Киир

Киир

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, “Саха Сирин култуурата” айар бөлөх «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» диэн буктрейлер өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы куонкуруһун биллэрэллэр.

Буктрейлер диэн айымньы саамай сүрүн санаатын тиэрдэр уонна чаҕылхай түгэннэрин көрдөрөр видеоролик буолар. Кинигэни киинэ дуу, ойуулук дуу курдук оҥорон билиһиннэрии. Сүрүн соруга –  тустаах айымньыны киһи сэҥээрэн ааҕыан баҕарарын ситиһии, умсугутуу, интэриэһин тардыы. Маныаха видеолары, араас иллюстрациялары, хаартыскалары, графиканы, о.д.а. көрдөрөр-иһитиннэрэр (аудиовизуальнай) ньымалары туһаныаххытын сөп.

Куонкуруска 35-гэр диэри саастаах ыччат кыттар. Бөлөҕүнэн даҕаны, биирдиилээн даҕаны, дьиэ кэргэнинэн эмиэ.

Үлэлэри олунньу 13 күнүттэн ыам ыйын 13 күнүгэр диэри 3 ый устата тутабыт. Түмүгү Национальнай бибилэтиэкэ сыллата ыытар«Библионочь» аахсыйатын чэрчитинэныам ыйын 28 күнүгэр таһаарыахпыт. Кыайыылаахтар уонна миэстэлэспиттэр, анал аакка тиксибиттэр дипломнарынан наҕараадаланыахтара, бирииһинэн биһирэниэхтэрэ. Күрэс усулуобуйатын сиһилии Балаһыанньаттан ааҕан билсиэххитин сөп.

Ханнык баҕарар уус-уран айымньыны буктрейлер оҥороргут көҥүл. Өскөтүн саха литературатын үчүгэйдик билбэт дуу, биитэр итиччэ элбэхтэн биири талан ылары ыарырҕатар буоллаххытына, эһиэхэ анаан испииһэк бэлэмнээтибит.

Кинигэлэри электроннай барыйааннарын Национальнай бибилэтиэкэ new.nlrs.ru саайтыгар киирэн көрүөххүтүн, ааҕыаххытын сөп.

Бу бырайыак сонуннарын Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар уонна “Саха Сирин култуурата” социальнай ситимҥэ тиһиктээхтик сырдата туруохпут, онон биһигинниин бииргэ буолуҥ!

Положение, форма заявки, список рекомендованной литературы. 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар