Киир

Киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн элбэх араас тэрээһин буолан ааспыта. Онуоха атырдьах ыйын 22 күнүгэр “Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталларын сийиэстэрин быһаарыыларын олоххо киллэрии” (“Реализация решений съездов учителей родных языков, литературы, культуры Республики Саха (Якутия): достижения и проблемы”) диэн сүбэ-сэминээри ойуччу тутан ааттыахха сөп.

Бу тэрээһинтэн үөскээбит санааларбын этиэхпин баҕардым. Мунньах буолар сураҕын истиэхпиттэн олус элбэх өй-санаа ытылҕаныгар ылларбытым. Тоҕо диэтэххэ, сүбэ-сэминээр тиэмэтэ да оннук, кэмигэр уонна бу күҥҥэ олус тоҕоостоох даҕаны диэххэ сөп.

Тэҥнээн көрүөҕүҥ, ол 2017 сыллаахха саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын бастакы сийиэһэ ыытыллыбыт кэмигэр тылбытыгар сыһыаммыт хайдах этэй? Оттон бу 2024 сылга төрөөбүт тылбыт хайдах таһымҥа тахсан кэлбитин, тахсан эрэрин көрүөххэ. Ааспыт сэттэ сыл устатыгар олус элбэх үлэ ыытыллыбытын, элбэх хамсааһын тахсыбытын, сэргэхсийии барбытын ким даҕаны мэлдьэспэтэ буолуо.

Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевтан, Бырабыыталыстыбаттан саҕалаан, бары министиэристибэлэр, Ил Түмэн  дьокутааттара,  үөрэх эйгэтин бары таһымын салаалара, “Барҕарыы” пуондата, “Саха” НКИХ, cахалыы тыллаах бары хаһыаттар, сурунааллар, “Айар” национальнай  кыһа, улуустар  ийэ тылбыт туһугар үгүс кэскиллээх дьаһаллары ыйаахтары, уураахтары, быһаарыылары, бырагыраамалары ылыннылар, үбүлээһин көрүлүннэ. Бары даҕаны, араас бырагырааманы ылынан, үлэни-хамнаһы ыыта сылдьаллар. Уопсастыбаннай түмсүүлэр бу үлэҕэ айымньылаахтык кыттан, өрөйөн-чөрөйөн биэрдилэр. Үөрүөхпүт, долгуйуохпут иһин, оҕолорбут кытта түмсэн, төрөөбүт тылы өрө тутар тэрилтэлэннилэр.

36f74528eab367df96a50f5223422596d7850382 1

2017 сыллаахха муус устар 4–5 күннэригэр буолбут саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын I сийиэһин уураахтарын холбуу тутан олорон көрөбүн. Онуоха ол I сийиэс сүрүн дакылаатчыта, ол саҕана СӨ үөрэх уонна билимин миниистирин солбуйааччыта  Феодосия Васильевна Габышева ЮНЕСКО бигэргэппит, тыл туругун сыаналыыр 9 сүрүн киритиэрийин эппитин санаан кэлэбин.

Ол 9 сүрүн киритиэрийгэ туох киирэрий?

1. Тыл бэлиитикэҕэ миэстэтэ, судаарыстыбаннай, официальнай таһыма, сокуонунан мэктиэлэниитэ.
2. Омук ахсаана дойдуга нэһилиэнньэ хас бырыһыанын ылара.
3. Төрөөбүт тылын билэр дьон төһө элбэҕэ.
4. Тыл төһө киэҥ эйгэҕэ туттуллара.
5. Төһө докумуоннаммыта.
6. Сонуну тарҕатар эйгэҕэ тыл туруга.
7. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону төрөөбүт тылынан иитии.
8. Төрөөбүт тылы кэнчээри ыччакка үөрэх систиэмэтинэн тиэрдии, сөптөөх үөрэх кинигэтинэн хааччыйыы – сүрүн киритиэрий.
9. Тылга харыстабыллаах сыһыан.

Санаан, толкуйдаан көрдөххө, бу 9 киритиэрийинэн сыаналаатахха, билиҥҥи тылбыт туруга хайдаҕый? Хас биирдии саха киһитэ ырытан-ырыҥалаан көрүөн, түмүк оҥоруон наада. 

Мин салгыы 8-с киритиэрий ол эбэтэр, саха тыла оскуолаҕа үөрэтиллиитин туһунан этиэм. Үөрэх чааһыгар киирдэххэ, 2017 сылтан, үөһэ этиллибитин курдук, үгүс үлэ ыытылынна. Уларыйыы, хамсааһын таҕыста уонна бара турар даҕаны. Уһуйаан, орто үөрэх, орто анал үөрэх, үрдүк үөрэх кыһатын үлэһиттэрэ өрө көтөҕүллэн, саҥа сүүрээннэри киллэрэн үлэлииллэр, күннэтэ таһымнара үрдүүр. Төрөөбүт тылы үөрэтии престиһин үрдэтэргэ аналлаах, ону сайыннарар туһугар араас грант олохтонно, куонкурус ыытыллар. Ол эрээри бу 7 сыл устатыгар оннуларыттан олох сыҕарыйбакка турар кыһалҕалар бааллар. Ол кыһалҕалар ким эрэ төбөтүттэн ылан ааттаабыт кыһалҕалара буолбакка, сийиэс докумуоннарыгар киирбит, суруллубут этиилэр.

1.Үөрэх министиэристибэтин иһинэн төрөөбүт тыллары үөрэтиини, тыллар сайдыыларын, “Эркээйи эргиирэ” олоххо киириитин, сахалыы эйгэни тэрийиини чопчу  иилээн-саҕалаан ыытар, улуустары, оскуолалары кытта быһа тахсан үлэлиир салаа, анал үлэһиттэр билиҥҥэ диэри суохтар. Холобур, Башкортостан Үөрэҕин министиэристибэтигэр бүтүн үс отделлаах үправление баар эбит буоллаҕына, биһиэхэ исписэлиис да суоҕа хомотор. Ол туһуттан үгүс боппуруос быһаарыллан быстыбакка буксуйа сылдьар диэххэ сөп. Дьиҥэ, бу боппуруоһу туруорсубуппут инньэ I сийиэстэн.

2.Төрөөбүт тылы үөрэтэр учуобунньуктары оҥоруу, II сийиэс кэнниттэн үбүлэммэккэ, баҕа санаа быһыытынан, салгыҥҥа ыйана сылдьар. Дьиҥэ, маны оҥорор күүстээх учууталлар, мэтэдьиистэр улуус аайы да бааллар эбээт. Ону үбүлүөххэ, тэрийиэххэ, иилиэххэ-саҕалыахха эрэ наада.

3.Биир итэҕэс – саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура чаастара оскуола аайы тус-туһунан буолаллара. Ол аҥаардас, оскуола салалтатын баҕа санаатынан оҥоһуллар диэххэ наада. Төрөөбүт тылы үөрэтиини оскуола дириэктэрэ өйдүүр буоллаҕына, саабыстарын дьаһайан, добуочча чаас көстүөн сөп. Оттон сорохтор өйдөөбөттөрө, дьаһана сатаабаттара дьиксиннэрэр.

СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ 2023 сыл, ыам ыйын 29 күнүнээҕи “Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт тылынан литэрэтиирэ ааҕыыта” диэн биридимиэттэргэ үөрэтиини тэрийии мэтэдьиичэскэй ыйыыларын бигэргэтии туһунан”, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин орто үөрэх тэрилтэлэригэр төрөөбүт тылы уонна төрөөбүт литэрэтиирэни үөрэтии туһунан” (“Об утверждении методических рекомендаций по организации обучения предметным областям “Родной язык и литературное чтение на родном языке”, “Родной язык и родная литература” в общеобразовательных организациях Республики Саха (Якутия)”) диэн, 01-03/1118 №-дээх, үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Петровна Аргунова  илии баттааһыннаах бирикээһэ тахсыбытын үрдүнэн, балаһыанньа оннуттан хамнаабат.

mg 8761 1024x683

Дьиҥэ, С.Н. Донской аатынан Үөрэх сайдыытын уонна таһымы үрдэтии институтун (ИРОиПК) уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Билимин академиятын Тылы үөрэтэр, харыстыыр, сайыннарар киинин исписэлиистэрэ наардаан оҥорбут, оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии хайдах буолуохтааҕын туһунан табылыыссаларынан сырдатыллыбыт, чуолкайдык быһаарыллыбыт ыйынньыктара тахсан, оскуолаларынан тарҕаммыта эбээт. Ол үрдүнэн бүгүн төрөөбүт тылбытын үөрэтэр чааспыт сөпкө тыырыллыбакка сылдьара хомотор. 

Оскуола иһигэр, үөрэх эйгэтигэр саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын чаастара чиҥ туруга суохтара, талбытынан уларытыллара, аҕыйатыллара хомотор. Ааһа баран, сороҕор олох даҕаны сотуллан, атын биридимиэккэ бэриллэр чааска кубулуйда. Маннык сыһыан салгыы бара турара олох сатаммат!

4.Төрөөбүт тыл учууталларын хамнаһын үрдэтии туһунан  бастакы сийиэстэн ыла туруорсуу барар да, хамсааһын суоҕун курдук суох.

5.Аныгы үйэ хаамыытынан “Төрөөбүт тыллар” диэн сүрдээх туһалаах буолуохтаах портал  аһыллыбыта. Сүрэхтэниитэ эҥин буолбута да, хомойуох иһин, бу эмиэ ситэ үлэлээбэккэ, кыһалҕаны хааччыйбакка турар.Үбүлээһинэ ситэтэ суох эбэтэр көрүллүбэт да быһыылаах.

6. 2024/2025 сс. үөрэх дьылыгар оскуолаларга биэс күннээх үөрэххэ көһүү тахсыах чинчилээх. Ол дьиксиннэрэр. Биэс күннээх үөрэх ыытыллар түбэлтэтигэр, бастатан туран, төрөөбүт тыл чааһа аҕыйыыра өйдөнөр. Ол туһунан чуолкай быһаарыы суох.

7.“Эркээйи эргиирэ” диэн, хас биирдии оҕону “ыал–оҕо–оскуо­ла–түөлбэ” эйгэтигэр уруккуттан үгэс буолбут иитиигэ туһуламмыт иитиибит түмүллэн, сааһыламмыт бэртээхэй бырагыраама баар буолбута хас эмэ сыл буолла.  Бу туһунан истибэтэх үөрэтээччи-иитээччи суоҕа да буолуо. Ол эрээри үксүбүт кими эрэ кэтэһэн, тугу эрэ күүтэн олорор курдук. Турунан туран ылыммыт, саҕалаабыт, ымпыгын-чымпыгын өйдөөн олоҕу кытта ситимнээн үлэлии сылдьар биирдиилээн уһуйааннар, оскуолалар суох буолбатахтар. Онтон олус үөрэбит.

Холобур, ааспыт сайын от ыйын 8–9 күннэригэр Майаҕа ыытыллыбыт педагогическай дьаарбаҥкаҕа “Эркээйи түһүлгэтэ” киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыта. Тэрээһиҥҥэ 2021, 2023 сылларга СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин ыстаатыһын ылбыт 30 үөрэх тэрилтэтэ, ол иһигэр 12 оскуола, 16 уһуйаан, икки эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ “Эркээйи эргиирэ” бырагырааманы олоххо киллэриигэ туһуламмыт үлэлэрин билиһиннэрбиттэрэ. Таатта, Бүлүү, Амма, Горнай, Дьокуускайтан Хатас, Үөһээ Дьааҥы, Өлүөхүмэ биирдиилээн оскуолалара, уһуйааннара, оҕо айымньытын киинэ “бастыҥ” диэн ааттаммыттара. Кинилэр үлэлэрин уопута хайаан даҕаны тарҕаныахтаах, “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама хас оскуола аайы олоххо киириэхтээх. Манна эмиэ улахан үлэ күүтэр диибит да, ону ким иилиир-саҕалыыр?

Бу этиллибит барыта хайдах, хаһан олоххо киирэр? Ким ону ылсан дьаһайар? Аныгыскы сийиэскэ диэри эмиэ салгыҥҥа ыйана сылдьар дуу? Тыын суолталаах боппуруоспут быһаарылларыгар туох эмэ хардыыны оҥордохпутуна эрэ, инники өттүгэр үлэбит түмүктээх буолуо. Оттон онно төрүт тыл сайдарыгар ыалдьар дьон, үөрэх үлэһиттэрэ даҕаны, актыбыыстар даҕаны бары күүһү түмэн үлэлиирбитигэр ханнык даҕаны саарбахтааһын суох.

240deefeec07858a7c7c2dc10112afefb5c7ab9c
Жанна БАРАШКОВА, СӨ “Сайдыы” саха тылын,
                литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын түмсүүтүн салайааччыта.