Бу дьыл алтынньы 10 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Арассыыйа Федерациятын Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтугар саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас кафедрата тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир тэрээһин чэрчитинэн Тылбаасчыт аан дойдутааҕы күнүгэр лингафоннай хос үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста.
Бу лингафоннай хоско кафедраны төрүттээбит, нууччалыы-сахалыы тылбаас уонна саха тылын истилиистикэтин үөрэҕин түөрүйэлээбит педагогика билимин хандьыдаата, бэрэпиэссэр Тамара Ивановна Петрова аатын иҥэрдилэр. Тамара Ивановна 1934 с. Үөһээ Бүлүү Өргүөт нэһилиэгэр учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини үөрэх эйгэтигэр 50-тан тахса сыл түөрт бөдөҥ тэрилтэҕэ эҥкилэ суох үлэлээбит убаастанар-ытыктанар учуутал, настаабынньык.
Бырайыагы Ирина Собакина Потанин пуондатын граныгар кыайан, кафедра уһуйааччыларын кытта көмөлөөн олоххо киллэрдилэр.
Тэрээһин бэрэпиэссэр, тыл билимин дуоктара Людмила Ефимова алгыһынан арылынна. Үөрүүлээх аһыллыыга элбэх ыҥырыылаах ыалдьыттар: ХИФУ проректора Алексей Голиков, Тамара Ивановна төрөппүт кыыһа, Арассыыйа гражданскай сулууспатын 1-кы кылаастаах референэ, ыстатыыстыка бэтэрээнэ София Неустроева, АБ ХИНТуоКИ дириэктэрэ Гаврил Торотоев, Саха сирин Билимҥэ академиятын иһинэн Төрөөбүт тыллары үөрэтии, харааннааһын уонна сайыннарыы киинин салайааччыта Феодосия Габышева уо.д.а. алгыс тылларын, эҕэрдэлэрин эттилэр.
Салгыы Тылбаасчыт аан дойдутааҕы күнүн Устудьуон көҕүлээһинин киинигэр (Центр студенческих инициатив) бэлиэтээтилэр. Бу бэлиэ күн нууччалыы-сахалыы тылбаас уонна педагогика үөрэҕин салаатыгар киирбит устудьуоннары сүрэхтээтилэр. Саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас кафедратын сэбиэдиссэйэ Лидия Манчурина лингафоннай хос арыллыбытынан уонна Тылбаасчыт аан дойдутааҕы күнүнэн истиҥ эҕэрдэтин эттэ. София Владимировна нууччалыы-сахалыы тылбаас салаатын 4-с кууруһун устудьуона Эмма Игнатьеваҕа Тамара Петрова анал истипиэндьийэтин туттарда. Бу биэчэри “Уран” үҥкүү ансаамбыла кэрэ үҥкүүтүнэн, ХИФУ устудьуоннара ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр, ону таһынан араас сылга бүтэрбит выпускниктар үөрэммит сылларын ахтан-санаан, махтал тылларынан түмүктээтилэр.
Бэйэ кэр.