Киир

Киир

СӨ култууратын туйгуна, СӨ Ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Саха” НКИХ “Эн сулускун” өрөспүүбүлүкэтээҕи тэлэбиидэнньэҕэ куонкурус дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Милена Борисова – эрэдээксийэбит ыалдьыта.

 Сэмсэ ыйытыктар:
 
– Бэйэҥ ырыаҕыттан ураты кимнээх ырыаларын сөбүлээн ыллыыгыный?
 
– Дьүөгэм Инна Донская уонна Байбал Сэмэнэп ырыаларын.
 
– Холобур туттар ырыаһыттарыҥ?
 
– Дьөгүөрэптэр. Кинилэр олох оскуолатыгар уһуйааччы быһыытынан эппиттэрэ-тыыммыттара барыта миэхэ чугас, ылыннарыылаах, улахан суолталаах.
 
– “Вахтовик” туһунан ырыаҕын дьон-сэргэ сэҥээрэ ылыммыта.
 
– Бу ырыабын тапталлаах кэргэммэр анаан быһайын суруйбутум. Дьон-сэргэ истиҥник ылыммыта. Бэйэм социальнай ситиммэр бу ырыанан ыйытык оҥорбуппар биир суукка иһигэр 1116 дьахтар кэргэннэрэ баахта ньыматынан үлэлииллэрин эппиттэрэ уонна “баахтаҕа сылдьааччыларга анаан үчүгэй ырыа айыллыбыт” диэн махтаммыттара. Онон бу ырыам билиҥҥи кэмҥэ суолталанан, дьон-сэргэ сүрэҕэр тиийэн, чугастык ылыммыттарыттан астынабын.

 Мэлэдьиис, ааптар, уһуйааччы

Ырыа эйгэтигэр ааптар, мэлэдьиис быһыытынан дьоҥҥо анаан ырыа суруйабын. Ырыаны суруйбутум хас да сыл буолла. Дьиҥэ, элбэх ырыаны айбыппын. Ахсаанын аахпаппын даҕаны. 2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Ырыа айааччыларын сойуустарыгар чилиэнинэн ылбыттара. Оччолорго 100-һү кыайбат ырыалааҕым. Оҕолорго, улахан дьоҥҥо тус-туспа суруйабын. Сүрүннээн, олох ыллаабат эбэтэр ыллыахтарын баҕарар дьоҥҥо анаан. Кинилэр ымыы гынан сылдьар кистэлэҥ, ыра санааларын толороллорун курдук.

Социальнай ситимнэрбэр дьон “ыллыахпытын баҕарабыт” диэн үгүстүк көрдөһөллөр. Ыллыыр дьонум ортотугар саастаах өттө элбэх. Кыра эрдэхтэриттэн улаатыахтарыгар диэри ыллаабатах, сүрэхтэригэр иитиэхтээн сылдьыбыт баҕа санааларын толороллоругар олук уурабын. Ол – мин олоххо кэлбит сүрүн “миссиям” буоларын итэҕэйэбин. Ыллаабат киһи диэн суох. “Ымсыырабын эрээри куолаһым ончу суох, сатаан ыллаабаппын” диэччилэр. Саҥараҕын – ол аата, ыллыаххын сөп. Киһи бэйэтин саҥатын дорҕоонугар (тембр) сөп түбэһэр ырыа эрэ наада. Онон бэйэҕэ сөптөөх ырыалаах буолар наада.

Аҕа алгыһа

Ольга Птицына, блогер: “3 сыл анараа өттүгэр аҕам Сергей Максимов күөмэй искэнэ диэн дьулаан ыарыыга ыалдьыбыта. Кыайан аһаабат, саҥарбат буолбута. Улахан истириэскэ киирэн, күнү быһа сытан тахсара, “сотору өлөр буоллум” диэн муҥатыйара. Дьиэнэн бары кинини куһаҕан санааттан босхолуу сатаан аралдьытарбыт. Сыл буолан баран ыарыыта арыый мүлүрүйбүтэ. Ол да буоллар аҕыйахтык саҥарара, көрө-күлүүтэ тохтообута, дьиэбит иһигэр кини ырыата иһиллибэт буолбута.

