Киир

Киир

Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев быйыл саас халаантан эмсэҕэлээбит Нам улууһугар сырытта. Манна улахан уу кэлэн, элбэх ыал олорор дьиэтэ айгыраабыта, социальнай уонна хомунаалынай инфраструктура алдьаммыта.

Ил Дархан, бастатан туран, "Нам" суолун чөлүгэр түһэрии хайдах барбытын көрдө. Алдьаммыт суолу оҥорон бүтэрбиттэр, кыра үлэлэр эрэ хаалбыттар. Маны сэргэ, муниципальнай суоллары чөлүгэр түһэрии салҕанар. Бу барыта ый бүтүөр диэри түмүктэниэхтээх. Салгыы Айсен Сергеевич халааҥҥа дьиэтэ суох хаалбыт ыаллары кытта көрсөн кэпсэттэ. Кинилэр дьиэлэрин биир дойдулаахтара тутар эбит, онон барыта үчүгэй буолуо диэн эрэллээхтэр.

5424918955186838022

5424918955186838019

5424918955186838024

Ыаллары кытта көрсүһүү чэрчитинэн, Ил Дархан Станислав уонна Дария Дьяконовтар дьиэ кэргэҥҥэ ыалдьыттаата. Элбэх оҕолоох ыал өрөспүүбүлүкэ, улуус уонна аймахтар өйөбүллэринэн дьиэлэрин чөлүгэр түһэрэн, нус-хас олохторугар төннөн, быр-бааччы олороллор.

Сонун төрдө: Ил Дархан телеграм-ханаала