Киир

Киир

Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах ХVIII Норуоттар икки ардыларынааҕы «Арассыыйа тырааныспара» быыстапка-пуорумҥа олохтоох уу суолунан, ол иһигэр Өлүөнэ өрүһүнэн, пассажирдары тиэйиини сайыннарыы туһунан сөбүлэһиигэ илии баттастылар.

Байҕал уонна өрүс тырааныспарын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Андрей Тарасенко уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Аллараа Бэстээххэ мультимодальнай логистика киинин тэрийиигэ үлэлэһиэх буоллулар. Бөһүөлэккэ тиксэл уонна ыскылаат инфраструктуратын тутар санаалаахтар.

«Аллараа Бэстээххэ Логистика киинэ тимир суолу, массыына уонна өрүс суолларын ситимниэ, таһаҕас тиэрдиитин уонна транзитын чэпчэтиэ. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ бородууксуйа тиийиитин, сыанатын чэпчэтиэ уонна хаачыстыбатын тупсарыа, таһаҕас аҕалыытын ороскуотун аччатыаҕа. Инникитин Хотугу байҕал суолунан сылдьыы хааччыллыа. Маны сэргэ нэһилиэнньэҕэ өрүс тырааныспарыгар сыана чэпчиир чинчилэннэ. Ол курдук, Дьокуускайтан Сангаарга, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Эдьигээҥҥэ уонна Аллараа Бэстээххэ пассажирдары тиэйиини федеральнай бүддьүөттэн субсидиялыыр санаалаахпыт», – диэн премьер Кирилл Бычков сырдатта.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Бүтэһик сонуннар