Киир

Киир

“Көмүөл” кинигэ кыһатын тэрийээччитэ, суруналыыс, суруйааччы, бэйиэт Борис Павлов-Кэм быйыл сэтинньи ортотугар үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир. Онон кэпсэтэргэ да төрүөт баар курдук – бу күһүн “Бэйэҥ кэмҥин таҥнарыма” кинигэтин нууччалыы тылбааһа Арассыыйа Суруйааччыларын интернациональнай сойууһун Василий Белов аатынан бириэмийэтин ылбыта.

– Борис, үбүлүөйдээх сылгын айар уонна тэрийэр үлэҕэр дьоһун ситиһиилэрдээх көрсөн эрэҕин, эҕэрдэлиибит! Бастаан ити Арассыыйа таһымнаах бириэмийэ туһунан кэпсиэҥ дуо? Бу аныгы саха литэрэтиирэтин биир ситиһиитэ буолара саарбаҕа суох.

– Мин өссө 5–6 сыллааҕыта урут суруйбут кэпсээннэрбин, сэһэннэрбин мунньан, нууччалыы тылбаастаппытым. Айымньыларбын саха бастыҥ тылбаасчыттара Аита Шапошникова, Алексей Амбросьев, С.Феоктистов-Сэргэх Сэмэй, Яков Титов тылбаастаабыттара. Ол кэннэ Суруйааччылар интернациональнай сойуустарын (Интернациональный союз писателей, ИСП) издательствотыгар Москубаҕа ыыппытым. Онно кэпсээннэрбин көрөн, билсэн баран “бу Арассыыйа таһымнаах проза эбит, онон литэрэтиирэ куонкуруһугар кыттыаххын наада” диэн эппиттэрэ. Инньэ гынан “Кэмҥин түһэн биэримэ” (тылбаастаммыта “Не предать время свое” диэн) кинигэбин 5 тыһ. ахсаанынан таһааран, Арассыыйа куораттарыгар тарҕаппыттара уонна ”Литресс” интэриниэт-саайка туруорбуттара.

Онтон күһүн “балаҕан ыйын 6 күнүгэр Москубаҕа М.И. Цветаева мусуой-дьиэтигэр литэрэтиирэ биенналета-2024 буолар” диэн онно ыҥырбыттара. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эҕэрдэлээһин, бириэмийэлэри туттарыы буоларынан, киһи бөҕөтө тоҕуоруспут, сүпсүлгэн, кэнсиэр-муусука сүрдээх этэ. Суруйааччылар интернациональнай сойуустара (ИСП) диэн, сүрүннээн, урукку ССРС Суруйааччыларын сойууһун курдук, айар сойуус. Манна Белоруссияттан, Кыргызстантан, Казахстантан, Украинаттан, Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэриттэн, уобаластарыттан суруйааччылар киирэллэр. Миигин “ыраах хоту сиртэн кэлбит суруйааччы” диэн билиһиннэрэн, бэрт сылаастык эҕэрдэлии көрсүбүттэрэ. Аны дьоҕус прозаҕа Василий Белов диэн нуучча  суруйааччытын аатынан бириэмийэ туттарбыттара олох даҕаны соһуччу буолбута.

IMG 20241028 WA0021

– Бириэмийэ суолтата тугуй?

– Василий Белов – “дэриэбинэ прозатын” биир төрүттээччитэ, бэйэтин айымньыларыгар нуучча норуотун төрүт өйдөбүллэрэ айылҕаны, төрүт дьарыгы, төрүт култуураны кытта ыкса ситимнээҕин арыйан суруйара. Онон миэхэ, саха суруйааччытыгар, бу улахан суруйааччы аатынан бириэмийэ анаабыттарыттан сүрдээҕин үөрэ, долгуйа санаабытым.

Дьиҥэр, литэрэтиирэнэн дьарыктаммытым ырааттаҕа. Өссө 2000-с сыллар саҕаланыыларыгар “Бэйэм кэммэр командировка”, “Американскай дэриэбинэ туһунан трагедия”, “Өсөһүү”диэн кэпсээннэрим, сэһэннэрим кинигэлэрэ тахсыбыттара. Оччолорго СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ И.Г. Спиридонов “Эн суруйааччы быһыытынан айымньылаахтык саҕалаатыҥ, Сойууска киирэргэ сайабылыанньаҕын биэр” диэн этэ сылдьыбыта. Ону мин урут да, билигин да, “суруйааччы Сойуус чилиэнин быһыытынан буолбакка, тугу суруйбутунан биллиэхтээх, талаанынан тахсыахтаах” диэн санаалаах этим.  Холобур, Джек Лондон даҕаны, Хэмингуэй даҕаны ханнык да сойууска турбаттара да, кинилэр айымньыларын аан дойду барыта билэр, ааҕар буолбат дуо? Мин санаабар, суруйааччыны суруйааччы оҥорор – кинини ааҕаллара, билинэллэрэ. Норуот кинини суруйааччы быһыытынан билинэр буоллаҕына, бу – суруйааччы. Онон мин ханнык да сойууска суоҕум, киирэ да сатаабатым. “Кимтэн да үҥэн-сүктэн көрдөһө сатаабакка, кимиэхэ даҕаны сүгүрүйбэккэ, бэйэм бэйэбэр сылдьабын, бэйэм кыахпынан, талааммынан таҕыстым, бэйэм суолбунан баран иһэбин” дии саныыбын. 90-с сыллардааҕы биһиги көлүөнэ суруйааччылар, суруналыыстар Уйбаан Уххан, Уйбаан Уһунуускай, Олег Сидоров, Стас Алексеев уо.д.а. аат-суол, наҕараада туһугар буолбакка, норуот, саха тыынын туһугар айбыппыт-туппуппут дии саныыбын.

IMG 20241028 WA0022

– Быйылгыттан эн өссө “Кэм” диэн бэрт интэриэһинэй сурунаал таһааран эрэҕин...

– “Кэм” сурунаалы билиһиннэрэр буоллахха, мин суруналыыстыкаттан тохтообутум сүүрбэччэ сыл буолла. Ол эрээри “бывших чекистов не бывает” дииллэринии, “уурайбыт суруналыыс диэн суох" диэххэ эмиэ сөп. Хааҥҥар баар буоллаҕына, ол син биир бэйэтин биллэрэ турар. Суруналыыстыка биир соруга – олоҕу кытта тэҥҥэ хаамыы, ону сырдатыы. Оттон биһиги кэнники кэмҥэ саха култууратыгар хайдах курдук сүҥкэн уларыйыы бара турарын көрө сылдьабыт. Киинэ хайдах курдук өрө көтөн таҕыста, литэрэтиирэ, тыйаатыр, төрүт дьарыктар төһөлөөх сайыннылар! Сайдыылаах, талааннаах, бэйэтэ туспа санаалаах, бэрт ураты көрүүлээх ыччат баар буолла. Гумилев эппитинии, сахаларга, били, “пассионарнай төлө тэбии” курдук буолла. Биһиги ол туоһулара буоллахпыт, хайдах даҕаны көрбөтөх-билбэтэх курдук, аһаран кэбиһэр кыахпыт суох. Оннук кэмҥэ түбэспиппит – туһугар үөрүү. 

Дьэ, ол иһин “саха биир интэлигиэнэ, айар, толкуйдуур киһитэ буоларым быһыытынан, чопчу тугунан көмөлөһүөхпүн сөбүй?” диэн сыта-тура толкуйдуур буолбутум. Оннук, устуоруйа-культурология хайысхалаах уус-уран сурунаал идиэйэтин толкуйдаан, саха тылын үөрэхтээҕэ, учуонай Саргылаана Ноеваны кытта санаабын үллэстибиппэр, кини эмиэ үөрэ ылыммыта. Түргэн үлүгэрдик сурунаал тула айар-тутар дьон муста охсубута. Ол: саха тыйаатырыттан Надежда Осипова, литэрэтиирэ уһуйааччылара Матрена Попова, Мария Кириллина, литэрэтиирэ түмэлиттэн Ефросинья Ноговицына, Үөһээ Бүлүүттэн муусука учуутала Наталья Ильина, эдэр суруналыыстар Эльдар Садовников, Нина Егорова-Власьева уо.д.а. Бу номнуо “Кэм” сурунаал икки нүөмэрин таһаардыбыт. Иккис нүөмэртэн Саха сирин суруйааччыларын ассоциацията (О.Г. Сидоров) кыттыста. Манна литэрэтиирэ айымньылара, анаарыылар, киинэ, тыйаатыр туһунан санаалар, ырытыылар, билиҥҥи кэм дьоруойдарын кытта интервьюлар тахсаллар.

Уопсайынан, суруналыыстыка наар куйаар ситимигэр симиллибитин кэннэ, дьон-сэргэ тутан-хабан ааҕыллар типография сыттаах кумааҕы сурунаалы суохтуур эбит. Ону сурунаалбыт атыыга үчүгэйдик барара, тарҕанан иһэрэ даҕаны туоһулуур. Учууталым, бэрэпиэссэр К.Д. Уткин: “Билигин интэриниэт, элэктэриэн сурук, сыыппара технологиятын кэмэ. Ол гынан баран кумааҕы кинигэ, хаһыат хаһан даҕаны өлүөхтэрэ суоҕа”, – диэн этэрэ. Кырдьык даҕаны, оннук эбит. Бастаан биидьийэ кэлбит кэмигэр “киинэ эстэр буолла, дьон киинэ тыйаатырыгар сылдьыбат буолуоҕа, дьиэҕэ олорон киинэ көрүөхтэрэ” диэн сабаҕалааһын баара. Оттон билигин ылан көрүөххэ: киинэ тыйаатырдара тобус-толорулар, өссө сахалыы киинэ арҕаа киинэлэртэн хаалсыбат хомууру оҥорор! Онон сабаҕалааһын эрэ барыта туолар аналлаах диэн буолбатах эбит.

– Эн өссө кинигэ таһаарар дьарыктааххын. 

– Быйыл кинигэ таһаарыытыгар дьарыктаммытым, “Көмүөл” кинигэ кыһатын тэриллибитэ 21 сыла буолла. Ааппыт дьоҥҥо-сэргэҕэ номнуо туспа сахалыы кинигэ кыһатын быһыытынан “бренд” буола билиннэ. Биһиги элбэх уус-уран да, төрүччү да, нэһилиэк да кинигэлэрин таһаарабыт. Кинигэ таһаарыыта – бу сахаларга эмиэ бэйэтэ туспа феномен буолла диэххэ сөп. Ханна да: Арассыыйаҕа, Саха сиригэр курдук көстүү суох – маннык элбэх кинигэ тахсара. Бу аата, дьон кинигэни үрдүктүк тутар. Ол мээнэҕэ буолбатах. Мин бэйэм итини “саха киһитэ олоҕу сыаналыырыттан” дии саныыбын. Биирдиилээн ыаллар, аймахтар, дьоннор ийэлэрин-аҕаларын, эһэлэрин-эбэлэрин туһунан харчыларын харыһыйбакка, мунньан, кыттыһан өйдөбүнньүк, төрүччү туһунан кинигэ таһаараллара үгэс курдук буолла.

Оттон ол – өбүгэҕэ сүгүрүйүү биир көстүүтэ, төрдү-ууһу ытыгылааһын, олоҕу, күн сирин сыаналааһын. Бу сиргэ кэлэн барбыт киһи суола булгуччу хаалыахтаах, Орто дойдуга кэлэн барбыт хас биирдии киһи ураты сыаннас, күндү диэн өйдөбүл сылдьар. Итинэн сибээстээн, мин  Николай Заболоцкай “Мааппа” диэн кэпсээнин холобур оҥорооччубун. Ыраах иччитэх балаҕаҥҥа куһаҕан ыарыыга ыалдьан өлбүт кыыс  киһи буолан кубулуйан, муус түннүккэ ытыһын суолун хааллараахтыыр. Сатаатар, бу сиргэ илиим суола хааллын диэн буолаахтаатаҕа. Кинигэ эмиэ ол курдук суолталаах. Итиннэ даҕатан эттэххэ, Чысхаан “Мааппата” киһи аймахха суолталаах улахан айымньы ситэ сыаналаммакка сылдьар дии саныыбын.

Аны кинигэни таһаарыыны кытта саҥа идэ баар буолбута – саха дьоно, ыччата ону хото баһылаабыта эмиэ биир туспа көстүү. Ити мин кинигэни таҥар дизайнердары этэбин. Бу идэ 90-с сыллартан, бастакы көмпүүтэр кэлиэҕиттэн, саҕаламмыта, оччолортон “кинигэ дизайна” диэн биллэн барбыта. Сахалыы кинигэ, сурунаал, хаһыат иһэ-таһа тута уларыйа түспүтэ. Ол, кырдьык, харахха быраҕыллар уларыйыы этэ. Бастакы “Пентиум” диэн кып-кыра чуолҕан курдук монитордаах көмпүүтэргэ кинигэ дизайнын бастакы хараҥаччылара Александр Заболоцкай, Алексей Егоров, Степан Спиридонов, Андрей Трифонов, Болуодьа Дойдуков уо.д.а. чаҕылхай кинигэлэри оҥороллорун киһи сөҕө-махтайа көрөрө. Оттон кинигэ таҥааччыны, дизайнеры букатын таҥара курдук саныырбыт. Буолумуна даҕаны, бу ылбычча киһи эрэ баһылаабат ураты идэтэ, сатабыла буоллаҕа. Оннук да гынан, хас биирдии оҥоһуллан тахсыбыт кинигэ, сурунаал бэйэтэ ураты тыыннаах курдук буолара. Үчүгэй дизайнер уолаттар оҥорбут кинигэлэрин ааптардарын, туох майгылаахтарын, хайдах дьоннорун көрбөккө да эрэ кэпсээн биэриэххэ сөбө.

Билигин биһиэхэ “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар Герта Рудых, Ирина Захарова, Наталья Саввинова, Степан Спиридонов кинигэ таҥаллар, оттон Варвара Петровна Саввинова, Альбина Гусимовна Аммосова эрэдээктэрдииллэр. Дьоҕус гынан баран, ситиһиилээхтик үлэлиир кэлэктиип буолабыт. Ааппытын сүүрбэ сыл анараа өттүгэр суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах толкуйдаан биэрбитэ. “Көмүөл мууһун курдук, күүстээх, кимиилээх буолуҥ” диэн.  “Көмүөл мууһа ааспытын кэннэ, от-мас көҕөрөр, чыычаах ыллыыр, саас кэлэр”, – диэн. Онон ааппыт да көмөлөһөр быһыылаах – сүүрбэ сыл устата төһөлөөх элбэх улахан да, кыра да тэрилтэ эһиннэ, оттон биһиги иннибит хоту баран иһэбит.

– Эн кэм туһунан суруйаҕын. Оттон аны Кэм диэн псевдонимынан биллэн эрэҕин.

– Мин айар үлэм үксэ даҕаны кэми кытта ситимнээх. Ол суруналыыстыыр сылларбыттан да биллибитэ. “Бэйэм кэммэр командировка” диэн кинигэм  суруналыыстаабыт үлэм түмүгэ курдук этэ. Суруналыыс бэйэтин кэмин кэрэһитэ буоллаҕа. Суруйааччы да биир оннук. “Кэмҥин түһэн биэримэ” диэн кинигэм эмиэ дьон уонна кэм сыһыанын туһунан. Онтон кинигэм Литрескэ тахсарыгар “Борис Павловтар элбэхтэр, онтон эн бэйэҕэр эрэ сөптөөх аатта толкуйдан” диэбиттэригэр, маҥнайгынан ити аат өйбөр көтөн түспүтэ. “Кылгас, чопчу, миэхэ сөп түбэһэр” диэн ону талбытым.

– Инники былааныҥ? Билигин тугу суруйа сылдьаҕын?

– Биһиги көлүөнэбит, олорбут кэммит, олохпут, чулуу дьоммут туһунан устуоруйаны, ахтыылары, анаарыылары, поэзияныкиллэрэн, уус-уран эссе оҥорон үйэтитиэхпин баҕарабын.

– Махтал, Борис! Өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар, иннигит хоту баран иһиҥ!

Нина ГЕРАСИМОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар