Киир

Киир

АЛРОСА Экологияҕа киинэ хас сыл аайы Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар үөрэнээччилэригэр анаан, экология аахсыйатын ыытара үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, быйылгы “оБЕРЕГай природу” тэрээһин балаҕан ыйын 16–18 күннэригэр буолан ааста.

Аахсыйа чэрчитинэн, өрүү да буоларын курдук, экологияҕа сыһыаннаах кылаас чаастарын тэрийдилэр. Бүлүү эбэ уу кытыытынааҕы харыстанар сирин бөҕүн-сыыһын хомуйдулар. Быйыл манна Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба оскуолаларыттан уопсайа 400-тэн тахса үөрэнээччи кытынна.

Алмаас хампаанньата айылҕа харыстабылыгар туһаайар үлэтигэр-хамнаһыгар экология боппуруоһун сырдатыы, билиһиннэрии ураты, бэлиэ миэстэни ылар. АЛРОСА өрөспүүбүлүкэни кытта бэйэтэ түстэнэн үлэлиир сиригэр-уотугар айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаан киэҥ хабааннаах үлэни ыытар.

Экология бырайыактарын тутаах сыала-соруга – Саха сирин тыйыс курдук эрээри олус уйан уонна кэрэ айылҕатын чөл туругунан, харыстаан илдьэ сылдьыы. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, айылҕа харыстабылыгар анаммыт үгүс тэрээһини бырамыысыланнас хампаанньата үтүө баҕатынан бэйэтэ көҕүлээн ыытар. Ол курдук, экологияҕа сырдатыыны ыытар, “от күөх хамсааһыны” өйүүр, айылҕа уонна экология туһунан кэпсиир, тулалыыр эйгэ харыстабыла олус суолталааҕын билиһиннэрэр, үөрэтэр куруһуоктардаах оскуолалары өйүүр. Этиллибитин курдук, хас сыл аайы ыытыллар “оБЕРЕГай природу” аахсыйаҕа Бүлүү эҥээр улуустар оскуолалара кытталлар.

Сунтаар 2 с дээх оскуолатаСунтаар 2-с №-дээх оскуолата

Бу туһунан АЛРОСА Экологияҕа киинин уу уонна сир баайын туһаныы харыстабылыгар үлэлэһэр бөлөҕүн салайааччыта Инна Костерева маннык кэпсээтэ: “Биһиги бу “оБЕРЕГай природу” аахсыйабытын үүнэр көлүөнэ экология, тулалыыр эйгэ уонна ийэ айылҕа харыстабылын боппуруостарыгар болҕойорун, кыылга-сүөлгэ, окко-маска, ол иһигэр уу баайыгар – өрүскэ-күөлгэ – харыстыы үөрэнэрин, оннук үөрүйэхтэнэрин туһугар тэрийэбит. Ол иһин Бүлүү эбэ кытылыгар уонна күөллээх сирдэргэ түстэммит оскуолалары талабыт.

Аахсыйа бастакы түһүмэҕин быһыытынан, бастаан экологияҕа сыһыаннаах кылаас чаастарын ыытабыт, онтубут хайаан да биктэриинэлээх буолар. Оҕолор олус көхтөөхтүк кытталлар, ыйытыктарга үөрүүнэн хоруйдаһаллар. Маннык интерактивнай көрүҥү туһаныы оҕолор тиэмэни ордук үчүгэйдик өйдүүллэригэр, ылыналларыгар көмөлөһөр. Оттон уонна оҕолор бэлэх ылалларыттан, биллэн турар, эмиэ үөрэллэр”.

Тэрээһин иккис түһүмэҕэр АЛРОСА экологтара туһааннаах оскуола үөрэнээччилэрин уонна учууталларын кытта тутуспутунан, субуотунньукка тахсаллар. Холобур, быйыл аахсыйаҕа кыттыбыт 400-тэн тахса оҕо – Саха сирин үс оройуонун аҕыс нэһилиэнньэлээх пуунун үөрэнээччилэрэ.

Туһалаах үлэ хаһан баҕарар үтүө түмүктээх буолар

Аахсыйаҕа кыттыбыт оскуолалар учууталлара маннык, оонньуу көрүҥүнэн ыытыллыбыт кылаас чаастарга оҕолор элбэх сонуну, киэҥ билиини судургутук ылалларын бэлиэтииллэр. Оҕолор ону АЛРОСА Экологияҕа киинэ ыытар үлэтин-хамнаһын уонна эколог идэтин ымпыгын-чымпыгын билсэллэр, сэҥээрэр ыйытыыларын биэрэллэр. Ону таһынан балык араас, эгэлгэ көрүҥнэрин туһунан интэриэһинэй чахчылары, биология араас көрүҥ баайын чөл илдьэ сылдьыы тоҕо олус наадатын, онуоха кинилэр сылдьар, төрүүр-ууһуур сирдэрин, ууларын туруга чөл, ыраас буоларыгар киһи сүҥкэн эппиэтинэстээҕин, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы ирдэнэрин туһунан өйдөбүлү иҥэринэллэр.

Ньурба улууһун Маар бөһүөлэгин орто оскуолата уонна Ньурба куоратын 2-с нүөмэрдээх оскуолата бу маннык экология аахсыйатыгар аан бастакы кыттыылара буолбатах. “Биһиэхэ буолбут аһаҕас уруокка экология уонна тоҕо айылҕаны харыстыырбыт наадатын уонна тоҕо ол улахан суолталааҕын туһунан кэпсээбиттэрэ. Кылаас чааһын кэнниттэн экология аахсыйатыгар кыттан, Бүлүүбүт кытылын ыраастаабыппыт. Биһиги бэйэбит эмиэ араас аахсыйаны ыытабыт. Холобур, былаастык бытыылка хаппаҕын хомуйбуппут, мас олордубуппут”, – диир Ньурба куорат 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 10 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Владислав Панкратов.

Кылаас чааһын кэнниттэн алмаас хампаанньатын бэрэстэбиитэллэрэ, буоларын курдук, сылдьыбыт оскуолаларыгар уу, буор уонна салгын судургу биохимическай анаалыһын оҥорор кыахтаах дьоҕус лабаратыарыйаны туттараллар.

Сиэйэ үөрэнээччилэригэр саҥа мобильнай лабаратыарыйаСиэйэ үөрэнээччилэригэр - саҥа мобильнай лабаратыарыйа

АЛРОСА Экологияҕа киинин тулалыыр эйгэ харыстабылыгар сүрүннүүр исписэлииһэ Павел Добролюбов: “Экология киинэ 2019 сылтан саҕалаан аахсыйа тэриллибит оскуолаларыгар “Пчелка-У/Био” диэн дьоҕус лабаратыарыйаны бэлэхтиир буолбута. Бу лабаратыарыйаны туһанан, оҕолор учууталларын кытта уу, буор уонна салгын анаалыһын баҕардылар да оҥорор, көрөр кыахтаналлар. Бу үлэ үтүө түмүгүн биһиги бэлиэр көрөбүт: оҕолор оскуола сылларыттан экология туһунан элбэҕи билэ-көрө үөрэнэллэр, эколог тирэх үөрүйэхтэрин баһылыыллар. Чинчийии ыытан, ол түмүгүнэн араас ыстатыйалары суруйаллар, сыыйа билим үлэтигэр сыстан бараллар, билим-прикладной кэмпириэнсийэлэргэ кытталлар”.

Күндэйэ оскуолата мобильнай лабаратыарыйаны туттаКүндэйэ оскуолата мобильнай лабаратыарыйаны тутта

Оскуолалар АЛРОСА хампаанньатын кытта бииргэ үлэлэһиилэрин үтүө өрүтэ үөрэнээччилэр ситиһиилэригэр эмиэ көстөр. Холобур, Ньурба 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 11 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Валерия Хайбулина оскуолаҕа бэлэхтэммит лабаратыарыйаны туһанан, Ньурба уулуссаларын үрүт хаарын чинчийбитэ. Ол билимҥэ үлэтинэн Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттан, туйгун бэлиэтин ылбыт. Кини мустан олорооччуларга хайдах быһыылаахтык чинчийэр үлэни ыыппытын, лабаратыарыйаны хайдах туһаммытын уонна туох түмүгү ситиспитин үөрэ-көтө, көрдөрө-көрдөрө кэпсээбит.

“АЛРОСА Экологияҕа киинин кытта бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит”

Сунтаар улууһун Кириэстээҕин И.Г. Спиридонов аатынан политехническай орто оскуолатыгар бэрт сэргэх, көхтөөх күн ааспыт. Бу туһунан оскуола дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Мария Михайлова:

Мария Михайлова

“АЛРОСА Экологияҕа киинин исписэлиистэрин кытта биһиги тулалыыр эйгэ харыстабылын туһунан кылаас чааһы ыыттыбыт. Оонньуу көрүҥүнэн экологияҕа сыһыаннаах элбэх туһалаах билиини, уу баайыгар уонна айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан тоҕо наадатын туһунан кэпсээтибит. Кылаас чааһын бүтүүтүгэр хампаанньа үлэһиттэрэ оскуолабытыгар – дьоҕус чинчийэр-анаарар лабаратыарыйаны бэлэхтээтилэр. Үөрэнээччилэргэ сүбэниирдэри уонна сыаналаах бэлэхтэри туттардылар.

Ол кэнниттэн 5 –11-с кылаас үөрэнээччилэрин кытта бары тахсан, Бүлүү эбэбит кытылын ыраастаатыбыт. Маннык аахсыйа көмөтүнэн оҕолор ийэ айылҕаны эрэ харыстыы үөрэммэттэр, атын дьон үлэтин, сыратын сыаналыы, онно харыстабыллаахтык сыһыаннаһа үөрэнэллэр. Ону таһынан маннык тэрээһин оҕолору сомоҕолуура сыттаҕа. Биһиги кэнэҕэһин да АЛРОСА Экологияҕа киинин кытта бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит”.

Кириэстээх оскуолата

Хатылаан эттэххэ, АЛРОСА “оБЕРЕГай природу” экологияҕа аахсыйата 2019 сылтан ыытыллар. Ол кэмтэн күн бүгүнүгэр диэри тустаах тэрээһиҥҥэ Бүлүү улуустарын оскуолаларыттан барыта холбоон 2500-тэн тахса үөрэнээччи кытынна. Аан бастаан маннык аахсыйа Сунтаар улууһун Элгээйитигэр уонна Ньурба улууһун Маар бөһүөлэгэр ыытыллыбыта. Оччолорго бу тэрээһин “Арассыыйа уута” уулаах сирдэр кытылларын ыраастыыр, сыллата ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн буолбута. Ол тэрээһини оскуолалар, бөһүөлэк олохтоохторо да биһирээбиттэрэ. Түмүгэр алмаас хампаанньата экологияҕа анаан сыллата ыытар тэрээһинигэр кубулуйан, сыыйа-баайа Бүлүү улуустарын тилэри хабан испитэ.

Матырыйаалы Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА бэлэмнээтэ.