Киир

Киир

Бүгүн кэпсиир дьоруойбут – АЛРОСА иһинэн үлэлиир “Анаабыр алмаастара” АУо сүрүн инженерэ, мэлдьи кэскиллээҕи саныыр, үтүө түмүктэри ситиһэргэ дьулуһар Виктор Шамаев. Кини алмаас бырамыысыланнаһыгар үлэлээбитэ номнуо уон төрдүс сыла. Үлэтин бириискэҕэ көннөрү ыскылаат үлэһититтэн саҕалаабыта. Виктор “киһи бэйэтигэр эрэнэр, бэрээдэктээх, сүрэхтээх уонна эппиэтинэстээх буоллаҕына, элбэҕи ситиһэр” диэн өйдөбүллээх.

Эһэтин холобура дьылҕатын быһаарбыт

– Бырамыысыланнас эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?

– Мин Бүлүү улууһун Хампа бөһүөлэгэр төрөөбүтүм уонна онно сэттэ сааспар диэри олорбутум. Хампаттан бэрт чугас Саха сиригэр гаас бырамыысыланнаһын тэбэр сүрэҕэ буолбут Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэ баар. Бэрт улахан, сайдыылаах сир. Онон, оҕо эрдэхпиттэн улахан бырамыысыланнай хампаанньалар хайдах үлэлииллэрин көрө улааппытым. Эһэм Афанасий Афанасьевич Шамаев мэлдьи “Кэлин хайа бырамыысыланнаһа күүскэ сайдыа, кэскиллээх буолуо” диирин олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Кини бэйэтэ сопхуоска инженер-мэхээнньигинэн үлэлээбитэ эрээри, “Саха сирин ыччата хайаан да бырамыысыланнаска үлэлиэхтээх” диэн бигэтик эрэнэр этэ. Ол да иһин мин түргэнник улаата, үөрэнэ охсон, бырамыысыланнаска үлэлии барыахпын, барытын бэйэм харахпынан илэ көрүөхпүн, улахан хампаанньа үлэһитэ буолуохпун ыраланар буолбутум.

Кэлин биһиги ыал төһө даҕаны Дьокуускайга көһөн кэллэрбит, мин манна оскуоланы бүтэрдэрбин, төрөөбүт бөһүөлэгим, сирим-дойдум курдаттыы тардар курдуга. Оҕо эрдэхпиттэн мэлдьи Хампаҕа эһэлээх эбэбэр сайылыырым, кинилэр миигин үлэни таптыырга, сүрэхтээх буоларга үөрэппиттэрэ. От үлэтэ, балык, булт, оҕуруот көрүүтэ-истиитэ, тиэхиньикэ оҥостуута – ити курдук уһаарыллан улааппытым. Оттон кылгас сайыннаах Саха сиригэр аҕыйах ый иһигэр кыһыны этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэ охсуоххун наада. Онон хайдах да сүрэҕэлдьиир, олорон хаалар табыллыбат. Үлэни-хамнаһы, күүһү-уоҕу эрдэттэн былаанныахтааххын. Оччоҕуна эрэ үтүө түмүгү ситиһиэххэ сөп. Оҕо эрдэхпиттэн тыа сирин күүстээх үлэтигэр буспутум-хаппытым кэлин элбэхтик көмөлөспүтэ, соруктарбын ситиһэрбэр күүс-көмө буолбута.

– Бука, оскуолаҥ кэннэ идэҕин таларгар өр толкуйдаабатаҕыҥ буолуо?

– Кырдьык, оннук этэ. Мин Дьокуускайга 26-с №-дээх оскуолаҕа математиканы, физиканы уонна химияны дириҥэтэн үөрэтэр кылааска үөрэммитим. Ити биридимиэттэргэ мэлдьи туйгуннук үөрэммитим. Мин санаабар, ол идэбин таларбар кырата суох оруолу оонньообута. Аны туран, оччолорго хайа бырамыысыланнаһа күүскэ сайда турара, мин ити идэ кэскиллээҕин өйдүүр этим. Оскуола кэннэ кырабыттан баҕарбыт “хайа инженерин” идэтин талбытым.

