Соторутааҕыта Ленин проспегын устун хааман иһэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын олбуоругар «һөҕүҥ» диэн тылынан арт-эбийиэги дьэндэппиттэрин кэрэхсии көрбүтүм. Ол кэнниттэн, социальнай ситимнэринэн билбитим, бырайыакка билэр киһим, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах поэт Елизавета Мигалкина үлэлэспит эбит. Киниттэн бүгүн «һөҕүҥ» бырайыак туһунан ыйытыыларбар хоруйдууругар көрдөстүм.
- Елизавета, үтүө күнүнэн! Дьэ, бу «һөҕүҥ» арт-тутуу туһунан кэпсэтиибитин саҕалыах. Бырайыак сүрүн соругун кытта билсиһиэххэ.
- Билигин смарфон, гаджет үйэтигэр, глобализация күүстээх долгуннарыгар, ютуб оҕоҕо, ыччакка күүскэ тарҕаныытынан сибээстээн, сахалыы дорҕооннорбут сүтэн, симэлийэн хаалыах курдук буоллулар. Дьон төлөпүөҥҥэ сахалыы клавиатура киллэрбэккэ, холобура, «үөрүү» диэн оннугар «уоруу» диэн суруйаллар. Маны, дьиҥинэн, киһи барыта аймана көрөр. Сорох дорҕооннорбутугар олох даҕаны сыыппаралар туттуллаллар. Онон, маннык дьайыы бара турбатын диэн, дьон дьиҥнээхтии бэйэ баайыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, бары дьоһуннук илдьэ сылдьыахха диэн санатаары маннык бырайыагы оҥордубут. Дьиҥинэн, тылбыт сүмэтэ, уратыта - биһиги баайбыт. Маны сэргэ, манна биһиги айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй иитэр-үөрэтэр айымньытын «Оттоку олук алгыһын» киллэрдибит. Манна ыччакка туһаайан сүрдээх үчүгэй тыллар этиллэллэр. Бырайыак Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананан оҥоһулунна.
- Олус бэртээхэй, дьоһун сорук. Бырайыак сүрүн уратыта тугуй?
- Маннык дорҕооннорго сыһыаннаах, мэҥэ таас быһыытынан оҥоһуллубут бырайыак Саха сиригэр суоҕун кэриэтэ. Арай, бэйиэт дьүөгэбит Яна Байгожаева «ҥ» дорҕоону статуэтка оҥостон, тылы сайыннарыыга үлэлээбит дьоҥҥо туттартыыр этэ. Субу курдук пааматынньыктар, арт-эбийиэктэр атын куораттарга бааллар эбит. Холобура, маннык арт-эбийиэги Тываҕа Кызылга көрөммүн олус сөхпүтүм.
- Кимнээх үлэлэстилэрий?
- Бырайыакка «Саха сирин култуурата» диэн уопсастыбаннай хамсааһыммыт худуоһунньуктара Александра Неустроева, Людмила Федорова, Анна Саввина, уус Роман Терентьев үлэлэстилэр. Биһиги икки граны сүүйбүппүт, ол көмөлөрүнэн турда. Арассыыйатааҕы «Фонд культурных инициатив» уонна өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын граннарын сүүйэн, ол үбү ыларбытыгар, туох баар докумуонун ситиһэрбитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын үлэһитэ Татьяна Павлова күүскэ үлэлээтэ. Бу бырайыакпытын библиотека олус улаханнык өйөөтө. Тэрилтэ өйөбүлүнэн, бырайыакпыт чэрчитинэн, «Тыл худуоһунньук хараҕынан» диэн күрэх ыыта сылдьабыт, кыайыылаах 60 тыһ. солк. ылыахтаах. Манна графика, живопись, скульптура, инсталяция хайысхаларынан кытталлар. Сааһынан хааччах суох.
- Аны ааппыт олус ураты, тоҕо «һөҕүҥ» буоллай?
- «Һөҕүҥ» диэн тылы куйаар ситимигэр, интэриниэт кэлээтин кытары, үгүстүк көрөр буолбуппут. Саха бикипиэдьийэтин айбыт Николай Павлов-Халаннаах, Ульяна Винокуровалаах саҕаттан «һөҕүҥ» диэн тыл көстүтэлиир буолбута. Биһиги маны үйэтитиэхпитин баҕардыбыт. Тумус туттар дьоммутугар махтанан туран, кинилэргэ биһиги «һөҕүҥ» диэн латуннай значоктары оҥортоотубут. Иван Иванович Шамаевка туттарбыппыт. Атыттарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыахпыт.
- Бырайыак салгыы атын сирдэргэ тиийэр соруктаах дуо?
- Бырайыакпытын Саха АССР төрүттэмитэ 100 сылынан, Дьокуускайбыт үбүлүөйдээх 390 сылынан сахабыт дьонугар бүттүүнүгэр аныыбыт. Биһиги маннык арт-эбийиэги куорат эрэ иһигэр турбатын диэн этэбит. Улуустарга, улуус кииннэригэр, нэһилиэктэргэ, бэл, оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга, искибиэрдэргэ маннык арт-эбийиэктэри төһө баҕарар дьоммут-сэргэбит туруоруҥ, ол кэнниттэн биһиэхэ ыыталааҥ иһин диэн ыҥырабыт.
- Көннөрү куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара тиийэн көрүөхтэрин сөп дуо?
- Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын, баһаалыста, Национальнай библиотека олбуоругар проспегынан киирэн көрүҥ, хаартыскаҕа түһүҥ диэн ыҥырабыт. Манна киэһээҥҥи өттүгэр олус үчүгэй уоттаах-күөстээх буолар. Сотору ыскаамыйалар туруохтара, эбии мураал уруһуйданыаҕа, тупсаран иһиэхпит, тэрээһиннэри тэрийэр буолуохпут.
- Бырайыактыын быһаччы ситимнээх «Культура Якутии» ютуб-ханаалга «ҺӨҔҮҤ-2022. Видеоарт» тахсыбыт. Манна көстөр анимацияҕа эн алгыһы ааҕыыҥ киирбит. Бу туһунан кэпсиир буоллахха.
Видео-артпытын Новай Зеландияҕа олорор Нам Уола Александр Охлопков оҥордо. Кини «Nikelodeon», «Netflix» курдук хампаанньалары кытта үлэлэһэр, биллэр-көстөр дизайнер. Оттон хомуска доҕуһуолу виртуоз-хомусчут Эркин Алексеев оҥордо, электроннай муусуканан Станислав Алексеев-Добун киэргэттэ уонна мин алгыһы суруйан, ааҕан иһитинэрдим. Алгыс тылларын итиннээҕэр уһун гыныахпын баҕарбытым эрээри, видео-арт бириэмэтэ кылгас буолуохтааҕынан, концентрированнай гына, кылгатан суруйбутум. Манна доҕорум Юрий Иванов-Баараҕай уонна ытыктыыр киһим Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл өйөбүллэрэ күүстээх буолла.
- Бырайыагы салгыы сайыннарыы үлэтэ хайдах барыаҕай?
- Бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт «Тыл худуоһунньук хараҕынан» күрэспит түмүгүнэн Национальнай библиотекаҕа быыстапка туруоҕа. Оттон атын да тэрээһиннэр утуу-субуу син биир тахсан иһиэхтэрэ. Аҕыйах былаан баар. Ол туһунан бакаа улаханнык эппэппит.
- Маны сэргэ, саха төрүт буукубалара сыыппара эйгэтигэр симэлийэн хаалбаттарын туһугар өссө туох үлэни ыытаҕытый?
- Сахалыы клавиатураны киллэрии туһунан флаердары тарҕатабыт, «ватсап-рассылка» оҥортуубут...
- Елизавета, сахабыт төрүт дорҕооннорун саната турар үтүө бырайыагы тэрийбиккитин иһин тус бэйэм ааппыттан махтанабын. Инникитин өссө даҕаны кэскиллээх саҥа саҕалааһыннары баҕарабын.
Кэпсэттэ Ираида Коркина-Чугдаара