Киир

Киир

Ханнык баҕарар хампаанньа ситиһиитэ хамаанда хас биирдии чилиэнин идэтийиитин таһымыттан уонна дьулууруттан быһаччы тутулуктаах. Ол иһин хас биирдии үлэһит үүнэр уонна сайдар усулуобуйата тэриллиэхтээх. Аан дойдуга алмааһы хостуур биир саамай улахан тэрилтэҕэ, АЛРОСА-ҕа, күн бүгүн 35 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир. Онтон 80-тан тахса %-на – Саха сиригэр. Хампаанньа өрөспүүбүлүкэттэн төрүттээх исписэлиистэргэ улахан болҕомтотун уурар, өйүүр. Араас улуустан кэлэн Саха сиринээҕи алмаас хампаанньатыгар үлэлиир каадырдар үүнэр-сайдар кыахтара улаатар. 

АЛРОСА хампаанньа 2025 сылга диэри тирэхтээх сайдыытын бырагырааматын быһыытынан, хампаанньа бары үлэһиттэрин 90-тан итэҕэһэ суох бырыһыана олохтоох дьон буолара күүтүллэр.

Тиэхиньикэ уонна булугас өй

Константин Васильев устуоруйатыгар оҕо эрдэ­ҕинээҕи ыра санаата, тиэхиньикэҕэ таптала уонна соһуччу түгэн бииргэ тоҕооспуттар. Билигин кини Ньурба улууһугар Накыын алмаастаах сиригэр өрө­мүөн силиэсэринэн үлэлиир. Кини бэйэтэ Чурапчы улууһун Дириҥ диэн кыра бөһүөлэгиттэн төрүттээх, 2018 сыллаахха онно агро-оскуоланы бүтэрбит. Константин оҕо эрдэҕиттэн биир умсугуйар дьарыктааҕа – массыына уонна тиэхиньикэ. Онон, оскуолатын кэннэ идэтин ону кытта быһаччы ситимниир санаалааҕа.

Константин Васильев слева с коллегойКонстантин Васильев хаҥас турар 

– Геннадий Семенович Васильев диэн убайдаахпын. Кини Айхаллааҕы хайаны байытар кэмбинээккэ сүрүн инженеринэн үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Оҕо сырыттахпына кини уоппускатыгар дьиэтигэр кэллэҕинэ, үлэтин туһунан биһиэхэ мэлдьи кэпсиирэ. Оччолорго бырамыысыланнас диэн биһигиттэн букатын ыраах эйгэ курдук буолара. Мин кини кэпсээнин умсугуйан туран истэрим. Убайым араас тиэхиньикэ, бульдозер, погрузчик хаартыскаларын аҕалан көрдөрөрө – мин онтон хараҕым уоттана түһэрэ. Арааһа, үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан быһыылааҕа, биирдэ саха тэлэбиидэнньэтигэр АЛРОСА үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсиир биэриини түбэһэн көрбүтүм. Олус элбэх, араас тиэхиньикэни көрдөрбүттэрэ. Онтон ыла мин АЛРОСА-ҕа үлэлиэхпин баҕарбытым, – диэн Константин ахтар.

Эдэр киһи оскуоланы бүтэрэн баран, докумуоннарын суол-иис, көлө факультеттара баар үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар туттарбыт. Ол гынан баран, эдьиийиттэн Мииринэйдээҕи тэхиньиичэскэй колледжка “Массыынаны өрөмүөннүүр уонна көрөр-истэр маастар” идэтэ баарын билэн, онно туттарсыбыт уонна 2020 сыллаахха үөрэҕин бүтэрбит. Үөрэхтэрэ төһө да биир сыллаах буоллар, Константин бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта быраактыкатын Бүлүүтээҕи геология эрэспиэскэтин эспэдииссийэтигэр ааспыт. Ол кэннэ уол биир сыл аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран, убайдарын кытта улахан таһаҕас массыынатынан ыраах айан суоппарынан үлэлээбит. АЛРОСА туһунан баҕа санаата умнулла быһыытыйбыт.

– Биирдэ убайым Гена: “Доҕоор, оттон алмаастаах хампаанньаҕа үлэлии киирэр туһунан умуннуҥ дуо? Накыыҥҥа тиэхиньикэни өрөмүөннүүр исписэлиис үлэтэ баар”, – диэн ыйытта. Мин сөбүлэһэн, тус кэпсэтиини (собеседование), мэдиссиинэ хамыыһыйатын ааһан, ыра санаа оҥостубут тэрилтэбэр үлэлээн барбытым. Билигин араас тиэхиньикэни көрөбүн-истэбин, – диир Константин.

Накыыннааҕы сир баайдаах сиргэ массыынаны өрөмүөннүүр силиэсэр үлэтэ – сир баайын хостуур тиэхиньикэ-массыына тохтоло суох үлэтин хааччыйарга кырата суох суолталаах тутаах идэ. Силиэсэр массыына араас чааһын, агрегатын ыһар, өрөмүөннүүр уонна төттөрү таҥар. Оттон онно үрдүк таһымнаах уонна болҕомтолоох исписэлиис буолар ирдэнэр.

Ити эйгэҕэ үлэлиир исписэлиис тиэхиньикэ туга алдьаммытын, моһуогурбутун сатаан билгэлиир уонна ону өрөмүөннүүр буолуохтаах. Ону таһынан, силиэсэр хас биирдии массыына айаҥҥа-үлэҕэ тахсыан иннинэ анал бэрэбиэркэни ыытар. Оттон ол көлө куттала суох, эрэллээхтик үлэлиир буолуутун хааччыйар. Үлэ өссө биир тутаах өрүтэ – куттал суох буолуутун тиэхиньикэтин тутуһуу уонна тэхиньиичэскэй докумуону сөпкө толоруу. Ол барыта үлэҕэ-хамнаска бэрээдэги, толоруллубут үлэ учуотун мэктиэлиир. Оҥорон таһаарыы эйгэтигэр тиэхиньикэ күүстээх ноҕоруусканы көрсөр. Онон, силиэсэр үлэтэ-хамнаһа ураты суолталанар. Оттон манна самасыбаалтан, бульдозертан саҕалаан погрузчиктарга тиийэ араас тиэхиньикэ баар.

Силиэсэр үлэтэ наар биир, олус салгымтыалаах диир дьон алҕаһыыллар. Константин этэринэн, бу эйгэҕэ үлэлиир дьон уустук суолу сатаан быһаарар булугас өйдөөх, Кулибин курдук дьоҕурдаах буолуохтарын наада.

– Мин баахтанан үлэлиибин: биир ый – Накыыҥҥа, биир ый – сынньалаҥҥа. Үлэбитигэр кэлэр уонна дьиэбитигэр барар ороскуоппутун хампаанньа бэйэтэ уйунар. Накыыҥҥа таһаарыылаахтык үлэлиир уонна сынньанар усулуобуйа барыта тэриллэн турар. Хампаанньа уоппускаҕа сынньана барар айан ороскуотун, уһуйаан төлөбүрүн сороҕун толуйар, ипотеканы уонна дьиэ куортамын төлүүргэ көмөлөһөр, үлэһиттэр дьиэ кэргэннэрин өйүүр. Онон, киһи астына үлэлиир, олорор.

Эдэр көлүөнэ геологтар

Егор Халгаев Таатта улууһуттан төрүттээх. АЛРОСА хампаанньаҕа соторутааҕыта үлэлии киирбитэ – сыл аҥаа­рыттан эрэ орто. Ол гынан баран, кини геология эрэспиэскэтин эйгэтигэр атын хампаанньаларга үлэлээбит уопуттаах. Ол да буоллар, Егор олоҕун-үлэтин суола кинини Мииринэйгэ мээнэҕэ аҕалбатаҕар эрэнэр.

Айаан Винокуров

– Мин эдьиийбин кытта дьиэ кэргэммитигэр геология идэтин талбыт бастакы хараҥаччылар буолабыт. Дьиҥэр, эдьиийим гидрогеолог идэлээх. Ол да буоллар, Таатта лиссиэйигэр улахан кылаастарга үөрэнэ сылдьан, кинини көрөн бу идэбин талбытым, тугунан дьарыктаныахпын баҕарарбын быһаарыммытым. 2021 сыллаахха ХИФУ-ну “Хайа инженерэ, геолог” идэлээх бүтэрбитим. Ол кэннэ бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ үлэҕэ киирбитим, эспэдииссийэлэргэ сылдьыбытым, эрэспиэскэҕэ үлэлээбитим. Ити курдук сааскыттан күһүҥҥэ диэри сылдьарбыт. Кыһынын – хонтуораҕа олорорбут. Ол гынан баран, былырыын АЛРОСА хампаанньаҕа мин сэҥээрэр үлэм миэстэтэ тахсыбыта. Ол иһин үгүһү толкуйдуу барбакка, резюмебын ыыппытым уонна алмаастаах кыраай киин куората – Мииринэйгэ – көһөн кэлбитим, – диэн Егор ахтар.

Билигин кини учаастактааҕы геологынан үлэлиир, сир баайын эрэспиэскэлээн, туһаҕа таһаарар соруктаах. Егор үлэни-хамнаһы былаанныыр уонна тэрийэр, дааннай базатын үлэлэтэр, эрэсиэрбэни оҥорор. Ол түмүгүнэн, сиргэ төһө баай баара чопчу сыаналанар.

Итини таһынан, геолог графическай матырыйааллары сыыппараҕа көһөрөр уонна сир аннынааҕы выработкалар геологическай докумуоннарын оҥорор үлэни эмиэ сүрүннүүр, геология усулуобуйатын дириҥник өйдүүргэ скважиналары ойуулуур (описание). Ону тэҥэ кини буурдааһын пааспарын оҥорор, хайа выработкаларын сабыыны салайар, сир баайын хостуур үлэни-хамнаһы хонтуруоллуур, үлэ сүнньүнэн отчуот оҥорор.

– Сир баайын хостооһун – олус улахан мэхэньиисим, кини сатабыллаах, сааһыламмыт үлэни ирдиир. Мин доҕордуу сыһыаннаах, эйэлээх кэлэктиипкэ киирэммин, табыллан сылдьабын. Учаастактааҕы геолог билими уонна быраактыканы дьүөрэлээн, сир баайдаах сиргэ ыытыллар үлэ-хамнас куттала суох уонна көдьүүстээх буолуутугар тутаах оруоллаах киһи. Үөрэрим диэн, аҕа кэллиэгэлэрим уопуттарыттан үөрэ-көтө үллэстэллэр, ол түмүгэр үлэ көрдөрүүтэ тупсар. Аан бастаан үлэҕэ киирэрим саҕана аҕа кэллиэгэм, эмиэ учаастактааҕы геолог, Александр Петрович Васильев настаабынньыктаабыта. Үлэбит олус эппиэтинэстээх, сир баайа нэдиэлэни эргиччи хостонорунан, өрөбүлэ суох. Ол да буоллар, бириэмэни сатаан аттардахха, быыс булан сынньанаҕын. Биһиги үлэбитигэр саамай сүрүнэ дьаныардаах уонна холку буолуоххун наада, – диэн Егор санаатын үллэстэр.

Эдэр киһи табыллыбыт: кини үлэтигэр дьиэтигэр курдук сананан сылдьар. Тоҕо диэтэххэ, хампаанньаҕа бииргэ устудьуоннаабыт доҕотторо эмиэ үлэлииллэр. Онон кэллиэгэлэрин да, устудьуон кэминээҕи доҕотторун да кытта биир тылы булара судургу, ирэ-хоро кэпсэтэргэ үчүгэй.

– Үлэлии киирээт да, хампаанньа бэйэтин каадырдарыгар улахан болҕомтону уурарын тута бэлиэтии көрбүтүм, “кадры – наше все” диэн мэлдьи этэллэр уонна ити аҥаардас кураанах тыллар буолбатах эбит. Бастатан туран, АЛРОСА иһинэн олус улахан социальнай көмө оҥоһуллар, чуолаан, оҕолоох ыалга. Бэйэм өссө ыал буола иликпин эрээри, ону кэллиэгэлэрим холобурдарыгар илэ көрө сылдьабын.

Өссө биир сөбүлээбитим диэн, үөрэхтээһиҥҥэ, идэ таһымын үрдэтиигэ уонна биир сомоҕо хамаанданы тэрийиигэ улахан болҕомтону уураллар. Үлэҕэ араас түгэннэри ырытарбыт-анаарарбыт киһи сайдарыгар олус туһалыыр. Профессиональнай маастарыстыба куонкурустара тэриллэллэр. Онон, киһи сатабылын, дьоҕурун көрдөрөр кыах бэриллэр. Оттон үчүгэй бырыайыактаах буоллаххына, бэйэҕин да, бырайыаккын да сыаналыахтарын сөп. Онон мин дойдубут биир саамай улахан бырамыысыланнай хампаанньатыгар киирэн үлэлии сылдьарбынан киэн туттабын, үөрэбин, – диир геолог.

Спортивные секции

Үүнэри-сайдары өйүүллэр

Кырдьык, АЛРОСА хампаанньа иһигэр корпоративнай култуура кырата суох оруоллаах. Хампаанньа үлэһиттэр көҕүлээһиннэрин сыаналыыр уонна өйүүр эйгэни тэрийэргэ кыһаллар. Успуорт уонна култуура тэрээһиннэрэ чөл олохтоох буолууга уонна хамаанда кутун-сүрүн көтөҕүүгэ көмөлөһөллөр. АЛРОСА социальнай бырайыактарга кыттааччылары биһириир, ол түмүгэр, хас биирдии киһи уопсастыба сайдыытыгар кылаатын киллэрэр кыахтаах.

Үлэһиттэр хампаанньа үлэтигэр-хамнаһыгар кыттыгастаах буолууларын тэрийии – хампаанньа биир сүрүн сайдар тосхоло. Тэрилтэ салалтата үлэһиттэр хампаанньа олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттыылара кинилэр хампаанньаҕа үтүө, сиэрдээх сыһыаннаах буолууларыгар дьайарын толору өйдүүр. Ол да иһин үлэһиттэр баҕаларын, санааларын билэргэ, быһаарарга анаммыт араас ыйытыктар сотору-сотору тэриллэллэр. Ол түмүгүнэн, үлэ хаамыытын уонна усулуобуйатын тупсарар саҥа көҕүлээһиннэр оҥоһуллаллар.

Итини таһынан, АЛРОСА хамаанданан үлэ суолтатыгар болҕомтотун уурар. Хампаанньа иһинэн араас эйгэ, салаа үлэһиттэрэ бииргэ үлэлэһэллэригэр, бастыҥ уопуттарын атастаһалларыгар анаан усулуобуйа тэриллэр. Ол көмөтүнэн аҥаардас үлэ түмүгэ эрэ тупсубат, үлэһиттэр идэтийиилэрин хаачыстыбата эмиэ үрдүүр.

Тэрилтэ идэтийии таһыма үрдүүрүгэр туһуламмыт көҕүлээһиннэри күүскэ өйүүр. “Үлэ миэстэтигэр үөрэнии” бырагыраама үлэһиттэр үлэлиир сирдэригэр үрдүттэн сылдьан үөрэнэллэригэр кыах биэрэр. Ол түмүгэр, исписэлиистэр саҥа соруктарга уонна ирдэбиллэргэ түргэнник үөрэнэллэр.

Үөрэх уонна быраактыка

Хампаанньа эдэр каадырдары өйүүр суолталааҕын өйдүүр буолан, кинилэри стажировкалатар уонна истипиэндьийэ төлүүр. Ол түмүгэр саҥа исписэлиистэр үлэ-хамнас эйгэтигэр түргэнник киирэллэр, карьераларын оҥосторго уопутураллар. Холобур, Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээккэ диспиэтчэр сулууспатыгар эпэрээтэринэн үлэлиир Айаан Винокуров карьератын өссө үрдүк үөрэххэ устудьуоннуур кэмигэр, хампаанньаҕа быраактыкалана кэлэ сылдьан, саҕалаабыта. Кини АЛРОСА-ҕа быраактыкаламмыт буолан, үлэлии кэлэригэр оҥорон таһаарыы эйгэтигэр номнуо уопуттаах этэ. Онон, карьера оҥосторо арыый судургу буолбута.

Айаан 2012 сыллаахха Уус Алдан Бороҕонугар Мүрүтээҕи уолан гимназиятын бүтэрбитэ. Кини оскуолатын бүтэрэрин саҕана, номнуо бырамыысыланнаска үлэлии барыахтааҕын чопчу билэр этэ.

Egor Xalgaev


– Хомойуох иһин, мин оскуолаҕа үөрэнэрим саҕана, бу эйгэҕэ үлэлииргэ ханнык идэлээх дьон ирдэнэллэрин туһунан информация бэрт кэмчи этэ. Мин биһиги өрөспүүбүлүкэтигэр АЛРОСА диэн улахан хампаанньа баарын, кини алмаас хостуурун эрэ билэрим. Оттон онно ханнык идэҕэ үөрэнэн, хайдах үлэҕэ киириэххин сөбүн туһунан элбэхтик кэпсээбэттэрэ. Оскуола кэннэ СКЭ-бин үчүгэйдик туттаран баран, докумуоммун үс үрдүк үөрэххэ биэрбитим уонна үһүөннэригэр киирбитим. Ол гынан баран, Мииринэйдээҕи политехническай институту талбытым. Тоҕо диэтэххэ, бырамыысыланнас быһаччы суох сиригэр бырамыысыланнас идэтигэр үөрэнэр туһата кыра буолуо дии санаабытым. Сыыспатах эбиппин.

МПТИ-гэ үөрэнэр кэммитигэр устудьуоннарга анаан хампаанньаҕа экскурсиялары тэрийэллэрэ, сорох сэдэх идэлэргэ АЛРОСА бэйэтин үлэһиттэрэ үөрэтэллэрэ. Ол иһин үөрэх, билии таһыма үрдүк этэ, толору информацияны истэрбит. Ол барыта кэлин, үлэһит буолбуппут кэннэ, олус туһалаабыта. Биир тылынан эттэххэ, мин устудьуоннуу сылдьан номнуо хайдах усулуобуйаҕа үлэлиэхтээҕим, тэрилтэ миигиттэн тугу ирдиэхтээҕин толору билэрим, – диэн Айаан ахтар.

Айаан хампаанньаҕа үлэтин номнуо устудьуоннуу сылдьан саҕалаабыта. Үрдүкү куурус устудьуоннара быраактыкаларын быһаччы оҥорон таһыырыыга барбыттара.

– Дьупулуоммун көмүскээн баран, биир сыл аармыйаҕа сулууспалаабытым. Ол кэннэ Мииринэйгэ эргиллэн кэлэн, Удачнайдааҕы ХБК шахтатыгар сир аннынааҕы хайа оробуочайынан үлэҕэ киирбитим. Тоҕо диэтэххэ, төһө даҕаны үрдүк үөрэхтээх инженер буолбутум иһин, уопутурар, кэлин идэбинэн сайдар-үрдүүр туһугар, идэбин иһиттэн билиэхтээхпин дии саныыбын. Салгыы эпэрээтэринэн, ол кэннэ былаанныыр инженеринэн үлэлээбитим.

2023 сыллаахха миигин Удачнайдааҕы ХБК-ҕа диспиэтчэр сулууспатыгар эпэрээтэринэн ылбыттара. Үлэм олус эппиэтинэстээх. Тоҕо диэтэххэ, мин илиибэр сир анныгар, шахтаҕа, туох буола турарын туһунан информация барыта түмүллэр. Биһиги үлэбитигэр олус болҕомтолоох, чуолкай уонна быһаарыыны түргэнник ылынар буолуохха наада, – диир Айаан.

Диспиэтчэр сулууспатын эпэрээтэрэ матырыйаал­лары, дэлби тэбэр-эстэр бэссэстибэлэри, умайар-оҕунуохтуур матырыйааллары тиэйэр-таһар үлэни тэрийэр, сүрүннүүр. Ону тэҥэ кини көмө тиэхиньикэ үлэтин хонтуруоллуур, буурдуур установкалар үлэлэрин туһунан информацияны хомуйар, хайа тиэхиньикэтин уонна байытар кэмбинээт үлэтин отчуоттуур. Биллэн турар, эпэрээтэр үлэтэ итинэн эрэ муҥурдаммат.

– Мин курдук эдэр исписэлиис санаам хоту үлэни булбутум – улахан табыллыы. Удачнай куоракка олоробун. Куорат дьоҕус, 15 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор эрээри, бары-барыта баар. Иллэҥ кэммэр успуордунан дьарыктанабын. Успуорт, эрчиллэр саалалар, бэл, бассейн кытта баар. Идэлээх сойуус чилиэннэрэ онно босхо сылдьаллар.

Үлэм өссө биир үтүө өрүтэ диэн, олус түмсүүлээх уонна эйэлээх кэлэктииптээхпит. Бары биир дьыала туһугар үлэлиирбитин, ол хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын өйдүүллэр. Онон бары үлэлэригэр олус кыһаллаллар, – диэн Айаан санаатын үллэстэр.

***

Айаан Винокуров, Егор Халгаев уонна Константин Васильев курдук дьон устуоруйалара АЛРОСА диэн аҥаардас үлэлиир сир, көннөрү тэрилтэ эрэ буолакка, бу – баҕа санааны толорор, дьону уонна кинилэр ситиһиилэрин сыаналыыр улахан хампаанньа буоларын туоһулуур.