Киир

Киир

Чульмаҥҥа ыттар оҕону тутан сиэбиттэрин кэннэ Дьокуускайга Госдума дьокутаата, кыыллары, чуолаан ыттары, ылсан туран көмүскэһээччи Владимир Бурматов кэллэ. Кини бырабыыталыстыба дьиэтигэр Ил Түмэн дьокутааттарын, уопсастыбанньыктары уонна ветеринария управлениетын үлэһиттэрин кытта бэйдиэ сылдьар ыттарга сыһыаннаах сүбэ мунньахха кытынна.  

Санатар буоллахха, Бурматов Чульмаҥҥа тахсыбыт иэдээҥҥэ олохтоох дьаһалтаны уонна туһааннаах миэрэни кэмигэр ылымматах Ил Түмэн дьокутааттарын буруйдаабыта. Тоҕо диэтэххэ, кини көҕүлээбит «Кыылларга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан» сокуонугар балтараа сыллааҕыта уларытыы киллэрэннэр, бэйдиэ сылдьар ыттары дьаһайар боломуочуйаны эрэгийиэннэргэ биэрбиттэрэ.

«Боломуочуйа бэриллибитин үрдүнэн, Саха сирин дьокутааттара тугу да гымматахтар, дьүүллэһэн да бүтэ иликтэр!» диэн кини быһылаан кэннэ куйаар ситимҥэ аһаҕастык этэн турардаах. Онон, бүгүҥҥү мунньахха дьокутааттары «төбөлөрүттэн имэрийбэтэҕэ» чахчы. Салгыы Бурматов Силиэстийэлиир кэмитиэккэ сылдьара сабаҕаланар. Чульмаҥҥа көтөрө биллибэт.  

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар