Киир

Киир

Атырдьах ыйын саҥатыгар эрэдээксийэҕэ, миэхэ, аймахтыы АЙНА СТАРОСТИНА уонна МАТРЕНА НИКОЛАЕВА: “Уһун кэмҥэ Узбекистаҥҥа олоро сылдьыбыт эбиккит. Ону истэммит, көрдөһүүлээх кэллибит. 80-с сылларга тастыҥ эдьиийбит Ташкеҥҥа үлэлии барбыт уонна 90-с сыллартан сибээскэ тахсыбатах. Ону, баҕар, булаайабыт”, – диэн кэлэ сылдьыбыттара.

50-с сыллар саҥаларыгар Дьокуускай куоракка Лугиновтар ыал бур-буруо таһааран олорбуттар. Аҕалара Константин Николаевич Бессонов, ийэлэрэ Марфа Лугинова диэн эбиттэр. Утуу-субуу сыллата оҕолор күн сирин көрөллөр. Саамай улаханнара Полина 1955 сыл кулун тутар 16 күнүгэр төрөөбүт. Салгыы Надежда (кэлин кэргэннэнэн Винокурова буолар) 1956, үһүс оҕо Дмитрий – 1959 уонна саамай бүтэһик уол Николай (иитиллибитинэн Аммосов) быһа барыллаан 1960–1961 сыллаахха төрөөбүттэр.

Бүгүҥҥү суруйуубут ыал улахан кыыһа ПОЛИНАҔА ананар

Полина Лугинова Ташкент куоракка таҥас баабырыкатыгар саха кыыһа Люба Бандеровалыын үлэлии сылдьыбыттара биллэр. Ол туһунан Ташкеҥҥа баран, көрдөөн кэлбит аймахтара: “Ташкент куоракка бара сылдьан, Люба Бандерова диэн саха дьүөгэлээҕин биллибит. Ону көрдүө этибит. Кини Ташкент таҥас баабырыкатыгар эдьиийбитин кытта бииргэ үлэлии сылдьан баран, Сахатын сиригэр көһөн кэлбит эбит”, – дэһэллэр.

Полина оччотооҕу, 80–90-с сыл­лар­дааҕы, олоҕун кэрчиктэрин кини эрэ билиэн, кэпсиэн сөп диэн, дьонтон истибиттэригэр олоҕуран көрдөһөллөр. Онон, ЛЮБОВЬ БАНДЕРОВА, бу ыстатыйаны ааҕар буоллаххына, Полина чугас дьонун кытта сибээскэ тахсаргар көрдөһөллөр. Ол эрээри, оччолорго Ташкент таҥас баабырыкатыгар хас да саха кыыһа үлэлии сылдьыбыт курдук. Онон, баҕар, бииргэ алтыһа сылдьыбыт саха кыргыттара баар буолуохтарын сөп эбит. Полина 1986 сылга диэри кэргэнэ, оҕото суох диэн биллибэт источниктан информация эмиэ баар. Онон хайыахтарай, барыта “үһү да үһү” эрэ диэн үһүйээнинэн билэллэр.

Сааһылаан кэпсээтэххэ...

Билигин бииргэ төрөөбүттэртэн бырааттара Дмитрий Дьокуускайга олорор. Балта Надежда олохтон туораабыт. Оттон Николай ханна баарын, кимнээххэ иитиллибитин ким да билбэт. Төрөппүттэрэ кыраларыгар суох буолбуттар. Инньэ гынан, бу 4 оҕо бары кыра саастарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо дьиэлэринэн тарҕаһан иитиллибиттэр.

Аймахтара Полинаны көрдөөн-көрдөөн, кини туһунан бүтэһик иһитин­нэ­риини “В 1972 году выбыла во Влади­мирскую область в ПТУ” диэн Мохсо­ҕол­лоох оҕо дьиэтин архыыбыттан булбуттар. Онон сабаҕалаатахха, кини Мохсоҕоллоох оҕо дьиэтигэр олорон, оскуоланы бүтэрбит уонна тута үөрэнэ барбыт буолуон сөп эбит. Бу иннинэ Хаандыгаҕа оҕо дьиэтигэр олоро сылдьыбыта биллэр. Мохсоҕоллооххо хас саастааҕар хаһан кэлбитэ эмиэ чуолкай биллибэт.

Мантан аллара Надежда Винокурова кыыһа Айна Старостина уонна тастыҥ балтылара Матрена Николаева кэпсииллэрин истиэҕиҥ.

Үйэ аҥаарыттан ордук кэм буолан баран...

Быйыл сайын атырдьах ыйын 13 күнүгэр Ташкеҥҥа тиийээт, аэропортан тута Яккасарай оройуон пааспар остуолугар бара сылдьан “Ивановских ткачей, 8” диэн аадырыска уопсай дьиэҕэ олорбутун туһунан иһитиннэриини ыллыбыт. 2000 сыллаахха 45 сааһын туоларыгар пааспарын уларыппыт эбит.

1. Аэропортан сразу Яккасарайскай оройуон паспортнай остуолугар барбыппытАэропортан тута Яккасарай оройуонун пааспар остуолугар тиийэн бастакы иһитиннэриибитин ылбыппыт

Исписэлиис уол көмпүүтэргэ дааннайын булан ылан, хаартыскатын кырыыбалыы тутан олорон “элэгэс” көрдөрөн ылла. Эдьиийбит сырдык, кэрэ мөссүөнүн аҕыйах сөкүүндэҕэ көрөн ылбыппыт харахпытыгар үйэлэргэ хатанан хааллаҕа... Көҥүллэммэт быһыылаах – “персональнай дааннайы” мээнэ ыһыахтанар. Онно көрөн, Айна ийэтэ Надеждаҕа наһаа майгынныырын көрөн сөхтүбүт. Чэ, ол эрээри бүтэһик мөссүөнүн көрбүппүтүттэн да дуоһуйдубут.

Полина 80-с сыллар саҕаланыы­ларыгар Айна ийэтэ Надеждаҕа биирдэ баһыылка ыыта уонна быраата Дмитрий ыал буолбутугар эҕэрдэлээн, тэлэгирээмэ ыыта сылдьыбыттаах эбит. Ол кэнниттэн сибээстэн букатын сүппүт. Хайдах олорбута, ыал буолбута, оҕоломмута биллибэт.

15-с нүөмэрдээх диэн, арааһа, олоро сылдьыбыт хоһун нүөмэрэ быһыылаах. Ол уулусса аата суох буолбута ырааппыт, билигин “Кушбеги, 8” диэҥҥэ уларыйбыт эбит. Таҥас баабырыката билигин суох, ыһыллыбыта ырааппыт. Уопсайга тиийбиппитигэр, онно олорор кырдьаҕас икки дьахтар кинини өйдөөтүлэр уонна хаартыскатын көрөн биллилэр. Биһиэхэ эдэр эрдэҕинээҕи биир эрэ хаартыската баар, ону илдьэ сырыттыбыт. “Ол эрээри 2000 сыл инниттэн манна көстүбэт буолбута, олорботоҕо ыраатта. Атын сиргэ көспүтэ быһыылааҕа”, – дэстилэр.

2. Паспортнай остуолтан Кушбеги 8 пропискалаа5ын билбиппитОлоро сылдьыбыт уопсай дьиэтин 15-с хоһо. Бу аан тутааҕын сылаас илиитинэн төһөтө арыйан, сабан сылдьыбыта буолуой?! Оччолорго Полина сэрэйэн да көрбөтөх буолуохтаах, кэм-кэрдиис ааспытын кэннэ балыс­тара ир суолун ирдээн кэлиэхтэрин...

Яккасарай оройуон ЗАГС-ыгар бара сылдьыбыппытыгар, 2015 сыл олунньу 6 күнүгэр балыыһаҕа сытан өлбүтүн туһунан эппиттэрэ. Тоҕо эрэ ыспыраапка биэрбэтэхтэрэ. Ташкент куорат 7-с №-дээх балыыһа аадырыһын эппиттэригэр онно тиийдибит. Архыыптан хасыһан, ханнык кылабыыһаҕа көмүллүбүтүн, хата, булан биэрдилэр. Чугас дьоно суохтары харайар кылабыыһа эбит. Ол кылабыыһа аадырыһын ыйдаран, онно бардыбыт.

4. Суолбут бу кылабыыһаҕа тиэрдибитэСуолбут бу кылабыыһаҕа тиэрдибитэ. Манна мусульман, христиан итэҕэллээхтэри сэргэ “бездомные” диэн дьаралыктаах дьон хараллар кылабыыһалара эбит

100 гектардаах улахан кылабыыһаҕа тиийдибит. Онно тиийэн кыһалҕабытын эппиппитигэр, докумуоннарын хасыһан, араспаанньатынан көрдөөтүлэр да – булбатылар. Ыксаан, бэйэбит, баҕар, Полина диэн аатынан суруллубута дуу диэн сүрэхпитинэн сэрэйэн, аатынан булан ыллыбыт. Дьоммут да соһуйдулар. Киниэнэ эрэ араспаанньатынан буолбакка, аатынан суруллубут. Дьэ, онон дьиктитик буллубут... Ол нүөмэринэн көрөн, кылабыыһа үлэһитэ киһи эдьиийбит уҥуоҕун өр көрдөөн булан биэрдэ. Үрдүнэн дэлби от саба үүммүт, нүөмэрдээх таас билиитэни нэһиилэ буллубут. Ону даҕаны кылабыыһа үлэһитэ уопуттаах, сатабыллаах буолан. Бэлиэтиир кинигэлэригэр суруллубутун курдук, нүөмэрэ оруобуна сөп түбэстэ. Аатын-суолун суруйбакка, нүөмэринэн эрэ бэлиэтииллэр эбит. Сахабыт сириттэн алаадьы уонна төрөөбүт дойдутун буорун илдьэ барбыппытын уурдубут, кэриэстээтибит.

5Уҥуоҕун эрбэһин от быыһыттан нэһиилэ булан, дойдутун буорун кытта 3 алаадьыны уурдубут

Кылабыыһа үлэһитэ Алишер манна үлэлээбитэ ырааппыт, 10-тан тахса сыл буолбут. Биһиги балаһыанньабытыгар киирэн, балачча киэҥ сири кэрийэ хааман буларбытыгар көмөлөстө. Онон Алишертан көрдөһөн, биһиги харчыбытынан 11 000 солк. кэриҥин хаалларан, кириэстээх билиитэҕэ аатын-суолун суруйан туруоралларыгар сакаастаатыбыт. Балаҕан ыйын 8 күнүгэр туруоран, оҥорбут үлэлэрин отчуоттаан хаартыска ыытыах буолбуттара. Аттыгар син атын пааматынньыктар бааллар эрээри, биһиги эдьиийбит курдук судургу нүөмэрдээх киһи уҥуохтара син бааллара.

Онтон бу соторутааҕыта атырдьах ыйын 29 күнүгэр сакааспытын оҥорбутун, хаартысканан отчуоттаан ыыппытын туттубут. Онон эдьиийбит барахсан Орто дойдуга олорон ааспыт бэлиэтэ мэҥэ тааһыгар аата-суола суруллан, уоскуйдубут. Аймахтар ааттарыттан ытык иэспитин толордубут дии саныыбыт. “Барахсан, сэмэй майгылаах, судургу киһи буолан, суолбутун барытын ыйан истэ, санаабыт хоту чэпчэкитик табылынна” диэн испитигэр санаатыбыт. Онон Ташкент курдук ыраах дойдуга баран, сирдээҕи олоҕун түмүктээбит эдьиийбит уҥуоҕун баара-суоҕа биир суукка иһигэр булан, дойдутун буорун ууран, сахалыы алаадьынан айах тутан, барбыт сыалбытын-сорукпутун ситистибит диэххэ сөп.

6. 29.08.2024 Алишер кладбище улэьитэ бүтэрэн ыыппыт хаартыската. Дуогабар быһыытынан балаҕан ыйын 7 күнүгэр бүтэриэхтээҕэ29.08.24. Кылабыыһа үлэһитэ Алишер арыый эрдэлээн сакааспытын оҥорбутун, хаартысканан отчуоттаан ыыппытын туттубут

Билигин 1960 с. биитэр 1961 сыллаахха төрөөбүт, иитиллибитинэн кыра бырааттара Николай Аммосовы көрдүүбүт. Кини туһунан туох да сурах суох. Онон, баҕар, билэр дьон баар буоллахтарына, сибээскэ тахсаллара буоллар...

Дьэ, онон кэбиһиилээх окко иннэ түспүтүн булар курдук, 3 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх куораттан, Айналаах Матрена сүтэрбиттэрэ ырааппыт эдьиийдэрин булбуттарыгар бары даҕаны соһуйдубут.

Бу ыал дьылҕатыттан көрдөххө, ааспыт үйэ 60-с сылларыгар ыал оҕолорун, бииргэ төрөөбүттэри, араас детдомнарынан тарҕаталыыл­лар эбит. Арай, бу оҕолор арахсыбакка биир детдомҥа иитиллэн тахсыбыттара буоллар, баҕар, маннык дьылҕаланыахтара суоҕа эбитэ буолуо... Сиэн балыстара аны убайда­рын Николай Аммосовы (иитилли­битинэн араспаанньата) эмиэ көрдүүл­лэр. Булуохтара дуо, убайдарын?... Онон, күндү ааҕааччыларбыт, ЛУГИНОВтар дьиэ кэргэн үйэ аҥаарын кэнниттэн холбоһоллоругар күүс-көмө буолуоҕуҥ!

Саргылаана БАГЫНАНОВА.