Кэлиҥҥи сылларга хагдаҥ уонна үрүҥ эһэлэр дьон олорор сиригэр “ыалдьыттыылларын” туһунан үгүстүк истэр буоллубут. Тоҕо оннук буолбутун уонна ол туох кутталлааҕын туһунан биһиэхэ АБА СС Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун дириэктэрэ Иннокентий Охлопков кэпсээтэ.
ЭҺЭ ЫЫРА КЭҤИИР
Бүттүүн аан дойду сылыйыытын түмүгэр, Арктика кытылынааҕы муустар уулланнар, хоту диэки “сыҕарыйдылар”. Онон, үрүҥ эһэлэр кыһалҕаттан материкка тахсар буоллулар. Итинник маассабай көстүүнү Саха сиригэр аан бастаан 2005 сыллаахтан Аллараа Халыма улууһугар бэлиэтээбиппит. Оттон кэлин – Арктика кытылыгар барытыгар.
Эмиэ ити саҕана хагдаҥ эһэ ахсаана элбээн, уһук хоту көстөр буолбута. Оттон эһэ ахсаанын эбиллиитэ аһылыга элбээһинин, ол түмүгэр төрүүр-ууһуур дьоҕура улаатыытын, булт хаһаайыстыбатын бүттүүн кэхтиитин, кыылы-сүөлү көмүскээһин күүһүрүүтүн кытта ситимнээх. Ону таһынан, кэлин эһэни бултуур барыһа суох буолла: этин сиэбэттэр, тириитин туттубаттарын кэриэтэ, уматык да сыаната ыараата уонна бултаһааччы да аҕыйаата. Эһэҕэ киһи эрэ барыта санаммат.
ОЙУУР БАҺААРЫН ДЬАЙЫЫТА
Эһэлэр ойуурга баһаар турбутун үс көстөөх сиртэн билэллэр уонна уоттан бастакынан тэскилииллэр. Аны, ойуурга мэлдьи туох эрэ умайар буолан, эһэлэр өрт уота турбутун дуу, кулуһун, сыбаалка умайбытын дуу бэркэ билэллэр, араараллар. Ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэбит сирэ-уота улахан, ойуур кыра бырыһыана умайар, онон эһэ барар сирэх элбэх. Баһаар кини ахсааныгар дьайбатын тэҥэ.
КЫРДЬЫК УОННА СЫЫҺА ӨЙДӨБҮЛ
Урут эһэ нэһилиэнньэлээх пууннарга тахсыытын туһунан 3 – 4, оттон саба түһүүтүн туһунан 5 – 6 түгэн бэлиэтэнэрэ. Балаһыанньа билигин да оннук. Ол гынан баран, урут итинник түгэн бөһүөлэк иһиттэн ырааппат этэ. Билигин, бэл, Арктика улуустарыгар уһуллубут видео уонна хаартыска күлүм түгэн иһигэр тарҕанар. Сороҕор атын дойдуга олорор кэллиэгэлэрбит биһиги иннибитинэ билэ охсон, көрбүт чахчыларын бигэргэтээри оннук хаартысканы-устууну биһиэхэ ыыталлар.
"КҮЛҮГЭЭННЭР" УОННА КЫРДЬАҔАСТАР
Бэйэбит чинчийиибитигэр уонна ырытыыбытыгар олоҕуран эттэххэ, дьоҥҥо, сүрүннээн, эдэр уонна кырдьаҕас кыыллар тахсаллар эбит. Холобур, ийэлэриттэн саҥа арахсыбыт, уопута суох, куттанар диэни билбэт кыллар. Оннук кыыллары “күлүгээннэр” диэххэ сөп. Оттон кырдьыбыт кыыл тыаҕа аһы кыайан булуммат, сир-уот иһин күрэстэһэр кыаҕа суох, ол иһин айаҕын булунар судургу суолу көрдүүр. Холобур, Нерюнгри эһэлэрэ “төрөппүт күнүгэр” кылабыыһаҕа кэлэллэрин сөбүлүүллэр.
ҮРҮҤ ЭҺЭ МАТЕРИК ТҮГЭҔЭР КИИРИИТЭ
Үрүҥ эһэ айылҕатын быһыытынан байҕал кытылыгар эрэ сылдьар, онтон ырааппат. Оттон Дьабарыкы Хайаҕа тиийэ кэлбит эһэ, сэрэйдэххэ, кыыл үөскээбит адьырҕа буолбатах буолуон сөп. Ол кыылы кыратыгар дьон тутан иитэ сылдьан баран, улааппытын кэннэ көҥүл ыыппыттар эбэтэр бэйэтэ күрээбит диэн уорбалыахха сөп. Биһиги үлэһиппит Егор Кириллин ол эһэни көрсөн баран, “киһини билэр эбит” диэн кэлбитэ. Онон, Егор кыылы килиэккэҕэ холкутук үүрэн киллэрбитэ. Ол эһэни киһи дьиэтитэ сылдьыбытын туһунан кэлин Москубатааҕы зоопарка исписэлиистэрэ эмиэ бигэргэппиттэрэ.
Оттон Орто Халымаҕа көстүбүт үрүҥ эһэ оҕото муммут буолуон сөп. Ити курдук биирдиилээн түгэн баар буолааччы.
ҮРҮҤ УОННА ХАГДАҤ ЭҺЭЛЭР БУЛКААСТАРА
Үрүҥ уонна хагдаҥ эһэлэр ыкса “аймахтыылаар”, эволюция кэрчигинэн көрдөххө, өтөрдөөҕүтэ эрэ арахсыбыттара. 2006 сыллаахха Канада Арктикатын сиригэр бэрт дьикти эһэни бултаан тураллар. ДНК анаалыһа көрдөрбүтүнэн, ол эһэ үрүҥ уонна гризли эһэлэр булкаастара буолбута. Арассыыйаҕа даҕаны булкаас кыыллары көрсүбүттэрин туһунан кэпсээннэр бааллар эрээри, ону бигэргэтэр чахчылар көстө иликтэр. Саха сиригэр хагдаҥ уонна үрүҥ эһэлэр булкуспут түгэнннэрэ баара биллибэт. Бастатан туран, кинилэр иккиэн араас кэмҥэ уһукталлар, иссэр кэмнэрэ эмиэ туһунан буолар: үрүҥ эһэ сүүлэ муус устарга, хагдаҥ – ыам ыйыгар – бэс ыйыгар киирэр. Иккиһинэн, үрүҥ эһэ материкка атырдьах ыйыгар биирдэ эрэ тахсар.
Интэриэһинэй чахчы:
Үрүҥ уонна хагдаҥ эһэлэр булкаастарын официальнайа суохтук “пизли” (полярный гризли) эбэтэр “гролар” (гризли полярный медведь) дииллэр.
Андрей ШИЛОВ.