Киин куоракка уонна улуустарга Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр саҕаланнылар.
Бырааһынньык барылын сүрүн тэрээһининэн Дьокуускайга сэтинньи 4-6 күннэригэр ыытыллыахтаах Фашистары утары пуорум буолуоҕа. Ол иитинэн, сэтинньи 5 күнүгэр уопсастыбаннай тэрилтэлэр кыттыылаах төгүрүк остуол, оттон сэтинньи 6 күнүгэр пленарнай мунньах ыытыллыахтара. Пуорум үлэтинэн түмүк докумуон ылыныахтара.
Сэтинньи 1 күнүгэр Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатыра Норуот сосоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах «Кэрэ, нарын ырыалар» кэнсиэр ыытыаҕа. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарын артыыстара режиссер Сергей Потапов «В чаще» туруоруутун көрдөрүөхтэрэ.
Сэтинньи 2 күнүгэр Уопсастыбаннай киин алтыс этээһигэр (Курашов уул., 24) «У самовара» бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолуоҕа. Манна араас омук бүлүүдэлэрин быыстапката, остуол оонньуулара, маастар-кылаастар ыытыллыахтара. Муусука үрдүкү оскуолатын үөрэнээччилэрэ кэнсиэртиэхтэрэ. Бу киэһэ Нуучча дырааматын тыйаатыра А. Островскай пьесатынан «Как Миша Бальзаминов за счастьем ходил» испэктээгин көрдөрүө.
Сэтинньи 4 күнүгэр 11:00 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Многонациональная семья России» хаартыска быыстапката туруоҕа. Бу күн 12:00 чаастан киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара Роман Дмитриев аатынан кытыл үрдүн үөрүүлээхтик арыйыыга сылдьыахтарын сөп.
Күнүс 16:00 чаастан Былатыан Ойуунскай аатынан Саха Академическай тыйаатырыгар Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин уонна Илиҥҥи байыаннай уокурук вокальнай-инструментальнай ансаамбылын «Мы есть мы» кэнсиэрэ буолуоҕа.
Анал байыаннай дьайыылартан кэлбит ансаамбыл сэтинньи 6 күнүгэр 16:00 чаастан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр (Поярков уул., 4), сэтинньи 5 күнүгэр 16:00 чаастан Нам сэлиэнньэтин Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар (Илья Винокуров уул., 19) кэнсиэртиэҕэ.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата