Киир

Киир

Дьокуускайга «Сокровищница Якутии» быыстапка дьиэтигэр Саха сиригэр бастакы алмаас көстүбүтэ  75 сылыгар аналлаах «АЛРОСА – алмазная история Якутии» быыстапка түмүктэнэн эрэр. Саха сиригэр аан бастакытын көрдөрүүгэ АЛРОСА кэллиэксийэтин 60 сэдэх алмааһа турда.

Олор истэригэр ураты быһыылаах «Звезда», «Поле чудес», «Карась», «Птичка» күндү таастар уонна Саха сирин чулуу дьонун ааттарын ылбыт бөдөҥ алмаастар бааллар. Маны таһынан, АЛРОСА кэллиэксийэтиттэн сэдэх бриллианнаах киэргэллэр уонна араас сылларга кырыыламмыт үс аатырбыт бриллиант: 14,8 караттаах тэтэркэй «Призрак Розы», 20,7 караттаах мүөт өҥнөөх «Жар-птица» уонна 100 караттаах саамай бөдөҥ  «The Spectacle» репликэлэрэ турдулар.

brilliant2

Санатар буоллахха, атырдьах ыйын 7 күнүгэр аһыллыбыта. Бу күн 1949 сыллаахха Бүлүү өрүс кытылыгар Амакин эспэдииссийэтин геологтара бастакы алмааһы булбуттара. Онтон биэс сыл буолаат, 1954 сыл атырдьах ыйын  21 күнүгэр геолог Лариса Попугаева «Зарница» кимберлит туруупкатын – бастакы алмаас үөскээбит сирин булбута. Онон, устуоруйа чахчыта быйыл 70 сылын бэлиэтиир.

Бэйэ кэр.