Милена ыллыан баҕалаах дьоҥҥо ырыа суруйан биэрэрин истэн, “Аҕам олох амтанын салгыы билэригэр түгэн көһүннэ. Ыллыан наада!” диэн санаа үөскээбитэ. Аҕабар эппиппин кыккыраччы аккаастаммыта. Ол эрээри ис куолаһа “ыллыаххын наада” диэн сипсийэрин истэн, дьэ, сөбүлэспитэ. Миленалыын көрсүспүттэрэ, өр кэпсэппиттэрэ. Ол түмүгэр “Аҕа алгыһа” диэн ырыа төрөөн тахсыбыта. Аҕабыт ыллыырын истэн, уйадыйбыппыт, харахпыт уутун кыатамматахпыт. Бу ырыаҕа олорбут олоҕо барыта ойууламмыта, олус күүстээх ис хоһоонноох, сүрэҕи курдары киирэр матыыптаах ырыа буолбут этэ. Аҕабыт дьолломмут хараҕын көрөртөн атын дьол, ама, баар буолуо дуо?! Аҕабыт барахсан, өссө өр сылларга бу ырыаҕынан биһигини дьоллуу, үөрдэ сырыт. Билигин бу ырыа – биһиги дьиэ кэргэн гииминэ. Кини ырыатын сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ыллыахтара турдаҕа... Онон Миленаҕа дьоҥҥо-сэргэҕэ олус наадалаах, дьоһун бырайыагы оҥорбутугар улаханнык махтанабыт.

Үчүгэй ырыа аат иннинэ ааттанар, биһирэнэр

Ыллыыр дьон элбэх. Сыанаҕа тахсан ыллыыллар, ол эрээри кинилэр ааттара ааттанан, суоллара арыллан испэт. Ол иһин ырыа эйгэтигэр аатын-суолун хаалларыан баҕарар киһи анал ырыалаах буолара ордук. Мин оннук өйдүүбүн уонна ону олоххо үгүстүк көрөбүн. Бэйэҥ ырыаҕын ыллаатаххына, ааккын-суолгун бигэтик оҥостуохха сөп.

Миэхэ араас дьон кэлэллэр. Бары ырыаһыт буолаары буолбатах. Сорох киһи бэйэтэ анабыл ырыалаах буолуон баҕарар. Чугас дьонугар, төрөппүттэригэр, Ийэ дойдутугар махталын тиэрдээри... “Ийэм барахсан уустук олоҕу олорон ааспыта, ол эрээри дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбитэ” эбэтэр “үбүлүөйдээх күнү­гэр ийэбэр ырыанан махтаныахпын баҕарабын” диэн. Кэлбит дьоҥҥо куоластарыгар сөп түбэһэр ырыаны суруйабын, матыыптаан биэрэбин. Муусука оҥоһуллан кэлбитин кэннэ, ырыа хайдах ылланыахтааҕын, ону хайдах ыллаан, истээччигэ тиэрдэр ымпыгын-чымпыгын үөрэтэбин. Дьарыкка биир ыйынан бүтүөхтэрин сөп – ким хайдах ылынарынан. Ол эрээри мин үлэм кинилэр ырыалара араадьыйа бары ситимигэр, сыыппара былаһааккаларыгар (цифровая площадка) таҕыстахтарына биирдэ түмүктэнэр. Бу – айар эйгэм биир интэриэһинэй хайысхата.

Ырыа толорооччуттан тутулуктаах

Бэйэм 12 сыл устата вокалга педагог быһыытынан үлэлиибин. ХИФУ-га Юрий Платонов айар мастарыскыайыгар үөрэммитим. Кини үөрэппит, биэрбит билиитинэн дьарыктыыр дьоммун үөрэтэбин. Быһа холоон 20-чэ киһини дьарыктаатым. Олор бары буолаары турар кэнсиэргэ аан бастакыларын ыллыахтара. Олор истэригэр Кэтрин Балакшина, Наталья Протопопова, дизайнер Лена Сон, Сергей Максимов, о.д.а. бааллар. Үгүстэрэ ырыа эйгэтигэр туох да сыһыана суох дьон. Онон олус интэриэһинэй ырыа түһүлгэтэ буолаары турар.

Аранжировщик өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх. Үгүстэрин кытта үлэлэһэбин. Аранжировщик муусука ханнык хайысхатыгар күүстээҕин, хайдах ырыаны табыгастаахтык оҥоруон сөбүн билэбин. Онон ырыа оҥоһуллан, киэҥ араҥаҕа тахсарыгар муусукатын таҥыыта олус улахан суолталаах. Наһаа үчүгэй ырыаҕа мөлтөх аранжировканы оҥорон ырыаны буортулуохтарын эбэтэр судургу ырыаны олус үчүгэйдик аранжировкалаан, киэргэтэн таһаарыахтарын сөп.

Ырыа 10 хайысхата баар. Фольклор, наҕыл лиирикэ ырыалара, попсовай, рок, джаз, о.д.а. Хас биирдии аранжировщик тус хайысхатыгар күүстээх. Мин кими да араарбакка барыларын кытта тэҥҥэ үлэлэһэбин. Ырыа хайдах оҥоһуллан тахсара, ону хайдах толорон дьоҥҥо тиэрдэргиттэн тутулуктанар. Оччоҕуна эрэ истээччи сүрэҕин сүүйэҕин.

Ийэбин. Уһуйааччыбын. Ырыаһыппын...

Ырыа айар эйгэтигэр үктэммитим 18 сыл буолла. Киһи олох бары эйгэтигэр ситэн-хотон эрэрин билэр. Ийэ, уһуйааччы, ырыаһыт быһыытынан... Кэлэр 2025 сылга тус кэнсиэрпэр бэлэмнэнэ сылдьабын. Онон, дьэ, бар дьонум иннигэр долгуйа тахсарым чугаһаата.

Ырыа тыла уонна матыыба тэҥҥэ айыллан тахсар. Миэхэ ырыам хаһан да тыла эбэтэр матыыба суох соҕотохтуу айыллан тахсыбат. Хоһулаһан кэлэллэр. “Айар киһи барыта айылҕалаах, түүллээх” дии саныыбын. Киһи биирдэ кэлбит олоҕор баҕа санаатын толоруохтаах. Бу олохпор, бастатан туран, ийэбин, онтон уһуйааччыбын, дьэ, ол эрэ кэнниттэн ырыаһыппын. Дьиэ кэргэнэ суох сатаан олорбоппун. Кими даҕаны үөрэппэтэхпинэ-такайбатахпына, кимиэхэ эмэ көмөлөспөтөхпүнэ, эмиэ кыайан сылдьыбаппын. Ыллаабатахпына-туойбатахпына, эмиэ сатаммаппын.

Олег Колесов-Талбан, кэнсиэри иилээччи-саҕалааччы:

– Миленаҕа биир үчүгэй хаачыстыбатын бэлиэтиибин – наһаа үлэһит. Үлэтэ барыта түмүктээх. Хаһан да ыллаабатах, ол иһигэр олоххо тирэхтэрин сүтэрбит дьон ырыа көмөтүнэн үүнэллэр-сайдаллар. Социальнай хайысхалаах үлэни өрө тута сылдьарын сыаналыыбын. Кэнсиэргэ кыттааччылар бары үтүө холобур буолар интэриэһинэй олохтоох-дьаһахтаах дьон. Онон өссө интэриэһинэй.

“Аранжировканы оҥорторуохха, этинэн-аһынан төлөһүөхпүт”

Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгэр Борисовтар дьиэ кэргэҥҥэ 2-с оҕо­нон күн сирин көрбүтүм. Ийэм Анна Семёновна үйэлээх сааһыгар буҕаал­тырдыыр. Аҕам Василий Васильевич тутуу эйгэтигэр үлэлээбитэ. Дэриэбинэ кэнсиэрин көтүппэт, ыллыыр-туойар, актыыбынай олохтоох дьон. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим Валерия хореограф идэлээх, улахан быраатым Василий Сатаҕай кулуубугар оператор, аччыгый быраатым Долун куоракка Эстрада тыйаатырыгар үлэлиир.

Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүбүн. Оскуолаҕа алын кылааска үөрэнэ сылдьан “Үрүмэччи” диэн бастакы ырыабын суруйбутум. “Күн бытархайа” диэн улуус таһымнаах ырыа күрэҕэр миэстэлэспитим, ол миэхэ улахан үктэл буолбута.

1998 сыллаахха өрүс бэтэрээ өт­түгэр ыытыллар “Хотугу сулус” кү­рэх­­хэ кыайаммын, Дьокуускайга кыттар чиэстэммитим. Ырыаларым муу­суката судургу соҕус буолан, аҕам аранжировка оҥорторорго сананан, Дьокуускайга Владик Муликович диэн аранжировщигы булбута. Киниэхэ 3 ырыа оҥорторо, Сатаҕайтан айаннаан тигинэтэн тиийбиппит. Икки күн күүскэ үлэлээбиппит. Миигин ыллата-ыллата тута синтезаторыгар ууран, наһаа үчүгэй фонограммалары оҥорон биэрбитэ. Дьэ, ити курдук төһө да үп-харчы кырыымчык кэмэ буоллар, төрөппүттэрим барахсаттар дьоҕурбун өйдөөн, аккаастаан кэбиспэтэхтэрэ. “Аранжировканы оҥорторуохха, этинэн-аһынан төлөһүөхпүт” диэн, үчүгэй хаачыстыбалаах ырыалардаах буолбутум. Бу ырыаларбынан араас күрэххэ кыттыбытым. Ситиһии, кыайыы көтөллөммүтүм. Күһүн аҕам идэһэтин өлөрөн, куоракка тиэйэн киллэрэн аранжировщикпын кытары төлөспүтэ. Бу курдук төрөппүттэрим ыллыырбын өйөөннөр, күн бүгүн ыллыы, айа-тута сылдьабын.

Ырыаһыт быһыытынан бэйэбин арыйбытым

Устудьуоннуу сылдьан, 2007 сылтан “Саҥа ырыа” күрэххэ кыттан бастаан саҕалаабытым. 2004 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн, АГИКИ-га “Менеджер по туризму” идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэн баран, бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйинэн, кулууп дириэктэринэн үлэлээн көрбүтүм да, кыайан аһыллыбатаҕым. Учуутал, уһуйааччы буолар дьылҕам төрөөбүт түөлбэбэр, үөрэммит оскуолабар 2012 сыллаахха ыҥыран ылбыта.

Устудьуоннуур сылларбар Эстрада тыйаатырыгар артыыстаабытым. Бу кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугун кэрийбитим, элбэҕи билбитим-көрбүтүм. Саамай сүрүнэ – бэйэбин ырыаһыт быһыытынан арыйбытым. Күрэххэ кыттарбын олус сөбүлүүрүм. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ лауреат, дипломант үрдүк аатын сүгэн, үөрүүм үгүс буолара. Бүгүн бэйэм дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиибин. Дьон ырыаны хайдах толороллорун көрөбүн, сүбэ-ама биэрэбин.

Дьолум – дьиэ кэргэним

Күн бүгүн дьолум – дьиэ кэргэним. Кэргэним Рустам Васильев Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыттан төрүттээх, тырахтарыыс идэлээх. “Анаабыр алмаастара” АУо баахтаҕа үлэлиир. Улахан уолум – 14, икки ытарҕа кыргыттарым 5 уонна 4 саастаахтар. Кинилэр дьоллорунан, үөрүүлэринэн күммүн толоробун. Хас биирдии киһи олоҕор миэстэтин булуохтаах, таптыыр идэтинэн дьарыктаныахтаах уонна бу олоххо туох эрэ саҥаны, кэрэни оҥоруохтаах. Билигин олохпор уларыйыы, олус интэриэһинэй түгэннэр буола тураллар.

“Олохпун ырыанан”

Бэйэм төрөөбүт күммэр анаан сэтинньи 23 күнүгэр “Олохпун ырыанан” саҥа бырайыагым кэнсиэрэ дьоҥҥо суруйан биэрбит ырыаларбынан буолуоҕа. Бу – бастакы норуокка көрдөрөр-иһитиннэрэр ураты эйгэлээх, дьоһун түһүлгэ. Манна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан, Дьокуускайтан кыттааччылар номнуо кэлэн, бэлэмнэнэ аҕай сылдьаллар. Онно саҥа ааттары, ырыаһыттары билиэххит. Мин саҥардыы айбыт ырыаларбын эдэр, эмэн дьон толорууларыгар истиэххит. Инникитин, баҕар, саха ырыатын хонуутугар умуллубат сулус буолан чаҕылыйан, ааттара киэҥ эйгэҕэ тахсыа, ааттаныа... Ол туһугар илиибитин сүрэхпит диэкинэн холбуу тутан, алҕаатахпыт буоллун!

Олохпун ырыанан

Дьэ, онон Саха сиригэр аан бастаан ыытыллар социальнай хабааннаах кэнсиэр-түһүлгэни көтүтүмэҥ! Саҥа сүүрээн, сонун хайысха! Бу эрэ күн эһиги сүрэххитин таарыйар дьолломмут харах уулаах, үтүө санааны түстүүр ыллам ырыалар ылланыахтара. Үтүө бырайыакка бары биир киһи курдук кэлэн, үөрүүлэрин үллэстиэҕиҥ, арчы­ланыаҕыҥ!

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар