Киир

Киир

Олоххо бэлэмнээх киһини хайдах иитэн таһаарар туһунан ыйытыы бүгүҥҥү кубулҕат олоххо ордук сытыытык турар. Сорох төрөппүт “оҕом оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэннэҕинэ эбэтэр хары үлэтин кыайар буоллаҕына, бигэ тирэхтээх, ситиһиилээх киһи тахсыа” дии саныыр. Биллэн турар, оҕоҕо хайата да үчүгэй буоллаҕа.

Оттон Саха сиригэр аан бастаан төрүттэммит Урбаан оскуолатын дириэктэрэ, элбэх оҕолоох аҕа Игорь Сивцев билиҥҥи кэмҥэ оҕону урбаан эйгэтигэр сыһыарар ордук туһалаах диэн быһаарар. Ол иһин Арассыыйаҕа ситиһиилээхтик үлэлиир Урбаан баабырыкатын Саха сиринээҕи оскуолатын салайан үлэлэтэр. Кинини кытта кэпсэтиэҕиҥ.

WhatsApp Image 2024 11 04 at 15.39.20

– Игорь Григорьевич, бу оҕолорго аналлаах Урбаан оскуолатын туох санааттан тэрийдигит?

– Биһиги оскуолабыт «Фабрика предпринимательства» диэн Москуба, Санкт-Петербург, Новосибирскай, Казань куораттарыгар алтыс сылын ситиһиилээхтик үлэлиир бырайыак биир саҥа салаата буолар. Оскуола үөрэтэр барылын РФ Экэниэмикэ министиэристибэтэ аккредитациялаабыта. Ону биһиги арыый уларытан, эбии аангылыйа уонна кытай тылларын үөрэтиини киллэрэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлэтэн эрэбит. Онон судаарыстыбаннай үөрэх тиһигэр киирбит буолан, биһиги оскуолабытын бүтэрээччилэр үөрэххэ туттарсалларыгар эбии баал ааҕыллар.

– Тыый, олус үчүгэй эбит дии. Дьэ, оскуолаҕытыгар чопчу тугу үөрэтэҕитий?

– Үөрэхпит 80 %-на – быраактыка, 20 %-на түөрүйэ дьарыктарыттан турар. Тоҕо диэтэххэ, сүрүн сорукпут – оҕону атыылыырга үөрэтэн дохуокка таһаарыы. Ол иһин, бастатан туран, аныгы урбаан эйгэтигэр хайаан да ирдэнэр үп-харчы туһунан билиини (финансовая грамотность) биэрэбит. Манна үбү-харчыны кичэйэн ааҕыы, торумнааһын уонна сөпкө туһаныы киирэр. Ону сэргэ билигин Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга киэҥник туттуллар улахан маркетплейстары (атыылыыр былаһааккалары) туһанарга үөрэтэбит. Быһаччы эттэххэ, оҕолор Кытайтан табаар сакаастаан аҕалтаран атыылыыр кыахтаналлар. Манна сыһыаран, Арассыыйаҕа маркетплейсынан 10 мөл. солк. сууманы эргитэр оҕолор бааллар. Ол эбэтэр, кинилэр ыраас дохуоттара 3 мөл. буолар. Биһиги эмиэ итинник оҕолору иитэн таһаарыахтаахпыт. Москуба оҕото сатыырын биһиги оҕолорбут тоҕо сатыахтара суоҕай? Дьиҥэр, кыахтара биир эбээт. Биир куйаар ситимин туһанар буоллахтара.

– Тоҕо бэрдэй... Оннооҕор биһиги сатаабаппыт дии. Тылы билбэт буоламмыт, ол маркетплейстары арыйан да көрбөппүт.

– Ол иһин оҕолорго аангылыйа уонна кытай тылын үөрэтэбит.  Ордук кэпсэтии уонна атыы-эргиэн тылын билиигэ болҕойобут. Оҕолор, тас дойдуттан кэлии учууталлары кытта ити тыллары түргэнник баһылаан, Кытай маркетплейстарыттан бастакы сакаастарын оҥорон, иккис ыйдарыгар бастакы харчыларын өлөрөр кыахтаналлар. Атыылыыр сатабылы үөрэтиигэ, бэлэми атыылаһан ыларга эрэ буолбакка, бэйэ оҥорон таһаарбыт табаарын тарҕатарга эмиэ үөрэтэбит.  Ол туһугар оҕо табаарын эбэтэр өҥөтүн сатаан көрдөрө үөрэниэхтээх.   

– Ол аата, табаарын угуйугун кыайыахтаах буоллаҕа?

– Оннук. Эрэкэлээмэ туһунан өйдөбүллээх буолуохтаах. Ол иһин үөрэхпит барылыгар SMM уонна МАРКЕТИНГ олуктарын үөрэтэр биридимиэттэр бааллар. Манна даҕатан, нейроситим (искусственнай интеллект) кыаҕын туһанарга үөрэтэрбитин бэлиэтээн этэбин. Бу аныгы киһи олоҕун олус чэпчэтэр технология билигин атыы-эргиэн эйгэтигэр киэҥник туттуллар. Нейроситим көмөтүнэн атыылыыр тиэкистэри суруйаллар, видеороликтары таҥаллар, оннооҕор ойуулуктары оҥорон таһаараллар. Эн тугу баҕараргын өйдүүрүҥ уонна суруйарыҥ эрэ наада.

– Итини барытын хайдах үөрэтэҕит? Сорох оҕолор бэйэлэрин да туһунан сатаан кэпсээбэттэр дии.

– Урбаан эйгэтигэр киһи тус хаачыстыбата, толкуйдуур уонна саҥарар дьоҕура олус суолталаах. Ол иһин оҕолорго инникитин олус туһалаах универсальнай хаачыстыбалары эмиэ сайыннарабыт. Ол курдук, элбэх киһи иннигэр толлубакка саҥарарга, дьону кытта биир тылы буларга, бэйэ уратытын сатаан көрдөрөргө үөрэтэбит. Манна ситиһиилээх урбаанньыттар туохтан саҕалаабыттарын, туох сыыһаны оҥорбуттарын, уустук балаһыанньаны хайдах туораабыттарын, ситиһиигэ тугу гынан кэлбиттэрин туһунан кэпсэтии олус туһалаах. Холобура, бу соторутааҕыта ыыппыт сэттэ күннээх лааҕырбытыгар «Газпромбаан» дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Лугинов бааннар көрүҥнэрин, үлэлэрин-хамнастарын, үбү-харчыны сөпкө туһаныы, кирэдьиит, уурунуу туһунан кэпсээн барбыта. Өссө урбаанньыт оҕолор түмсүүлэрин (сообществоларын) тэрийэбит. Кинилэр манна киирэн санаа атастаһаллар, саҥа идиэйэни этэллэр. Бу инникитин оҕо хайа баҕарар эйгэҕэ ситиһиилээх буоларыгар олук буолуо.

– Нэдиэлэҕэ хас чаас уонна хайдах үөрэнэллэрий?

– Нэдиэлэҕэ үс күн аҕыс чаас үөрэтэр санаалаах этибит даҕаны, оҕолор иккитэ кэлэн баралларын ордороллор эбит. Онон, икки күн түөртүү чаас үөрэтэр буоллубут. Итинтэн алта чааһа – урбааны, икки чааһа тыллары үөрэтиигэ ананар. Иккис симиэнэттэн үөрэнээччилэри – 09.00 чаастан, бастакы симиэнэттэн 14.30 чаастан үөрэтэбит.

– Хайа баҕарар оскуолаҕа бастыҥ үөрэнээччилэр ситиһиилэрин тугунан эмэ бэлиэтииллэр. Эһиэхэ оннук баар дуо?

– Бэлиэтээн бөҕө буоллаҕа. Бырайыакпыт салайааччыта Матрена Кушкирина – олус улахан уопуттаах урбаанньыт. Билигин Кытайга Кантонскай быыстапкаҕа идиэйэ хомуйса сылдьар. Аны саас кулун тутарга бастыҥ оҕолорбутун ити быыстапкаҕа илдьэ барарга сүбэлэспиппит. Быһаарар буоллахха, бу – аан дойдуга урбаан эйгэтигэр саамай улахан быыстапка. Манна саҥа тахсыбыт табаары, ноу-хаулары көрдөрөллөр. Ону тэҥэ атыылаһааччы уонна атыыһыт сирэй көрсөн илии тутуһар, дуогабардаһар эбэтэр тута атыылаһан кэлэр сирэ. Саха сириттэн итиннэ элбэх урбаанньыт сылдьар.

– Уопсайынан, оҕолорбут Кытай диэки хайыһаллара ордук тоҕоостоох курдук буолла дуо?

– Сөпкө бэлиэтиигин. Кытай билигин аан дойдуну барытын кэриэтэ иитэн-аһатан олорор. Табаара мэлдьи сонун, сыаната чэпчэки. Атыы-эргиэн барыта кэриэтэ Кытайы кытта ситимнээх. Барыта онтон кэлэр уонна биһигинэн ааһар. Аны Кытайтан саамай чугас олоробут. Инники биэс уон сылга, анаарааччылар да этэллэринэн, бэйэм да толкуйбунан, Кытайы кытта  сибээс син биир күүстээх буолуоҕа. Ол иһин биһиэхэ атыыга-эргиэҥҥэ билиилээх элбэх исписэлиис наада. Билэргит курдук, кытай диэн сүрдээх улаҕалаах өйдөөх омук. Онон оҕолорбутун кытайдыы сөпкө быһаарсарга, албыннаппакка эргинэргэ үөрэтиэхтээхпит. 

– Оҕолору урбаан тиэмэтигэр кимнээх үөрэтэллэрий?

– Преподавателлэрбит бары педагог үөрэхтээхтэр уонна уопуттаахтар. Онно эбии “Урбаан баабырыкатыгар” аккредитация аастылар. 9-тан 17-гэр диэри саастаах оҕолору түөрт үктэлгэ арааран үөрэтиэхтэрэ. Үктэл тоҕус ый салҕанар. 9 сааһыгар кэлбит оҕо түөрт үктэли барытын ааһыан сөп. Тус бэйэм уопсай үөрэхтээһин эйгэтигэр 16 сыл үлэлээбит педагогпун, аангылыйа уонна кытай тылын исписэлииһэбин, салайар үлэҕэ эмиэ улахан уопуттаахпын. Бырайыак салайааччыта Матрена Егоровна бэйэтинэн кэлэн урбаан ымпыгын-чымпыгын үөрэтэр. Кини оҕо да, улахан да киһи дьоҕурун таба көрөн көҕүлүүр, арыйар, сирдиир ураты талааннаах.

WhatsApp Image 2024 11 04 at 16.44.36

– Төлөбүрэ төһөнүй? Сэрэйдэххэ, ботуччу соҕус буолуо.

– Бастаан иһиттэххэ, оннук санаа үөскүүр. Ол эрээри үөрэх сыанатын толуйар. Инники эппитим курдук, оҕолору түргэнник дохуот киллэрэргэ үөрэтэр соруктаахпыт. Этэргэ дылы, биһиги оҕоҕо «балыгы тутан биэрбэппит, балыгы тутарга үөрэтэбит». Оттон оҕо уонна төрөппүт өлөрбүт харчыларын хайдах туһаналларын бэйэлэрэ быһаараллар. Баҕар, үөрэхтэрин төлүөхтэрэ, баҕар, атыҥҥа ыытыахтара. Төрөппүт кыттыыта хайаан да баар буолар.

– Төһө оҕону ылар санаалааххытый? Үөрэх хаһан саҕаланар?

– Биир бөлөххө 15-тии оҕо үөрэниэхтээх. Манна күҥҥэ 200 тиийэ оҕону икки симиэнэнэн үөрэтэр кыахтаахпыт. Бастакынан суруйтарбыт оҕолору күн сарсын үөрэппитинэн бараары олоробут. Кинилэр ортолоругар хайыы сахха тус дьарыктаах, социальнай ситимнэрдээх, сурутааччылардаах, атыылыыр оҕолор эмиэ бааллар. Кинилэр кимтэн да, туохтан да тутулуга суох туруктаах олоххо хардыылаатылар.

– Игорь Григорьевич, Сахабыт сирин ыччата инники сайдыытыгар олус туһалаах уонна кэскиллээх оскуоланы арыйбыккыт. Эһиэхэ үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

Сэһэргэстэ КҮНДЭЛИ. 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар