Киир

Киир

Саҥа куонкурус түмүктэннэ

“Кыым” норуот хаһыата ийэ тылы хараанныырга үгүс сонун бырайыагы, тэрээһини ыытан-тэрийэн кэллэ. Быйыл эрэдээксийэ уонна тыл уопсастыбаннай хамсааһынын көҕүлээччилэрэ саҥа бырайыагы толкуйдаатылар. Ол курдук, былаас уорганнарын уонна тэрилтэлэр ааттарыгар, ыйынньыктарга, суол бэлиэтигэр, ону таһынан табаары, өҥөнү оҥорор эйгэҕэ өрөспүүбүлүкэ иккис судаарыстыбаннай тылын – саха тылын туттууга, тарҕатыыга уонна харааннааһыҥҥа куонкурус буолан ааста.

Бириэмийэ идиэйэтэ

Бырайыак ааптара, барылын оҥорбут уопсастыбанньык Алла Ноговицына бу идиэйэ хайдах үөскээбитин уонна куонкуруһу хайдах тэрийэн ыыппыттарын туһунан кэпсиир:

– 2012 сыллаахха мин Казань куоракка, Татаар кэнгириэһин ыччат салаатын салайааччыта Табрис Яруллины кытары көрсүбүттээхпин. Кини миэхэ төрөөбүт тылларын харыстыыр туһугар туох үлэни ыыталларын кэпсээбитэ.

Сыл аайы татаар тылынан «Мин татарча сэйлэшэм” диэн ыччат бэстибээлэ тэриллэрин туһунан сэргии истибитим. Табрис тыл ыччакка чугас буолуохтаах диэн бигэ санаалаах этэ. “Мерч” тарҕатан, кэнсиэр тэрийэн, улахан хабааннаах тэрээһиннэри ыыталлара.

Кини тэрилтэ аатыгар, саайтарыгар, биллэриилэригэр татаар тылын туттубат, татаардыы тылбаастаабат бүддьүөт тэрилтэлэригэр “Тяжело с татарским” диэн “анти-бириэмийэ” туттаралларын сэҥээрэ истибитим. “Анти-бириэмийэ” түмүгүн бэл, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн сонуннарга таһаараллар эбит. Инньэ гынан, аҕыйах сыл иһигэр тэрилтэлэр үксэ саайтарын икки тылынан оҥорор буолбуттар, биллэриилэрин, ааттарын көннөрбүттэр үһү. Табрис Януллин онно “куһаҕан” бириэмийэни ылан аатырымаары “хара” испииһэккэ киирбит тэрилтэлэр салайааччылара “бука диэн бу үс күн иһигэр көннөрөбүт, биһиэхэ биэримэҥ” диэн көрдөһөллөрүн кэпсээн турар.

Сокуон баар эрээри...

– Биһиэхэ “Тыл туһунан” СӨ сокуона баарын үрдүнэн, тэрилтэлэр ааттарыгар, биллэриилэригэр-ыйынньыктарыгар иккис судаарыстыбаннай тылы киллэрбэттэрэ, табаардарын-бородууксуйаларын сахалыы ааттаабаттара баар суол. Сорохтор олох да сыыһа суруйан тураллара туһунан кэпсээн. Саайтар туһунан этэ да барыллыбат, оннооҕор министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр саайтара икки тылынан тахсыбат. Ону татаардар холобурдарын санаан кэлэн, “Кыым” хаһыакка тахсыбыппын тута өйөөн, “Ситим” медиа-бөлөх тэрээһинигэр көмөлөһөн, бу куонкурус саҕаланарыгар олук уурдулар. 

“Хааһы да саламаат”

– Дьүүллүүр сүбэҕэ “Кыым” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Иван Гаврильев, киэҥ эйгэҕэ биллэр тыл туруулаһааччыта, уопсастыбанньык Петр Ворогушин, филология билимин хандьыдаата Мария Кириллина, ХИНТуоКИ тылбаас хаапыдыратын дассыана, билим хандьыдаата Ирина Собакина киирбиттэрэ.

Бастаан бу куонкуруһу тылларын сатаан туттубат тэрилтэлэри күлүү-элэк гынан, “Хааһы да саламаат” диэн ааттыахпытын баҕарбыппыт, “анти-бириэмийэни” бүддьүөт тэрилтэлэригэр  аныахтаах этибит. Кэлин, сүбэлэһэн баран, бүддьүөт тэрилтэлэрин эрэ буолбакка, атын араас хабааннаах – өҥө оҥорор, бородууксуйа оҥорон таһаарар, атыы-эргиэн тэрилтэлэрин эмиэ көрүөххэ диэн сүбэлэспиппит. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэ иккис судаарыстыбаннай  тылыгар ытыктабыллаах сыһыаннара атыттарга холобур буоллун уонна ону дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарыахха диэн, куонкурус балаһыанньатын уларыппыппыт. Саамай чулуулары, бастыҥнары эрэ бэлиэтиэххэ диэбиппит. Куонкурус кылгас, биир түһүмэхтээх буолар уонна түмүгэ Ийэ тыл күнүн бэлиэтиир дьоро киэһэҕэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга биллэриллэр диэн буолбута.

Сахалыы эйгэ – дьоҥҥо кыһамньы

– Куонкуруһу ыытарга бастаан киин куоракка дьон тоҕуоруһар тэрилтэлэрин кэрийдибит – бааннары, маҕаһыыннары, өҥө оҥорор атын сирдэри. Син элбэх тэрилтэҕэ сылдьан, сорохтор бу хайысхаҕа соччо кыһаллыбаттарын көрөн хомойо санаатыбыт. Холобур, “Алмаасэргиэнбаан” курдук өрөспүүбүлүкэ биир улахан баана, “ЛОРП” курдук улахан дьоһун тэрилтэ үлэлиир дьиэлэригэр биир да  сахалыы ыйынньык, сурук-бичик суох.

Оттон “Сбербаан” ПАУо улахан офис-дьиэтигэр (Ленин бэр.17) сылдьан, туох баар ыйынньыктара сахалыы тылбаастанан дьип-дьап курдук суруллан, оҥоһуллан туралларын тута  кэрэхсии көрбүппүт. Кинилэр Чиряев уулуссатыгар баар филиалыгар эмиэ оннук этэ. Биллэн турар, “Сбербаан” ПАУо (Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Олег Анатольевич Бугай) бу – Саха сирин олохтоохторун үгүстэрэ туһанар баана. Онон ис сүрэхтэриттэн ылсан, туох баар кыра ыйынньыктарыгар тиийэ тыллары сахалыы ис киирбэхтик суруйбуттара үчүгэйин эриэхсит! Саамай тарҕаммыт, туттуллар тыллары “вклады” – “уурдарыы”,  “внести” – “угуу”, “снять” – “устуу” эҥин диэн тылбаастаабыттар. Сорох үгүстүк туттуллар тыл сахатытыллыбыт, холобур: “кредит” – “кирэдьиит”. Бу икки тылынан суруллубут ыйынньыктар, бэлиэлэр хас филиал дьиэтин аайы ыйанан, сыһыарыллан тураллар. Төрөөбүт тыл эйгэтэ манна баар, киһиэхэ сүрэҕин-быарын ортотунан киирэн, килийиэннэр “бу баан, чахчы, биһиги туспутугар кыһаллар, биһигини дьон курдук саныыр” диэн итэҕэйэллэригэр көмө  буолара саарбахтаммат буолуохтаах. Онон дьүүллүүр сүбэ куоластаан баран, туох да муоҕа-чуоҕа суох биир санаанан, “өҥө оҥорор тэрилтэлэргэ кыайыыны “Сбербаан” АУоҕа туттарарга” диэн быһаарда.

“Биһиги ыытар бэлиитикэбит”

Олунньу 13 күнүгэр Өксөкүлээх аатынан Доҕордоһуу киинигэр Ийэ тыл күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх Дьоро киэһэҕэ “Ситим” медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Владимир Степанов уонна дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, ХИФУ дассыана Ирина Собакина Сбербаан ПАУо  салайааччытын солбуйааччыта Владимир Камашевка,  Бэлиэ суругу уонна “Кыым” хаһыакка бэчээттэнэргэ анал 58 тыһ. сэртипикээти туттардылар. В.М. Камашев “Атын бааннары билбэппин, ол эрээри “Сбербаан” ханна үлэлиир да,  ол эрэгийиэн тылынан туох баар ыйынньыктарын, ааттарын суруйар, ыйыыр –  биһиги ыытар бэлиитикэбит. Онон көннөрү үлэбит дии саныыр буолан, бириэмийэни тутан, соһуйдубут да, үөрдүбүт да”, – диэтэ. Төрүт тылынан үлэлэрин ыытар атын бааннар бааллар дуо?

