэтииптэр эбиллэн истэхтэрин аайы үлэһиккэ наадыйыы улаатара эрэбил. Ол гынан баран, хомойуох иһин, эдэр дьон үлэҕэ кэлиитэ быстар мөлтөх. Холобур, т/х тэрилтэлэрин салайаааччыларын да ылан көрдөххө, билигин баар 1370 киһиттэн 35-гэр диэри саастааҕа –104. Оттон биэнсийэлээх саастааҕа – 250-ча. “Каадыр солбуйсуута баар буолуохтаах. Оттон күн бүгүн сорох салайаачы сааһыран, сынньалаҥҥа барыан баҕарбытын да иһин, солбуга суоҕуттан үлэлиир”, – диир “ЦРО АПК” салайааччыта Семён Плотников. Кырдьык, ирдэбил, суот-учуот, отчуот элбээн иһэрин, астыыр салааҕа аныгы технология, тэрил, АйТи технологияҕа тиийэ туттуллуохтааҕын учуоттаатахха, тыаҕа, оннооҕор, куорат сиргэ да каадырга наадыйыы улаатыа. Ночооту кыччатар гына, астанар ас көрүҥэ, астаныыта да тупсуохтаах. Ону баара, билигин да 76 оҥорон таһаарыы технолога тиийбэт. Хамнас кыратыттан ылсыбаттар диэҕи технолог хамнаһа араастаһар. Х-р, Анаабыр Н.Андросов аатынан МУП-ка илиитигэр ыларынан 90 тыһ. 132 солк. хамнаска да булбакка олороллор эбит. Кинилэргэ хамнас тоҕо үрдүгүн маннык быһаарда: “Сир баайын хостооччулар бааллар. Х-р, “Анаабыр алмаастара” хампаанньа көмөлөһөр. Оҥорон таһаарааччылар атыылыыр сыаналара үрдүк. Х-р, манна үүт 100 солк. кыра буоллаҕына, кинилэр 180 солк. атыылыыллар. Үүт астыыр сыах аһыллыбыта. Ити курдук, Алдан “ААП” ХЭУоҕа – 70 тыһ. солк., Ленскэйгэ “Батамайское” ХЭУо-ҕа 60 тыһ. 525 солк. хамнастаах технолог бакаансыйата баар”.

Тыа хаһаайыстыбатын улуустарыгар да киһи, дьиҥинэн, олус мыыммат хамнаһа диэн көрдүм. Холобур, Сунтаарга “Үрдэл” – 61 тыһ. 820 солк., “Таатта” ТПК – 52 тыһ. 874 солк., Нам ИП ГКФХ Слепцов А.П.– икки технолог наада, 40 тыһ. солк. хамнаһы биэрэргэ бэлэмнэрэ табылыыссаҕа баар.

“Сүөһү үүтэ – тылыгар”, онон элбэх сыллаах оту, эбиэһи, оҕуруот аһын да үүннэриигэ агроном наада. Оттон билигин да өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 34 агроном миэстэтэ аһаҕас. О.и. ТХУ-ларга кытта. Х-р, Нерюнгри киэнигэр 60 тыһ. солк. хамнастаах. Ыстаас, надбавка эбилиннэҕинэ эбиллэр. Томпо ТХУ-тугар 50 тыһ. солк. тахса хамнастаах баар. Бэл, бу куораттан чугас аатырбыт “Саюрига”, Хатастааҕы “Баҕарахха” кытта агроном наада. Агрохимик эмиэ. Илиигэ ылар хамнастара 50 тыһ. солк. Хамнаһы таһынан тэрилтэлэр араас суол чэпчэтиини көрөллөрүн этэллэр. Ол, биллэн турар, араастаһар. Улуустарга, холобур, Чурапчы ТХПК-тыгар үлэлии тиийэр үлэһиккэ уларсыкка ылан олорор дьиэлэрин төлөбүрүн 50 % уйунарга бэлэмнэр. Оттон уонна ас-үөл үрдүгэр сылдьарыҥ хаһан баҕарар ордук этэ.

Испииһэги көрдөххө, соҕотуопка идэлээҕэр, оҥорон таһаарыы маастарыгар эмиэ наадыйаллар. Хамнас кээмэйин чопчу ыйбакка бакаансыйа биэрбиттэр эмиэ бааллар. Үгүс тэрилтэ – чааһынай. Кинилэртэн бүддьүөт тэрилтэтигэр курдук кытаанах тарификация ирдэммэт. Үлэнэн хааччыйааччы хамнаһы бэйэтэ олохтуур. Иккис өттүттэн, үлэһит үтүө хаачыстыбатын көрдөрбүттэргэ хамнаһы үрдэтэр, араас өйөбүлү оҥоруохтарын сөп. Т/х тэрилтэлэригэр мэхэньисээтэрдэр, бырамыысыланнай булчуттар, тырахтарыыс-массыньыыстар, элиэктириктэр эмиэ тиийбэттэр. Кинилэргэ да МРОТ саҕа хамнастаахтара этиллэр.

Кэнники кэмҥэ бэтэринээргэ наадыйыы улааппыт. Чуолаан хаһаайыстыбаларга. Ону: “Сокуон быһыытынан, элбэх сүөһүнү көрөр-истэр буолла да, туһунан бэтэринээр ирдэнэр. Инньэ гынан, бэл, куораттан, улуус кииниттэн чугас сирдэргэ кытта бэтэринээр тиийбэт буолбута көстөр. Х-р, Мархаҕа сибиинньэ иитэр “Сибиир” хаһаайыстыбаҕа, “Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэтигэр. Эспэртиисэлиир, алын бэтэринээр, биэлсэр үлэһиттэргэ наадыйыы улахан”, – диэн быһаардылар. 20 бэтэринээр быраас, 15 бэтэринээр биэлсэр  наада.

Кулун тутар 28 к. чахчынан, 38 зоотехник наада. Тоҕо эмискэ үрдээн кэлбитин маннык сабаҕалыахха сөп: хаһаайыстыбалар судаарыстыбаннай бырагыраамаларга хапсан, племенной араас боруода, племенной дьиэ сүөһүтүн атыылаһар буоллулар. Оттон племенной статустанарга зоотехник үлэтэ күүскэ барара булгуччулаах, зоотехнига суох табыллыбат. Оттон племстатустаннахха, федеральнай хааһынаттан өйөбүл көрүллэр. Зоотехник улуустарга эрэ тиийбэт буолбатах. Холобур, Мархаҕа баар “Сахаагроплем” тэрилтэҕэ илиигэ ылар хамнаһа, санаан көрүҥ, 92 тыһ. солк. тэҥнэһэр зоотехник миэстэтэ аһаҕас!

Маны таһынан экэниэмикэ сиэктэригэр сүөһү иитиитин маастара (10), менеджер, персоналы салайар 6 үлэһит бакаансыйата бааллар. Соһуйуом иһин, ЯПФ-га илиитигэр 83 тыһ. солк. хамнастаах каадыры салайыы үлэһитин миэстэтэ кытта баара. Урут экэнэмиис, юрист миэстэтэ суох диэн буолара. Билигин АПК эйгэтигэр бүтүн 18 экэнэмиис наада. Үгүс тэрилтэ судаарыстыба өйөбүлүн туһанар, оттон онно РФ ТХМ-гар, Нолуок уорганнарыгар суот-учуот өттүнэн отчуота суох сатаммаккын. Х-р, ЯПФ-ҕа экэнэмиис эмиэ наада. Хамнаһа – 83 тыһ. солк. Кимиэхэ эрэ, баҕар, бу кыра буолуо да, үгүстэр ыраланар эрэ хамнаспыт.

Астыыр салаа тэрилтэлэригэр, оннооҕор, куоракка баар тэрилтэлэргэ үлэһит тиийбэт. Холобур, ЯКХ 9 биэкэри, кондитеры, 11 наладчигы көрдүүр. Орто тэхиниичэскэй идэлээхтэргэ наадыйыы эмиэ баар. Х-р, уот мончуордарыгар. Биология билимигэр үлэлэһэр 14 биолог наада. Салгыы субурута турдахпына, балаһам да “тук” буолуо суох. Ким сэҥээрбит 89148203110 (Тамара Петровна) эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп.

agatu

Каадыры үөрэппэт буолбатахтар эрээри...

АГАТУ 2024–25 үөрэх дьылыгар үрдүк уонна орто үөрэххэ уопсайа 754 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Былырыын 1025 этэ. Тутар хамыыһыйа үлэһитэ: “Тыа хаһаайыстыбата эрэ буолбакка, университекка сири оҥоруу, ДьУоХХ идэлээхтэрин, экэниэмикэ, АйТи технология хайысхаларыгар эмиэ үөрэтэллэр. Үрдүк үөрэххэ оскуола кэнниттэн киирээччилэргэ СКЭ түмүгүн көрөллөр (5 сылтан бэттэх СКЭ дьайар). Туттарсары көҥүллүүр муҥутуур кыра баал олус улахана суох. Икки булгуччулаах биридимиэккэ: нуучча тылыгар – 36, матымаатыкаҕа – 27 баал. Туттарсар хайысхаларынан көрөн талар биридимиэттэригэр: биологияҕа уонна физикаҕа –36-лыы, информатикаҕа уонна ИКТ-га – 40, обществоведениеҕа – 42, устуоруйаҕа –32, химияҕа –36, омук тылыгар 22 баал буолара быһаарыллыбыта”, – диэтэ.

Оттон орто анал үөрэх кэнниттэн туттарсааччы дьупулуомун баалын көрөллөр. Ону таһынан университет бэйэтин эксээмэнин тутар. Докумуоннары бэс ыйын 15 күнүттэн от ыйын 20 күнүгэр диэри тутуохтара. Оттон СКЭ-нэн киирээччилэртэн  – от ыйын 25 күнүгэр диэри.

Тэхиниичэскэй хайысхаттан “информационнай тиһик уонна технология” диэн бырагырааманы оҥорооччу идэтэ ордук куонкурустаах буолар. Былырыын 20-чэ миэстэ көрүллүбүтүгэр, биир миэстэҕэ 7 буолан киирсибиттэр. Быйыл күнүскү үөрэххэ 15 бүддьүөт миэстэтэ баар.

Оттон экэниэмикэ хайысхаларыгар куонкурус өрүү да улахан. Биир миэстэҕэ 20-чэҕэ тиийэ сайабылыанньа киирэр. Дьиктитэ диэн, быйыл төлөбүрдээххэ эрэ миэстэ көрүллүбүт. Ону тэҥэ “менеджмент”, “атыы-тутуу дьыалата” хайысхаларга эмиэ төлөөн эрэ үөрэнэр кыах баар. “Кыра хамнастаах тыа сириттэн туттарсар, төрөөбүт дойдуларыгар төннөрө эрэбил абитуриеннар төлөбүрдээххэ анньыһар кыахтаахтара буолуо дуо?” диэн ыйытыы үөскүүр.

Агроном идэтигэр күнүскү үөрэххэ бүддьүөт 20 миэстэтэ көрүллүбүт. Ону таһынан Өктөмнөөҕү филиалга –20 миэстэ. Куонкурус суоҕун кэриэтэ идэлэр. Оттон кэтэхтэн үөрэниигэ хайаларыгар да төлөбүрдээх эрэ миэстэ былааннаммыт.

“Тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыы технологията уонна т/х бородууксуйатын астааһын” диэн бакаансыйа дэлэй хайысхатыгар күнүскү үөрэххэ –22, кэтэхтэн үөрэниигэ 15 бүддьүөт миэстэтэ былааннаммыт.

“Бородууксуйа технологията уонна уопсастыбаннай аһылыгы тэрийии” диэҥҥэ, күнүскү, кэтэхтэн үөрэтиигэ –15-тии миэстэ.

“Хоту сир үгэс буолбут дьарыктара” зоотехния хайысхатыгар күнүскүгэ –20, кэтэхтэн үөрэниигэ –15 бүддьүөт миэстэтэ баар.

Агроинженерия хайысхатыгар эмиэ балачча куонкурустаах. Судургутук эттэххэ, “электромэхээнньик” уонна мэхээнньик идэтигэр үөрэтэллэр. Бу манна күнүскү үөрэххэ –45 миэстэ, кэтэхтэн үөрэниигэ 42 миэстэ былааннаммыт. Ону таһынан Өктөмнөөҕү филиалга ити идэҕэ күнүскү үөрэххэ –18, кэтэхтэн үөрэниигэ 20 миэстэ баар. Кэнэҕэскилээх “Информационнай тиһик уонна технологиялар” хайысхаҕа бүддьүөт миэстэтэ 15 эрэ баар.

Бэтэринээр быраас идэтигэр күнүскү үөрэххэ 40 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Кэтэхтэн үөрэтии төлөбүрдээх. Бэтэринээр-биэлсэр үрдэтинэр санаатын атахтыыр түгэн. “Бэтэринээр-саньытаар эспэртиисэтэ” диэҥҥэ күнүскү үөрэххэ– 10, кэтэхтэн үөрэниигэ 13 бүддьүөт миэстэтэ баар.

АГАТУ орто үөрэҕи биэрэр колледжтаах. 9-с кылаас кэнниттэн “информационнай тиһик уонна бырагыраама оҥорооччу” идэтигэр туттарсааччыларга –20 бүддьүөт миэстэтэ баар. Онтон “юриспруденция”, “экэниэмикэ уонна буҕаалтыр учуота”, “пуобар уонна кондитер дьыалата” диэннэргэ эмиэ төлөбүрдээххэ эрэ ылаллар.

11-с кылаас кэнниттэн туттарсааччыларга “Сылааһынан хааччыйыы уонна сылытар оборудованиелар” уонна буҕаалтыр идэтигэр үөрэтэр хайысхаҕа күнүскү үөрэххэ 15-тии бүддьүөт миэстэтэ баар. Бу идэҕэ кэтэхтэн үөрэнэргэ уонна “Экэнэмиис уонна буҕаалтыр учуотугар”, “юриспруденцияҕа” күнүскү, кэтэхтэн да үөрэниигэ төлөөн эрэ үөрэниэххэ сөп. Өктөмнөөҕү орто үөрэххэ “землеустройство” уонна “агрономия” хайысхатыгар 15-тии бүддьүөт миэстэтэ күүтэр. Олус наадалаах “Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин, оборудованиетын туһаныы” хайысха орто үөрэхтээх мэхээнньик идэтигэр кэтэхтэн эрэ, ону да төлөөн туран эрэ үөрэниэххэ сөп. Үрдүк үөрэх “Технологическай массыыналар уонна оборудование” хайысха “аһы оҥорон таһаарыы технологиятын массыыналара уонна аппарааттара” идэҕэ эмиэ төлөбүрдээх эрэ миэстэ көрүллүбүт.

Болҕойуҥ!

Тус сыаллаах (целевой) үөрэтии чааһыгар уларыйыы киирээри турар. РФ Бырабыыталыстыбатын бырайыагын барыла тахсыбыт. Онно көстөрүнэн, “Работа в России” биир кэлим платформа баар буолар. Үлэһиккэ наадыйааччылар онно “мин маннык идэлээх, бачча үлэһиккэ маннык кэмҥэ наадыйабын” сайаапкаларын угуохтаахтар. Ону көрө олорон, абитуриеннар ити платформаҕа регистрацияланан баран, бэйэлэрэ биһирээбит тэрилтэлэрин талан, ол тэрилтэлиин дуогабар түһэрсэллэр. Үөрэх кыһалара онтон көрөн, онно олоҕуран, үөрэххэ ылаллар. Оттон дуогабар оригиналын балаҕан ыйыгар илдьэ кэлэллэр. Былырыыҥҥа диэри абитуриент тутар хамыыһыйаҕа докумуонун туттарарыгар бэлиэр дуогабардаах кэлэрэ ирдэнэрэ. Иккис үчүгэйэ диэн, хас да улууһунан, тэрилтэнэн сүүрэ сылдьан “целевой” көрдүүр кыһалҕата тохтуур. Олорон эрэ атын сиргэ наадыйыы баарын билэн, дуогабардаһыан сөп. Үөрэх кыһалара билигин атын информационнай тиһиккэ бааллар, оттон ол уураах ыам ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэрэ бигэргэннэ да, дьэ, тустаах Платформаны кытта үлэ хайдах барарын боруобалаан баран, үлэлэспитинэн барыахтаахтар. Бырайыакка сурулларынан, сакаасчыт тэрилтэ наадыйар идэлээхтэригэр сайаапкатын бэс ыйын 10 күнүгэр диэри хаалларыахтаах. Ол кэнниттэн сайаапкалаһыы раздела сабыллар. Оттон абитуриент сайаапкалары көрөн, усулуобуйатын, туох өйөбүлү көрөллөрүн билсэн баран, от ыйын 20 күнүгэр диэри кэм иһигэр “целевой” биэрэр тэрилтэни кытта сибээстэһэ охсон дуогабардаһыан наада. Онон тус сыаллаах миэстэни сэргээччилэр сонун бырайыак олоххо киирэрин эрдэттэн манаһа, ыйытылаһа олоруҥ. Иккиһинэн, идэҕитинэн чопчу үлэлииргэ бэлэм эрэ түгэҥҥитигэр, үөрэххэ туттарсаргыт сиэрдээх.

Чахчы үлэлиир баҕалаах дьон миэстэтин былдьаан, куонкуруһу ааһан үөрэнэн, бүтэрэн баран, бакаансыйа диэки көрө да соруммат ыччат, хомойуох иһин, элбэҕин үнүр илэ көрөн, итэҕэйбитим. Каадыр бэлэмин үлэһиккэ наадыйыы чопчу көрдөрүүтүгэр, былааныгар тирэҕирэн, онно ыкса ситимнээн былааннаатахха, балаһыанньа көнүө эбитэ дуу? АГАТУ-га буолар мунньахха көдьүүстээх түмүгү ылыналлар ини.

Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА.

Санааҕын суруй