Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын култуурата уонна үгэстэрэ – судаарыстыба уонна уопсастыба ураты болҕомтотун уонна эппиэтинэстээх сыһыанын ирдиир өрөспүүбүлүкэбит ураты баайа-дуола. Ону үйэтитиигэ, хаҥатыыга эрэгийиэн бөдөҥ хампаанньалара эмиэ кытталлара кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, АЛРОСА хампаанньа хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттары өйүүр, сайыннарар көҕүлээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар буолбута балай эмэ буолла.
Оттон 2023 сыллаахха АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна өрөспүүбүлүкэ Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын ассоциацияларын кытта сөбүлэҥ түһэрсибитин билэҕит. Ол түмүгэр былырыын, баара эрэ биир сыл устата, аҕыс улахан суолталаах бырайыак олоххо киирдэ. Онтон сорох өттүн бүгүҥҥү матырыйаалбытыгар кэпсиэхпит.
Алмаас хампаанньата үбүлээн, “Памятники этнической культуры коренных малочисленных народов Севера, Сибири и Дальнего Востока Российской Федерации” диэн бэртээхэй сиэрийэ үс туома бэчээттэнэн таҕыста. Бу таһаарыылар тылы үөрэтэр учуонайдар, тылы чинчийээччилэр эрэ буолбакка, төрүт олохтоох омуктар култуураларын сэргиир, сэҥээрэр дьоҥҥо барыларыгар интэриэһинэй буолуохтара. Бу үлэлэр омук тыллара бэйэ-бэйэлэригэр сабыдыалларын, хайдах дьайсалларын уонна ол ордук чуолаан, тыллар сүтэр, симэлийэр усулуобуйаларыгар сайдарын дириҥник өйдүүргэ көмөлөһөллөр.
Ол курдук, Степанида Саввинова “Якутские лексические заимствования в эвенском языке” томугар эбээн тылыгар киирбит сахалыы тыллар эбээн тылын нуорматыгар сөп түбэһэ, хайдах быһыылаахтык уларыйалларын, ол уратытын суруйбута тыл үөрэхтээхтэрин, этнографтары уонна историктары биллэ сэҥээрдиэ. Маннык ырытыы урукку өттүгэр суоҕун бэлиэтиир тоҕоостоох.
И.И. Садовникова “Лексика растительного мира в эвенском языке” диэн монографиятыгар олус интэриэһинэй чинчийиини ыыппыта көстөр.
Ол курдук, кини үүнээйи уонна үүнээйи чаастарын эбээннии ааттарыгар олоҕуран, эбээннии тыл баайын (лиэксикэтин) билим өттүттэн дириҥник ырыппыт. Маннык тыллар норуот олоҕор-дьаһаҕар суолталаах миэстэни ылаллар. Тоҕо диэтэххэ, эбээннэр, син эмиэ хоту сир атын омуктарын курдук, айылҕаны кытта ураты, ыкса сибээстээхтэр.
Оттон “Словарь фразеологизмов эвенкийского языка” диэн Александр Варламов бэлэмнээбит тылдьытыгар эбэҥки тылыгар баар 300 фразеология ситимэ (сомоҕо домох, сомоҕо тыл, бэргэн этии) киирбит. Хас биирдиилэригэр быһаарыы, кэмэнтээрий суруллубут. Сомоҕо домох хас биирдии тылын морфологическай ырытыыта оҥоһуллубут. Ити тыллар фольклорга, литэрэтиирэҕэ уонна эбэҥкилэр араас дьоҕус бөлөхтөрө саҥарар саҥаларыгар туттуллар холобурдара бэриллибит.
Бу иннинэ эбэҥки сомоҕо домохторун тылдьыта диэн букатын суоҕа. Эмиэ аан бастакы тахсыыта.
Биһиги тылдьыт ааптарыттан бу үлэтин туһунан кэпсииригэр уонна хотугу омуктар тыллара сүппэккэ-симэлийбэккэ, баай ис хоһоонноох тылларын энчирэппэккэ сылдьалларыгар туох көмөлөһүөн сөбүн туһунан тус көрүүтүн үллэстэригэр көрдөстүбүт.
– Александр Николаевич, хотугу, аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар култуураларын, тылларын уонна үгэстэрин үйэтитии – бүгүҥҥү күн биир сытыытык турар боппуруоһа. Балаһыанньаны уларытар кыах баар дуу?
–Үтүө өттүгэр уларытар туһугар судаарыстыба уонна уопсастыба күүстэрин түмэн, кэлимник, киэҥник хабан, бииргэ үлэлэһиэхтэрин наада. Онуоха туох-хайа иннинэ, норуот бастаан бэйэтин ортотугар төрөөбүт тылын статуһун үрдэтиэхтээх. Ону ситиһии уустуга суоҕун аныгы кэм эбэҥкилэрин холобуругар көрөбүт. Ол гынан баран, бу уустук үлэҕэ аҥаардас уопсастыбаннас көҕүлээһинэ эрэ баара, биллэн турар – тутах. Тыл туруга, балаһыанньата хайдаҕын сыаналааһынтан уонна судаарыстыба тыллары өйүүр миэрэлэриттэн саҕалыахха наада. Күн бүгүн педагогика дьиҥ таһымнаах каадырын бэлэмнээн таһаарыы хаачыстыбата ситэтэ суох. Холобур, үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрээччи оскуолаҕа үлэлии кэлэригэр педагог быһыытынан эрэ бэлэмнээх буолбакка, тылы, муҥ саатар, сүнньүнэн, баһылаабыт (на базовом уровне) буолуохтаах. ССРС саҕаттан үгүс тыллары орто оскуолаҕа үөрэтэргэ сөптөөх босуобуйа кэмпилиэгэ оҥоһуллубата. Оскуолаҕа киирэ илик оҕолор тэрилтэлэригэр төрөөбүт тылы үөрэтии букатын да суоҕун тэҥэ. Оттон оскуолаҕа биир нэдиэлэ устата баара-суоҕа, ону да баар сиригэр, 2-3 эрэ чаас бэриллэр. Тылы үөрэтии уонна прикладной ырытыы аныгы ньымата уопсастыбанньыктар күүстэринэн эрэ ыытыллар. Аныаха диэри көс олохтоох дьиэ кэргэн уонна аҕа уустар оҕолорун ыраахтан олорон үөрэтии уопута киирэ илик. Дьиҥинэн, итинник инновациялаах ньыманы туһаныы табаһыттар тыллара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиитин хааччыйыахтааҕа. Ити курдук, салгыы да этэ туруохха сөп. Ол гынан баран, сүрүнэ – бу үөһэ этилибит барыта судаарыстыба өйөбүлүнэн, уопсастыба тиһиктээх үлэтинэн-хамнаһынан ситиһиллиэхтээх. Дойду төрүт олохтоох омуктара бука бары култуураларын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьалларын ситиһии – туох хайа иннинэ, чуолаан судаарыстыба интэриэһэ буолуохтаах этэ.
– “Словарь фразеологизмов эвенкийского языка” тылдьыты оҥоруу үлэтэ хайдах барбытын уонна бэчээккэ хайдах таһаарбыккытын кэпсээбэккин ээ?
– Биһиги эбэҥки тылыгар тыллары уонна тыл ситимин туһаныы ураты ускуустубатын көрдөрөр сыаллаах этибит. Сомоҕо домохторго омук менталитета, олоҕу көрүүтэ, анаарыыта, устуоруйатын уонна этнографическай үгэстэрин уратыта дьэҥкэтик көстөр. Ол быһыытынан, ылыммыт сорукпутун толорорбутугар анаабыт курдук барсар. Чинчийэр үлэ кэмигэр биһиги эрдэ тахсыбыт тылдьыттар матырыйаалларын, тылынан уус-уран айымньыларга уонна литэрэтиирэҕэ туттуллууларын көрбүппүт. Билиҥҥэ диэри төрөөбүт тылларын баайын уонна култуураларын илдьэ сылдьааччылартан ыйыталаспыппыт. Түмүгэр, сомоҕо домохтор, сомоҕо тыллар, бэргэн этиилэр холобурдарыгар олоҕуран, хайалаах тайҕа иитиллээчитэ – эбэҥки норуотун – төрөөбүт тылын ускуустубатын толору көрдөрөрү ситистибит.
Аныгы кэм учуонайа билимҥэ үлэлэрин бэчээттэтэригэр үбүлээһинин бэйэтэ көрдүүргэ күһэллэр эбэтэр бэйэтин үбүгэр таһаартарар. Маннык түгэҥҥэ кинигэ тахсарыгар өйөбүл үп көрүллүүтэ, биллэн турар, олус суолталаах. Туһата улахан. АЛРОСА билим үлэлэрин “Памятники этнической культуры коренных малочисленных народов Севера, Сибири и Дальнего Востока” диэн кэрэхсэбиллээх сиэрийэҕэ таһаарары үбүлүүр. Онон хампаанньаҕа махталбыт улахан.
– Эн көрүүгэр, билиҥҥи ыччат төрөөбүт тылын үөрэтэр баҕалаах, интэриэстээх дуу?
– Биһиги норуоппут ыччата төрөөбүт тылын үөрэтэр интэриэстээх, ону ааһан, интэриэс улаатан иһэр диэм этэ. Эбэҥки тылын илдьэ сылдьааччы элбэҕэ суох, ол эрээри кэнники 10-12 сылга эбиллии баара көстөр. Бу үтүө уларыйыы, төрөөбүт тылын билэр, үөрэтэр, ол иһигэр бэйэтэ анаан-минээн үөрэтэн билбит ыччат суотугар тахсар, – диэн Александр Николаевич тус көрүүтүн үллэстэр.
Алмаас хампаанньатын быһаччы өйөбүлүнэн ситиһиллибит өссө биир суолталаах түмүк – юкагирдыы саҥарар дьон саҥаларын устан уурар аудиовизуальнай пуонда төрүттэммитэ буолар. Бу пуонда сүтэн-симэлийэн эрэр тыллары аҥаардас үйэтитэргэ, биллэрэргэ эрэ буолбакка, тыллар сөпкө саҥарыллыыларын уонна иһиллиилэрин, дорҕооннорун уратыларын хайдах баарынан истэргэ, ону кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэргэ көмөлөһөрө кэрэхсэбиллээх. Онон, чахчыта да, суолтата улахан.
Хомойуох иһин, дьүкээгир тыла – одуллуу (ойуур юкагирдарын тыла) уонна вадуллуу (туундараҕа олохтоох юкагирдар) тыллар – букатын эстэр-быстар турукка киирэ сылдьаллар. Күн бүгүн одул тылын илдьэ сылдьаааччы баара эрэ... 5 киһи баар, оттон вадуллуу 20-чэ киһи саҥарар, ону да, сүрүннээн, сааһырбыт дьон. Лиэксикэни (тыл саппааһын) уонна кырамаатыканы (тыл суруллуутун) билим үлэлэриттэн уонна тылдьыттартан көрөн, син чөлүгэр түһэриэххэ сөп эбит буоллаҕына, кыраапыка төрүтүгэр эрэ олоҕуран, тыллары сөпкө саҥарыы кыаллыбат. Аудио-устуу саҥарар уорганнар хайдах үлэлииллэрин толору көрдөрбөт, баара эрэ дорҕооннор дьүөрэлиһиилэрин уратытын (фонетические особенности) бэлиэтиир.
Быйыл учуонайдар аан бастакыларын магнитнай-резонанснай томография (МРТ) көмөтүнэн, дьүкээгирдии саҥа артикуляциятын үйэтитэн хааллардылар. Маннык ньыманы туһаныы кэнэҕэһин ыытыллыахтаах үлэҕэ сыаналаах иһитиннэриини биэрэр. Артикуляцияны арааһыттан үйэтитэр гына, уопсайа 14 тыһыынчаттан тахса хаартысканы түһэртэрбиттэр. Мантан салгыы ити матырыйааллары анаалыстыырга, ааҕарга (расшифровка) уһун кэмнээх, туһугар уустук үлэ күүтэр.
– АЛРОСА хампаанньа үбүнэн көмөлөһөн, дьүкээгир одуллуу уонна вадуллуу тылларын саҥарарга артикуляция уларыйыытын Новосибирскайдааҕы Академ-куоракка уһултарбыттар. Бу маннык үлэ ыытыллыыта кэнэҕэһин, тыл олоччу сүтэр-симэлийэр хобдох түгэнигэр да, тыллары сөргүтэр кыаҕы биэрэр. Баҕар, букатын да сотору кэминэн, ускуустубаннай өй (ИИ) көмөтүнэн дьүкээгирдии саҥаны таһаарар кыахтаныахпыт. Ити курдук, биһиги бэйэбит норуоттарбыт тылларын үйэтиттибит уонна тыл туһунан билиини кэҥэттибит, – диэн этэр СӨ Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар ассоциацияларын вице-бэрэсидьиэнэ, Арктиканы чинчийии киинин билимҥэ үлэһитэ Вячеслав Шадрин.
Аудиовизуальнай пуонданы төрүттүүр бырайыакка Өлүөхүмэ эбэҥкилэрин тыла эмиэ киирбит. Учуонайдар тыл матырыйаалларын – ол иһигэр Өлүөхүмэ оройуонугар олохтоох Тээнэ эбэҥкилэриттэн истибит фольклор уонна күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуллар кэпсэтии тылларын – түмэн, саас-сааһынан, систиэмэлээн, араартаабыттар. Ол кэнниттэн мунньубут матырыйаалларын камеральнай усулуобуйаҕа ситэрэн-хоторон биэрбиттэр.