Киир

Киир

"Фоминнар хортуоппуйдара, чахчы, олус минньигэс” дииллэрин хас да киһиттэн түбэһэ истибитим. Ол иһигэр: “Фоминнар хортуоппуй үүннэрэн, улаханнык абырыыллар. Сибиэһэй, иҥэмтэлээх бэйэ үүннэриитэ хортуоппуйу кыһыннары сиэн мотуйа олоробут”, – диэн астынан кэпсээччилэр эмиэ бааллар.

Налыы хочо айылҕалаах, туруу үлэһит дьонноох Амма улууһугар Александр Фомин салайааччылаах бааһынай хаһаайыстыба хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыгырбыта эһиил хайыы үйэ 15 сыла буолар. Александр Константинович үлэҕэ күүстээх дьаныарынан тыа хаһаайыстыбатын курдук сыраны-сылбаны ылар уустук салааҕа салайар-тэрийэр дьоҕурдаах, ону ааһан бэйэтэ эмиэ туруу үлэһит киһи буолан хаһаайыстыбатын балай эмэ улаатыннарда-кэҥэттэ. 

Маҥнай биир гааттан саҕалаабыт эбит буоллаҕына, билигин 65 гектартан үүнүүнү ылар. Ити курдук, Амма Сэргэ Бэһигэр Фоминнар күргүөмнээх үлэ үөһүгэр олороллор. 

0d02103a eabb 444e b923 28903aa361c9

– Александр Константинович, быйылгы үүнүүгүт хайдаҕый?

– Быйылгы үүнүүбүтүн ортонон сыаналыыбын. Уопсайынан, Саха сиригэр быйыл хортуоппуй дьыла буолбатах. Күһүммүт ардахтаах буолан, хомуурга мэһэйдээн ылла. Ону ол диэбэккэ, былааннаммыт үлэбитин барытын ситиһэн олоробут. Хортуоппуйбутун Аммаҕа, Чурапчыга атыылыыбыт. Чааһынай тэрилтэлэри кытта үлэлэһэбит. Атын оҕуруот аһын кыралаан эмиэ олордобут.

– Хортуоппуй сыаната төһө буолла?

– Былырыын киилэтэ 60 солкуобайтан саҕалаан атыыланар этэ. Быйыл 65 солк. тахса сыаналаах. Хортуоппуй атыыта саамай үгэннээн турар кэмигэр кыратык түһүөн сөп. Ол эрээри кыһыҥҥы да өттүгэр сыана улаханнык хамсыа суоҕа. Биһиги хортуоппуйбутун барытын анал тэрилинэн ыраастаан баран атыыга таһаарабыт.

550cbd41 164a 450c 9c64 09d51ab9fff6

– Дьон төһө атыылаһарый? Сибиэһэй хортуоппуйу саас төһө өргө диэри атыылыыгытый?

– Биһиги Саха сиригэр оҕуруот аһын үүннэриитин ырыынагар киирбиппит балай эмэ кэм буолла. Чопчулаатахха, 2010 сылтан дьарыгырабыт. Уопуттаах хаһаайыстыба буоларбыт быһыытынан, бу сыллар тухары ырыынагы кэтээн-ырытан билэбит. Төһө хортуоппуй атыыга барыан, төһө үүнүүнү ылыахха, ону хайдах ньыманан атыылыахха сөбүн быһаарсабыт. Дьоҥҥо табыгастаах буоларын туһугар саас кулун тутар ортотугар диэри сибиэһэй хортуоппуйу атыылыыбыт. Дьиэҕэ уһуннук харайан туруорар табыгаһа суох. Аны сатаан харайбатахха, буорту буолуон эҥин сөп, ол иһин аҕыйах сыллааҕыта хортуоппуй харайарга аналлаах тутууну үлэҕэ киллэрбиппит. Бу ыскылааты туттарбытыгар куонкурус бөҕөнү ааспыппыт. Хортуоппуйу харайар микроклиматы тутар аныгылыы технологиянан таҥыллыбыт тутуубут хаһаайыстыбабыт сайдыытын биир кэрдиис кэмин курдук сыаналыахха сөп. Нэһилиэнньэҕэ хаачыстыбалаах бородууксуйаны атыылыырбытыгар улаханнык көмөлөһөр.

– Ханнык суортары үүннэрэҕитий? Кэлии хортуоппуйтан бэйэ киэнэ, этэргэ дылы, амтанныын ураты буоллаҕа.

– Быйыл үс суорт хортуоппуйу олордубуппут. Ол курдук, Омскай уобалаһыттан 50 туонна “Розара” хортуоппуй бастыҥ суордун, ону сэргэ Татарстан Казань куоратыттан эмиэ 50 туонна “Розара“ суорду аҕалбыппыт. Итиннэ эбии 70-тан тахса туонна бэйэбит “Гала” уонна “Тулунскай” суорпут бааллара. Бу суортары саха дьоно сөбүлүүллэр, кээмэйдэрэ балай эмэ улахан. Биһиги, тыйыс усулуобуйалаах дойдуга олорор дьон, соҕуруу дойдулар курдук өлгөм үүнүүнү ылбаппыт. Ол эрээри хаачыстыбабыт ордук. Соҕуруу хортуоппуйу, уопсайынан, оҕуруот аһын буулуур араас үөн-көйүүр олус элбэх. Олору суох гынаары эми куталлар. Бородууксуйабыт хаачыстыбатын быһаарарга кэмиттэн кэмигэр мэлдьи анаалыс туттарабыт. Онно көрдөххө, Саха сиригэр үүнэр хорпуоппуй нитрата кэлиилэрдээҕэр хас эмэ төгүл кыра буолар, суоҕун да тэҥэ.

Бу сайын төһө да хортуоппуй дьыла буолбатар, хаһаайыстыбабытыгар үлэ күргүөмнээхтик барда. Былааннаммыппыт курдук, бэс ыйын 1 күнүгэр ыһыыбытын саҕалаабыппыт. Бастаан үүннэрэрбитигэр барыта илии үлэтэ этэ. Билигин тиэхиньикэҕэ көстүбүт. Быйыл бааһынаны бэлэмнииргэ алта тиэхиньикэ – икки улахан уонна түөрт дьоҕус МТЗ тыраахтар – үлэлээбитэ. Уопсайа 65–70 гектар сир оҥоһуллубута. Олордууга икки анал тиэхиньикэни туһаммыппыт. Хаһаайыстыбабытыгар олохтоох үлэһиттэри ылабыт. Ыһыы кэмигэр 6–7 буолан сылдьабыт. Билигин хаһаайыстыбатыгар 3 бастайааннай үлэһиттээхпит. Эппитим курдук, дьыл кэмиттэн көрөн үлэһиппит элбиир. Ууну ыстарарбытыгар эмиэ анал тэрили туһанабыт.

05e5fd67 02e9 4fce 8ac8 8f673e432f99

– Эһиги хаһаайыстыбаҕыт хас да улууһу сиэмэ хортуоппуйунан хааччыйар.

– Амма улууһун барытын, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ хас да улууһун сиэмэ хортуоппуйунан хааччыйабыт. Бу өттүгэр эмиэ былааннаан үлэлиибит. Эрдэ кэпсээн аһарбытым курдук, 500 туонна хортуоппуй киирэр, аныгылыы технологиянан оҥоһуллубут, бары ирдэбилгэ эппиэттиир харайар сирдээхпит. Инньэ гынан сиэмэбит хаачыстыбата үчүгэй буолар.

Быйыл 80–90 туонна сиэмэ хортуоппуйу өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар тарҕаппыппыт.

– Хаһаайыстыбаҕыт дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө үгэстэрдээҕин билэбин.

– Тэрээһиҥҥэ барытыгар кытта сатыыбыт. Кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээн үлэһиттэригэр, анал байыаннай дьайыы сулууспалаахтарын дьиэ кэргэннэригэр, соҕотох ийэлэргэ уо.д.а. хортуоппуйунан көмөлөһөбүт. 2023 сыл түмүгүнэн мөлүйүөн аҥаара суумалаах көмөнү оҥорбуппут. Быйыл халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһугар 1 туонна сиэмэ хортуоппуйу ыыппыппыт. Ону сэргэ эмиэ көмө быһыытынан Амма 1-кы №-дээх оскуолатыгар 1 туонна сиэмэ хортуоппуйу биэрбиппит. Ыһыах буоллун, атын улахан тэрээһин буоллун – барытыгар кыттыһа, көмөлөһө сатыыбыт.

2b33c95e df28 42ad 814c 85add76929fd

– Бөдөҥ хаһаайыстыбаны салайар туох уустуктааҕый?

– Бииргэ төрөөбүттэрим эмиэ хаһаайыстыбалаахтар, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэллэр. Наада буолар түгэнигэр бары күргүөмүнэн саба түһэн үлэлиибит. Ити өттүгэр биһиэхэ чэпчэки.

Ханнык баҕарар үлэҕэ курдук уустук баар. Үрүҥ ас аһылыгы, эти, оҕуруот аһын оҥорон-үүннэрэн таһаарааччы урбаанньыт эрэ буолбатах. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар киһи, бастатан туран, олоҕун укулаата атын буолар. Харчы киллэрэр эрэ туһунан толкуйдуур буолбакка, ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр дьарыга буолара наада. Онтон атын түгэнигэр кыайан элбэҕи ситиһиэ суоҕун сөп. Аны туран, олус эппиэтинэстээх үлэ. Ардыгар күүппэтэх өттүгүттэн ыксаллаах быһыыга-майгыга киириэххин, ночоотуруоххун да сөп. Инньэ гынан толкуй, суот-учуот үлэтэ, ыксаллаах кэмҥэ сөптөөх суһал быһаарыныыны ыла охсоруҥ эмиэ элбэҕи быһаарар.

Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар хаһаайыстыбалары судаарыстыба өйүүр, көмөлөһөр. Ити көмөнү сөпкө туһанан, хаһаайыстыбаны улаатыннарыахха сөп диэн санаалаахпын. Суот-учуот өттүгэр кэргэним үлэлиир.

– Инникитин туох былааннааххытый?

– Бурдук үүннэриитинэн дьарыгырыахпыт диэн былаан баар. Уопсайынан, сиргэ ылсан үлэлиир баҕалаахпын. Араас эспэримиэни боруобалыыбыт, ол курдук, сиэмэ хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыгырабыт. Бэйэбит хортуоппуйбутунан өрөспүүбүлүкэ 25 %-нын эрэ хааччыйан олоробут. Инникитин кыах баарынан өссө тэнийиэххэ сөп. Итиэннэ үлэбит-хамнаспыт сүрүн сыала диэн, сахабыт дьонун иҥэмтэлээх, сибиэһэй аһынан хааччыйар баҕалаахпыт.

Screenshot 20220304 174244 com.instagram.android

“Кэлиҥҥи сылларга хортуоппуйу олордон түбүгүрбэт буоллубут. Александр Константинович хортуоппуйу харайар улахан тутууланан, Амматын, ону ааһан Чурапчы дьонун-сэргэтин эмиэ хааччыйа олорор. Төлөпүөнүнэн сакаастаан эрэ кэбиһэбит, түргэнник тиэйэн аҕала охсоллор. Сааһырбыт дьон үөрүүбүт үгүс», – диэн Сэргэ Бэс олохтооҕо санаатын үллэстэр.


Минньигэс хортуоппуйдаах Фоминнарга өлгөм үүнүүнү баҕарабыт! Бу курдук хаһаайыстыбаҕыт сайда, улаата-кэҥии турдун!

Бэйэ кэр.