Суоттутааҕы "Доҕордоһуу" түмэлигэр Арассыыйа биллиилээх блогера Алексей Корзин устар хамаандатынаан тиийэн, "РЕН ТВ" ханаалга "Невероятно интересные истории" биэриигэ Суотту нэһилиэгин түмсүүлэрин, Тумултан "Көмүлүөк" түмсүүнү устан бардылар.
Ол курдук, "Көмүлүөк" түмсүүттэн салайааччы Светлана Прудецкая, сахалыы сонноохторго Анастасия Габышева, Галина Алексеева уонна Сардаана Стрекаловская тымырдаайыны өрүүгэ маастар-кылааһы көрдөрбүттэр. Маны таһынан, "Кыл-сиэл" туһунан оҥоһуктарын быыстапкаҕа туруорбуттар уонна кэпсээбиттэр. Түмсүүлэр актыбыыһа, Тумул орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ Сардаана Стрекаловская, биллиилээх блогерга уонна ыытааччыга бэйэтэ оҥорбут харысхалын, өрүс тааһыгар Уус Алдан гиэрбэтин уруһуйдаабыт оҥоһугу бэлэхтээтэ.
Сахалыы таҥастаах дьон оһуохайдаабыттар, оттон "Илгэ" ансаамбыл ырыа толорбут.
«Онон үчүгэй, сэргэх тэрээһин буолла. Суол куһаҕан да буоллар, баран кыттан кэлэн олус үөрдүбүт, сэргэхсийдибит. Суоппарбытыгар Анастасия Габышеваҕа – Айаанаҕа махтанабыт. Тэрийээччилэргэ – “Доҕордоһуу” мусуойун кэлэктиибигэр махталбытын тиэрдэбит. "РЕН ТВ" ханаалга көстөр буолбуппутуттан, историяҕа хааларбытыттан олус диэн долгуйдубут. Алексей Корзин көрсүһүүттэн үөрэн, махтанан үтүө санааларын эттэ», - диэн Сардаана Стрекаловская суруйар.
«Мүрү саһарҕата» хаһыат уонна саайт матырыйаалыттан