Уонтан тахса сыллааҕыта Чурапчы Хатылытыгар Тураахтаах диэн халыҥ систээх үрэх сиргэ өрт уота туран, туох да олус киэҥ сир бүтүннүү умайан турардаах. Ол эрээри, куһаҕан даҕаны үчүгэйдээх дииллэринии, ол баһаар кэннэ үс-түөрт сыл буолан баран, уот турбут сиригэр чугас эргин хаһан (бүтүн улууска) даҕаны үүммэтэх хойуу моонньоҕон (сорохтор «хара хаптаҕас», «дьордьомо» дииллэр) үүммүтэ. Ону кытта төһө да ыраах, суола-ииһэ да суох буоллар, Тураахтаахха турар-турбат бары тиэстибитэ. Бэл диэтэр, «Чурапчы – Тураахтаах» диэн хайысханан таксыылар дьону тиэйэр-таһар буолбуттара.
Моонньоҕон үүммүтэ иккис дуу, үһүс дуу сылыгар биһиги, ол өлгөм быйаҥтан матымаары, бырааппын Диманы кэпсэтэн, түөрт дьахтар «тиэнтэбэй уазигынан» сир астыы диэн тахсыбыппыт.
Түүн үс чааска туран Тураахтаахпытыгар сарсыарда эрдэ айаннаан тиийбиппит, номнуо уонча «УАЗ-микроавтобус» кэлэн турара, балаакканан сытан хоммут дьон көстөллөрө, киһи-сүөһү элбэх этэ. Онон сып курдук үссэнэ түһээт, биэдэрэлэрбитин туппутунан, лааҥкыга киирбиппит.
Дьахталлар бары даҕаны сир астыы, сиргэ-уокка сылдьа үөрүйэх буоламмыт, иккилии буолан арахсан, бэйэ-бэйэбититтэн наһаа тэйбэккэ, күнүс эбиэт саҕана тыа саҕатыгар, киирбит сирбитигэр көрсүөх буолан, чугас соҕус сылдьан моонньоҕоннообутунан барбыппыт.
Аҕыйах чаас иһигэр наһаа ырааппатах буоламмыт, эбиэт саҕана ким иккилии, ким икки аҥаардыы-үстүү биэдэрэни толороммут, көрсөн эмиэ чэйдээбиппит. Ол кэннэ дьэ киэһэ биирдэ көрсүөх буолан араҕыстыбыт.
Өтөр Ленкабыныын эбиэт саҕана үргээн иһэн хаалларбыт сирбитин булан, эмиэ онно биирдии биэдэрэни хомуйан, онтубутун үрүсээкпитигэр куттан баран, салгыы иһирдьэ диэки киирэн истибит. Төһө өр сылдьыбыппытын билбэппин. Арай үрүсээкпитигэр иккис биэдэрэбитин кутан, илиибитигэр иккилии толору моонньоҕонноох биэдэрэни тутан баран, кэлбит сирбит диэки тахсан бараары уҥа-хаҥас хайыспыппыт, аһара ыраатан хаалбыт эбиппит. Ол да буоллар, чахчы, манан кэлбиппит, тыабыт саҕата манан баар этэ диэммит, иннибит хоту түһүнэн кэбистибит.
Уот сиэбит, иҥнэл-таҥнал түспүт лааҥкытын, хара хоруо буолбут отун-маһын быыһынан чаастан итэҕэһэ суох, балачча өр хаамтыбыт да, үрэхпитигэр, Тураахтаахпытыгар кыайан тахсыбатыбыт. Муммуппутун сэрэйдибит.
Мин букатын пааньыкалаан киирэн бардым. Хата, Ленка холку. «Эс, хайдах мунан хаалыахпытый? Билигин бу тыаҕа сүүһүнэн киһи сир астыы сырыттаҕа дии. Чугас бааллара буолуо», – диэн хаһыытаан көрөр да, ким да хоруйдаабат, тыас-уус да иһиллибэт. Ол аайы мин букатын иэдэйэн истим.
Ити икки ардыгар халлааммыт киэһэрэн барда. Бырдах, үөн-көйүүр бөҕө буолла, киһини тулуталларыттан аастылар. Мин «бүттүбүт, өллүбүт» диэн харахпыттан уу-хаар баһан бардым. Онуоха Ленкам: «Ол-бу буолума, кыра оҕоҕо дылы. Бу күөх сайын эһэ-бөрө тардыбатаҕына, кырата, биир ый өлүөҥ суоҕа. Көстүбэтэхпитинэ, сарсын МЧСтар кэлэн көрдүөхтэрэ. Дималаах, кыргыттар да көрдөөн эрэллэрэ буолуо», – диэн мас-таас курдук этэн кэбистэ.
Ол олорон арай хараҕым кырыытынан өйдөөн көрбүтүм, охтон сытар аарыма тиит сылбаҕар хайдах эрэ араҕастыҥы өҥнөөх этэрбэстээх, тобугар тиийэр уһун чараас тирии соҥноох, сэксэгэр бытыктаах оҕонньор биһигини тонолуппакка көрөн турар эбит. Мин, абааһы турар диэн куттанан, сүрэҕим уолукпунан тахсан барыахтыы өрүтэ мөҥөн, хаһыытаан эрэрим баара да, өйбүн сүтэрэн кэбиспиппин.
Ленкам сирэйбин таһыйарыттан эрэ өйдөннүм. Илиим-атаҕым салҕалас, төбөм дьалкыҥнас. Саҥарар да кыаҕым суох, биир кэм тоҥмут киһилии сыҥааҕым ыпсыбакка бап-бабыгырас буолбуппун. Дьүөгэбэр тоҥус оҕонньорун (мин санаабар, тоҥус оҕонньоро быһыылааҕа) көрдүм диэн этэ сатыыбын эрээри, кыайан саҥа таһаарбатым. Аны туран, Ленкам аһыныан билбэккэ, миигин, бэйэтэ да нэһиилэ олорор киһини: «Тур, чэ, бардыбыт! Ол-бу буолан үөннүрэн көр эрэ! Киһи куттанара туох да суох. Маннык буоллаҕына, иккиэн өлөр буоллахпыт дии. Эйигинэ суох Туйаараҥ (кыыһым) хайдах киһи-хара буолуой!» – диэн мөҕө-мөҕө, өрө тардан туруорда да, инним диэки анньан кэбистэ.
Дьонноох сиргэ хайдах тахсыбыппытын, тыа саҕатын хайдах булбуппутун билигин бу диэн өйдөөбөппүн. Барыта туман-имэн курдук. Арай наһаа эрэйдэммиппин, утаппыппын, дьоммут кэтэһэ-күүтэ сатаан баран, көрдүү баран эрэллэрин эрэ өйдүүбүн. Дьиҥэр, муммут дьон биэдэрэлэрбитин-үрүсээкпитин быраҕан, хаалларан кэбиһиэхэ баара да, тоҕо эрэ инньэ гымматахпыт. Оннук өй киирбэтэх дуу, үргээн сыраласпыппытын аһыйбыппыт бэрдэ эбитэ дуу? Инньэ гынан букатын халлаан хараҥарарын саҕана быыһаммыппыт.
Дьиҥэр, кэлин кэпсээбитинэн, Ленкам били оҕонньору эмиэ көрбүт, бэйэтэ эмиэ олус куттаммыт эбит эрээри, мин уҥан таралыйбыппар «иккиэн оҕуттахпытына – өлөбүт» диэн, дьулайыан, айманыан оннугар, төттөрүтүн, эрдийэн биэрбит. Ол кэмҥэ оҕонньоро тииһэ суох айаҕынан үөрэн ымах гына-гына, ыҥырар курдук, кэннин хайыһа-хайыһа, мастар быыстарынан киирэн бара турбут. Дьүөгэм, онтон өй ылан, миигин туруоран, тоҥус оҕонньорун батыспыт уонна син балачча хаама түһэн баран, дьоҥҥо утары кэтиллэ түспүт.
Ити түгэҥҥэ дьүөгэм эр санаатын киллэрбэтэҕэ буоллар, биһиги, баҕар, мунан өлбүт да буолуох этибит. Буолаары буолан, мин курдук пааньыкаһыт киһи.
Даҕатан эттэххэ, дьүөгэм Ленка Уус Майдаттан төрүттээх, оҕо дьиэтигэр улааппыта. Манна, биһиги улууспутугар, кийиит буолан кэлэн баран, олохсуйан хаалбыта. Баҕар, кини биир эмэ эһэтэ, хос эһэтэ тоҥус оҕонньоро буолан көстүбүтэ буолуо?
Зоя Слепцова,
Чурапчы.