Киир

Киир

Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетыгар үбү-харчыны дьаһайар салаа начальнигын солбуйааччы, ис сулууспа подполковнига Надежда Корякинаттан «Бухгалтер дьоло туохханый?» диэн ыйыппыттар. Онуоха кини маннык хоруйдаабыт:

- Бухгалтерия диэн, бастатан туран, чөкө, чопчу уонна болҕомтолоох буолуу. Биһиги үлэһиттэрбит оросчуоттаһар лиистэрэ араас баан мобильнай сыһыарыыларыгар тус кэбиниэттэригэр тиийэр. Онон, IT-технологиялары син бэркэ туһанабыт. Оттон бухгалтер дьоло диэн, мин санаабар, үлэһиттэр бары төлөбүрдэрин сөпкө ыллахтарына, дебеты кытта кирэдьиит сөп түбэстэҕинэ уонна отчуот барыта кэмигэр туттарылыннаҕына буолара буолуо.

Надежда Федоровна – бухгалтерия уопуттаах үлэһитэ. Кини идэтин ийэтин суолунан талбыт. ЫБММ сулууспатын алын иниспиэктэр дуоһунаһыттан саҕалаабыт. Кэргэннээх, үс оҕолоох.

Эрэдээксийэттэн: Бухгалтер күнүн Арассыыйаҕа сэтинньи 21 күнүгэр бэлиэтиир үгэс 1996 сыллаахха 129 №-дээх «О бухгалтерском учете» федеральнай сокуон ылыныллыытын кытта ситимнээх. Бырааһынньык киэҥник бэлиэтэнэр эрээри, дьиҥ таһымҥа бигэргэнэ илик.  

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар