Киир

Киир

Саха сиригэр бырамыысыланнас бөдөҥ тэрилтэлэригэр үрдүк хамнастаах оробуочай идэлэргэ наадыйыы улаатар. Олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйыыга АЛРОСА инники күөҥҥэ сылдьар. Саха сирин олохтоохторо алмаас хампаанньатыгар, атын да тэрилтэлэргэ үлэ булуналларыгар көмөлөөх “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар “Навахту.рф” диэн уопсастыбаннай хамсааһын партнер быһыытынан үлэлэспитэ хаһыс да сыла. Бэйэ төрөөбүт сиригэр үрдүк хамнастаах, санааҥ сытар үлэтин хайдах булуохха сөбүн биһиги «Навахту.рф» бырайыак көҕүлээччитэ Петр Чехордуннуун кэпсэтэбит.

Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска

Саха сирин олохтоохторо бөдөҥ хампаанньаларга үлэ булуналларыгар көмөлөһөр «Навахту.рф» хамсааһын – каадырынан хааччыллыыга биир сонун уонна туһалаах киллэрии буолар. Бырайыагы көҕүлээччи Петр Чехордун бэйэтэ эмиэ тыа сиригэр төрөөбүт-улааппыт, ол кэнниттэн алмаас бырамыысыланнаһыгар тиийиэр диэри балай да суолу тэлбит киһи. Кини билигин оҥорон таһаарыыга карьераны оҥосторго кырдьыга да олус тоҕоостоох кэм турарын бэлиэтиир:

– Бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ эбиллэллэр, ону кытта тэҥинэн оробуочай идэлээхтэргэ наадыйыы улаатар. «Мин саныахпар, ханнык бараҕар норуот үөскээһинигэр, сайдыытыгар чопчу ханнык дьарыгы кыайа-хото баһылаабыта, ылсан дьарыктанара  быһаарар оруоллаах. Төһөнөн үлэ көрүҥэ араас (тыа хаһаайыстыбата, өй үлэтэ, бырамыысыланнас) уонна онно тустаах омук бэрэстэбиитэллэрэ төһөнөн ылсан, дьаныһан туран үлэлииллэр да, оччонон дьон аныгы технологияларга түргэнник сыстар, үөрүйэхтэнэр дьоҕура үрдүүр. О.э., инникигэ дьулуһуута да күүһүрэр.

Билигин бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ биир бастакынан олохтоохтору үлэҕэ ыларга дьүккүөрдээхтэр. Бу түгэни туттумахтаһан хаалыахха, хамсаныахха. Тоҕоостоох кэми сөпкө туһанар түгэҥҥэ – сайдыыга бигэ хардыы оҥоһуллар кыахтаах.

«Навахту.рф» толоруохтаах мииссийэтэ, анала – олохтоох нэһилиэнньэ, хайа сатанарынан, үгүөрү дохуоттаах, үптээх-астаах буоларын ситиһии, дьон-сэргэ оҕо-уруу тэнитэн, ыаллар олохторо туруктаах буоларын, чөл олоҕу тутуһарын ситиһии.

Чехордун этэринэн, олохтоох уолаттары бырамыысыланнаска чугаһаппаттар диэн урукку өй-санаа суолтата сүтэр, олоҕо суох буолар кэмэ кэллэ. 2017 сылтан “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыак ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу ааспыт 5 сыл иһигэр бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр 50 тыһ. кэриҥэ олохтоох дьон  үлэ булунна. Ити иһигэр бөдөҥ хампаанньалар ортолоругар бу хайысхаҕа биир бастакынан ылсыбыт АЛРОСА хампаанньаҕа уонна салаа тэрилтэлэригэр 10 тыһ. тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо үлэ булла. Идэҕэ кылаастара, таһымнара намыһах эбэтэр суох түгэнигэр кинилэр эбии үөрэхтээһин, стажировкаланыы бырагыраамаларыгар сылдьар усулуобуйа толору оҥоһуллубут.

Петр Чехордун бэлиэтииринэн, тыа олохтооҕо баахта ньыматынан үлэҕэ судургутук үөрүйэхтэнэр. Бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытыгар үлэ тыа сирин үлэтигэр холоотоххо, чэпчэки. Оттон төлөбүрэ – хас да бүк улахан. Баҕалаах эрэ барыта бырамыысыланнас эйгэтигэр киирэн, холонон көрөр кыахтаах: бу үлэ миэхэ барсар дуу эбэтэр суох дуу? Биллэн турар, кэлбит эрэ барыта биһириэ, ылыныа суоҕун сөп. Ол гынан баран, саатар быстах да кэмҥэ үлэлээн, ботуччу хамнаһы аахсан, холобур, ипэтиэкэ бастакы төлөбүрүн эбэтэр уруу тэрийэр үбү да булунуохха, массыына атыылаһыахха, араас сири-дойдуну көрөр айан төлөбүрэ да гыныахха сөп.

Чехордун эппитинэн, «Навахту.рф» бырайыак үгүс өттүгэр кини АЛРОСА-ҕа үлэлээбит уопутугар олоҕуран толкуйдаммыт. Биллэрин курдук, алмаас хампаанньата олохтоох нэһилиэнньэни үлэҕэ сэҥээрдии, ылыы өттүнэн үгүстэргэ – үтүө холобур. Хампаанньаны өссө каадыры иитэн-такайан таһаарар кыһа да быһыытынан ааттыахха сөп. Кини салгыы кэпсиир:

– Биһиги АЛРОСА уонна “Анаабыр алмаастара”, “Колмар”, “Полиметалл” курдук сиртэн хостуур салааҕа үлэлиир, олохтоох дьону үлэҕэ көхтөөхтүк ылар, каадыр өттүгэр үлэлэһэр хампаанньаларга олохтоох нэһилиэнньэ махтанарын көрөбүт.

Ол быыһыгар: “Олохтоох каадыр бырамыысыланнас салаатыгар күргүөмүнэн киирэр кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, чуолаан биһиэхэ сэдэх, “узкопрофильнай” каадырдарга ордук наадыйаллар”, – диэн этээччилэр эмиэ бааллар. Ол гынан баран, дьиҥ олох көрдөрөрүнэн, сир баайын хостуур хампаанньаларга үлэһиккэ наадыйыы уопсай кээмэйиттэн баара эрэ 20 %-на сэдэх идэлээх исписэлиистэргэ наадыйыы буолар. Уоннааҕы 80 %-на  – суоппар, сыбаарсык, силиэсэр курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ дэлэйдик тарҕаммыт идэлээхтэргэ элбэх үлэ миэстэтэ аһаҕас.

 Күн бүгүн Саха сиригэр 600-чэҕэ чугаһыыр сир баайын хостуур тэрилтэ регистрациялаах. Онон «Навахту.рф» бырайыак АЛРОСА уопутун атын хампаанньаларга сүбэлиир. Биһиги курсааннарбытын сэҥээрдэр, интэриэстиир тиһикпит бэрт судургу уонна олоххо холкутук киирэр кыахтаах. Биһиги хандьыдааттарбыт тэрилтэҕэ күүстээх мотивациялаах, чопчу сыал-сорук туруорунан кэлэллэр. Сыл, сыл аҥаарын курдугунан карьераларын оҥосто охсон, үрдээн, бэйэлэрин оннугар оробуочай идэ миэстэтин атын биир дойдулаахтарыгар хааллараллар.

4 баахтаҕа

Петр Чехордун бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ эбиллэн эрэллэринэн,  субу чугас эргин кэмҥэ Саха сиригэр 50 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ аһыллар туруктааҕын этэр:

– РФ бүттүүнүн да үрдүнэн тэхиниичэскэй үлэһиккэ наадыйыы улаатарын баттаһа, тустаах идэлээхтэр хамнастара үрдүүр. Каадыр тиийбэт чинчилэммитэ көстөр. Маныаха дьүөрэ көстүү дойду бары да эрэгийиэннэригэр бэлиэтэнэр. Ботуччу хамнастанар туһугар хайаан да Хоту бара сатыыр билигин ирдэммэт.

Биллэн турар, каадыр бэлэминэн миэстэтигэр тиһиктээхтик ылсан дьарыктанар сир баайын туһанааччылар олохтоох устудьуоннары производственнай быраактыкаларга ылан күүскэ дьарыктыыллар, оскуоланы бүтэриэхтээх оҕолорго идэлэрин талалларыгар (профориентацияҕа) көмөлөһөллөр. Оҥорон таһаарыы былаанын толорбут эрэ киһи диэн, бэдэрээт тэрилтэлэрин сэҥээрдиинэн үлүһүйбэттэр. Эрдэттэн каадырынан хааччынар уонна үлэһиттэр идэлэрин таһыма үрдүк буоларыгар интэриэстээхтэр. Оччотугар кылаастаах үлэһит тиийбэт кыһалҕата үөскээбэт.

Үгүс өттүгэр эдэр дьон бырамыысыланнаска үлэлииртэн толлубаттар, кинилэри аан бастаан үлэҕэ киирии түһүмэҕэ (процедурата) долгутар. Ол курдук, сорохтор резюмены толорботтор, ирдэнэр докумуоннарын хомуйары ыарырҕаталлар. Оттон кими эрэ үлэҕэ ылыы иннинээҕи кэпсэтиигэ (собеседование) долгуйан эбэтэр тылы билбэтиттэн сылтаан, этиэхтээҕин да эппэккэ хаалар. Ол иһин «Навахту.рф» хамсааһын үлэ көрдөнөөччүгэ резюмены толорорго, эбии идэни биэрэр босхо үөрэххэ хайдах киирэн үөрэнэргэ сүбэлиир, үлэ булунарга көмөлөһөр. Дьэ, ол кэнниттэн салгыы хайдах буолара үлэһит тус бэйэтиттэн  эрэ тутулуктаах: төһө сүрэхтээҕэ, үлэлиир баҕата быһаарар оруолланар.

Тыа сирин олохтооҕо бырамыысыланнаска үлэлиир буолбута, мультипликативнай дьайыылаах. О.э., нэһилиэнньэ тыа сириттэн куоракка тардыһыытын бытаардар. Үгүс баахтанан үлэлээччи олорор бөһүөлэгиттэн тэйбэт. Кинилэр төлүүр нолуоктара, хамнастара өрөспүүбүлүкэ иһигэр эргийэр, туһалыыр.

Бырамыысыланнаска саҥа киирсээччигэ бэриллэр кыах
 

«Навахту.рф» бырайыак, “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” өрөспүүбүлүкэ бырагырааматын чэрчитинэн, РФ Үлэҕэ министиэристибэтин Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччаты үлэнэн хааччыйыы быраактыкатын куонкуруһугар кыттан, түөрт номинацияҕа бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэн, иккис бочуоттаах миэстэлэммит. Оттон АЛРОСА хампаанньа эдэр, саҥа кэлбит исписэлиис үлэ кэлэктиибигэр киирэригэр (адаптация), карьератын оҥосторугар көмөҕө эмиэ биир бастыҥ үлэлээҕинэн билиниллибитэ.

АЛРОСА-ҕа эдэр, саҥа үлэһиккэ аналлаах уһуйааччы бырагыраамата, ону тэҥэ тэрилтэ иһинээҕи тириэньэрдэр институттара утумнаахтык үлэлиир.

2 Алексей Дьячковский

АЛРОСА генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай:

– Биһиги үлэҕэ ыларбытыгар туох-ханнык иннинэ исписэлиис кылааһын, идэтин таһымыгар болҕойобут. Оттон киирсээччилэр бары өттүнэн тэҥнэһэн хаалар түгэннэригэр олохтоох каадырын талабыт. Бу маннык быһаарыы, манна түстэнэн үлэлиирбит быһыытынан, сиэрдээх дии саныыбыт.  Олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһаарыы – эрэгийиэҥҥэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн өйөбүл биир ньымата, судургута суох усулуобуйаҕа, тыйыс тымныыга олорор, үлэлиир дьоҥҥо сөптөөх хамнаһы аахсар, олохторун таһымын тупсарынар кыаҕы биэрэр. Бу боппуруоска биһиги Саха сирин салалтатын кытта толору өйдөһөбүт уонна олохтоох бырабыыталыстыбаны кытта “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” өрөспүүбүлүкэ бырагырааматын чэрчитинэн, көхтөөхтүк бииргэ үлэлэһэбит. Оттон үлэҕэ киириэн баҕалаах киһи идэтигэр кылааһа тиийбэт, намыһах түгэнигэр хампаанньа корпоративнай университетыгар үөрэнэригэр көмөлөһөбүт.

Ону таһынан тыа сирин олохтоохторо бырамыысыланнас былаһааккаларыгар үлэҕэ киирдэхтэринэ, саҥа миэстэҕэ, үлэҕэ үөрүйэхтэнии судургутук ааһарыгар көмөлөөх “Аргыс” диэн адаптация бырагыраамата үлэлиир.

Алмаас хампаанньатын үлэһиттэрэ корпоративнай бырагыраамаларга, анал куонкурустарга кыттан, сайдар-үүнэр кыахтара улахан. Холобур, «АЛРОСА ис кыаҕа (потенциал)» диэн үөрэх бырагыраамата баар. Инновациялаах киллэриини өйүүр уонна саҥаны, сонуну толкуйдуур кыах улаатарыгар, инженердэри уонна билимҥэ сыстаҕас каадыр састаабын иитэн таһаарыыга үлэлэһэр.

«Идиэйэ баабырыката» хампаанньаҕа үлэ көдьүүһүн үрдэтэргэ туһуламмыт. Хас биирдии сонун идиэйэ иһин билиниини уонна үбүнэн бирииһи ылар кыаҕы биэрэр. Ону тэҥэ сыллата ыытыллар идэлээхтэр маастарыстыбаларын куонкуруһа идэҕэ бастыҥы быһаарарга көмөлөөх.

“АЛРОСА лиидэрдэрэ” диэн хампаанньа араас таһым салайааччыларыгар анаммыт корпоративнай бырагыраама үлэлиир. Бу бырагыраама салайар, тэрийэр-бэрийэр кэмпитиэнсийэ кэҥииригэр уонна салайыы үөрүйэҕэ тупсарыгар көмөлөөх.

3 Мярин ГОРДОСТЬ ЯКУТИИ буолбут шахтер

Хампаанньа үлэһиттэрэ АЛРОСА билиниитин эрэ ылбаттар, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар кытта холобур буолаллар. Ол курдук, алмаас тэрилтэтин УКС Айхал-Удачнай шахтатын тутууга  үлэлэһэр анал управлениетын начаалынньыга Валерий Мярин былырыын «Гордость Якутии» норуот бириэмийэтин «Шахтер» номинациятыгар кыайыылаах буолбута. Кини эмиэ тыа сириттэн төрүттээх, үрдүк үөрэҕин кэнниттэн алмаас хостуур салааҕа киирбит. Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ шахтера, сүрүнэ, үлэттэн куттанымыахха наада, араас туһата суох хойгуру истибэккэ, ылыммыт соругу толорор туһугар иннин диэки баран иһиэххэ диир: «Сүрэҕэлдьээмиэххэ, бэйэни үлэҕэ көрдөрүөххэ – оччоҕо эйигин убаастыыллар. Бырамыысыланнас үлэтэ дьиэ кэргэҥҥэ үбү-харчыны аҕалар, ыал туруктаах буолуутугар көмөлөһөр», – диэн, Валерий уопутун үллэстэр.

Манна даҕатан эттэххэ, алмаас хампаанньаҕа тахсар аһаҕас үлэ миэстэлэрин туһунан эһиги АЛРОСА уонна кини салаалара VK уонна Telegram-ханаалга баар официальнай аккауннарыгар, ону тэҥэ «Работа в России», Навахту14.рф. саайтарга киирэн билсиэххитин сөп.

Бэй. кэр.

Бүтэһик сонуннар