Киир

Киир

Ленин проспегын уонна Киров уулуссатын быһа охсуһууларыгар киирэн иһэн, от-мас быыһынан уулусса аата халлаан күөҕэ буолбакка, кыһыл табличкаҕа суруллубутун көрөн, туораан, чугаһаан көрдүм. Уулусса аата нууччалыы уонна сахалыы суруллубут. Барахсаттарыы-ыы диэн, үөрэн өлө сыстым. “Атын дьиэлэргэ баар дуо” диэн Орджоникидзе устун балачча хаамтым да, булбатым. Ити биир дьиэҕэ “эспэримиэннээн” ыйаабыттар эбит.

Сахалыы уулусса аата шрибэ кыратын атыҥыраатым, мыынным. 2023 с. сэтинньитигэр Ойуунускай уулуссатыгар Өрөспүүбүлүкэ лицей-интэринээтин  эркинигэр бастакы табличканы ыйыылларыгар, уулусса аатын тэҥ буукубаларынан суруйбуттар этэ. Интэриниэккэ мээр Е.Н. Григорьев уонна лицей дириэктэрэ И.И. Шамаев  үөрэ-көтө арыйа турар хаартыскарын көрүҥ эрэ.

WhatsApp Image 2024 07 26 at 13.02.20

Оттон бу киин уулуссаҕа тахсарыгар эрэспиэччик сыылан киирэрин курдук, кыракый гына суруллубут. Онон нууччалыы улахан буукубаларга күлүктэтэн ыраахтан көстүбэт. Уулусса аатын икки тылынан суруйуу урут суоҕунан, бу саҥа оҥоруу. Ол эрээри, сахалыытын кыччатан “саһыарар” былааннарын оҥорбуттар дуу диэн дьиксинэ  саныыгын.

Инникитин уулусса ааттарын табличкаларыгар чахчы сахалыытын кыччатар былааннаах буоллахтарына -- сатаммат. Тэҥ буолуохтаахтар. Санааҕытын суруйуҥ.

Владимир Степанов.

Бүтэһик сонуннар