Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ Париж XXXIII Олимпийскэй сайыҥҥы оонньууларыгар сүүрүүнү сөбүлээччилэргэ ыытыллыбыт «Марафон для всех» кыттааччыларын Роман Саввины, Ольга Артемьеваны уонна Марфа Оконешникованы кытта көрсүһүү буолан ааста. Санатар буоллахха, манна бастакытын аан дойду бары муннугуттан сүүрүүнү таптааччылар – барыта 40 048 киһи – 42 км 195 м классикалыы марафоҥҥа уонна 10 км уһуҥҥа сүүрбүттэрэ.
Саха сириттэн бүтүн үс киһи сүүмэрдэнэн киирбит сөҕүмэр түгэнин сырдатыыны «Сулус спорт» сүүрүүктэр түмсүүлэрэ тэрийдэ. Кэлбит дьон сүүрүүктэргэ бииртэн биир ыйытыыны биэрэн көрсүһүү икки чааһы быһа барда. Олимпиаданы уонна Париж куораты көрөр, олимпиецтэр сүүрбүт суолларынан сүүрэр дьолго соһуччу тиксибит биир дойдулаахтарбыт сүүмэрдэнии, бэлэмнэнии, уһун айан, кыттыы ымпыгын-чымпыгын өрө көтөҕүллэн кэпсээтилэр.
Суруналыыстар кинилэр үлэлэрин-хамнастарын, дьиэ кэргэннэрин, инники былааннарын кытары токкоолостулар. Холобура, Роман Саввин, суруналыыс идэлээх эрээри, сүүрүүнэн дьарыктанан олоҕун тосту уларытан, билигин сүүрүүнү сөбүлээччилэргэ тириэньэр, ону сэргэ түөрт оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата буолар, оттон Ольга Артемьева – гаас хампаанньатын үлэһитэ, үс оҕолоох дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэтэ, сүүрүүнэн дьарыктаммыта аҕыйах сыл буолбут. Марфа Оконешникова Амма Алтаныгар физкултуура учууталынан үлэлиир, эмиэ дьиэ кэргэн ийэтэ.
Биир дойдулаахтарбыт этэллэринэн, бу марафоҥҥа кыттаары барыта 5 мөлүйүөн киһи сайаапка ыыппыт. Онон, итиччэ улахан сыыппара иһиттэн үс саха биирдэ талыллан сүүрэн кэлбитэ олус дьикти уонна сэдэх түгэн диэн өссө биирдэ тоһоҕолуубут. Кинилэри кытта сиһилии кэпсэтиини кэлэр нэдиэлэҕэ ааҕаарыҥ.
Бэйэ кэр.