Киир

Киир

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна дьон-сэргэ үлэлиир усулуобуйата тупсарын туһугар аныгы сыыппара технологиятын уонна инновация бырайыактарын олоххо киллэрэр буолбута ыраатта. Ол түмүгэр, хампаанньа эрэ киэннэрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ атын бырайыактара эмиэ сайдаллар. АЛРОСА олохтоох хампаанньалар сыыппаралаах бырайыактарын өйүүр. Холобур, Саха сирин олохтоохторун доруобуйаларын тупсарарга анаммыт мэдиссиинэ эйгэтигэр үлэлэһэр.

Бу күннэргэ ити хайысхаҕа өссө биир үтүө хардыы оҥоһулунна – сэтинньи 13 күнүгэр алмаастаах хампаанньа “Сыыппара алмааһа” сугулааҥҥа Инновация министиэристибэтин кытта Саха сиригэр ИТ-индустрияны сайыннарарга бииргэ үлэлэһэр туһунан меморандумҥа илии баттаста.

Подписание меморандума

АЛРОСА хампаанньа ИТ-хампаанньаларга анал соруктары туруорар уонна кинилэр ырыынакка күрэстэһэр кыахтаах, үчүгэй хаачыстыбалаах бородуукталары оҥорон таһааралларыгар көмөлөһөр буолбута хас да сыл буолла. Ол курдук, былырыын алмаастаах хампаанньа СӨ Инновация сайдыытыгар пуондатын кытта түһэрсибит сөбүлэһиитин чэрчитинэн, көмпүүтэргэ туһаныллар омук бырагыраамаларын бэйэ бырагыраамаларынан солбуйарга (ол иһигэр алмааһы хостуурга туттуллар бырагыраамалары) анаммыт инновациялары уонна бырайыактары өйөөн, 100 мөлүйүөн солкуобайы биэрбитэ.

Алмаастаах хампаанньа уонна судаарыстыба бииргэ үлэлэһэллэрин түмүгэр, күн бүгүн хайаҕа уонна карьерга туттуллар тиэхиньикэ үлэтин анаалыһын ойуулаан таһаарар (оцифровка), АЛРОСА Сыыппара лабаратыарыйатын соруктарынан үөрэтиллэр нейрон ситимнэрэ уонна массыына моделлара, оҥорон таһаарыы тэхиньиичэскэй-эксплуатациялыыр көрдөрүүлэрин түмэр уонна анаалыстыыр, авиацияҕа туттуллар мотуордар үлэлэрин көдьүүһүн кэтээн көрөр, көмпүүтэр “хараҕын” көмөтүнэн мэдиссиинэ ойууларын чочуйар уонна да атын тиһиктэр оҥоһуллаллар. АЛРОСА СӨ Инновация сайдыытыгар пуондатын кытта бииргэ үлэлэһиитин туһунан хампаанньа информационнай технологияҕа дириэктэрэ Вадим Желтухин кэпсээтэ.

желтухин

“Бүгүҥҥү туругунан, биһиги мэдиссиинэттэн уонна авиацияттан саҕалаан оҥорон таһаарыыга уонна өрөмүөн үлэтигэр тиийэ 10 араас бырайыагы кыттыһан олоххо киллэрэбит. Бииргэ үлэлиир хамаандаларбыт күн-түүн сайдан, үүнэн, бырайыактара уустугурдар уустугуран иһэллэрин илэ көрөбүт. Бырайыак бастакы кыттыылаахтара бородуукталарын олоххо киллэрэн үлэлэтэ сылдьалларын ааһан, үп-харчы чааһыгар барыһыран эрэллэр. Ол аата кинилэр оҥорбут бородуукталара АЛРОСА иһигэр эрэ буолбакка, уопсай ырыынакка тахсан туттуллар, дьон сэҥээрэр буолла, ситиһиилэннэ.

Кырдьык, олус интэриэ-һинэй бырайыак буолла. Арассыыйаҕа сэдэх, ураты да диэххэ сөп. Бастаан толкуйдаабыппыт курдук, инвестиция бырайыага толору үлэлээтэ. Биһиги салайыы чахчы көдьүүстээх тиһигин тэрийдибит, улахан бырамыысыланнай хампаанньалар уонна саҥа саҕалааччылар (стартаптар) икки ардыларыгар далаһа кэбистибит. Оттон ол Пуонданы кытта көдьүүстээхтик уонна туһалаахтык үлэлээбиппитин туоһулуур. Онон, үөрүүнү кытта үлэ саҥа түһүмэҕин саҕалыахпыт, Саха сириттэн төрүттээх оҥорон таһаарааччылары өйүөхпүт. Кинилэр оҥорбут бородуукталарын Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойду ырыынагар барытыгар сэҥээриэхтэрэ диэн эрэнэбит”, – диэтэ Вадим Желтухин.