М.К. Аммосов аат. ХИФУ-га Хайа институтугар “Открытые горные работы” диэн салааҕа туттарсан киирбитим. Онно даҕата эбии сир аннынааҕы үлэлэргэ үөрэммитим. Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятыгар экэниэмикэ эйгэтигэр идэтийиим таһымын үрдэппитим. Хайа институтун аксакаллара оҥорон таһаарыы эйгэтин сөбүлүүр киһи буолан тахсарым курдук ииппиттэрэ-такайбыттара, элбэҕи үөрэппиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр аҥаардас билим эйгэтигэр эрэ буолбакка, оҥорон таһаарыыга бэйэлэрэ кыһыл илиилэринэн үлэлээбит дьон этилэр. Мин кинилэргэ олус махтанабын.

WhatsApp Image 2024 11 07 at 14.12.01 3

Тургутуу

Үөрэх кэннэ тута улахан бырамыысыланнай хампаанньа сүрүн инженерэ буолбатаҕыҥ буолуо?

– Биллэн турар, тута инженер буолбатаҕым. Бырамыысыланнаһы кытта аан бастаан 2008 сыллаахха “Анаабыр алмаастара” хампаанньаҕа быраактыкаҕа тиийэн баран билсибитим. Бэс ыйыгар Анаабыр улууһугар баар “Маят” бириискэҕэ бөртөлүөтүнэн көтөн тиийбитим уонна өссө да оҕотук, устудьуон киһи, бырамыысыланнас тэбэр сүрэҕин илэ көрөөт, үлэ далааһынын олус сөхпүтүм.

Миигин “Маят” бириискэ Олом учаастагар баар 2-с №-дээх баабырыкаҕа грохотовщигынан анаабыттара. Мин онно аҥаардас быраактыка үөрэҕин эрэ буолбакка, дьиҥнээх үлэҕэ бастакы бойобуой сүрэхтэниибин ааспытым: үс ый устатын тухары осадочнай массыынаттан концентраты араарбытым. Сууккаҕа уон иккилии чаас үлэлиирбит. Бастаан утаа күнү быһа үлэлээн баран, сиспин да көннөрөр уустук курдуга. Онтон икки нэдиэлэ кэннэ үөрэнэн, уубар-хаарбар киирэн, үлэ хайдах бүппүтүн билбэккэ да хаалар буолбутум. Биллэн турар, үлэтэ ыарахан. Ол гынан баран, төрөөбүт дойдуларын тыйыс кыһыныгар уһаарыллыбыт олохтоох уолаттар хоту дойду усулуобуйатыгар сатаан үлэлииллэр. Уопсайынан, биһиэхэ киһини тургутар идэ аҕыйаҕа суох, холобур, проходчиктар диэн бааллар. Кинилэр алта кыһыҥҥы ый устатыгар 50-ча кыраадыстаах тымныыттан саллыбакка, хойгуоларын эбэтэр күрдьэхтэрин туппутунан, кыһыл илиилэринэн үлэлииллэр. Үлэтэ ыарахан эрээри, хамнаһа онно эппиэттиир – үрдүк. Мин санаабар, киһи чопчу сыаллаах буоллаҕына (холобур, дьиэ кэргэнин хааччыйар, дьиэ-уот туттар, массыына атыылаһар, үлэһит быһыытынан үүнэр-сайдар, о.д.а.), хайдахтаах да уустук үлэ чэпчииргэ дылы буолар. Онон, биһиги “Баахтаҕа үлэлиир хас биирдии күнүҥ сыалгын ситиһэр күҥҥүн чугаһатар” диибит.

– Быраактыкаҕын аат эрэ харата ааһар көннөрү устудьуон буолбаккаҕын, чопчу сыаллаах-соруктаах үлэлээбит грохотовщиккын быһыылаах. Салгыы туох буолбутай, тугу гынныҥ?

– Салгыы... аан дойдуга үп-харчы кириисиһэ буолбута. Үгүс хампаанньалар оҥорон таһаарыыларын тохтоппуттара, үлэ миэстэтэ ханна да суох этэ, саҥа дьону ылбаттара. Мин 2010 сыллаахха университеппын бүтэрбитим уонна хайа инженерэ дьупулуомнаах үлэ көрдөөн барбытым. Ол гынан баран, туга да булбатаҕым. Ол иһин 2011 с. “Нижне-Ленскэй” хампаанньаҕа киирэн, Өлөөн улууһугар айаннаабытым. Онно биир сыл устата Талахтаах диэн учаастакка ыскылаакка үлэлээбитим. Төһө да син үлэлээх-хамнастаах курдук буолларбын, дьиҥнээх оҥорон таһаарыыга үлэлиир баҕам тулуппат буолбута. Ол иһин күнүс ыскылааппар үлэлии-үлэлии, барытын билиэх-көрүөх баҕам батарбакка, киэһээҥҥи өттүгэр күн аайы хайа маастарын кытта учаастагы кэрийсэрим, оҥорон таһаарыыны үөрэтэрим. Кэлин ону учаастак начаалынньыга Егор Стручков бэлиэтии көрөн, маастартан “ити кимий?” диэн ыйыппыт этэ. Ону маастар “хайа инженерэ идэлээх ыскылаат үлэһитэ, билиэн-көрүөн баҕата сүрдээх” диэн быһааран, үлэлиэх баҕабын учуоттаан, хайа маастарын көмөлөһөөччүтүнэн анаабыттара. Мин дьэ дьиҥнээх горняк буолбутум, онтон оҥорон таһаарыы бары көрдөрүүлэрин ситиһэн, хайа маастарыгар тиийэ үүммүтүм. Эһиилигэр, 2012 сыллаахха, учаастагы салайар буолбутум. Мин итинэн тохтоон, уоскуйан хаалбатаҕым: сири оҥорууга, чөлүгэр түһэриигэ сыһыаннаах көрүүлэрбин олоххо киллэрбитим. Онтон “Нижне-Ленскэйи” “Анаабыр алмаастара” атыылаһан ылбытын кэннэ, кимтэн да, туохтан да куттаммакка, саҥа идиэйэлэрбин эмиэ олоххо киллэрбитим – миэхэ бүтүн учаастагы итэҕэйбиттэрэ. Ити курдук мин 23 сааспар “Маят” бириискэ 200-тэн тахса киһи үлэлиир “Тигликит” учаастагын начаалынньыга буолбутум. Онтон 2015 сыллаахха “Маят” бириискэ тэхиньиичэскэй салайааччытынан анаабыттара. 2016 сыллаахха Уопсастыба оҥорон таһаарыытын салалтатын итэҕэйбиттэрэ, сүрүн инженеринэн анаабыттара.

Сөптөөх быһаарыы ситиһиини мэктиэлиир

– 23 саастаах начаалынньык – олус эдэр салайааччы. Кэллиэгэлэриҥ хайдах ылыммыттарай?

– Сааспар ким да наадыйбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ, мин ирдэбиллээх уонна сиэрдээх салайааччы этим. Үтүө түмүгү ситиһэргэ кыһалларым, кэлэктиип ону бэлиэтии көрбүтэ. Биирдэ үлэ хаамыытын уонна түмүгэ хайдах буолуохтааҕын барытын кумааҕыга уруһуйдаан көрдөрбүтүм уонна онтубун горняктарга, бульдозеристарга, белазистарга түҥэппитим. Барыта уруһуйдана сылдьар буоллаҕа, уолаттар биир да алҕаһа суох үлэлээбиттэрэ. Оҥорон таһаарыы бары хаамыыта чопчу тэрээһиннээх, оттон үлэһит ис иһиттэн бэрээдэктээх, сүрэхтээх буолуохтаах. Быраабыланы кэһэн эбэтэр тугу эмэ сыыһа оҥорон баран, кэмсинэн да төһөнү кэмсиниэххиний? Оччолорго мин саамай уһаабыта аҕыс ый баахтаҕа сылдьыбытым. Ол алмаас хостонор үлэтин биир толору эргиирэ буолар. Этэргэ дылы, кэлбиппит, хаспыппыт, алмааһы хостообуппут уонна былааммытын ситиһиилээхтик толорбуппут. Онно миигин бастыҥ үлэлээх эдэр салайааччы быһыытынан наҕараадалаабыттара – бастакы улахан ситиһиим этэ. Уопсайынан, киһи оҥорон таһаарыы бары түһүмэҕин бэйэтин этинэн-хаанынан биллэҕинэ, ситиһии хайдахтаах курдук уустук үлэттэн кэлэрин, ханна туох кыһалҕа баарын ордук билэр, дьону өйдүүр буолар. Үөрэрим диэн, кэлэктиибим миигин кытта тэҥҥэ үүнэр-сайдар, тутаах үлэһиттэр оччоттон баччаҕа диэри бииргэ үлэлии сылдьаллар, кэлин бииргэ үөрэммит, билэр дьонум кэллиэгэлэрим буоллулар, үгүстэрэ учаастак салайааччыларынан үлэлииллэр.

Үлэһиттэргит ханнык улуустан сылдьалларый? Төһө көхтөөхтөрүй?

– Өрөспүүбүлүкэ бары улууһуттан кэлэн үлэлииллэр. Күн бүгүн хампаанньаҕа 3800 киһи үлэлиир буоллаҕына, онтон 96%-на – олохтоох дьон. Биһиги “Анаабыр алмаастарыгар” олохтоох дьон хайа бырамыысыланнаһыгар үлэлиир кыахтаахтарын үлэнэн уонна үлэ үтүө түмүктэринэн дакаастаатыбыт. Онно үлэһиттэрбит булугас, сытыы өйдөрө, үлэ хаамыытын тупсарарга дьулуурдара тирэх буолла. Быйылгыттан хампаанньа иһинэн АЛРОСА-ҕа оҥорон таһаарыы тиһигин сайыннарарга анаммыт “Фабрика идей” тосхол үлэлээтэ. Номнуо үлэһиттэрбит 100-чэ рационализатордыы этиини киллэрдилэр. Ити тосхол аҥаардас экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэри тупсарарга буолбакка, үлэһиттэр ресурсаны көдьүүстээхтик туһаналларын көҕүлүүргэ эмиэ көмөлөһүөхтээх. Ону таһынан, хампаанньа иһинэн 2027 сылга диэри “Путевка в жизнь 2.0” диэн тосхол үлэлиир. Ити тосхол көмөтүнэн үлэһиттэрбит үлэлии-үлэлии үөрэнэр кыахтаахтар.

Кэмниин тэҥҥэ

– АЛРОСА-ҕа оҥорон таһаарыы эйгэтигэр цифровизация киирбитэ хаһыс да сыла. Эһиги онно туох ситиһиилээххитий?

– “Анаабыр алмаастарыгар” оҥорон таһаарыы цифровизацията киирэ турар – хонтуруоллуур функция, сир баайын моделын оҥорон чинчийии, геология чинчийиилэрин уонна маркшейдер кээмэйдээһиннэрин 3D-сканердааһын. Биир сиргэ турбаппыт. Чопчулаатахха, тиэхиньикэни хонтуруоллуур тиһиги өссө 2021 сыллаахха киллэрбиппит. Бырагыраама көмөтүнэн хас биирдии тиэхиньикэни хонтуруоллуубут. Ол көрдөрүүтүн сиһилии үөрэтэн, үлэ былаанын чопчулуубут. Мин салайааччы быһыытынан үлэһиттэртэн тугу эмэ ирдиэх иннинэ усулуобуйа тэриллиэхтээҕин олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Ол иһин дьону үлэлэриттэн араарбакка үөрэттэрэбит, олорор усулуобуйаларын тупсарабыт, түргэн тэтимнээх интэриниэт киллэртэрдибит. Үлэһиттэрбит дьоннорун-сэргэлэрин кытта биидьийэ-сибээһинэн кэпсэтэр кыахтаннылар. Итини таһынан, сибээс суһал быһаарыныылары ылынарга, субу көрөн олорон (онлайн) үлэни ырытарга-анаалыстыырга көмөлөһөр. Бырамыысыланнас эйгэтигэр сыыппара киириитэ билгэлииргэ, үлэни-хамнаһы аттарарга уонна куттал суох буолуутугар ордук туһалаах. Эбэн эттэххэ, докумуон кэлиитэ-барыыта түргэтээтэ, саҥа хонтуруоллуур, кэтээн көрөр уонна салайар ньыма эбилиннэ.

