Киир

Киир

Сэтинньи 2-с күнүгэр, Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө, Өксөкүлээх Өлөксөй аат. норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Бриллианты Якутии” үҥкүү ансаамбылын кэнсиэрэ ыытылынна. Дьоһуннаах тэрээһиҥҥэ ансаамбыл 170 оҕото барыта кытынна, онон аан дойду омуктарын ырыата-тойуга, үҥкүүтэ-битиитэ көҕүлүттэн тутулунна.

brilliantu 1

brilliantu 2

Ансаамбыл салайааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа Зоя Соловьева ансаамбыл үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр.

- Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө тэрээһиммит бэркэ ааста. Биһиги, түгэнинэн туһанан, мэлдьи өйүүр киһибитигэр Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин ген. дириэктэрэ А.Корякинаҕа махталбытын тиэрдэбит. Бу тэрээһиммитигэр, көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, кэлэн кыттыбыт ХИФУ-га атастаһыы бырагырааматынан үөрэнэ сылдьар 32 кытай, кэриэй омук устудьуоннарга эмиэ истиҥ махталбытын биллэрэбит. Тэрээһиммит дьиҥ норуоттар сомоҕолоһууларын түһүлгэтэ буолла.

“Бриллианты Якутии” ансаамбыл быйыл 11-с айар сезонун аста. Ааспыт сезоҥҥа уон сыллаах сыралаах үлэбит түмүгүн оҕо, төрөппүт бөҕөнү мунньан бэркэ түмүктээбиппит. Быйылгы сезоммутугар былааммыт киэҥ. Ол курдук, үөрүүлээх сонуммут: оҕо тыйаатырын аатын сүктүбүт. Репертуарбытыгар үс сүрүн испэктээкиллээхпит. Холобур, юкагир номоҕунан, сахалыы остуоруйаларынан испэктээкиллэр бааллар. Ону тэҥэ “Саҥа дьыллааҕы олоҥхо дойдута” диэн дьиктилээх-алыптаах туруоруулаахпыт. Маннык улахан испэктээкиллэрбитигэр тирэҕирэн уонна бүтүн Арассыыйатааҕы “хас биирдии оскуолаҕа – тыйаатыр” ыҥырыынан салайтаран, оҕолорбутун өссө күүскэ сайыннарар сыаллаах оҕо тыйаатырын аатын ыллыбыт. Биһиги иитиллээччилэрбит үҥкүүлүүллэр, ыллыыллар, онон мюзикллары да туруорабыт.

Ону тэҥэ испэктээкиллэри туруорарбытыгар оҕолор сөпкө саҥара үөрэммиттэрэ, артыыс маастарыстыбатыгар уһуйуллубуттара. Инньэ гынан саҥарар-иҥэрэр, үҥкүүлүүр, ыллыыр, нууччалыы эттэххэ, “универсальнай” артыыс буолан тахсыахтара.

brilliantu 5

brilliantu 3

Кэлэктиип салайааччылара, Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Соловьев биһикки, Үҥкүү тыйаатырын профессиональнай артыыстарабыт, Арассыыйатааҕы Тыйаатыр диэйэтэллэрин сойууһун чилиэннэрэбит, ол быһыытынан “тыйаатыр” диэнтэн толлубаппыт, оҕолорбутун бу хайысханан сайыннарыахпытын баҕарабыт.

Ансаамбылга аҕыс бөлөх баар, онтон үһэ оскуола иннинээҕи оҕолорго. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор бөлөхтөрүгэр 4–6 саастаах кырачааннар дьарыктаналлар. Кинилэри Айталина Унарова диэн бэйэбит үөрэппит кыыспыт  дьарыктыыр. Айталина култуура колледжын кыһыл дьупулуомунан бүтэрэн кэлэн баран, быйыл иккис сылын үлэлээн эрэр. Онтон 7–15-гэр диэри саастаах оҕолору биһиги дьарыктыыбыт.

Ахсынньы 17 күнүгэр Суорун Омоллоон аат. опера уонна балет тыйаатырыгар биһиги иитиллээччилэрбит бары кыттар, сүрдээх дьэрэкээн уонна остуоруйалыы дьиктилээх-алыптаах “Новогодняя сказка в стране Олонхо” диэн Владислав Левочкин олоҥхо либреттотынан испэктээкилбит туруохтаах. Бу тэрээһиммитигэр көстүүмнэр эскиистэрин култуура туйгуна Марьяна Оконешникова оҥордо, онтон испэктээкили Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн режиссера Александр Титигиров туруорда. Онон, түгэнинэн туһанан, Сахабыт сирин олохтоохторун барыгытын кэлэргитигэр ыҥырабыт.

Мария САННИКОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар