Киир

Киир

Өлөөн улууһугар кыыл табалар дьиэ табаларын батыһыннаран барбыттарынан сибээстээн, улуус таһымнаах ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрдилэр. Ол туһунан улуус баһылыга Лена Иванова телеграм-каналыгар суруйар.

Баһылык суруйбутунан, Таймыыртан киирэр кыыл табалар 3-с уонна 5-с нүөмэрдээх ыстаадалары илдьэ барбыттар. Өссө икки ыстааданы эмиэ күрэтэр кутталлаахтар.

Онон сибээстээн, ыстаадаларга уоппускаҕа сылдьар табаһыттары уонна булчуттары түмэн, анал биригээдэлэри тэрийэн, ыыппыттар. Итини таһынан, АЛРОСА хампаанньа бөртөлүөтүнэн икки табаһыты кытта биир “Бурааны” тиэрдибит.

“Дьиэ табатын харыстыыр бары миэрэни ылына сатыыбыт”, – диэн Лена Иванова бэлиэтиир.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Лев Федосеев/ТАСС

Бүтэһик сонуннар