Киир

Киир

АЛРОСА Саха сирин олохтоохторо үлэлээх-хамнастаах, дохуоттаах буолууларыгар ураты болҕомтотун уурар. Бу – өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй туругун бигэ оҥорууга туһаайыллар хайысхаларыттан биир сүрүннэрэ. Маннык өйөбүл сиэрдээх хамнаһы аахсан, интэриэһинэй идэни баһылаан, ыра санааларын олоххо киллэрэр кыахтаналларыгар көмөлөһөрүн тыа сирин олохтоохторо үөрэ бэлиэтииллэр.

Аҥаардас былырыын АЛРОСА хампаанньа бөлөҕөр “Анаабыр алмаастара” тэрилтэни киллэрэн туран, Саха сирин үс тыһыынчаттан тахса олохтооҕо үлэ булунна. Кинилэр ортолоругар 358 тыа сирин олохтооҕо уонна 35 сааһыгар диэри 721 эдэр исписэлиис баар. 285 киһи баахта ньыматынан уонна дьыл кэмиттэн тутулуктанан үлэлиир үлэҕэ киирдилэр.

Саха сиринээҕи Нэһи-лиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” диэн олоххо ситиһиилээхтик киирбит бырайыагын иһинэн саҥа идэҕэ үөрэтии, эбии үөрэҕи биэрии уонна эдэр исписэлиистэри стажировкалатыы эмиэ баар. Ол курдук, 2022 сылга Саха сирин үөрэҕин тэрилтэлэригэр 16 устудьуон тус сыаллаах үөрэтиини, Мииринэйгэ түстэммит Эрэгийиэннээҕи тэхиниичэскэй колледжка дуальнай үөрэхтээһин бырагырааматынан 156 устудьуон бэлэмнэниини ааста. Оттон 18 эдэр исписэлиискэ АЛРОСА Айхаллааҕы уонна Мииринэй–Ньурба ХБК-ларыгар стажировкаланар кыаҕы биэрдэ. 

«Биһиги өрөспүүбүлүкэни кытта үлэтэ суохтары үлэнэн хааччыйыыга үлэлэһэбит. 2018 сылтан “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыак саҕаланыаҕыттан бэлиэр 10 тыһ. тахса олохтоох нэһилиэнньэни үлэҕэ киллэрдибит. Хампаанньа Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга киинин кытта өрүү да, тиһиги быспакка сырдатыы үлэтин ыытар, бакаансыйа дьаарбаҥкаларыгар кыттар, ыччакка анаан идэни талыыга көмөлөөх тэрээһиннэри ыытар. Саҥа үлэлээн эрэр үлэһиттэргэ үлэҕэ үөрүйэхтэнии судургутук ааһарын туһугар араас бырагыраамалары толкуйдаан, күүс-көмө, сүбэ-ама буолар. Ол иһигэр настаабынньыктааһын уонна менторство туттуллар», – диэн АЛРОСА генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Ольга Макарова бэлиэтиир.

Биһиги АЛРОСА хампаанньа тыа сирин олохтоохторугар, ыччакка – олохтоох каадырга төһүү болҕомто уурарын, үлэһиттэр алмаас тэрилтэтигэр киирэн баран, олохторо хайдах курдук уларыйарын, тупсарын этэллэрин үгүстүк сырдатабыт. Бу маннык уларыйыы тахсарыгар хампаанньа үрдүк хамнастааҕа тирэх буолар. Ол эрэ буолбатах, бу хампаанньаҕа үлэһиттэри үөрэтии олохсуйбут тиһигэ үлэлиир, баҕалаах киһи саҥа, сонун идэлэргэ эбии үөрэнэр, сайдар кыахтаах. Саҥа үлэҕэ киирбит дьон саҥа миэстэҕэ түргэнник үөрүйэхтэнэллэригэр, кэллиэгэлэрин кытта уопсай тылы кэбэҕэстик булалларыгар көмөлөһөллөр. Бу маннык сыһыан саҥа үлэһиттэр саҥа тэрилтэҕэ киирии судургута суох кэмин чэпчэкитик аһарыналларыгар уонна бэйэлэрин ис кыахтарын арыйан, сүрүн күүһү үлэҕэ туһаайалларыгар көмөлөөх.

Биһиги АЛРОСА хампаанньа “Анаабыр алмаастара” тэрилтэтин үлэһиттэриттэн бэйэлэрин тус уопуттарын билиһиннэрэллэригэр көрдөстүбүт. “Анаабыр алмаастара” АУо үлэһитин 95 бырыһыана – олохтоох дьон. Аҥаардас былырыын бу тэрилтэ “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыак чэрчитинэн, 954 саҥа үлэһити ылбыта. Кинилэртэн үс гыммыт биирдэрэ  – 35-тэригэр саастаах эдэр дьон.

2018 сыллаахха  АЛРОСА уонна Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэт “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” кэскиллээх бырайыагы олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлэһэр туһунан 2018–2022 сылларга дьайар сөбүлэҥҥэ илии баттаспыттара. Салгыы сөбүлэҥ болдьоҕун 2024 сылга диэри уһатан биэрбиттэрэ. Ол быһыытынан, Саха сирин үлэтэ суохтарын, ол иһигэр тыа сирин олохтоохторун, үлэнэн хааччыйыыга туһуламмыт тэрээһиннэри тиһиги быспакка ыыталларын салҕыыллар. Бу хаалбыт кэм иһигэр бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ хас да уонунан тыһыынча киһини үлэнэн хааччыйар соруктаахтар.

Николай Наумов: Николай Наумов: «Хампаанньа баар буолан, Хоту сиргэ олохпут чэпчээтэ»

2 Наумов интерв таьыгар

"Анаабыр алмаастара” АУо Молуода бириискэтиттэн муҥутуур чугас нэһилиэнньэлээх сир – Булуҥ улууһун кыракый Сииктээх бөһүөлэгэ. Онно биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут Николай Наумов олорор. Кини:

«Тиксиигэ төрөөбүтүм, Күһүүргэ улааппытым, оскуоланы онно бүтэрбитим. Билигин Сииктээххэ олоробун. Күһүүр Саҕандьа диэн сиригэр улууспут муҥутуур элбэх табалаах ыстаадата баар. Аҕам үйэтин тухары сопхуоска үлэлээбитэ. Иллэҥ кэммэр киниэхэ көмөлөһөрүм, ону тэҥэ балыктыырга үөрэммитим. Аармыйа кэнниттэн төрөөбүт дойдубар төннүбүтүм. Мин олорор сирбин сөбүлүүбүн, Сииктээххэ тапталлаахпын көрсүбүтүм. Манна ыал буолан, олохсуйа хаалбытым.

Ол гынан баран, Хоту олоруоххун баҕарарыҥ диэн кыра, үлэ наада. Оттон ол үлэни мин “Анаабыр алмаастарыгар” булбутум. Миэхэ үлэлиир кыах тосхойбутун мүччү туппатаҕым, манна олохтоох каадыры сыаналыыллар. «Молодинская» ГРП-га кыһынын проходчигы нан үлэлиибин. Үс оҕолоохпут, сотору төрдүспүт кэлиэ, онон дьиэ кэргэн туруктаах, хааччыллыылаах буоларын, оҕолорбут кэскиллэрин туһугар үчүгэйдик үлэлиэххэ наада. Манна өлөрбүт хамнаспынан дьиэ туттаары тутуу матырыйаалын ылыммытым. Көҥкөлөйүн бэлиэр туруорбутум», – диир.

Николай сайын-күһүн олохтоох балык соҕотуопкалааччылары кытта дуогабар түһэрсэн, балыктыыр эбит. Манна даҕатан эттэххэ, ол тэрилтэ бултаппыт балыгын “Анаабыр алмаастара” АУо-ҕа туттарар.

«Төрөөбүт дойдубун таптыыбын, аҕам балыктыыра, билигин – мин, онон уолум даҕаны биһиги суолбутунан барыаҕа диэн эрэллээхпин. Бу олохтоох хампаанньабыт элбэх дьиэ кэргэн, тыа сирин элбэх оҕолоох ыалларын аҕаларын, кэргэннэрин үлэлэтэн, тирэх буоларын иһин махтанабын. Оннуктар манна элбэхпит. Уопсайынан, “Анаабыр алмаастара” баар буолан, хоту сир олоҕо чэпчиир», – диэн кэпсэтиини түмүктүүр хоту сир хоһуун уола.

Айаан Федотов: «Үлэнэн олордоххо, умсугуйан туран үлэлээтэххэ, сырдыгы ыралыыр түгэҥҥэ олоҕуҥ быдан интэриэһинэй буолар»

3 Федотов интер таьыгар

Айаан Федотов Нам улууһуттан төрүттээх, ХИФУ-га эколог-природопользователь идэтин ылбыт. Аармыйа кэнниттэн “Анаабыр алмаастарыгар” үлэҕэ киирбит.

Бэһиэлэй, барыны-бары билэр-көрөр баҕалаах эдэр киһи бириискэҕэ кэлэн оробуочайынан, баанньык үлэһитинэн, куукунаҕа оробуочайынан үлэлээн көрбүт, онтон проходчик үлэтигэр тохтуурга санаммыт. Айаан этэринэн, бу үлэ, кырдьыга да, эр киһини күүстээх оҥорор, буһарар-хатарар, бөҕөх санаалыыр, туруоруммут сыалы толорон тэйэр кыахха уһуйар. Бэйэтэ да үөрэ-көтө сыдьарын сөбүлүүр уолан араас тэрээһиннэргэ, ол иһигэр хампаанньа ыытар успуорт күрэхтэригэр киирсэн, кыттан тэйэр.

Айаан баахта икки ардынааҕы сынньалаҥар таах быар куустан олорбот, барыны-бары билэ-көрө сылдьарын, холонон көрөрүн сөбүлүүр буолан, күүһүн-кыаҕын арааска холонон көрөр эбит. Ол курдук, массыынаны перегоннаабыт, төлөпүөн да атыылаан көрбүт, оттон хамсык хааччаҕа муҥутуурдук күүһүрбүт, дьон айманар, ыһыллар кэмигэр киһиҥ пиццаны тиэрдии биисинэһигэр ылсыбыт. Булугас өйдөөх уол үс асчыты, администраторы, буҕаалтыры, бэлэм пиццаны тиэрдэн биэрээччини булбут да, үлэ үөһүгэр түспүт.

«Экэнэмиис, үп да үөрэҕим суох, сүрүнэ, баҕарыаххын эрэ наада. Идиэйэни олоххо киллэрэргэ үп наада, ол иһин баахтаҕа үлэлээбит харчыбын төһө кыалларынан уурунар этим. “Анаабыр алмаастарыгар” харчылаһар кыаҕы биэрэрин уонна киһи туруоруммут сыалын ситэригэр көмөлөһөрүн иһин махталлаахпын. Бэйэм үлэнэн хааччыйааччы буолан эрэ баран, салайааччы буолар хайдахтаах курдук эппиэтинэстээҕин уонна уустугун өйдөөбүтүм. Төһө да дьоҕус кэлэктиип буолбутун иһин, тэрээһин үлэтэ, күүтүллүбэтэх өттүттэн күөрэйэр уустуктары быһаарыы элбэх буоллаҕа. Ночоотуҥ остуойута суох буолан тахсыан эмиэ сөп. Онон саараҥныыр, быһаарыыны ылынан быстыбат түгэн эмиэ баара. Ол гынан баран, син эмиэ баахтаҕа курдук хайаан иннин диэки баран иһиллиэхтээҕин, оччоҕо түмүк ситиһиллэрин бигэтик өйдөөбүтүм.

Билигин үлэм быыһыгар өссө туох интэриэһинэйинэн дьарыктаныахха сөбүн толкуйдуубун. Үлэнэн олордоххо, үлүһүйэн туран үлэлээтэххэ уонна сырдыгы ыралыыр түгэҥҥэ олохпут быдан интэриэһинэй, сэргэх буолар эбээт. Оттон уустук, кыһалҕа өрүү да баар буолар, ол гынан баран үөскээбит кыһалҕаны туоратыахха, онтон тахсар сөптөөх суолу тобулан, салгыы баран иһиэххэ, сайдыахха сөп. Бу маннык санааҕа кэлэрбэр “Анаабыр алмаастарыгар” үөрэппиттэрэ», – диэн Айаан Федотов бүөм санаатын үллэстэр.

Мичил ГУРЬЕВ,
Андрей ШИЛОВ
 суруйууларыттан тылбаас.

Бүтэһик сонуннар