Киир

Киир

Былатыан Ойуунскай аатынан Саха Тыйаатырын болуоссатыгар сэтинньи 7 күнүттэн 20 м үрдүктээх саҥа харыйаны туруоран саҕалыахтара. «Горсвет» муниципальнай тэрилтэ этэринэн, манна ортотунан икки сэттиэлэ ирдэнэр.

Саҥа харыйаны сүүрэн иһэр таба ойуута уонна дьэрэкээн оһуордар киэргэтиэхтэрэ. Харыйа төбөтүгэр сахалыы «Биэс харах» харысхал сандаарыа. Маны таһынан, болуоссат уоттаах фонтана эмиэ уларыйыа – саха төрүт иһитэ «Кытыйа» буолан күлүмүрдүө.

Дойду бастакы саҥа дьыллааҕы харыйатын уотун сыл ахсын ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ахсынньы 1 күнүгэр үөрүүлээхтик холбуохтара.

Сонун төрдө: Дьокуускай к. уокуруктааҕы дьаһалтата