“Ситиһиилээх бырайыактары сайыннарабыт”

СӨ Инновация сайдыытыгар пуондата уонна АЛРОСА хампаанньа бииргэ үлэлэһэр буоланнар, кэлин олоххо ситиһиилээхтик киирэн барар ураты стартаптар үбүлэнэллэр, инбэстииссийэ кэлэр. Ол туһунан сугулааҥҥа АЛРОСА хампаанньа биисинэс-процесстар информатизацияларын сайдыытыгар управлениетын салайааччыта Андрей Аферьев анаан эттэ.

Андрей Аферьев

“СӨ Инновация сайдыытыгар пуондатын кытта сыыппара уонна информатизация эйгэтигэр араас бырайыактары бииргэ сайыннарабыт. Эдэр дьону, талааннаах оҕолору кытта үлэлиибит, бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр уонна салайалларыгар көмөлөһө сатыыбыт. Онон, АЛРОСА иһиттэн идиэйэлэри көрдөөн баран, ону Пуонданы кытта олоххо киллэрэбит, салгыы сайыннарабыт”, – диир кини.

Итини таһынан, А.Аферьев эппитинэн, дойду барытын үрдүнэн омук табаарын-бородууктатын бэйэ киэнинэн солбуйар кэмҥэ, бэл, Арассыыйа кыра даҕаны айар-тутар, оҥорор тэрилтэлэрэ бэйэлэрин көрдөрөр, информатизация бары эйгэтигэр бырайыактарын хорсуннук киллэрэр, биллэн-көстөн хаалар кыахтаннылар.

“Сүрүн болҕомтобутун оҥорон таһаарыы эйгэтигэр уурабыт: ол иһигэр оҥорон таһаарыы салайыыта, тэхиньиичэскэй-экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэр, сыыппараҕа көҕүлээһиннэр киирэллэр. Бу сугулаан манна кытта кэлбит бырайыактары илэ көрөн-истэн сыаналыырга олус үчүгэй түһүлгэ буолла. Кэлэр да өттүгэр СӨ Инновация сайдыытыгар пуондатын кытта стартаптары өйүүр, ити эйгэҕэ бииргэ үлэлэһэр былааннаахпыт”, – диэн Андрей Аферьев эттэ.

“АЛРОСА-ҕа анаан оҥордубут”

Дойду таһымнаах “Сыыппара алмааһа” сугулаан чэрчитинэн, сир баайын хостуур бырамыысыланнай хампаанньалартан кэлбит эспиэрдэр улахан корпорациялары саҥа стартаптарга хайдах сыһыарар туһунан кэпсэттилэр. Сугулаан кыттыылаахтара бары даҕаны ИТ эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии үтүө өрүттээх уонна кэскиллээх буолуон сөп дэстилэр.

“Меморандумҥа илии баттаһыы – АЛРОСА-ны кытта үлэ түмүгэ. Ол көмөтүнэн олохтоох урбаанньыттар, биисинэс хампаанньаҕа уонна да атын тэрилтэлэргэ кэккэ кыһалҕалары хайдах быһаарыахха сөбүн туһунан этии киллэрдилэр. Сорох бырайыактар номнуо үлэлии тураллар, атын корпорацияларга киирэн эрэллэр. АЛРОСА хампаанньа биһиги саҥа, өссө оҥоһулла сылдьар бырайыактарбытын эмиэ өйүүрүттэн үөрэбит. Онон, биһиги информационнай тиһикпит салгыы өссө тэтимнээхтик сайдыа диэн эрэнэбин”, – диэн СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологиятыгар миниистирэ Василий Ефимов эттэ.

tYH5PUCRTH4

АЛРОСА кыттыгастаах маннык информационнай-аналитическай тиһиктэр оҥоһуллубуттара: авиацияҕа туттуллар мотуордары кэтиир “Хорус” тиһик (оҥорооччу – “СмартЮнит” ХЭУо); “Скиллометр” корпоративнай үөрэхтээһин платформата (оҥорооччу – “Софтвей” ХЭУо); “Маммография” мэдиссиинэ модула (оҥорооччу – “Сайберия” ХЭУо); хайа уонна карьер тиэхиньикэтин үлэтин анаалыстыыр тиһик (оҥорооччу – “ЯКИТ” ХЭУо); шинаны хонтуруоллуур уонна анаалыстыыр “Шинный мастер” тиһик (оҥорооччу – “ОШЕР” ХЭУо) уо.д.а.

“АЛРОСА көмөтүнэн дойду ырыынагар тахсабыт”

Цифровизация бары кыаҕын толору туһанар туһугар, инновация технологияҕа эрэ буолбакка, оҥорон таһаарыы үлэтин-хамнаһын тэрээһинигэр уонна тэрилтэлэри сатабыллаахтык салайар ньымаҕа эмиэ киириэхтээх. Ол иһин бырамыысыланнас аныгы кэми дьүөрэлии уларыйыытыгар кэлим сыһыан баар буолуохтаах – судаарыстыба, биисинэс уонна билим-тиэхиньикэ эйгэтэ бииргэ үлэлиэхтээхтэр. Ону сэргэ Арассыыйа тэрилтэлэрэ бэйэ дойдутугар оҥоһуллубут бырагыраамаларга (ПО) наадыйар буолуохтаахтар. Оччоҕуна эрэ ситиһии кэлэр.

АЛРОСА хампаанньаны кытта бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн ситиһиилээхтик олоххо киирбит биир бырайыак – авиацияҕа туттуллар мотуордары кэтиир “Хорус” тиһик. Ол туһунан “СмартЮнит” ХЭУо кэмиэрчэскэй дириэктэрэ Артем Петухов кэпсээтэ.

Артем Петухов справа

“Урут Арассыыйаҕа үлэлии сылдьыбыт, авиацияҕа туттуллар мотуордары кэтиир тиһигинэн дьарыктанар омук тэрилтэлэрэ барыахтарыттан, бэйэ киэнин оҥорор кыһалҕа үөскээбитэ. Биһиги оннук тиһиги оҥорбуппут уонна АЛРОСА авиа-хампаанньа үлэтигэр туһаммыппыт. Бырайыакпыт олоххо киирэрин саҕана, бастаан, “Boeing” мотуордарын эрэ көрөр буоллахпытына, билигин “Bombardier”, “Sukhoi Superjet” курдук сөмөлүөттэр мотуордарын кытта үлэлэһэбит, “Мотуору оҥорор холбоһуктаах корпорацияны” кытта кэпсэтэ сылдьабыт. Уопсайынан, атын көтөр ааллар мотуордарын кэтээн көрөр үлэбитин кэҥэтэр былааннаахпыт. Сыыйа МЧС уонна да атын тэрилтэлэр бөртөлүөттэрин уонна сөмөлүөттэрин көрүөхпүт этэ.

Бу сайын бырайыакпыт туһунан дойду бэрэсидьиэнигэр кэпсээбиппит. Үлэбит үрдүктүк сыаналанан, В.В. Путин бырабыыталыстыбаны биһиги бырайыакпытын кэҥэтэргэ, ол иһигэр омук сиригэр таһаарарга, соруйбута. АЛРОСА-ны кытта бииргэ үлэлэһэммит биһиги алмаастаах хампаанньа кыһалҕатын эрэ быһаарбатыбыт. Биһиги араас хампаанньалары сэҥээрдэр бэйэ бырагырааматын оҥордубут”, – диир Артем Петухов.

“Сыыппара алмааһа” сугулаан чэрчитинэн, сэтинньи 13 күнүгэр АЛРОСА хампаанньа уонна СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологиятыгар министиэристибэтэ үөһэ ахтыллыбыт уопуту учуоттаан туран, бииргэ үлэлэһии меморандумун баттастылар. Бу докумуон Саха сиригэр инновация уонна сыыппара эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии сайдарыгар, сир баайын хостуур улахан хампаанньалар ИТ-соруктарын быһаарарга, ол иһигэр алмааһы хостуур салааҕа, төһүү күүс буолуохтаах.

Ол гынан баран, туох да диэбит иһин, аныгы ИТ-бырагыраамалар, бырайыактар олоххо киирэллэрэ хампаанньаларга эрэ буолбакка, бар дьоҥҥо, нэһилиэнньэҕэ эмиэ туһалаахтар, кинилэр үлэ уонна олох таһымын тупсараллар. Онон АЛРОСА хампаанньа олохтоох оҥорооччулары кытта бииргэ үлэлэһэрэ улахан суолталаах. Ити меморандум АЛРОСА Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үрдүкү технология урбаанын уонна инновациялаах бырайыактары үбүлүүр былааннааҕын, үбү-харчыны кэрэйбэтин, биһиги эрэгийиэҥҥэ технологическай инфраструктура сайдыыта биир улахан суолталаах хайысха буоларын туоһулуур.

Сессия

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар