Сэтинньи 19 күнүгэр Национальнай библиотека историческай саалатыгар "Арыллыы" кинигэбит сүрэхтэннэ. Кинигэҕэ киирбит хоһоонньуттарбыт, кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит дьоммут, кинигэни сэргээбит доҕотторбут мустан, билистибит, кинигэ тула кэпсэттибит.
Көмүс күһүн кэрэ көстүүтэ тастаах кинигэбитигэр күһүн тематыгар хас да хоһоон киирбит. Бу мээнэҕэ буолбатах. Бары биир биографиялаах дьоммут – сэбиэскэй кэмҥэ оскуолаҕа үөрэммиппит уонна 1982 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиппит. Идэ талан, үөрэнэн, үлэлээн-хамнаан, номнуо 60 сааспыт боруогар тиийэн кэллибит. Бу биһиги олохпут көмүс күһүнүн көрсө, арыллан, уус-уран тыл умсулҕаннаах абыгар ылларан, айбыт-туппут биир үөлээннээхтэрбит хоһоонун хомуурунньуга "Арыллыы" диэн ааттанан күн сирин көрдө.
Тэрээһиммитин биир үөлээннээхпит, актив культураҕа үлэтин сүрүннүүр, СР үтүөлээх артиската Мария Данилова ыытта. "Өбүгэ ситимэ" хомусчуттар ансаамбылларын кыттыылаахтара, бу күн үлэ кэмигэр быыс булбут кыргыттарбыт Ирина Алексеева, Лилия Скрыбыкина, Күннэй Соргоева дьоро күммүтүн хомус хомоҕой тыаһынан киэргэттилэр.
10 хоһоонньут үөлээннээхтэрбит кыттыыны ыллылар. Кинилэр бэйэлэрэ тэрээһин иннигэр кылгас кэмҥэ автограф-сессия тэрийдилэр. Кинигэлээх дьон кинилэртэн автограф ыллылар.
Екатерина Габышева, Гавриил Павлов-Хабырыыс, Екатерина Азнагулова-Айартыына кинигэ тахсарыгар үлэлэрин сырдаттылар. Хоһоонньут доҕотторбут бэйэлэрин билиһиннэрэн, санааларын сайаҕастык үллэстэн туран, хоһооннорун аахтылар.
Ыҥырыылаах ыалдьыппыт, суруйааччы, биллиилээх суруналыыс, "Күрүлгэн" сурунаал кылаабынай редактора Афанасий Гуринов-Арчылан кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлээтэ: "Наһаа үчүгэй Арыллыы диэн ааттаах кинигэ тахсыбыт. Манна "Күрүлгэн" сурунаал ахтыллыбыт эбит. Алексей Петров-Аал Бөрүө кэпсээннэрэ "Күрүлгэн" сурунаалга хаста да бэчээттэнэн тахсыбыттара диэн ыйыллыбыт. Бу саас литературнай ааҕыыттан эрэннэрбит тылбын толорон, ыраатыннарбакка, умнууга хаалларбакка, кэлэр ыйга тахсар сурунаалга Влад Маалыкай хоһооннорун таһааран кээһиэххэйин", - диэн тылын бигэргэттэ.
Аксинья Евсеева-Өксүү хоһоонугар Люция Бандерова-Айыллаана "Баҕа санаам сиэркилэтэ" диэн ырыатын ыллаан үөрүүбүтүн үрдэттэ.
"Арыллыы" хоһоон хомуурунньугар 25 айар куттаах үөлээннээхтэрбит хомоҕой хоһоонноро киирдэ. Кинигэ кээмэйэ - 152 страница, ахсаана - 100 экземпляр. Хоһоонньуттары түмпүт, матырыйаалы хомуйбут киһибит - Хабырыыс-Гавриил Павлов. Екатерина Азнагулова-Айартыына бастакы хара үлэтин оҥордо - компьютерга сахалыы сириибинэн бэчээттээтэ, ааптардары алпаабытынан, хаартыскалары, хоһооннору наардаан, рукопиһи бэлэмнээтэ. Редакциялааһынын уонна корректураны Екатерина Габышева оҥордо. Кинигэни издатель Юрий Троев бэчээттээн таһаарда. Верстальщик уонна дизайнер Оксана Борисова төлөбүрдээх өҥөтүнэн туһанныбыт.
Кинигэни «Выпуск-82» актива көҕүлээн уонна үбүлээн таһаарда. Айартыына тус харчытыттан 5 тыһ. солк. кыттыспыта уонна кинигэнэн бэйэтигэр төннөрдө. Ааптардар бары кинигэни атыылаһан ыллахтарына, отучча кинигэ атыыга тахсыаҕа.
Кинигэҕэ 104 хоһоон хомулунна. Ааптары кылгастык билиһиннэрии баар. Үөлээннээхтэрбит республика араас муннуктарыттан төрүттээхтэр. Саамай элбэх хоһоонньут үөлээннээхтэрбит бүлүүлэр - 6 киһи. Аны дьиктитэ, биир кылаастан төрдүөлэр эбит. Наталья Степанова-Төлөн Кыыһа билиһиннэрбитинэн, Бүлүү Хампатыттан кини, Агафья Мылахова-Урантык, Алексей Петров-Аал Бөрүө уонна Тыымпыттан Анастасия Егорова бу кинигэҕэ киирбиттэр. Үөһээ Бүлүү Далырыттан кылааһынньыктар Ульяна Пак-Уруйдаана уонна Анатолий Илларионов-Туола Тарбыанап, Ньурба Маалыкайыттан кылааһынньыктар Владимир Матвеев-Влад Маалыкай уонна Саргылана Стручкова бааллар.
«Бу хайдах биир кылаастан бары хоһоон суруйаҕыт?» диэҥҥэ Уруйдаана Пак маннык быһаарбыта: "Биһиги атын омук эйгэтэ кыттыспатах, саха уутуйан олорор сиригэр-уотугар улааппыппыт, саха тылыгар уонна литературатыгар наһаа үчүгэйдик үөрэтэр учууталлардаах этибит". Маны Влад Маалыкай: "Арааһа, биһиги айыллан төрүүр кэммитигэр сулустар уһулуччутук тыкпыт буолуохтарын сөп" - диэн ситэрдэ.
Түмсүүбүт тэриллибитэ 5 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэрбит, көрсүһүүлэрбит тэҥэ үйэлээх, өйдөбүллээх буоллун диэн ылсыбыт проекпыт ити курдук этэҥҥэ түмүктэннэ. Хоһоонньут доҕотторбутугар барҕа махталбытын тиэрдэн туран, хоһоону-ырыаны айа туруҥ, кэлэр кэнчээри көлүөнэлэрбитигэр кэрэкэ тылбытын анааҥ, ол барыта уруйданнын-айхалланнын диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
АКТИВ.