Киир

Киир

Хатас – Павловскай хайысханан Өлүөнэ өрүһү туоруур муус суолу оҥорон эрэллэр. Ол туһунан Управтодор иһитиннэрэр.

Билиҥҥи туругунан, Дьокуускай диэкиттэн эбэҕэ киирэр 4,5 килэмиэтир усталаах суолу оҥоро сылдьаллар. Бу күннэргэ өрүскэ киирэр суолларга суол бэлиэлэрин туруоруохтаахтар. Сэтинньи 7 күнүттэн 20 киһилээх биригээдэ сатыы сылдьан кыдьымаҕы ыраастыахтаах.

Уҥуоргу кытылга, Мэҥэ Хаҥалас өттүттэн, өрүскэ киирэр суолу сэргэ улахан тиэхиньикэни ыйааһынныыр анал сири бэлэмнээбиттэр. Суол таһаарар туһугар, Уос Кумах арыыга алта тиэхиньикэни таһаарбыттар.

Күн-дьыл, халлаан туругуттан көрөн, өрүһүнэн кыһыҥҥы айан суола 3 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга ахсынньы иккис аҥаарыгар арыллыахтаах. Онуоха диэри дьиҥ таһымнаахтык арылла илик суолунан сылдьыбыт айанньыттар 1 000 000 солкуобайга тиийэ ыстарааптаныахтарын сөп.

Суол арыллыар диэри Жатай – Төхтүр хайысханан ледоколлаах поруом сылдьар быллааннаах.

Бэй.кэр.
Хаартыска: yakutia.info

Бүтэһик сонуннар