Дьоруой 1, 6 уонна7№-дээх көннөрөр холуонньаларга уонна 2№-дээх холуонньа-поселениеҕа сырытта. Кини тэрилтэ салайааччыларын уонна үлэһиттэрин кытта сылдьан буруйдаммыт дьону кытта көрүстэ уонна олорор усулуобуйаларын көрдө.
Иитэр бэсиэдэтигэр Игорь Юргин Арассыыйаҕа олорор норуоттар култуураларыгар уонна итэҕэллэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһар ирдэнэрин эттэ. Түмүгэр буруйдаммыттары көнөр суолга турарга ыҥырда уонна олох сүрүн суолтата Ийэ дойдуга таптал, дьиэ кэргэҥҥэ кыһамньылаах сыһыа буоларын бэлиэтээтэ.
Сонун төрдө: УФСИН Саха сиринээҕи салаата