Бу күннэргэ бассаап бөлөхтөрүнэн, социальнай ситимнэринэн оҕоҕо кырыктаах сыһыаны туоһулуур аудио уһулуу тарҕаммытын бары истибит буолуохтааххыт. Онно биир аһара “кыһамньылаах” ийэ, уруок аахтараары, иккис кылааска үөрэнэр оҕотун быдьардык үөҕэн, куттаан, илиитин көтөҕөн, араастаан сордуур-муҥнуур, ытатар.
Уһулууну истибит дьон бу алҕаска буолбатаҕын, бииргэ төрөөбүтэ дуу, кимэ дуу көмө көрдөөн уһулбутун өйдөөн, дьахтар тыла-өһө ыараханыттан, ийэҕэ дьүөрэтэ суохтук быһыыланарыттан саллан, улаханнык айманнылар, буолуохсуту булуҥ диэн ирдэстилэр. Ол түмүгэр, Ис Дьыала министиэристибэтин үлэһиттэрэ кырыктаах ийэни буланнар, туһааннаах уорганнар бу дьиэ кэргэнинэн дьарыктана сылдьаллар.
Бары кэриэтэ бу дьахтары аҥаардас ийэ эбэтэр иһээччи кэргэннээх, эбэтэр кэргэнэ СВО барбыта буолуо диэн сабаҕалаатылар. Онуоха, кини кэргэннээҕэ, кэргэнэ үлэлээҕэ-хамнастааҕа, бэйэтэ оҕолонон уоппускаҕа олороро билиннэ. Ыаллар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай сэлиэнньэтин испэт-аһаабат, учуокка турбат, үчүгэй ыал ахсааныгар киирэллэр. Биир устудьуон, түөрт оскуола үөрэнээччитэ уонна икки кыра оҕолоохтор. Онон, оҕолору букатын былдьаабакка, ийэни уонна оҕолору кытта уйулҕаһыттары үлэлэтэргэ быһаарбыттар. Атаҕастаммыт уолу эдьиийин кытта улуус Сааһын ситэ илик оҕону чөлүгэр түһэрэр киинигэр киллэрбиттэр.
Биһиги бу быһылаан туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын Социальнай бэлиитикэҕэ отделын салайаааччыта Октябрина Кулешоваҕа эрийэн кэпсэттибит. Кини этэринэн, түмүк оҥорор эрдэ:
- Дьаҥ тарҕаныыта, анал байыаннай дьайыы, тымныы кыһын уустуктары үөскэтэрэ өйдөнөр. Онон, кэнники сылларга дьон өйө-санаата олус уларыйда. Ол эрээри, онтон сылтаан, киҥи-наары туох да буруйа суох оҕонон таһаарар, итинник атаҕастыыр төрүт сатаммат. Хас биирдии оҕо дьоллоох оҕо сааһы билиэхтээх. Хаптаҕайга тахсыбыт быһылааны улуус баһылыга Дмитрий Тихонов бэйэтинэн хонтуруоллуур. Оҕо быраабын көмүскүүр уонна уйулҕаны чөлүгэр түһэрэр исписэлиистэр үлэлии сылдьаллар. Бүгүн оҕолор туруктара үчүгэй, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт диэн эттилэр. Биллэн турар, мантан антах барыта үчүгэй буолуо диир эрдэ. Бэрэбиэркэ өссө да бара турар, чопчу быһаарыы тахса илик, - диэн кылгастык иһитиннэрдэ.
Мантан сиэттэрэн, төрөппүт оҕотугар кырыктаах сыһыанын төрүөтэ туохханый диэн ыйытыы барыбытыгар да охсуллан ааста. Ону ийэни кытта чопчу үлэлэһэ сылдьар исписэлиистэр эрэ быһаарар кыахтаахтара өйдөнөр. Ол да буоллар, биһиги уйулҕаһыт Наталья Елисееваттан ити туһунан ыйыттыбыт. Кини маннык хоруйдаата:
- Хас биирдии итинник быһылаан, майгы-сигили көстүүтүн төрүөтэ тус-туһунан буоллаҕа. Ону тустаах дьону кытта чопчу үлэлэстэххэ эрэ быһаарыллар. Туох барыта оҕо сааһы, иитиини кытта ситимнээх. Ол эбэтэр, оҕо сылдьан киһи быһыытынан үчүгэй иитиини ылбатах төрөппүт оҕотун киһи быһыытынан иитэр кыаҕа суох буолар. Бу бэрдэ суох уопут дьарыктамматахха көлүөнэттэн көлүөнэҕэ утумнанан баран иһиэн сөп. Дьиҥэр, төрөппүт оҕотун, бастатан туран, киһи быһыытынан иитиэхтээх. Ону билбэттэр эбэтэр умнан кэбиһэллэр . Алын сүһүөх оҕото билигин үөрэнэргэ үөрэнэр кэмэ. Манна сүрүн сорук – оҕо үөрэнэрин сөбүлүүрүн, оскуолаҕа үөрүүнү кытта барарын, учууталы уонна оҕолору кытта уопсай тылы буларын ситиһии буолар. Бу кэмҥэ оҕоҕо сиэри таһынан үрдүк ирдэбили туруоран, ыган, мөҕөн, ону ааһан сынньан, төттөрүтүн үөрэхтэн тэйитэн кэбиһиэххэ сөп. Үрдүк билиилээх буолан баран, мөкү майгылаах, дьоло суох, киҥнээх киһини иитэн таһаардахха туох үчүгэйэ кэлиэй?
Биллэн турар, төрөппүккэ учуутал көмөтө хайаан да ирдэнэр. Кини, үөрэнээччитэ хайдаҕын эрэ буолбакка, олорор усулуобуйатын, төрөппүттэрэ хайдахтарын эмиэ билиэхтээх. Уопсайынан, учуутал төрөппүтү кытта аһаҕас сыһыаны олохтуурга кыһаллыахтаах. Оччоҕо төрөппүт даҕаны уоскуйар, кыраттан ыгыллыбат, кыйахаммат буолар. Оттон төрөппүт нөҥүө оҕо оннук турукка киирэр, - диэн кини быһаарда.
Бу быһылаан туһунан социальнай ситимнэргэ киэҥник суруйдулар. Дьон санаатын үөрэтэн көрдөххө, кырыктаах ийэни көмүскэһээччи аҕыйах. Билигин, судаарыстыба элбэх оҕолоохторго, намыһах дохуоттаахтарга хаһааҥҥытааҕар да күүскэ көмөлөһөр кэмигэр ийэ туга итээн маннык дьүһүлэнэрин өйдөөбөттөр. Эбэтэр кини өйүгэр оҕустарбыт, эбэтэр бэйэтэ итинник усулуобуйаҕа иитиллибит диэн быһаараллар. Дьиктитэ диэн, биир даҕаны киһи ыал аҕата манна туох оруоллааҕын, кинини кытта туох үлэ барыахтааҕын туһунан тугу да эппэт. Дьиҥэр, дьахтар аһара барыытын эр киһи тохтотуохтаах, оҕолору кини көмүскүөхтээх буоллаҕа. Эбэтэр бэйэтэ маннык сыһыаны тутуһар?
Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо быраабын көмүскүүр үлэ барбат буолбатах. Сорох түгэннэргэ иитэр-үөрэтэр үлэһиттэргэ эрэ туһаайыллан барар дуу диэх курдук санаа үөскээччи. Дьиҥэр, хас биирдиибит оҕону атаҕастыыр түгэннэригэр хаһан эрэ түбэспит, оннук дьону кытта ыаллаһан да олорор буолуон сөп. Ол эрээри дьон үксүгэр, атын ыал олоҕор орооһумаары, саҥата суох хаалар. Маныаха, атаҕастаммыт оҕоҕо көмөлөһөр суол элбэх. Олортон биирдэстэрэ – Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин уонна Мобильнай кризиснэй сулууспа көмөтүнэн туһаныы. Эһиги болҕомтоҕутугар тыын суолталаах нүөмэрдэр:
Оҕоҕо күүһү туһаныы уонна атаҕастааһын тахсар түгэнигэр, Мобильнай кризиснэй сулууспа Аһаҕас лиинийэтэ: 8 (800) 100-22-83.
Бэйэҕэр эбэтэр атын киһиэхэ көмө ирдэнэр буоллаҕына, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Эрэбил нүөмэрэ: 8 (800) 100-35-50 (нууччалыы, сахалыы тылынан күнүстэри-түүннэри анонимнайдык үлэлиир).
Оҕолорго уонна төрөппүттэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы Эрэбил нүөмэрэ: 8 (800) 20-00-122 эбэтэр 122-6-2
Уйулҕаһыт көмөтө 9 чаастан 18 чааска диэри эрдэттэн суруйтарыынан: 8(4112) 31-91-09.
Матырыйаалы бэлэмнээтэ Күндэли.