“Кэлиҥҥи кэмҥэ эбэбит балыга биллэ эбилиннэ! Бэл, сүтэ-симэлийэ сылдьыбыт көрүҥнэр кытта көстөр буолбуттар», – диэн кэпсэтиини Бүлүү эбэ кытылыгар олорор олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар үгүстүк истиэххэ сөп. Онон АЛРОСА хампаанньа өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр балык араас көрүҥүн үксэтиигэ ыытар тиһиктээх үлэтин үтүө түмүгэ көстөн эрэр диэн бигэтик этэбит.
Эрдэ суруйбуппут курдук, алмаас тэрилтэтэ үрүҥ эттээх, күндү балык ыаматын өрүстэргэ сыл ахсын былааннаахтык ыытар.
Маннык үлэ туһатын-көдьүүһүн балыксыт дьон эрэ бэлиэтээбэттэр. Холобур, СӨ Экологияҕа министиэристибэтин балыктааһыны тэрийэр уонна сүрүннүүр салаата Бүлүү эбэбит байҕалыгар (водохранилище) балыгы үксэтии саҕаланыаҕыттан быраҥаатта бырамыысыланнай таһымҥа бултуур гына эбиллибитин этэр. Ол түмүгэр балык бу көрүҥүн бултуурга квота 2019 сыллааҕыга тэҥнээтэххэ, үс бүк кэриҥэ эбиллибит. Оттон Өлүөнэ эбэҕэ үөскүүр хоту сир күндүөбэйэ хас сыл аайы бултуохха сөп гына элбээбит. АЛРОСА хампаанньа Саха сиригэр көмүс хатырыктааҕы дэлэтэр туһугар сыллата уоннуу мөлүйүөн солк. тыырар.
Билиҥҥи туругунан АЛРОСА – өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр, күөллэригэр балык ыаматын ыыттаран, балыгы үксэтэр киэҥ хабааннаах, кэскиллээх үлэни ыытар суос-соҕотох бырамыысыланнас тэрилтэтэ.
Ол курдук, алмаас хампаанньата быраҥаатта, күндүөбэй, чыыр уонна хотугу хатыыс курдук сыаналаах балык үксүүрүгэр сүҥкэн кылааттаах. Ол иһигэр Өлүөнэ, Бүлүү курдук ытык эбэлэргэ сыллата балык сыаналаах көрүҥнэрин ыыталлар. Ону таһынан эспэримиэн быһыытынан Үөһээ Бүлүүгэ баар Тимир Күндэ күөлүгэр эмиэ балык ыаматын ыыттаран турар.
АЛРОСА экологияҕа киинэ балыгы үксэтиигэ анаан оҥорбут “Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар үлэлиир сирдэригэр биология баайын (биоразнообразие) көрүҥнэрин энчирэппэккэ илдьэ сылдьыы уонна толорон биэрии, хаҥатыы” бырайыага быйыл “ЭКОТЕХ-ЛИДЕР–2024” национальнай бириэмийэ лауреата буолла. Наҕарааданы Москубаҕа бэс ыйын 19 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттара.
Балыгы үксэтии бырагырааматын олоххо киллэрэригэр АЛРОСА экологияҕа киинэ Чернышевскайдааҕы балык собуотун кытта бииргэ үлэлэһэрэ тирэх буолар. Алмаас хампаанньата сыллата үп көрөрүн суотугар собуот өрүстэргэ тарҕанар балык ыаматын көрөн-харайан, торолутан биэрэр.
“Быйыл да биһиги Чернышевскайдааҕы балык собуотун кытта бииргэ үлэлэһэн, сайынын балык ыаматын тарҕатар үлэбитин үс түһүмэҕинэн ыыттыбыт. Бэс ыйын ортото – Бүлүү байҕалыгар 4 мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр быраҥаатта, от ыйын 5 күнүгэр – Бүлүү эбэҕэ, Светлэй бөһүөлэгин туһаайыытынан, күндү, үрүҥ эттээх чыыр 100 тыһ. ыаматын. Оттон үһүс түһүмэххэ, атырдьах ыйын 28 күнүгэр, Экология, айылҕа харыстабылын уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта Бүлүү эбэҕэ 20 тыһыынчаттан тахса хотугу хатыыс ыаматын ыыттыбыт. Ол тэрээһин Сунтаар улууһун Кириэстээх бөһүөлэгиттэн ырааҕа суох Мохсоҕоллоох тумуһугар буолбута. Олохтоохторо эмиэ кыттыбыттара”, – диэн АЛРОСА экологияҕа киинин айылҕа сирин-уотун харыстабылыгар салаатын начаалынньыга Алена Дьяконова кэпсиир.
Бу сэдэхтик көстөр, сыаналаах балык ыаматын чуо Мохсоҕоллоох тумуһуттан ыытыы мээнэҕэ буолбатах. Алмаас хампаанньатыгар, кырдьыга да, ураты суолталаах, бэлиэ сир. Лоп курдук 75 сыл анараа өттүгэр Мохсоҕоллоох тумуһуттан Саха сирин бастакы алмааһын булбуттара.
АЛРОСА Чернышевскайдааҕы балык собуотун кытта тиһиктээхтик бииргэ үлэлэһиитэ үтүө түмүктээх буолла. Онон мантан инньэ Саха сирин атын улахан өрүстэригэр эбии балык собуоттарын тутан үлэлэтиэххэ сөбүн туһунан кэпсэтии барар. Онуоха алмаас хампаанньатын балыгы үксэтиигэ уопутун атын да сир баайын хостооччулар туһаныахтарын сөп.
АЛРОСА экологтарга балыгы дэлэтэр киэҥ хабааннаах үлэни тиһиктээхтик ыытара эрэгийиэн өрүстэрин, күөллэрин биологическай баайа, көрүҥэ үксүүрүгэр үтүө дьайыылаах буоларын саарбахтаабаттар.
Алмаас хампаанньата бу хайысхаҕа үлэлэһэр буолуоҕуттан барыта холбоон, 24 мөлүйүөн (!) балык ыамата, төрүөҕэ Сахабыт сирин эбэлэригэр ыытыллыбыт. Ол иһигэр 2019–2024 сылларга хампаанньа 150 тыһыынчаҕа чугаһыыр хотугу хатыыс ыаматын собуокка үөскэтэн эбэлэргэ тарҕаппыт.
Хампаанньа үлэтэ манан тохтообот. АЛРОСА экологияҕа киинин исписэлиистэрэ Саха сирин эбэлэрин, уулаах сирдэрин чинчийэргэ анаан, экология эйгэтигэр үлэлэһэр биллэр-көстөр учуонайдары уонна билим институттарын бу хайысхаҕа кытыннарар. Холобур, хампаанньа Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай университеты кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, Бүлүү эбэ уонна кини салаа үрэхтэрин ихтиофаунатын уонна уу эйгэтин кэтээн көрөргө, ырытыы (мониторинг) оҥорорго кэпсэппитэ.
Учуонайдар балыгы анаан үксэтии айылҕа харыстабылын эйгэтигэр тутаах суолталааҕын бэлиэтииллэр. Балык элбиирэ бултуурга эрэ туһалаах буолбатах. Балык өрүс эко-тиһигэр сүҥкэн суолталаах. Балыгы дэлэтии биология баайын бары көрүҥнэрин сүтэрбэккэ илдьэ сылдьарга көмөлөөҕүн таһынан атын көрүҥ балыктар, көтөрдөр уонна, бэл, үүт аһылыктаахтар астара баар буоларыгар, айылҕа туруга чөл хааларыгар, ол иһигэр уу хаачыстыбата тупсарыгар тиийэ көмөлөһөр. Ол эбэтэр айылҕаҕа туох барыта ыкса сибээстээх, бэйэ-бэйэтигэр быһаччы дьайыылаах. Бу – уһун кэмнээх эрээри тиһиктээх дьарыктаныы кэнниттэн хайаан да үтүө түмүгэ көстөр, ийэ айылҕабыт туругар суолталаах, дьоһуннаах үлэ.
Ыспыраапка:
Биология баайын араас эгэлгэтин, көрүҥүн айылҕа айбытыттан энчирэппэккэ илдьэ сылдьыы, ону ааһан үксэтии – АЛРОСА хампаанньа ыытар үлэтин-хамнаһын биир тутаах суолталаах хайысхата.
Ол да иһин алмаас хампаанньата экологияҕа куттал суох буолуутун уонна тулалыыр эйгэ харыстабылын кэлим бырагырааматын чэрчитинэн, араас тэрээһини ыытар. Хас сыл аайы тыын суолталаах көҕүлээһиннэри түмэн, эһиил ханныктары олоххо киллэриэхтээҕин чопчу былаанныыр.
АЛРОСА үлэтин биир тутаах суолталаах хайысхата – Саха сирин биологияҕа баайын чөлүнэн илдьэ сылдьыы, хаҥатыы уонна үйэтитии. Өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр көмүс хатырыктаах үксүү турарыгар көмөлөһөрүн сэргэ хотугу кыыл таба уонна Кыһыл кинигэҕэ киирбит орнитофауна харыстабылыгар эмиэ ылсан дьарыктанар.
Матырыйаалы Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА бэлэмнээтэ.