Киир

Киир

Түүлээх – Уус Алдан биир саамай ыраах сытар, суола-ииһэ суох нэһилиэгэ. Нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа хайдаҕый, хайдах тэринэн олороруй? Ол туһунан үһүс болдьоҕун үлэлиир баһылык Станислав Викторович Винокуров кэпсиир:

– Бороҕонтон биһиги 135 км ыраах сытабыт. Сайын ардах түстэҕинэ, Чэриктэйгэ диэри массыынанан, онтон өрүһүнэн, мотуорунан 2,5–3 чаас сүүрүк утары устан, уопсайа 6–7 чаас айаннаан, тиийэбит. Бэрэпиискэнэн 431 киһи олорор, кыстыкка – аҕыйыыр. Кэнникинэн нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыы турар. Төрдүм – Түүлээх. Дьо­куускайга т/х-тын техникумугар дириэктэри солбуйааччынан үлэлии сылдьан, биир дойдулаахтарым ыҥыраннар, баһылык быыбарыгар кыттан, абытайдаах киирсиини ааһан, урукку баһылыгы 14 куолаһынан кыайан талыллыбытым. Кыра нэһилиэкпитигэр быыбар чуумпутук ааһыан сөп этэ да, тоҕо эрэ наар киирсиилээх. Арай, иккис болдьохпор чуумпутук ааспыта. 2022 с. үһүс болдьохпор талыллан үлэлиибин.

***

– “Быыбар суох буолара үчүгэй” дииллэр. Дьиҥэ, баһылык кытаанах күрэстэһиини ааһан талыллар. Дьон үлэтин көрө-истэ сылдьан түмүк оҥостор буоллаҕа. Талыллыбыт баһылык  дьонун иннигэр эппиэтинэстээх. Дьон итэҕэлин ылан, онно тирэҕирэн үлэлиир. Биллэн турар, сороҕор киһи илиитин ыһыктар түгэнэ баар буолар. Туох да кыаллыбат, ким да өйөөбөт курдук. Онуоха дьоҥҥун кытта көрүстэххинэ, кэпсэттэххинэ, сүбэлэрин, өйөбүллэрин иһиттэххинэ, күүскэр күүс, санааҕар санаа эбиллэргэ дылы. Кинилэр эйигин “кыайыа, оҥоруо” диэн эрэнэллэр. Онтон кынаттанан, били “олох кыаллыбат” диэбитиҥ сатанан хаалар.

– Баһылыктар бары даҕаны  “дойдубут кимтэн да, туохтан да итэҕэһэ суох сайдыахтаах, олорорго табыгастаах буолуохтаах” диэн санаанан салайтарар буолуохтаахтар. Биллэн турар, олох күүскэ үлэлээччини сэргэ, сүүрүк хоту устан иһээччи,  баарынан эрэ сылдьааччы эмиэ баар. Ол эрээри аттынааҕы нэһилиэккэ туох эрэ оҥоһуллар, тутуллар, ол эйиэхэ кыаллыбакка сылдьар буоллаҕына, дьонуҥ ону тэҥнээн көрүөхтэрэ уонна эйигиттэн син биир ыйытыахтара. Онон баһылык, баҕардын-баҕарбатын, уопсай сайдыыны син биир батыһар.

***

– Миэхэ: “Туох иһин бу бурҕалдьыны кэтэн үлэлээ да үлэлээ буолаҕын? Ол кэриэтэ кэмиэрсийэҕэ бар, бэйэҕэр үлэлээ”, – диэччилэр. Кырдьык, тугум кыһалҕатыгар күн аайы бүппэт түбүккэ сылдьабын? Аны хонтуруол-надзор уорганнарыгар, борокуратуураҕа “козел отпущения”, буруйданааччы, бастатан туран, баһылык. Ону маннык дии санааччыбын. Мин хаһан эрэ үлэлээн бүтүөм дии. Онуоха дьонум үлэм түмүгүн көрөн, “бу кини дойдутун туһугар кыһаллыбыт, тугу эрэ гына сатаабыт” диэхтэрэ. Киллэртэрбит опто-волокном лииньийэтин, туттарбыт уһуйааммын көрөн, киэн туттуом, ол миэхэ улахан дуоһуйуу буолуо. Киһи итини харчынан кээмэйдээбэт. Дойду туһугар, идиэйэ туһугар диэн буолар.

***

– Ол да буоллар баһылык үлэтин түмүгэ үптэн-харчыттан тутулуктаах. Харчы бырагырааматтан кэлэр. Бырагыраамаҕа үчүгэйдик кыттарга хамаандаҥ күүстээх буолуохтаах.  500-кэ диэри ахсааннаах кыра нэһилиэктэргэ ППМИ-тэн атын бырагыраамаҕа кыттар уустук. Барытыгар симиэтэ, бырайыак, үбүлээһин (софинансирование) ирдэнэр. Улахан нэһилиэктэр ону барытын холкутук булаллар, харчылаахтар. Оттон биһиги бүддьүөппүт да, кыахпыт да кыра. Каадыр боппуруоһа эмиэ уустук – кып-кыра хамнаска улахан ноҕуруускаҕа, докумуон бөҕөнү толорууга ким кэлэн биэриэй? Онон ол кыаххар кэлэн иҥнэ тураҕын.

***

– Нэһилиэкпит сүрүн тэрилтэлэрэ – биир дойдулаахпыт Дмитрий Данилович Оллонов аатын сүгэр орто оскуола, дьыссаат, ДьУоХХ тэрилтэтэ, бэтэринээр учаастага, быраас амбуларторията. Дьиҥэ, үчүгэй балыыһа баара, ону “оптимизация” саҕана улахан киирсии кэнниттэн итини хаалларбыппытыгар махтал. Бааһынай хаһаайыстыбата, сүөһүлээх-сылгылаах ыаллар, булдунан-балыгынан эбинэн олорор дьон бааллар. 

***

– 2021 с. Уус Алдаҥҥа саамай улахан баһаар Түүлээххэ уонна Бээрийэҕэ буолбута. 250 миэтэрэ чугаһаабытыгар күүскэ турунан тохтоппуппут. Ыарахан сайын этэ! Ол баһаар содулуттан тыабыт хаһаайыстыбата өрүттэ илик. Сопхуос саҕана оҥоһуллубут 200 гаалаах оттуур ходуһабыт уокка  дьөлө сиэнэн, билигин буомбаламмыт сир курдук буолан сытар. Чугас оттук мастаах тыа да, оттуур сир да хаалбата, 67 тыһ. гаа умайда.

Ол инниттэн даҕаны сүөһүбүт аҕыйаҕа, 280 этэ, билигин 200 хаалла уонна сыл ын аайы аҕыйыы турар. Сылгы ахсаана биир таһымҥа турар – 270. Төһө да өйүү сатаатарбыт, сүөһү, сылгы ииттиэхтэрин баҕардаллар, оттуур сир суоҕа охсор. Бааһыналары чөлүгэр түһэрэргэ, оҥорторорго туруорсабыт да, кэпэрэтиип тэриллиэн эбэтэр дьаныһан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбата наада. Ону баара, “кэпэрэтиип тэрийиэххэ” диэн үөһэттэн дьаһайбаккын. Дьон бэйэтэ баҕардаҕына эрэ, ол кыаллыа.  Тэҥҥэ сүүрэн, хамсатар киһи баара буоллар, киһи итиннэ болҕомто ууран тэрийсиэн сөп этэ. Ол да буоллар дьоммут кэнники “скороспелкаҕа” ылсан, куурусса, сибиинньэ, үндүүк, кус-хаас иитэн олороллор.

Аҕыйах сыллааҕыта сопхуос саҕаттан ыһыллыбакка кэлбит “Түүлээх” диэн ТХПК баара. Мөлтөөн, паайдаахтара сүбэлэһэн, ону эспиттэрэ. Тохтото сатаабыппыт да, оннук быһаарбыттара, тиэхиньикэлэрин, сүөһүлэрин үллэстибиттэрэ. Аҕыйах чааһынай кыаҕырбыта буолуо, оттон уопсай нэһилиэнньэ онтон  өнүйбэтэҕэ. Сотору арыы сыаҕа ыһыллыбыта. Үүт туттарыыта барыһа суох буолбута. Сүөһүгэ 39 тыһ. солк. төлөнөр буолбутун кэннэ, дьоммут үүт туттаран бүппүттэрэ. Элбэх үүтү туттарбат дьон харчынан ылаллара, сүөһүлэрин эспэккэ тутан олороллоро да сөп. Ол эрээри ити баар балаһыанньаны эрэ тутар, сайдыыга илдьибэт.

***

– Т/х-гар болҕомто уурбуппут үрдүнэн, онон сайдар кыахпыт суох. Саамай табыгастаах өрүппүт – Алдан өрүс үрдүгэр олорорбут. Кэнэҕэс суол оҥоһуллуон сөп. Оччоҕо биһиэхэ туризм сайдан туруо. Туристар базаҕа түһэ сытан, өрүскэ балыктаан, түмэлбитигэр сылдьан барыах­тара. Манна хайа үрэхтэрэ бааллар. Тукулаан үрэҕинэн былыргы Дьааҥы тыраага ааһар. Олохтоох нэһилиэнньэ сувенир оҥоруон, балыктан араас аһы астаан таһаарыан сөп этэ. Ону үөрэтэ сылдьабыт. Аммаҕа курдук, Алдан өрүскэ эмиэ оннук сынньалаҥы тэрийиэхпитин сөп буоллаҕа.

***

– Кииннэммит ититиигэ холбонуу  – тыын суолталаах. Үлэлээбит 11 сылым устата 58 ыалга киллэрдибит, 70-тан тахса ыал холбоноро хаалла. Мин 100% барытын киллэртэриэхпин баҕарабын. Оттук маспыт чугаһынан хаалбата, 30 км ыраахтан тиэйиэххэ наада. Тыраахтар сапчааһа ыарыыр, сэлээркэ сыаната өрө бара турар кэмигэр оттук маһы тиэйтэрии олус ороскуоттаах.

***

– Биир сөҕөрүм – баһылыктары үлтү баалкылаан, борокуратуура, суут нөҥүө, суоллаах да, суола да суох буол – хас биирдии нэһилиэккэ “бөх былаһааккатын оҥостуҥ”  диэн ирдииллэрэ. Баҕар, былаһаакка оҥостуом. Ол эрээри суолбут кыһыҥҥы эрэ. Ол эрэгийиэннээҕи эпэрээтэр кыһыннары бачча ыраахха кэлэн, мунньубут бөхпүтүн тиэйэн барыа үһү дуо? Этэргэ дылы – “абсурд”. Ону “сокуону булгуччу толоруохтааххыт” диэн ирдии олороллорун киһи сөҕөр. Толорботоххутуна, холуобунай эппиэккэ тардыллаҕын. Биһиги усулуобуйабытын учуоттаабат сокуоннары ылынан, ол туолуутун ирдииллэрэ өйгө баппат. Ол оннугар кииннэммит ититии туһунан сокуон ылыныа этилэр! Дьоҥҥо быдан наадалаах, дьон туһугар сокуон буолуо этэ.

Сокуон барылын туһунан

– Клишас-Крашенинников сокуонун барылынан ОБС поселенческай таһыма суох буолуо диэн. Мин санаабар, оннук сокуон Саха сирин нэһилиэктэригэр охсуута улахан буолуо. Билигин үлэ-хамнас сорох сиргэ балысханнык, сороххо ортотунан, сороххо аргыый бара турар. Ол эрээри бу сылларга үлэ бөҕөтө барбытын ким да мэлдьэспэт. Аттынааҕы Уһук Илин эрэгийиэннэрин: Амыр уобалаһын, Хабаровскай эбэтэр Приморье кыраайын да тэҥнээн көрүөххэ – биһиги балаһыанньабыт лаппа үчүгэйэ харахха быраҕыллар.

Ааспыт сылларга Ил Дархан Е.А. Борисов бэрт бырагыраамалары киллэрбитэ: бөһүөлэктэргэ харчы бэриллэн, күүстээх сайдыы барбыта, хас биирдии нэһилиэккэ успуорт, оҕо оонньуур былаһааккалара тутуллубута, уулусса сырдатыыта оҥоһуллубута, кииннэммит ититии, толору хааччыллыы киирбитэ, сынньалаҥ пааркалара, зоналара оҥоһуллубуттара, гаастааһын барбыта. Оттон ити сокуон киирдэҕинэ, поселениелары сотон кэбистэхтэринэ, барытын оройуон эрэ дьаһайан, бу үлэ таҥнары барар кутталлаах.

“Норуот былааһын” өйдөбүлэ суураллыа

– Оройуоҥҥа судаарыстыбаннай былаас баара үчүгэй дииллэр да, күүстээх бэртикээл киирдэҕинэ, норуот тугу баҕарара иһиллибэт, ким даҕаны кинини истибэт буолуоҕа. Оройуон баһылыга, нэһилиэккэ ыстаарыста  ананыахтара. Ананыы бэрээдэгэ киирдэҕинэ, “норуот былааһа” диэн конституционнай бириинсип, өйдөбүл суураллыа. Норуот тугу эрэ саамай наадалааҕы туруорустаҕына, төрүт истиэхтэрэ суоҕа, бэйэлэрэ эппиттэрин киллэриэхтэрэ. Ити буолар – сокуон итэҕэһэ.

Билигин нэһилиэк, улуус баһылыктарын  норуот быыбардаан талар. Кинилэр нэһилиэнньэҕэ отчуоттууллар. Норуот кинилэртэн, “тугу гынныҥ?” диэн ыйытар, ирдиир кыахтаах. Мин сыл аайы ахсынньыга нэһилиэнньэбэр отчуоттуубун. Анаммыт киһи үрдүкү тойотторго “марионетка” эрэ буолуо, норуот иннигэр буолбакка, былаас уорганнарын иннигэр эппиэттиэ.

***

– Баһылыктар кыһалҕалары син быһаара олоробут. Дьон талбыт, ол аата, норуотуҥ иннигэр эбээһинэстээххин диэн. Оттон уонна суобас диэн баар буоллаҕа. “Бу мин дьыалам буолбатах” диэн, нэһилиэгиҥ дьонун кыһалҕатыттан туора турбаккын, быраҕан барбаккын. Син биир ылсыбытынан, кыттыспытынан бараҕын.

Хамсык, мобилизация, баһаар, о.д.а. ыарахан кэмнэр кыһалҕаларын нэһилиэк, улуус баһылыктара, дьаһалталара санныларыгар сүгэн кэллилэр. Туох баар ыйыыны-кэрдиини, бирикээһи 100% толоро олордулар. Наада буоллаҕына, АБДЬ-га харчы, сэп-сээкэй хомуйан, ону ыытан, баһаарга үлэлээн, о.д.а. систиэмэ тохтоло суох үлэлээтэ. Баҕар, хайа эрэ кэмҥэ бытаарбыта эбэтэр түргэтээбитэ буолуо. Ол муниципальнай салайыы хаачыстыбатыттан тутулуктаах эрээри, сүрүнэ, мэхэньиисим,  систиэмэ үлэлии турда. Оттон анааһын буоллаҕына, дьон “ээ, айыка дии, тоҕо манна эрэйдэннэхпиний?!” диэ суоҕа дуо? Көҕүлүүр туох да суох буоллаҕа.  Уурайан хаалыахтара, каадыр “текучката” буолуоҕа. Ол барыта салайыыны, сөптөөх быһаарыы ылынары атахтыа, салгыы – үлэ түмүгэр охсуо.  Быһаарарыҥ 4–5 төгүл бытаарыа. Ону билэ-билэ үлэлии турбут систиэмэни алдьатар өйдөммөт.

***

– Уруккута Түүлээх, Тиит Арыы, Танда, Бээрийэ биир сопхуос этилэр. Сопхуос киинэ Тандаҕа баара, ол 80 км ыраах. Холобур, уокурук оҥордохторуна, сопхуос саҕана курдук, суорҕаны киин диэки “соһуохтара”, оттон биһиги “остаточнай” бириинсибинэн хаалыахпыт. Ити уруккуттан биллэр, биһиэхэ барсыбат барыйаан. Былыр биһиги Дүпсүҥҥэ киирсэрбит. Танда, Дүпсүн уокурук буоллахтарына, ыраах сытар нэһилиэктэргэ ол эстии суола буолуо. Холобур, “Тандаттан баран, сапыраапкаттан бэнсииҥҥин ыл” диэхтэрэ. Ол 80 км сиртэн! Хас да мунньахха мин “манна Подмосковье эбэтэр Амыр, бэл, Хабаровскай да буолбатах” диэн турабын. Онно бөһүөлэктэр биир суол кытыытынан чугас-чугас сыталлар. Биһиэнэ – бэйэ-бэйэлэриттэн кый ыраах, хайдах тыыннаах хааларгын бэйэҥ билэҕин.

***

– Биһиги тыйыс килиимэттээх, уустук суоллаах-иистээх эрэгийиэн буолабыт. Билиҥҥи “оройуон-поселение” диэн исхиэмэ, биһиги уратыбытын учуоттуур,  үлэлии олорор, табыгастаах барыйаан. Онон, ОБС боппуруоһун бэйэбит быһаарынар курдук сокуон ылыллара буоллар, ол сөптөөх буолуо этэ.

Нина ГЕРАСИМОВА.