– “Баахтанан үлэлиир буоллуҥ да, дьиэҕиттэн ыраах барыахтааххын, киһи үөрэммит табыгастаах эйгэтиттэн тэйэн, кытаанах усулуобуйаҕа сылдьыахтааххын” диэн өйдөбүл баар. Оннук дуо?

– “Анаабыр алмаастара” тэрилтэ биэс толору хааччыллыылаах бөһүөлэктээх. Үлэлиир уонна олорор-сынньанар усулуобуйа толору тэриллибитэ. Булуҥҥа баар Молодо бөһүөлэгэр – 460, Анаабырга Эбэлээх Гусинайыгар – 450, Моргогоругар – 230, Өлөөн Талахтааҕар – 350, Хара Маһыгар – 200 киһи олорор, үлэлиир.

Итини сэргэ, 2021 сылтан көһө сылдьар (мобильнай) бөһүөлэктэри тэрийбиппит. Олорго түөртүү киһи олорор, толору хааччыллыылаах богуон-дьиэлэр тураллар. Сорох учаастактарбыт баахта бөһүөлэктэриттэн тэйиччи баар буоланнар, “дьон кэлиигэ-барыыга бириэмэтин бараабатын, үрдүгэр олорон сынньаннын” диэн итинниктэри тэрийбиппит. Бириискэ бөһүөлэктэригэр үчүгэй баанньыктар, эрчиллэр саалалар, успуорт былаһааккалара бааллар. Үлэһиттэр иллэҥ кэмнэригэр футболлууллар, волейболлууллар, остуол тиэнньиһигэр оонньуулар. Холобур, Молодо бириискэ үлэһиттэрин икки ардыларыгар успуорт национальнай көрүҥнэригэр “Молодо Боотура” диэн күрэх ыытыллар буолбута үгэс буолла. Биһиги уолаттарбыт успуорка чугастар, айар-тутар дьоҕурдаахтар. Бэйэлэрин баҕаларынан фонтаннары оҥорбуттара, бөһүөлэктэр истэрин киэргэппиттэрэ-тупсарбыттара. Тоҕо диэтэххэ, сорох-сороххо баахта бөһүөлэгэ иккис дьиэтин тэҥэ буолар. Кэллиэгэлэрбитин кытта мэлдьи көрсөбүт, үлэ-хамнас да, олох-дьаһах да кыһалҕаларын быһаарсабыт. Биир оннук кэпсэтии кэннэ “Маят” бириискэҕэ бассейн оҥорор идиэйэ киирбитэ. Хотугу Муустаах байҕал кытылыгар бассейҥҥа сөтүөлүүр, табылыннаҕына, күн уотугар сыламныыр үчүгэй буолбатах дуо?

“Ростелеком” хампаанньалыын кыттыһан, Саха сирин биир саамай уһук бөһүөлэгэр – Үрүҥ Хайаҕа – диэри оптоволокно тардыбыппыт. Ол көмөтүнэн “Маят” бириискэ бөһүөлэктэригэр түргэн интэриниэт киирдэ, уолаттар сонуну түргэнник тутар, ырыаны-тойугу истэр, электроннай өҥөнү туһанар кыахтаннылар. Өскөтүн урут спутник төлөпүөнүнэн кэпсэтэргэ халыҥ уочарат үөскүүр буоллаҕына, билигин оннук кыһалҕабыт суох. Аныгы сиэрбистэринэн туһанар үтүө өрүтүн биһиги үчүгэйдик өйдүүбүт. Ол барыта табыгастаах үтүө эйгэни, куттал суох буолуутун, чугас дьоннуун быстыбат ситими хааччыйар. Үлэлииргэ да судургу буолар.

WhatsApp Image 2024 11 07 at 14.12.01 2

Бэйэ дойдута күндү

– Саха горняктара туох эмэ туспа үгэстэрдээхтэр дуо?

– Тус бэйэм төрөөбүт дойдубар үлэлиир буоламмыт, сиргэ-уокка ытыктабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһабын, олус таптыыбын. Биһиги үгэһи ытыктыыр, төрүт култуураны харыстыыр өйү-санааны ийэбит үүтүн кытта тэҥҥэ иҥэринэн улааппыппыт. 2015 сыллаахха улахан бириискэ тэхиньиичэскэй салайааччыта буолан бараммын, “сөптөөх быһаарыныылары ылынарбар көмөлөһүө” диэн, харысхал бэлиэтин бэчээттэтэн таһааран ыйаабытым. Сиргэ-уокка таҕыстахпытына, сир-дойду иччилэрин аһатабыт, саҥа сири хаһыахпыт иннинэ алгыс түһэрэбит, ону тэҥэ итэҕэйэр дьоҥҥо анаан бириискэҕэ чочуобуна үлэлиир.

– “Сиргэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт” диэтиҥ. Хампаанньа ити чааһыгар тугу гынарый?

– Биһиги бары олохтоох дьоммут, Саха сиригэр олоробут уонна оҕолорбутун иитэбит-улаатыннарабыт, ол иһин төрөөбүт дойдубут айылҕатыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт. Сир баайын хостообут сирдэрбитигэр туһаныллыбыт сири бастааҥытын курдук чөлүгэр түһэрэ (рекультивация) сатыыбыт. Алмаастаах кумах үксүгэр өрүс-үрэх айааннарыгар баар буолар. Биһиги ону саахыматтыы быһыылаахтык хаһабыт. Тоҕо диэтэххэ, саҥа сири хаһан баран, онтон тахсыбыт кумаҕы эрдэ хаһыллыбыт сиргэ от-мас үүнэр кыахтаах буорун (плодородный культурный слой) эбии булкуйан баран, араҥалаан кутабыт, сирин, айаан сүнньүн тэҥниибит. “Саахымат” ньыматын туһанарга мин өссө хайа маастарынан үлэлии сылдьан этии киллэрбитим. Айылҕаны чөлүгэр түһэрэр, харыстыыр туһугар бульдозеристар хайдах үлэлиэхтээхтэрин, белазистар алмаастаах кумаҕы хантан тиэйиэхтээхтэрин, үлэ түмүк көстүүтүн – барытын кумааҕыга уруһуйдаабытым. Сир баайын хостуур тосхоллору элбэх сыллаах уопуппутугар тирэҕирэн, хотугу айылҕа уратытын билэр дьон быһыытынан, бэйэбит оҥоробут. Ол барыта бириэмэни уонна үбү-харчыны эрэ кэмчилиир буолбакка, экологияны харыстыырга эмиэ көмөлөһөр. Үлэлээбит сирдэрбитигэр туох да тимири, эргэ металлы хаалларбаппыт – кэлин переработкалыыр туһугар, барытын суудуналарынан Архангельскайга эбэтэр Дьокуускайга илдьэбит.

Итини таһынан, бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥнэрин быһыытынан, сир баайын хостуур улуустарбыт социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар үп-харчы көрөбүт. Улуустар оскуолаларын, уһуйааннарын, балыыһаларын, таҥараларын дьиэтин өрөмүөннүүргэ, олохтоон дьону хампаанньаҕа үлэҕэ ыларга мэлдьи көмөлөһө сатыыбыт. Сыл аайы стоматологтары уонна быраастары илдьэбит, “күөх эриэйсэлэри” тэрийэбит. Ити барыта – босхо. Ороскуотун бэйэбит уйунабыт. Суоллары тэҥниибит, Удачнайтан Үрүҥ Хайаҕа тиэрдэр 2100 км усталаах кыһыҥҥы федеральнай суолталаах суолу оҥоробут, көрөбүт-истэбит. Хотугу Муустаах байҕалынан Архангельскайтан Үрүҥ Хайаҕа диэри социальнай суолталаах таһаҕаһы тиэйэбит. Ол Арассыыйаны барытын эргийэн сиринэн аҕалбыттааҕар, быдан чэпчэки буолар.

Кэскил туһунан

– “Анаабыр алмаастара” сир баайын салгыы хостуурга туох былааннааҕый? Дьыала салгыы сайдар кэскиллээх дуо?

– Үлэлиир сирбит олус киэҥ. Сир баайын Анаабыр, Өлөөн эбэҥки национальнай уонна Булуҥ улуустарыгар хостуубут, геология чинчийиилэрин ыытабыт. Ити улуустарга элбэх сылга тиийэр сир баайа баар. Итини таһынан, геология эрэспиэккэтэ Красноярскай кыраайга уонна Магадаан уобалаһыгар ыытыллар.

Алмааһы сэргэ көмүһү уонна күндү металлары эмиэ хостуубут. Геологтарбыт сир баайдаах сирдэри көрдүүллэр, номнуо кэскиллээх түөлбэлэр көстүбүттэрэ. 2017 сыллаахха алмааһы сэргэ көмүһү уонна платинаны хостуур буолбуппут. Оттон быйыл Магадаан уобалаһыгар 100 туонна чинчиллибит саппаастаах “Дегдакан” диэн көмүстээх сири атыыластыбыт. Биһиги аҥаардас биир эрэ хайысхалаах тэрилтэ буолуохпутун баҕарбаппыт, ол иһин биир сиргэ турбакка, атын сайдар суоллары эмиэ көрдүүбүт, үлэҕэ саҥа технологиялары киллэрэбит, быһаарыныылары ылынабыт.

– Саҥа көлүөнэ инженердэр, горняктар тустарынан туох санаалааххын?

– Биһиги көлүөнэбит сыыппараҕа, технологияҕа чугас, ылынымтыа. Аны, уруккуттан үлэлиир, уопуттаах дьону көрө сылдьар буоламмыт, холобур оҥостор дьонноохпут. Оттон ол үлэҕэ да, үөрэххэ да эргиччи туһалаах. Үлэни-хамнаһы, олоҕу көрүүбүт сороҕор кыратык ураты буолар эрээри, былааммыт баһырхай, биһиги судургу суолу көрдөөбөппүт.

Бырамыысыланнас эйгэтэ үчүгэйэ диэн, эн быһаарыныыҥ уонна үлэҥ түмүгэ тута көстөр. Сүрүн инженер – мин курдук идэлээх исписэлиис муҥутуур үрдүк кирбиитэ. Бу сыллар тухары үүннүм-сайынным, ис сүрэхпиттэн үлэлээтим, салайааччыларым итэҕэлин ыллым. “Киһи бэйэтигэр эрэнэр, бэрээдэктээх, сүрэхтээх уонна эппиэтинэстээх буоллаҕына, элбэҕи ситиһэр” диэн өйдөбүллээхпин. Биир сиргэ турумуохха наада. Ол иһин тугу эмэ көҕүлүүр, саҥа идиэйэни этэр кэллиэгэлэрбитин мэлдьи өйүүбүт, бэлиэтиибит уонна онтон туһалаах өттүн оҥорон таһаарыыга туһанабыт.

– Сүрүн инженер биирдэ эмэ иллэҥсийэр дуо?

– Үлэбиттэн быыс була, салгыҥҥа, айылҕаҕа сылдьа сатыыбын: балыктыыбын, бултуубун, ытыынан дьарыктанабын, матасыыкылы ыытарбын сөбүлүүбүн. Ол гынан баран, ити барыта күн аайы кыаллыбат. Тоҕо диэтэххэ, оҥорон таһаарыы суукканы эргиччи, өрөбүлэ-тохтобула суох хонтуруолланыахтаах. Сүрүннээн бириискэлэринэн үлэлиир буоламмыт, ый аайы онно хастыыта эмэ баран кэлиэхпин сөп. Бэйэм элбэх оҕолоох аҕабын, үс оҕолоохпун. Онон, үлэ үлэнэн эрээри, дьиэ кэргэним өйөөбөтө буоллар, маннык кирбиилэри ситиһиэм суоҕа этэ. Сүрүн өйөбүлүм, тирэнэр тирэҕим – кэргэним. Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы бириэмэбин дьиэ кэргэммин, оҕолорбун кытта атаарарбын олус күндүтүк саныыр, ордорор буоллум. Онон кэргэним мэлдьи аттыбар баарыгар, түгэни туһанан, махтанабын. “Оҕону кыра эрдэҕинэ иитэр-такайар ордук суолталаах эбит” дии саныыбын. Ол да иһин биһиги оҕолорбут үтүө дьон буола улааталларын туһугар, олус кыһаллабыт, болҕомтобутун уурабыт, көрөбүт-истэбит, таптыыбыт уонна “оннук дьон буолан тахсыахтара” диэн эрэнэбит.

WhatsApp Image 2024 11 07 at 14.12.01

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар