Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын Күнүгэр, Опера уонна балет тыйаатырыгар биллиилээх джазмен, Арассыыйа норуодунай артыыһа Игорь Бутман квинтета кэнсиэр көрдөрдө. Тэрээһин «Дьүкээбил» («Северное сияние») Норуоттар икки ардыларынааҕы XII арктическай музыкальнай бэстибээл чэрчитинэн ыытылынна уонна джаз төрүттэммитэ 100 сылыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананна.
Квинтет састаабыгар маэстро-саксофонист Игорь Бутман, пианист Олег Аккуратов, барабанщик Эдуард Зизак, гитарист Евгений Побожий уонна контрабасист Артем Баскаков бааллар. Көрөөччүлэр кинилэр толорууларын дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр, олус сөбүлээтилэр.
СӨ култуураҕа миниистирэ Юрий Куприянов СӨ Ил Дархана Айсен Николаев аатыттан Игорь Бутмаҥҥа Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт өйдөбүнньүк бэлиэни туттарда. Маныаха, музыкант өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар уонна истиҥник көрсүбүттэрин иһин бука бары көрөөччүлэргэ махтанна.
«Биһиги Дьокуускайга маҥнайгыбытын кэллибит. Бу доҕордуу сыһыаны олохтуурбутугар маҥнайгы хардыы буолбутугар эрэнэбит. Маннык түгэннэргэ киһи олус улахан судаарыстыбаҕа олорорун, араас, эгэлгэ култууралаах, юмордаах эрэгийиэн баарын өйдүүгүҥ, ылынаҕыҥ», - диэн Игорь Бутман санаатын эттэ.