Киир

Киир

М.Е. Николаев биир соратнига, уруккута СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Ил Түмэнигэр үлэлээбит, улууска баһылыктаабыт элбэх уопуттаах, билигин биэнсийэлээхтэр баартыйаларын СӨ салаатын салайааччыта, СӨ Ытык Сүбэтин чилиэнэ Ю.А. Михайлов: “Биһиги чөмчөкөлөрбүт “Кликра сокуонун” уларыта сатаан тугу эмэ эппит, көннөрбүт киһи эрэ диэн толкуйга охтон, өйдөрө-санаалара халтайга барар. Тиһэҕэр тыабыт сирин ити бэйэлээх бэйэбит өйдөөх дьоммут мунан-тэнэн, букатын эһииһилэр”, – диэн соһутта.

Ол эрээри ааспыт олохпут мадьыалларын перфокарталарын биир-биир үрүт-үрдүлэригэр ууран көрдөххө, бэл, федеральнай сокуон да барылыгар кини бастаан бэйэни салайыы экэниэмикэтин төрдө оҥоһуллуохтаах диирэ суох. “Эс, ама, оннук буоллаҕай?” диэххэ сөп да, бастаан Юрий Антоновиһы истиэҕиҥ.

Бэйэбитин салайыммыппытын умуннубут

– Сэбиэскэй иннинээҕи устуоруйабыт бэрт  былыргыттан сахалар бэйэбитин бэйэбит салайан кэлбиппитин кэпсиир. Алааһынан, түөлбэнэн олорор дьоҥҥо ким да үөһэттэн “ону гыныҥ, маны гыныҥ” диэн эппэтэ. Бэйэбит аспытын-үөлбүтүн, сирбитин-уоппутун көрөн, дьаһанан олордохпут дии. Ол, дьэ, дьиҥнээх бэйэни салайыныы этэ. Онтон сэбиэскэй былаас кэлэр– холкуостааһын, түмүү бөҕө буолар. Сэбиэскэй былаас бука барыларын улахан нэһилиэктэргэ мунньан, кииннээн, муспут дьонун күүһүн, тиэхиньикэни туһанан, былыргыттан атын, үөһэттэн салаллар  систиэмэни тэрийэн, 70-тан тахса сыл үлэлээн кэлбиппит. Хаһан баҕарар олох төрдө производство буолар. Урут саха киһитэ алааска бэйэтин эрэ толкуйунан астанан, дьаһанан олорбут буоллаҕына, ССРС кэмигэр үөһэттэн ыйыы, көмө сопхуостарынан бэриллэн, дьон үчүгэйдик олорбуттара.  Ити сылларга бэйэтин бэйэтэ дьаһанан олорботох, салалта ыйыытынан, уопсай күүс буола сылдьыбыт, өбүгэ бэйэтин салайбыт уопутун төрүт умнубут саҥа көлүөнэ үөскээбитэ.

Сэбиэскэй былаас тиһэх сылларыгар салайыыны, судаарыстыба баайын аһара кииннээһин сыыһата көстүбүтэ. “Судаарыстыба моонньо суон” диэн өй-санаа киирэн, дьон ис-иһиттэн баҕаран, бу  биһиги баайбыт диэбэккэ, суолтатыгар эрэ үлэлиир буолбуттара. 90-с сылларга уларыйыы-тэлэрийии, тыаҕа сопхуостар ыһыллыылара буолар. “Бааһынайдар, чааһынайдар саҥа экэниэмикэни тэрийэн,  биһигини быыһыахтара” диэн, ааспыт былааска мунньуллубут баай-дуол бука барыта ыһыллан хаалар. Ол саҕана бааһынайга “барыҥ” эрэ дииллэрэ, ол бырассыаһы тэрийии, тэрээһинин ыытыы суоҕа. Киһи барыта бааһынайдыы барар өйдөөх-санаалаах уонна кыахтаах буолбатаҕа. Дьон сороҕо “бу сопхуос баайыттан аҕыйах сүөһүнү ыламмын туһаныам”, сорох “бааһынай буоламмын, производство тэрийиэм, байыам” дии саныыра.

– Чахчы, оннук бэлэмнэнии дойду үрдүнэн да барбатаҕа, бары баайы эрэ үллэстии ухханыгар охтубуттара...

– Ким да бэлэмнэммэтэх, ким да бэлэмнээбэтэх, үөрэппэтэх буолан, элбэх сүөһү сонно өлөр. Баай суох буолар, тиэхиньикэ ыһыллар. Ол кэнниттэн балай эмэ буолан баран, олохтоох бэйэни салайыныы киирэр.

Үбэ суох бэйэҕин кыайан салайыммаккын

– Сэбиэскэй былаас үөһэттэн алларааҥҥа тиийэ салаллар биир тиһигин тохтоппуттара. Дьон хараҕар 90-стар ыһыллыылара салгыы барар: нэһилиэк бэйэтэ туспа былаас, оройуон эмиэ бэйэтэ, судаарыстыбаннай былаас өрөспүүбүлүкэнэн бүтэр. Улуус, нэһилиэк бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһаныахтаахтар. Бэйэни дьаһанарга аан бастаан үп наада. Сорох кыра нэһилиэккэ дохуота бүддьүөтүн 6 % эрэ, арыый кыахтаахтар 10% тахса. Улахан улуустар 50-ча бырыһыаҥҥа эрэ тиийэллэр. Онон бары үөһэттэн кэлэр үбү, датаассыйаны манаан олороллор. Арай биир эмэ бырамыысыланнай оройуоннар дохуоттара улахан, син тугу эмэ дьаһаныахтарын сөп. Ити судаарыстыбаны ситэтэ суох, толкуйдамматах бэйэни салайыыга ыытыы тахсыбытын көрдөрөр.

Бэйэни салайыныыга ыытарга, бастаан нолуок систиэмэтин судаарыстыба үрдүнэн толкуйдаан уларытыллыахтаах. Хомуллубут үптэн судаарыстыба наадатыгар: үөһээ салалта баар буоларыгар, аармыйаҕа, улахан уопсай бырагыраамаларга эрэ ааҕан-суоттаан  ылыахтаахтар. Онтон ордуга өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска, нэһилиэккэ наарданан хаалыахтаах. Биһиэхэ нолуок систиэмэтэ бэйэни салайыыга эппиэттиир гына  уларыйбакка, уруккутун курдук бука барытын кииҥҥэ мунньара хаалбыта. Ол түмүгэр бэйэни салайыы уорганнара боломуочуйалаахтар, оттон ону толорор үптэрэ суох.

Үөһэттэн бэриллэр датаассыйанан ол боломуочуйа толоруллубат дуо?

– Ситэ кэлбэт. Нэһилиэктэр кыһалҕаларын барытын үөһэттэн хайдах да учуоттаабаккын, кыаллыбат. Онон 2000-с сылларга саҕаламмыт олохтоох бэйэни салайыныы ситэри киирбэтэх сүрүн биричиинэтэ – үбэ суоҕа. Онтон нолуок аллара мунньуллара буоллар, барыта учуоттаныа этэ. Нэһилиэк, улуус баһылыктара, нэһилиэнньэ, производство тэриллэн, үлэ миэстэтэ элбээн, нолуок киириитигэр интэриэстэниэ этилэр. Элбэх нолуок аллара бэриллэр буоллаҕына эрэ, дьиҥнээх, олохтоох бэйэни салайыы баар буолуо этэ.

“Билиҥҥи олохтоох бэйэни салайыы  туһата тугуй?” диэтэххэ, төһөтүн да иһин, “бэйэҕитин бэйэҕит салайыҥ” диэн, этэргэ дылы, луоһун курдук эрэ. Ол эрээри үлэлиир баһылыкка эппиэтинэс, боломуочуйа биэрэр, көххүтүн көрдөрүҥ диир. Үчүгэй баһылык олохтоох кыһалҕаны быһаарыыга “бэйэм толоруохтаахпын” диэн, үп көрдүү, дьонун түмэ сатыыр. Бэйэни салайыы “бэйэбит дьаһанабыт, бэйэбит оҥоруохтаахпыт” диэн көҕүлээһинигэр М.Николаев баарыгар тэнийбит “Үтүө дьыала” хамсааһынын холобурдуохха сөп. М.Николаев өссө сопхуостар ыһыллар кэмнэригэр баһылыктарга “үлэ миэстэтэин таһаарыҥ” диэн ирдэбил, сорудах туруорара. Ол сүтэн хаалла. “Үлэ миэстэтин таһаарыҥ” диэн, баһылыктарга ыйыы, сорудах биэрии суох.

Арҕаалары үтүктэр сэрэхтээх

– Бэйэни салайыыга киирэргэ “Европа хартията” дии-дии, сокуон курдук этэллэрэ. Мин ол хартияны көрбүтүм. Онно хайаан да “олохтоох бэйэни салайыныыга барыахтааххыт” диэн модьуйар суоҕа, арай сигэнии эрэ баар. Оччолорго арҕаа дойдуларынан ымсыырдаллара. “Бэйэлэрин бэйэлэрэ салайан, сайдыы бөҕөтө” дииллэрэ. Дьиҥэ, хайдаҕый? Олорор сирдэрэ кыра, килиимэттэрэ үчүгэй, былыр-былыргыттан быстыбакка хаһаайыстыбаларын тэринэн, барытын оҥостон, салайынан кэлбит, устуоруйа кинилэргэ олохтоох салайыныыны хааннарыгар киллэрбит үгэстээхтэрэ. Оннук былыр төрүттэммит бэрээдэгинэн, туох да уларыйбакка, күн бүгүнүгэр диэри олороллор. Биһиэнэ бэйэни салайыы кытта үөһэттэн соҥнонор. Сүрдээх үчүгэйдик кииннэнэн салаллыбыт сэбиэскэй систиэмэни алдьатан баран, Ельцин “сүбэрэнитиэти төһөнү баҕарбыккытынан ылыҥ” диэбитин курдук, “бэйэҕитин төһө баҕарар салайыҥ” диэн хамаанда биэрэллэр. Мин арҕаалар биһиэхэ либэрээллэринэн ити толкуйа суох бэйэни салайыыны киллэрэн, Арассыыйаны ССРС курдук ыһа сатыыр албастара  диэн куттана саныыбын. Холобур, нэһилиэк “бэйэбин бэйэм бас билэбин, улуус баһылыга миэхэ ыйаах буолбатах” диир. Улуус баһылыга эмиэ туспа былаас, “өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар бас бэриммэппин” диэн эмиэ сөп. Ол ухханыгар урут бырамыысыланнай оройуоннар арахса сатаабыттаахтар.

Норуот бэйэни салайыныыга наадыйар дуо?

– Аллараттан көннөрү дьонтон бэйэни салайыныыны өссө сайыннарыахха, тупсарыахха, маннык гыныахха диэн ким эмэ туруорсар дуо? Суох. Онон Клишас-Крашенинников сокуоннара үөһэттэн соҥнонор олох сыыһа сокуон дии саныыбын. Арҕаалартан “аны маннык киллэриҥ, Арассыыйаны өссө ыһыаххайыҥ” диэн ускайдааһын баар быһыылаах. Хаһан да билбэтэх, өйдөммөт уокуруктарга олоро түһээри гынабыт. Ким эмэ ити уокурук диэннэрэ хайдах буолуохтааҕын, хайдах тэриллэн үлэлиэхтээҕин, ким тэрийиэхтээҕин өйдүүр дуо? “Улуус биир уокурук буолар” дииллэр. Хас да нэһилиэк түмсэн биир уокурук буолуон сөп. Ону биһиэннэрэ толкуй ылан, “урукку сопхуостар чэрчилэринэн уокурук буолуоххайыҥ” диэн бастарын сынньа аҕай  сылдьаллар. Ким да билбэтэх саҥа административнай эдьинииссэни киллэрии дьон санаатын соруйан булкуйууга майгынныыр. Ол түмүгэр дьон олохтоох бэйэни салайыыны төрдүттэн көрөн сааһылыыр оннугар “Кликра сокуонугар” ханнык тылы уларытар, тугу көннөрөр эрэ өттүгэр оҕуттулар. Ол туһунан Ил Түмэҥҥэ толкуйдууллар, араас былаһааккаҕа “өйдөөх баҕайы” дьүүллэһии бөҕө буолар. Ити – собус-соруйан дьон өйүн-санаатын бутуйуу, сыыһа хайысханан ыытыы.

– Хрущёв саҕанааҕы Сталин экэниэмикэтин ыһыы, бөдөҥсүйбүт совнархозтары эҥин тэрийии, кукурузаны олордууну санатар курдук эбит диэххэ сөп...

– Оннук, ити сокуон киирэр түгэнигэр ыһыллыы өссө дириҥиир кутталлаах. Дьүүллэһиигэ тохтоотоххо, В.С. Поскачин “нэһилиэктэринэн тутан хаалыахха” диэн сөпкө этэр. Уокурук киирдэҕинэ, административнай-территориальнай үллэһикпит хайдах буолар? Улуустар, нэһилиэктэр билиҥҥитэ сокуоннай субъект буолаллар. Олору суох гыннахха, бутуур өссө элбиэ. Онон ити сокуону булгуччу тохтотторуохха наада.

Билигин төбөбүтүн хайдах производствоны нэһилиэктэргэ тэрийэн үптэнэр, үлэ миэстэтэ таһаарар төрүттэрин оҥорууга сынньыахпытын наада. “Тыа сирэ – норуот дьылҕата” диэн И.И. Шамаев тэрийэн ыыппыт пуорумугар сылдьыбытым. Саха тыа сиригэр үөскээбитэ. Ол симэлийдэ да, саха омук эмиэ эстэн барар. Олох төрдө, ас-үөл тыа сиригэр оҥоһуллар. Билигин саҥа технологиялар киирэннэр, оннооҕор эти ньиэптэн оҥороллор. Куоракка ньиэп эти сиэн төһө доруобай буоларбыт биллибэт. Тыаҕа производство суох буолан иһэр, ити ыһыллыы-тоҕуллуу тохтуу илигин көрдөрөр. Производство, хамнас суох буолла да, ыччат тугу гынаары нэһилиэккэ олоруоҕай? Мин Бүлүүгэ баһылыктаан олорон, сопхуостар ыһыллалларыгар “ыһыллар кэмнэрэ кэлбит” диэн өйдөөбүтүм. Сопхуос дириэктэрдэриттэн «ким да сопхуоһу хаалларыаҕыҥ” диэн эппэтэ. “Дьон үлэлээбэт буолла, ыһыллар эрэ санаалаахтар” дииллэрэ. Ол гынан баран нэһилиэккэ хаһаайыстыба хаалыахтаах, сопхуос ыһыллан, судаарыстыба баайа билигин нэһилиэккэ олорор дьон баайдара буолан хаалыахтаах диэн толкуйдуур этим. “Эһиги бэйэҕит баайгыт буолла, бу баай туһугар үлэлээтэххитинэ, хаҥаттаххытына, олоххут баар буолуо” диэн этэрим. Бүлүүгэ, хомойуох иһин, кылгастык, 1992–94 сс., 2,5 сыл курдук  баһылыктаабытым. Нэһилиэктэргэ кэлэктиибинэй хаһаайыстыбалары хааллара сатаабыппыт. Онтон сыккырыыр тыыннара ордон, бүгүн араас көрүҥнэнэн, кэлэктиибинэй хаһаайыстыба 8 нэһилиэккэ баар. Этэргэ дылы, үчүгэй көмөтө суох хайдах үлэлиэххиний?

Онон тыа сиригэр дьон күүһүн түмэн үлэ миэстэтин тэрийдэххэ, оччоҕо тыа сирэ, нэһилиэктэр тиллиэхтэрэ. Оччоҕо бэйэни салайыы баар буолуо.  Хомойуох иһин, нэһилиэк үбүн төрдүн оҥорорго улахан толкуй билигин тахса илик.

– Ол оннугар чөмчөкөлөрбүт сүрдээх өйдөөх баҕайытык туттан “Кликра сокуонун хайыыбыт?” диэн толкуйдуу сатаан эрэйи көрөллөр.

 Тыа сирэ сайдара – судаарыстыба интэриэһэ

– Улахан күүс дьону түмнэххэ тахсар. Урукку холкуостааһын ньыматынан түммэккин. Дьону интэриэстиэххэ наада дии саныыбын. Билигин дьон кырдьан, сүөһүлэрин кыайан көрбөккө, сүүскэ биэрэ тураллар. Ону сүөһүлэрин судаарыстыба үчүгэй соҕус сыанаҕа тэрээһиннээх  хаһаайыстыбаларга,  сайда сатаан  сүөһү көрдүүр б/х атыылаһан, иитиҥ диэн биэриэн сөбө. Үгүөрү соҕус үбү биэрдэххэ, элбэх сүөһү быыһаныа этэ. Итиниэхэ бырабыыталыстыбабыт тыа сиригэр биир да сүөһүнү өлөртөрбөт бырагыраама ылан, сүөһүтүн эһээри гыммыт дьонтон атыылаһан ылар бэрээдэги тэрийэрэ наада. Дьон идэһэ гыналларыгар өлөрдүннэр, төрүүр ынаҕы эспэтиннэр эрэ. Судаарыстыба билигин үчүгэйдик үлэлии олорор бааһынайдар, тэрилтэлэр тула дьону түмүөн наада. Бу хамсааһыҥҥа судаарыстыба бэйэтэ көҕүлүүр күүс, мэхэньиисим оҥорон, олоххо киллэрээччи буолуон наада. Бүтэйдии “биһиги мэхэньиисим оҥорбуппут, эһиги бэйэҕит тэриниҥ” диэн бүтэн хаалыа суохтаах. Луоһунунан муҥурдаммакка, толкуйдаах тэрийэр үлэ атаҕар туруохтаах. Судаарыстыба тэрийбэтэ, хонтуруоллаабата да, туох да бырагыраама, мэхэньиисим үлэлээбэт.

Билигин итиннэ биһиги ыһыллыы кэнниттэн “төннүбэт туочуканы” (точка невозврата) аастыбыт дуу диэн дьиксиниэх санаам киирэр. Дьон өйө-санаата букатын куорат диэки хайыһан хаалла. Дьокуускайга дьиэни тыа дьоно үйэлээх саастарыгар иэс хабалатыгар киирэртэн кэрэйбэккэ ылаллар.

Онон тутууну норуот туһугар барар диир уустук. Чааһынай кыбартыыралары тутууга судаарыстыба да сыһыана суох. Куорат таас дьиэлэрин чааһынай тэрилтэлэр элбэх барыс ылаары үрдүк сыанаҕа туталлар. Дьон тыа сиригэр хааларыгар букатын да кыһаллыбаттар. Оттон дьон тыа сиригэр хаалара – судаарыстыба соруга, интэриэһэ. Дьиҥинэн, былаас куоракка тутууну тохтотуохтаах. Тутааччыларга “эһиги тыаҕа тахсан, бачча киһи олорор дьиэлэрин тутуҥ” диэхтээх. Дьэ, онно дьон кирэдьиит ыллыннар. Олохтоох былаас тыаҕа хаалаары дьиэ ылбыт дьоҥҥо үлэ миэстэтин тэрийэргэ үлэлиэхтээх. Манна үчүгэй дьиэлээх-уоттаах киһи бэйэтэ да тыа сиригэр тугу үлэлиирин толкуйдуо этэ.

– Тыаҕа таас дьиэ туттахха, Ил Түмэн бүддьүөттэн хомунаалынайы чэпчэтэргэ харчы көрүө дуо?

–  Ол иһин этэбин: өрөспүүбүлүкэ салалтата “тыа сирин хайдах хаалларабыт, туох производствоны тэрийэн дьону хайдах хамнастыыбыт?” диэн толкуйдуохтаах. Тыа сирин дьиэлэрэ барыта толору хааччыллыылаах, аныгылыы буолуохтаахтарыгар тиийэ былаас бырагыраама оҥорон толкуйдуохтаах. Тыаҕа олорор дьон толкуйдуу, баҕара сатаабыттарын иһин, судаарыстыба курдук кыахтара суох. Аан бастаан нолуок систиэмэтэ уларыйыахтаах. Тыаҕа үп дьон олоҕун төрдүн – производствоны – тэрийиигэ үчүгэйдик бэриллиэхтээх диэн тосхоллоох буолуохтаах. Үлэни судаарыстыба кыраҕы хонтуруоллаах тэрийэр буоллаҕына, дьон итэҕэйэн үлэлиэхтэрин сөп. Билигин тугуй? Биһиги кэннинээҕи баһылыктар бүддьүөтү эрэ көрөн баран олороллор. Нэһилиэк баһылыктара билэллэрэ эрэ – оскуола. Производствоҕа, үлэ миэстэтин тэрийиигэ кыһамматтар. Сэбиэскэй кэмҥэ, үлэ тэрээһинэ нэһилиэккэ тиийэ барыта үөһэттэн толкуйданан түһэринэн үчүгэй систиэмэ этэ. Ыһыллан хаалбыт үчүгэй уопуту билиҥҥи усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэрэн көннөрөр кыах баар.

Владимир Степанов.

Бүтэһик сонуннар