«Саха сирин саарыннарын кэс тыла» бырайыак – «Саха тыла400» хамсааһын биир улахан бырайыага буолар. 2023 с. атырдьах ыйыгар ыытыллыбыт «Киин куоракка тыл эйгэтэ» төгүрүк остуол үлэтин түмүгэр «Саха тыла400» хамсааһын тэриллибитэ.
Ийэ тылбытын туруулаһар дьон араас эйгэттэн мустаммыт, Дьокуускай куоракка сахалыы эйгэни тэрийэр санааттан, нууччалыы тыллаах сахабыт ыччатын өйүн-санаатын уһугуннарар сыалтан тула түмсэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Бөлөхпүт сүрүн уратыта – Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытта ыкса ситимнээхтик араас хайысханан үлэлиибит. Биир сүрүн хайысхабыт – уулусса, тэрилтэ аата, бэлиэ, ыйынньык икки тылынан таба суруллуутун тутуһуу буолар. Бу үлэбит чэрчитинэн Ойуунускай уулуссатын бэлиэлэрин нууччалыы, сахалыы суруйан 64 дьиэҕэ ыйаатыбыт https://t.me/sakhatyla400/61.
Ону таһынан, «Кыым» хаһыаты кытта тэрилтэ аатыгар, ыйынньыктарга, суол бэлиэтигэр, ону таһынан табаары, өҥөнү оҥорор эйгэҕэ саха тылын туттууга, тарҕатыыга күрэх тэрийбиппит https://kyym.ru/sonunnar/cakha-tyla/11831-t-r-t-tyly-kharakh-dalygar-kie-ejge-e .
«Саха сирин саарыннарын кэс тыла» бырайыак Дьокуускай куорат дьаһалтатын өйөбүлүнэн, «Саха тыла400» хамсааһын чэрчитинэн оҥоһулунна. Кэскиллээх бырайыакка тылы туруулаһааччылар, «Ааҕар Саха сирэ» көҥүл түмсүү, Национальнай бибилэтиэкэ – бары түмсэн бииргэ үлэлээтибит.
Бырайыак сыала – Саха сирин саарыннарын туһунан оҕоҕо-ыччакка билиһиннэрии, оҕо ийэ тылынан саҥарарын көҕүлээһин, киин куоракка тыл тупсаҕай эйгэтин кэҥэтии.
Ол курдук, киин куорат 68 тохтобулугар Саха сирин саарыннарын кэс тыллара, бэргэн этиилэрэ сурулунна. Поярков уулуссатын, Ленин проспегын 18 тохтобулугар, ону таһынан «Азия оҕолоро» бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубут куорат араас муннугар 50 саҥа тохтобулга көрүөххүтүн, ааҕыаххытын сөп. Ытык дьон этиитин сахалыыттан-нууччалыы, нууччалыыттан-сахалыы тылбааһын, ону таһынан эбээн, эбэҥки, долгаан, дьүкээгир тылыгар тылбаастаан, кылгас кэм иһигэр үгүс дьону түмэн улахан үлэни тэрийэн ыыттыбыт. Маннык дьоһуннаах бырайыакка араас эйгэттэн экиспиэрдэр, тыл үөрэхтээхтэрэ, тылбаасчыттар, историктар, суруйааччылар, култуура, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, биллиилээх дьоммут хаан-уруу аймахтара күүс-көмө буоллулар.
Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрин солбуйааччыта Попова Светлана Александровна салайааччылаах халыҥ хамаанда «Саха сирин саарыннарын кэс тыла» саайтын оҥорорго үлэлээтэ. Тохтобулга ыйаммыт плакат QR-куодунан бибилэтиэкэ саайтыгар киириэххэ сөп https://landscape.nlrs.ru/#. Бу түһүмэх оҕоҕо-ыччакка эрэ буолбакка, киин куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар анаан оҥоһулунна: 68 киһи олоҕун кэрдиис кэмнэрэ, бэлиэ кэрчиктэр, туһалаах матырыйаал икки тылынан (нууччалыы, сахалыы) суруллан киирдэ. Онон Национальнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бырайыакпытын өйөөн, өйдөөн, сүрүн үлэлэрин быыһыгар олус дьоһуннаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэни оҥорбуттарыгар ис сүрэхпититтэн махтанабыт!
Бырайыак олоххо киирэригэр төһүү күүс, сүбэ-ама буолбут ытык-мааны дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит: Алексеев Анатолий Николаевичка, Аммосов Владимир Владимировичка, Бястинов Дмитрий Дмитриевичка, Григорьева Людмила Павловнаҕа, Кулаковская Лариса Реасовнаҕа, Ноговицын Александр Павловичка, Поисеева Альбина Иннокентьевнаҕа, Попова Светлана Александровнаҕа, Романова Екатерина Назаровнаҕа, Скорикова Ольга Афанасьевнаҕа, Федоров Владимир Николаевичка, Харитонов-Ойуку Павел Николаевичка, Шапошникова Аита Ефимовнаҕа; Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын институтугар, ХИФУ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун саха тылын истилиистикэтин уонна тылбаас кафедратыгар; тылы туруулаһааччыларга: Борисов Виктор Борисович–Алтан Түһүнэйгэ, Каженкин Рустам Николаевичка, Карманова Саргылана Еремеевнаҕа, Павлов Николай Николаевич–Халаҥҥа, поэт, тылбаасчыт Семен Феоктистов–Сэргэх Сэмэйгэ, редактор Анна Прудецкаяҕа, дизайнердарга Михаил Чекуровка, Василий Гороховка.
Евгений Николаевич Григорьев салайааччылаах Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар, сүрүн архитекторга Семен Афанасьевич Сергеевка бар дьон аатыттан барҕа махтал буолуохтун!
Бырайыак бары кыттыылаахтара: тылы туруулаһааччылар, салайааччылар, күүс-көмө буолбут араас тэрилтэ үлэһиттэрэ – бука бары сүрүн үлэбититтэн быыс булан бу бырайыактары олоххо киллэрдибит диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибит.
Инники былааммыт туһунан кэпсиир буоллахха, Дьокуускай куорат уулуссаларын аатын икки тылынан суруйар үлэбитин салгыыбыт. Онуоха уулуссалар ааттарын сахалыы сөптөөхтүк толору суруйан, тылбааһы хамыыһыйаҕа бигэргэтэр соругу туруорабыт. Ону таһынан, автобустарга, оҕо-ыччат мустар сиригэр санааны сааһылыыр, бөҕөргөтөр сахалыы бэргэн этиилэри, өс хоһооннору, алгыс тыллары ыйыахпытын баҕарабыт. Биир сүрүн баҕа санаабыт – киин куоракка эрэ буолбакка, бары улуустарга араас тэрилтэлэр, оскуола, уһуйаан, балыыһа иһинээҕи бэлиэ, ыйынньык икки тылынан, сахалыы тылбаастаах сурулларын ситиһии. Саҕалаабыт үлэбит үтүө түмүктээх буолуо диэн эрэнэбит. Сахабыт сирин олохтоохторо, эдэр ыччат, бэйэҕит нэһилиэккит, улуускут иһигэр түмсэн, ийэ тылбытын хараанныыр, сайыннарар кэскиллээх үлэҕэ кыттыһыҥ диэн ыҥырабыт!