Киир

Киир

Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарыгар дьон-сэргэ сылдьар сирдэрин тупсарар, саҥардан оҥорор бырайыактар олоххо киирэллэр. Холобур, саҥа пааркалар, искибиэрдэр, дьон сатыы да, бэлисипиэтинэн да сылдьар суоллара оҥоһуллаллар. Куораттарга оҕо оонньуур аныгы былаһааккаларын, сынньанар, успуордунан дьарыктанар түһүлгэлэри туталлар, олорго оҕолоох ыаллар, ыччат дьон сөбүлээн тоҕуоруһаллар.

Бөһүөлэктэр уонна куораттар тупсаҕай көстүүлээх буолууларыгар бэйэтин кылаатын АЛРОСА хампаанньа эмиэ киллэрсэр. Кэлиҥҥи сылларга хампаанньа хаачыстыбалаах куорат эйгэтин тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар.

Куораттары уонна бөһүөлэктэри тупсарыы кинилэр тас көстүүлэрин уларытарын таһынан, дьон-сэргэ көхтөөх буоларыгар, дууһалыын сынньанарыгар, кэпсэтэригэр эмиэ көмөлөһөр. Самнархай, хаарбах көстүүлээх сирдэр уларыйдахтарына, ол сирдэргэ олохтоохтор да, туристар хото сылдьар буолаллар. Оттон ол эрэгийиэн аатын-суолун да үрдэтэр, экэниэмикэтин да сайыннарар.

Ленскэй куоракка алмаастаах хампаанньа көмөтүнэн Ойуунускай уулуссатын тупсардылар. Билигин онно дьон-сэргэ сөбүлээн дьаарбайар, көхтөөхтүк сынньанар буолла. Уулуссаҕа сатыы да, бэлисипиэттээх да дьон сылдьар анал суоллара оҥоһулунна, ыччаттар иллэҥ кэмнэрин атаарар сирдэрэ баар буолла, эрэгийиэн, улуус уратытын көрдөрөр арт-эбийиэктэр турдулар. Олохтоохтор этэллэринэн, тупсубут уулусса араас саастаах дьон таптаан сылдьар сирэ буолбут.

“Өрүскэ киирии”

Ленскэй куорат сүрүн архитектора Мария Никонова кэпсээбитинэн, Ойуунускай уулуссатын “Өрүскэ киирии” (“Путь к реке”) диэн түбэһиэх ааттаабатахтар эбит. Бу суолунан аргыый аҕай оруобуна Өлүөнэ өрүс кытылыгар хааман киирэҕин.

– Саха сирин улуу бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Платон Алексеевич Ойуунускай аатын сүгэр уулусса – Ленскэй олохтоохторо биир саамай сөбүлүүр, сатыы сылдьар уулуссалара. Кинини тупсарар үлэни-хамнаһы икки түһүмэххэ араардыбыт. Бастакы түһүмэҕи былырыын түмүктээбиппит. Бастаан Набережнайтан саҕалаан “Юность” эбии үөрэхтээһин киинигэр диэри территория оҥоһуллубута. Онно сатыы, бэлисипиэттээх дьон сылдьар суоллара, ыччат сынньанар сирдэрэ, искибиэрдэр уонна оҕо былаһааккалара баар буолбуттара. Төһө даҕаны оҥоһуллубута биир сыл эрэ буоллар, Ойуунускай уулуссатын Ленскэй олохтоохторо номнуо сөбүлээн сылдьар буоллулар, – диир Ленскэй сүрүн архитектора.

k0sy9KJx v4

Бу курдук үрдүк таһымнаах, элбэх киһи интэриэһин таарыйар бырайыактар биир-икки эрэ киһи толкуйдаабытынан, ыра-баҕа санаатынан олоххо киирэр буолбатахтар. Маннык бырайыагы хамсатан барыах иннинэ аан бастаан ол сиргэ үлэлиир-хамсыыр уонна олорор дьон санаатын билиллиэхтээх. Ойуунускай уулуссатын тупсаран оҥорон бырайыагы инньэ гыммыттара. Уулуссаны бырайыактыыр тэрилтэ бастаан дьон санаатын чинчийэн көрбүтэ, туох баҕа санаалааҕын сураспыта уонна анал киэҥ ыҥырыылаах кэпсэтиини тэрийбитэ.

WhatsApp Image 2024 11 14 at 15.04.56 1

– Бэлиэтээн эттэххэ, бырайыагы оҥорор уонна кэлин олоххо киллэр үлэ-хамнас ыытылла турар кэмигэр куорат олохтоохторун санаатын толору учуоттаабыппыт. Кинилэр уулусса тас көстүүтүн дьүүллэһэр тэрээһиннэргэ бары олус көхтөөхтүк кыттыбыттара, ол кэннэ уларыйбыт, тупсубут уулуссаны хаһаайын быһыытынан туппуттара. Холобур, биир оннук санаа атастаһар кэпсэтии кэмигэр олохтоохтор: “Ленскэй куорат иһигэр кыра уонна орто саастаах оҕолорго аналлаах былаһааккалар бааллар, оттон обургу оҕолорго аналлаах биир даҕаны үтүө түһүлгэ суох”, – диэн эппиттэрэ, саҥа уулуссаҕа оннугу оҥорорго туруорсубуттара. Ол түмүгэр, обургу оҕолор оонньуур, успуордунан дьарыктанар былаһааккалара тутуллубута. Билигин, ханна да буоларын курдук, Ленскэй ыччаттара чөл олоҕу өрө туталлар, физкультуранан, успуордунан утумнаахтык дьарыктаналлар. Онон, өрүс үрдүгэр Набережнайга турар былаһааккаҕа сөбүлээн мусталлар. Ити былааһаакка аһаҕас халлаан анныгар турар буолан, саас-сайын күн үчүгэйдик көрөр, салгына чэбдик, ыраас. Итини таһынан, эмиэ олохтоохтор этиилэрэ учуоттанан, скейтердэр былаһааккалара, эрчиллэр миэстэ тутулунна, бэлисипиэттиир дьон анал памптрек-суоллара баар буолла, – диэн Мария Петровна кэпсээтэ уонна онно даҕата бу улахан, дьоҥҥо-сэргэҕэ чахчы туһалаах бырайыагы олоххо киллэрэргэ көмөлөспүт, күүс-көмө буолбут АЛРОСА аахсыйалаах хампаанньа бары үлэһиттэригэр, салалтатыгар барҕа махталын тиэртэ. Чопчулаатахха, АЛРОСА хампаанньа тыырбыт үбүнэн Ойуунускай аатынан уулусса дизайн-бырайыага толору оҥоһуллубута.

“Дьон-сэргэ сатыы сылдьарга аналлаах саҥардыллыбыт бульвара Ленскэй куорат эргийэр киинэ буолла” да диэтэххэ, улахан алҕас буолбат. Куорат бу түөлбэтин сааһыттан тутулуга суох олохтоохтор бэйэлэрэ да, ыалдьыттара да ис сүрэхтэриттэн сөбүлээтилэр.

WhatsApp Image 2024 11 14 at 15.04.56

Аны туран, Ленскэй куорат устуоруйата уонна култуура “Алмаастаах кыраай аана” уонна “Алмаас метафората” аныгы арт-эбийиэктэргэ, ону сэргэ уулусса уотун сэргэлии моһуоннаах тимир баҕаналарыгар бэрт дьэҥкэтик, ырылхайдык көстөр. Киһи бу уулуссаҕа үктэннэ, арт-эбийиэктэри көрдө да, ханна кэлэн турарын тута өйдүүр, билэр буолар. Эбэн эттэххэ, аны сотору кэминэн уулусса иккис аҥаара ити курдук тупсарыллыахтаах.

“Төрөөбүт куораппын билбэтим”

Төрөөбүт, бэйэлээтэр бэйэтин куоратыгар үс сыл буолан баран эргиллэн кэлбит Ленскэй олохтооҕо Елена Савченко куорат иһигэр буолбут уларыйыылары көрөн улаханнык сөхпүт, соһуйбут уонна үөрбүт.

WhatsApp Image 2024 11 14 at 14.59.45 1

– Мин төрөөбүт, бэйэлээтэр бэйэм куоратым хайдахтаах курдук үчүгэйдик уларыйан эрэрин көрөн үөрэбин, сырыы аайы сөҕөбүн. Мин Краснодар кыраайыттан баара-суоҕа аҕыйах нэдиэлэ анараа өттүгэр айаннаан кэлбитим. Биллэн турар, кэлээт да тута Ленскэйим устун күүлэйдии, ахтылҕаммын таһаара барбытым. Олох аҕыйах сыл иһигэр куораппыт киһи билбэт, сөҕөр гына уларыйбыт эбит: олус элбэх, аныгы саҥа дьиэ тутуллубут. Мин өссө онтон буолбакка, ордук Платон Ойуунускай уулуссата уларыйбытын, саҥардыллыбытын уонна тупсубутун көрөн сөхтүм, олус үөрдүм. Аҕыйах сыллааҕыта Ойуунускай уулуссата куорат атын уулуссаларыттан туох даҕаны уратыта суоҕа, киһи болҕомтотун тардыбат көннөрү уулусса этэ. Оттон билигин киһи хараҕа халтарыйар кэрэ көстүүлээх, сатыы дьон сылдьарыгар аналлаах бульвар буолбут.

yF2P424es5A

Киһи хараҕар бастаан куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит уратытын чорботон көрдөрөр национальнай колорита быраҕыллар. Ол туохха барытыгар көстөр – дьон сынньанар ыксаамыйаларыгар түһэрбит оһуордарыттан саҕалаан уулуссаны сырдатар лаампалар тимир баҕаналарыгар тиийэ. Ити ураты куорат бэйэтин күөх үүнээйилэрин кытта олус үчүгэйдик дьүөрэлэһэн, толоостук көстүбэт, киһи сынньанарыгар, бириэмэтин атаарарыгар сөптөөх, үтүө эйгэ тэриллибит.

CxQxEG mv10

Ойуунускай уулуссатын арт-эбийиэктэр эрэ кэрэ көстүүлүүр буолбатахтар. Манна сатыы да, бэлисипиэттээх да дьон сылдьар саҥа суоллара оҥоһуллубуттар, ыччат сынньанар сирдэрэ баар буолбуттар, искибиэрдэр, оҕо оонньуур былаһааккалара тутуллубуттар. Куорат сайдарыгар, дьон сылдьарыгар табыгастаах түөлбэни тэрийэргэ итинтэн ордук өссө туох наада буолуой, – диэн Елена Александровна биһигини кытта санаатын үллэһиннэ.

Елена Савченко 1 1

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар