Монголияҕа Саха сирин дэлэгээссийэтин үлэлиир соруктаах тиийиитин чэрчитинэн, Улан-Баторга баар Арассыыйа билимин уонна култууратын киинигэр режиссер Никита Аржаков «Тыгын Дархан» киинэтин көрдөрдүлэр. Оттон балаҕан ыйын 21 күнүгэр, олохтоох көрөөччү «Мин үрдүбэр күн хаһан даҕаны киирбэт» киинэни көрүөҕэ.
Монголия көрөөччүлэригэр киинэни СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов, режиссер Никита Аржаков, «Сахафильм» дириэктэрэ Сардана Саввина, Саха сирин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэлэрин Национальнай киинин дириэктэрэ Степан Москвитин сүрэхтээтилэр. Көрдөрүү кэнниттэн, киинэни устубут дьонтон ыйытыктардаах уопсай ырытыы буолла уонна киинэҕэ сыһыаннаах этиилэр иһилиннилэр.
«Биһиги бүгүн Монголия көрөөччүлэрин кытта көрүстүбүт – киинэни кинилэр сөбүлээтилэр. Ол эрээри, манна быракаакка тахсар туһуттан, биһиги салгыы көрсүһүүлэри олохтуохтаахпыт, оттон бу бүгүн саҕаланыыта буолла. Улан-Баторга “Нуучча Дьиэтэ” (Русский Дом) биһигин үөрэ көрүстэ. Манна салайааччылары кытта сэтинньи ыйга буолуохтаах нуучча киинэтин нэдиэлэтигэр кыттыыны ылыахтаахпыт туһунан былааны ырыттыбыт. Дьиэ салалтата биһиги биир киинэбитин көрдөрүөх буолла. Маны сэргэ, киинэ быракааччыктарын кытта көрсүһүү буолуоҕа, онно олохтоох дьон өйдүүрүн туһугар тылбаас уонна субтитры бэлэмниир туһунан боппуруостары ырытыахпыт. Бүгүн биһиги бастакы сыанабыллары иһиттибит. Мин саныырбынан, өксөтүн «Тыгын Дархан» киинэ монгол тылынан саҥардаҕына, ситиһиилэрдэниэҕэ. Бу – суолбут уонна култуурунай ситим олохтонуутун саҕаланыыта эрэ. «Нуучча Дьиэтэ» биһигини аныгыс сылга сахабыт киинэлэрин, өрөспүүбүлүкэ туристическай потенциалын уонна култууратын сүрэхтэниитин оҥорор соруктаах ыҥырда. Мин саныырбынан, биһиги инникитин дьыалабыай ситими олохтуурга интэриэстээх дьону буллубут», - диэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов кэпсиир.
Санатар буоллахха, «Тыгын Дархан» киинэ 2020 с. Сэтинньи 4 күнүттэн быракаакка тахсыбыта. Икки сыл иһигэр хартыына олус элбэх Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы наҕарааданы ылбыта. Бу сылга лиэнтэ «Толору метражтаах бастыҥ Евразийскай киинэ» номинацияҕа Гран-при буолбута.