Untitled 2024 02 14T134333.399 1

Untitled 2024 02 14T134347.201

Килиэп кэмбинээтин үтүө холобура

Бородууксуйаны оҥорон таһаарааччыларга дьүүллүүр сүбэ кыайыылааҕынан туох даҕаны мөккүөрэ суох, биир санаанан Дьокуускайдааҕы килиэп оҥорор кэмбинээти (ген.дириэктэр – Светлана Тарасовна Кынакытова) быһаарда. Килиэп кэмбинээтин бородууксуйата нэһилиэнньэҕэ хамаҕатык атыыланар. Киһи барыта кинилэр оҥорон таһаарбыт эгэлгэ бурдук аһын сөбүлээн атыылаһар. Онно эбии кинилэр саха тылын тутталларын эмиэ бэлиэтиигин. Холобур, бородууксуйа суулана сылдьар хаатыгар иккис судаарыстыбаннай тылынан аата хайаан да тылбаастанан эбэтэр сахатытыллан суруллубутун кэрэхсии, хайгыы көрөҕүн. Онон, норуокка биллэр бородууксуйалаах ас-үөл кэмбинээтэ тылга маннык ытыктабыллаах сыһыана атын ас-үөл оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ барытыгар да холобур буолуон сөп.

Untitled 2024 02 14T134403.168

Untitled 2024 02 14T134410.539 1

Кэмбинээт бородууксуйатыгар “бездрожжевой хлеб” – “доруоһата суох килиэп”, “семена льна” – “лүөн сиэмэтэ”, “снек с творожной начинкой” – “иэдьэгэйдээх снек”, “снек с начинкой яблоко” – “дьаабылыкалаах снек” уо.д.а. суруллубутун көрүөххэ сөп. Арааһа, тылбаас үлэһиттэрин, тыл үөрэхтээхтэрин кытта ыкса үлэлээбиттэр: сахатыйбыт тыллара тылдьытынан сөпкө суруллубуттар, тылбаастара даҕаны сөп. Дьэ, бу буолар, тылга кыһамньы, суолта уурааһын дьиҥнээх холобура!

“Бородууксуйабыт атыыланара да улаатта”

Ийэ тыл күнүн Дьоро киэһэтигэр Дьокуускайдааҕы килиэп оҥорор кэмбинээттэн кэмиэрчэскэй дириэктэр Саргылана Скрыбыкина, маркетинг салаатын начаалынньыга Елена Марк кэлэн, Бэлиэ суругу уонна “Кыым” хаһыат анал сэртипикээтин  тутан үөрдүлэр-көттүлэр. С.А. Скрыбыкина хаһан да бу маннык үөрүүлээх быһыыга-майгыга бу курдук бэлиэтэммэтэхтэрин эттэ. Кинилэр атын эрэгийиэннэргэ уонна тас дойдуларга, Казахстаҥҥа, Бурятияҕа сылдьан, бородууксуйаларын хаатыгар булгуччу бэйэлэрин тылларын киллэрэллэрин бэлиэтии көрбүттэр. “Биһиги табаарбыт хаачыстыбата олус үчүгэйэ биллэр, ол эрээри туох да бэйэ ураты “сирэйэ” суоҕа”, – диир сүрүн маркетолог Елена Марк. Онон, бородууксуйаларын аатын сахалыы эмиэ суруйуохха диэн, үлэни саҕалаабыттар. Хамсык саҕаланан, дьон бары дьиэҕэ олорор кэмигэр, кинилэр урбааҥҥа, табаары атыылыырга 3-4-түү араас туһалаах идэлэргэ, куурустарга “онлайн” үөрэнэн, ол билиилэрин олоххо киллэрэн, туһанан барбыттар. “Сахалыы ааттыыр үлэҕэ мөккүөр да баара, ол эрээри биһиги ГЧИуоХНПИ учуонайдарын кытта үлэлээн, кинилэр сүбэлэрэ-амалара улахан этэ”, – диэн кэпсииллэр.

 “Дьон-сэргэ да бородууксуйабытын сахалыы ааттаабыппытын олус биһирээтэ. Ол туһунан социальнай ситимнэргэ да, бэйэбитигэр да суруйаллар. Ону атыы-эргиэн көрдөрүүтэ да туоһулуур. Холобур, “Сказки Туймады” диэн сакалааппыт хоруопкатыгар олоҥхоттон уруһуйу туруорбуппут, сахалыы ааттаабыппыт кэннэ, атыыга барыыта төһө эмэ улаатта. Билигин хас саҥа бородууксуйаны таһаарабыт да, онно бу үлэбитин салгыы ыыта сылдьабыт”, – дэһэллэр.

***

Тылы тарҕатыыга, хараанныырга, ытыктыырга бу куонкурус бигэ тирэх буолуо, үтүө үгэс быһыытынан, салгыы ыытылла туруо, ис хоһооно өссө кэҥиэ, номинацията да байыа дии саныыбыт.

Нина ГЕРАСИМОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар