Киир

Киир

Быйыл сайын от ыйын 25 күнүттэн атырдьах ыйын 6 күнүгэр диэри ООПТ уонна биоресурса дириэксийэтин уонна Биология институтун исписэлиистэрэ Анаабыр уонна Булуҥ улуустарыгар көтөр аалынан сылдьан овцебык ахсаанын аахтылар. Учуоттуур бөлөх салайааччыта, Биология ресурсаларын управлениетын сүрүн исписэлииһэ Андрей Попов этэринэн, барыта 11 хайысханан 6959 килэмиэтир усталаах сири көппүттэр.

“Араас хайысханан көтө сылдьан 371 соҕотох уонна барыта 3273 ахсааннаах хас да үөр овцебыгы көрдүбүт, ол иһигэр 662 ньирэйи. Биирдии үөргэ 2-тэн саҕалаан 56-ҕа тиийэ кыыл баар”, – диэн Андрей Попов бэлиэтиир.  

Исписэлиистэр көтүү кэмигэр көрбүт кыылларын саастарын, үөрдэр тутулларын, ахсааннарын быһаарар туһугар, барытын хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Ону таһынан, овцебыктар чопчу түөлбэлэргэ сылдьар ыырадарын быһаарарга уонна ырытарга GPS-навигатордары туһаммыттар.

Билигин исписэлиистэр мунньубут матырыйаалларын үөрэтэллэр.

Андрей Попов эппитинэн, итини таһынан, 2023-2024 сс. Аллайыаха улууһугар баар кыыллары сиринэн сылдьан эмиэ чинчийбиттэр эбит.

“Аллайыаха улууһугар барыта 1712 килэмиэтири айаннаатыбыт, 368 кыыллаах 21 үөрү көрдүбүт. Онтон 17%-на – ньирэй. Уопсайынан, Аллайыахаҕа овцебык ыырданар, барыта 1 210 960 гаа иэннээх 3 улахан түөлбэтэ баарын быһаардыбыт”, – диир салайааччы.

Булуҥҥа, Анаабырга уонна Аллайыахаҕа ыытыллыбыт үлэ түмүгэ бу сыл ахсынньытыгар тахсыахтаах.

СӨ Биология ресурсаларыгар, ураты харыстанар сирдэргэ уонна айылҕа пааркаларыгар дириэксийэтин матырыйаала.
Хаартыска: Андрей Попов, Наталья Павлова.  

Бүтэһик сонуннар