Бу түүллэрбин 1971 сыллаахха Сыырдаах диэн сиргэ андылыы сылдьан түһээбитим. Ол сыл куртахпынан улаханнык ыалдьан 10-с кылааһы ситэри үөрэнэн бүтэрбэтэҕим. “Сыл устата 3 эрэ ый үөрэнниҥ” диэннэр, кылааспар иккис сылын хаалларбыттара. Кылааһым оҕолорун сайыһан улаханнык хомойбутум. Онтон ыла орто дойдуттан баҕа өттүнэн барар санаалар киирэр буолбуттара.
Бу кэмҥэ аҕам андылыы бараары сылдьан, эмискэччи миэхэ кэлэн: “Андылыы барсаҕын дуо?” – диэн ыйыппытыгар бастаан сөбүлэспэтэҕим. Онтон аҕам “анды, тайах уонна тыатааҕы бултуохпут, маннык тиистээх тыатааҕыны” диэн баран тойон тарбаҕын көрдөрдө. Ону көрөөт, мин тута сөбүлэстим. Тоҕо диэтэххэ, тыатааҕыга туттаран өлөр санаа көтөн түстэ.
Андылыыр сирбит бөһүөлэктэн үс көс Сыырдаах диэн сир Киэҥ күөлүгэр баар. Аҕабыныын киэһэ 9 чааска тиийдибит. Кыттыгастара Ньукулай Ефимов – Кириэс-Халдьаайы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Харытыан Скрябин – метеоролог, Ньукулай Неустроев сопхуос оробуочайа уонна аҕам Афанасий Гоголев. Тиийбиппит, киэһээҥи аһылыктарын аһыы олороллоро. Мин кэлбиппин көрөн сөбүлээбэтилэр. Харытыан үөннээх баҕайытык күлэн баран “Охонооһой өйдөөх оҕонньор, анды биир өлүүтүн мыынан аны уолун аҕалла, оччотугар икки өлүүнү ылар буолбут”. Бары чочумча саҥата суох олордулар. Онтон аҕам эттэ: "Уолум ыарыһах, айылҕаҕа сылдьан доруобуйата көнүө диэн аҕалбытым, киниэхэ булт өлүүтэ наадата суох, иккиэн биир өлүүгэ сылдьыахпыт, ол оннугар кини бэйэтин арыгытын өлүүтүн аҕалла", – диэн баран, алта буокканы үрүсээктэн таһаарда. Ньукуус үөрэн харахтара кылабачыс гынна."Бэрт эбит. Ыарыһах уолгун мин эмтиэм, үтүөрдүөм", – диэтэ.
Онтон Ньукулай: "Томпоҕо "Победа" холкуоһу 7 сыл салайбытым. Онно кырдьаҕас табаһыттар ыраах бултуу бараары гыннахтарына бултуу сылдьыбатах уолу илдьэллэрэ. Кинилэр этэр этилэр: “Байанай биһиэхэ анаабыт булдун бултаатыбыт, ол иһин эдэр уолу илдьэ барабыт. Кини байанайыттан бэриhиннэриэхпит, бултуохпут дииллэрэ. Уолуҥ улахан булка сылдьыбыта дуо?” – диэн ыйыталаста. Онуоха аҕам: "Суох, маҥнайгы тахсыыта", – диэтэ. "Дьэ бэрт, оччоҕо, кини Байанайыгар сөтүөлүөхпүт. Былырыын мэлийбиппит, биирдии анды уонна үс ээмиллэ куһу өлөрбүппүт, сохсобутугар биир кыра арбаҕастаах иҥнибитин, бөрөлөр кэлэн сиэн кэбиспиттэрэ, тугу да хаалларбатахтара", – диэтэ.
Ньукулай: "Саҥа киһи байанайын бэрэбиэркэлии таарыйа сохсолорун иитиэххэ уонна бириэмэ ортоҕуна, Лабыгы үрэххэ быһыт оҥорон быйыттыахха, туу угуохха", – диэтэ. Бары сөбүлэстилэр. Онтон Ньукуус:" Төһө элбэх эми аҕаллыҥ, көрдөр эрэ", – диэтэ, онуоха ийэм хаһыатынан эриллибит балачча эмин киниэхэ туттардым. Илиитигэр ыараҥнатан баран "дэлэй дьааты биэрбиттэр" диэт, кулуһуҥҥа кыыратан кэбистэ. Бары соһуйдубут. Ньукуус эттэ: "Айылҕа оҕотоҕун, айылҕа эминэн эмтиэххэ наада, эйиэхэ анаан эмп оҥоруом". Онтон аҕабар: “Уолгар дөлүһүөн силиһин ыраастаан аҕал, Харытыаҥҥа хочулуок биэрэн баран, “аҥаарыгар диэри харыйа мутукчатын иннэтин”, Ньукулайга биир курууска биэрэн баран “тиит сымалатын хомуй”, – диэн сорудах биэртэлээтэ. Сарсыарда уонтан тахса бытыылкаҕа эмп оҥордо, онтукайын микстура диэн ааттаата. Онтон 4 бытыылканы арааран ылла. “Курууска аҥарын кутан баран ис, отукка диэри бытааннык аах, ол кэнниттэн бу бытыылканы иһэҕин, булкуйума” диэтэ. Аҕам сэрэхэдийэн: «"Макаар" эмэ буолбата ини?» – диэн ыйыталаста. Онуоха: «Суох, өбүгэлэрбит үйэ тухары илдьэ сылдьыбыт эмтэрэ. Уолуҥ уонча хонугунан, билиҥҥитин курдук икки киһи өйөөн түһэрбэт, таһаарбат, ат ыҥыырыгар бэйэтэ ыттар буолуоҕа», – диэтэ.
Баҕарбатарбын да, ити "микстуралары" күҥҥэ үстэ иһэрим. Сарсыарда күн тахсыыта оҕонньоттор туран түүллэрин кэпсииллэр. Турбуппар, тугу түһээбиппин туоһуластылар. Ону «суох» диэтим. Түргэнник аһаат, үс атынан тыатааҕыга сохсо оҥоро бардыбыт, маҥнайгы сохсо күөл кытыытыгар чугас баар эбит, баттык маһын уларыттыбыт, мэҥиэҕэ куул аҥаара собо уонна ынах тириитин лоскуйа буолла. Күнү быһа сэттэ сохсону туруордубут. Нөҥүө күн икки саҥа сохсону оҥордубут уонна Лабыгы үрэҕи быһыттаан туу уктубут, эмиэ хараҥаҕа кэллибит. Бу сырыыга сыттыкка тиийбэккэ утуйан хаалбыппын.
Күн тахсыбыта ырааппыт, дьонум аһаан бүппүттэр. Эбиэт кэнниттэн аҕабын кытта Лабыгы үрэххэ атынан туу көрө бардыбыт, тууга 12 улахан быйыт киирбит. “Саҥа киһи кэлбитэ билиннэ, байанайыгар сөтүөлээн эрэбит, былырыын биир да быйыты ылбатахпыт”, – диэтэ Ньукуус. Балыгы ыраастаан, тууһаан баран, Ньукуус хаспыт бадыбаалыгар укпуппут кэннэ дьоммут кэллилэр. Бары да сылайдыбыт, собо миинин иһээт, утуйан хааллыбыт.
Сарсыарда, куолуларынан, түүллэрин ырыттылар уонна миигиттэн тугу түһээбиппин ыйыттылар. Онно «биир тииһэ суох эбээн эмээхсинэ төбөбүн имэрийдэ уонна сүүспүттэн сыллаан ылла» диэбиппэр, Харытыан хап-сабар: "Саҥарба, уолбут атыырҕаабыт, түүлүгэр эмээхсиҥҥэ сананар буолбут", – диэтэ. Онтон Ньукулай Ньукуустуун саҥата суох бэйэ-бэйэлэрин диэки көрдүлэр. Онтон Ньукуус: "Бүгүн бары сохсо көрө барыахха", – диэтэ. Баран истэхпитинэ, иннибитигэр бочугурас көтөн таҕыста, маска олоро биэрдэ. Харытыан бочугураһы түҥнэри ытта уонна «үрүсээккэр угун, түүлүҥ ити сылдьар» диэн күллэ. Күммүт киэһэрдэ.
Арай суолбут кытыытыгар, талахтар үрдүлэринэн тыатааҕы төбөтө көһүннэ, киинэҕэ уонна кинигэ хартыынатыгар эрэ көрөр киһи салынным, тымныы ууну испит сылгы курдук куттанан титирии түстүм. Ньукулай эргилиннэ, саатын санныттан эһэ охсоот, тобуктуу түстэ уонна кыҥаан баран, ытан саайда. Эһэбит ньимис гынна. Төрдүөн сэрэнэн, талаҕы эргийэ бардыбыт. Тыатааҕы ойоҕоһунан сытар, омос көрдөххө, өлбүт курдук эрээри, түллэҥниир уонна айаҕын атар этэ. Онуоха мин “баҕа санаам дьэ туолаа ини” дии санаат, эһэҕэ сүүрэн кэлэн айаҕын аттаҕына, төбөбүн онно угуом диэн санааттан кулгааҕыттан тартым. Онтукайым, кырдьык-хордьук, айаҕын атта, төбөбүн чугаһатан эрдэхпинэ, айаҕыттан киһи хараҕын уута тахсыар диэри амырыын сыта кэллэ, сиргэнэн чинэрис гынным. Бу кэмҥэ аҕам сүүрэн кэлэн, миигин санныга тэптэ, ыраах эһиллэн хааллым. Эһэ төбөтүн аҕам карабинынан ытта. Бары эргиллэн миигин көрдүлэр, мин түөрт атах буола сылдьан, тыатааҕы сытыттан сиргэнэн хотуолаа да хотуолаа буоллум.
Саҥардыы сүлээри сырыттахтарына, Ньукуус үс атынан көтүтэн кэллэ. “Оо уолбут түүлэ туолбут, кырдьан сөп буолбут кыыл эбит, көрүҥ оннооҕор иннинээҕи аһыытын тиистэрэ суохтар” диэн соһуйда. Миэхэ сүллэрээри ыҥырбыттарын, сытын абааһы көрөн, тэйиччи олордум. Киэһэ биэдэрэҕэ ыгыччы эт буһаран баран, иҥсэлээхтик сиэтилэр, мин төрүт сиэбэтим. Ньукуус түөспүн, испин кыыл сыатынан сотто уонна куобах тириитинэн саба ууран баран биинтэнэн баайан кэбистэ."Оо дьэ, этин, сыатын сиириҥ буоллар, куртаҕыҥ түргэнник оһуо этэ", – диэтэ. Ол түүн эһэ сытыттан аанньа утуйбатаҕым. Кэлин кыралаан этин сии үөрэнним. Биир күн күнүс тэһийбэккэ утуйа сытан түһээтэхпинэ, олус кырасыабай кыыс муус маҥан таҥастаах күөл кытыытыгар сүүрэ сылдьар, мин ситэн ылан илиитин ыллым. Киһим күллэ, мин эмиэ күллүм. Өссө салгыы түһүөхпүн дьонум уһугуннардылар. «Тугу түһээтиҥ?» диэн ыйыппыттарыгар, түүлбүн кэпсээтим. Харытыан куолутунан «бу уолбут атыырҕаан бүппүт» диэн саҥаран истэҕинэ, Ньукуус "оо, эмиэ эдэр тыһы кыылы бултуур буоллахпыт дуо?" диэн саҥа аллайда. "Чэ, сарсыҥҥыны сарсын билиэхпит. Сарсыарда эрдэ бары сохсобутун көрүөхпүт'", – диэтэ Ньукуус.
Сарсыарда Ньукулай барыбытын уһугуннарда уонна: "Күөл кытыытыгар кыыл таба турар, сэрэнэн тахсан ытыахха", – диэтэ. Тахсан көрбүппүт, биһигиттэн тэйиччи биир кыыл таба күөл кытыытыгар турар, хата, тыал кини диэкиттэн үрэр буолан сыппытын ылбата. "400 миэтирэ, ытыахха. Чугаһаары гыннахпытына куотуо. Биир, икки, үс", – диирин кытта үс карабин тыаһа хабылла түстэ, таба сууллан түстэ. "Оо, Байанай, махтал", – диэн Ньукулай үөрэн саҥа аллайда. Карабин тыаһын истэн, Ньукуус кэллэ. "Уолбут маны түһээбит. Дьэ, уолбут байанайыгар кытаанахтык сөтүөлээтибит", – диэтэ. Үс эр бэрдэ начаас икки ардыгар сүлэн, эттээн оҥкучахха уктулар. Күнүс аһаан баран, ас тарҕата дугдаларга утуйа таҕыстыбыт. Саҥардыы утуйаары сыттахпына, Харытыан «андылар иһэллэр» диэтэ. Мончуугу көрөн, күөл ортотугар түстүлэр. Ньукулай: "Ыксаамаҥ, чугаһаабыттарын кэннэ ытыахпыт", – диэтэ. Чугаһаатылар, андылар чөмөхтөспүттэрин кытта, сибиниэс буулдьа ыйылаан тиийдэ. Ол гынан 17 анды түспүттэн 13-һү хааллардыбыт.
Дьэ, ити курдук бултаан бүтэн, бултарын үллэһиннилэр – туустаах быйыты, тыатааҕы, таба этин уонна андыны. Бу булт кэнниттэн бэйэбэр тиийинэр санаа үөскээбэт буолбута. Дьиэбэр кэлбитим түөрт хоммутун кэннэ, Ньукуус кэлэн: "Аҕаҥ ыҥырар, андылыы барар үһүгүн", – диэтэ. Ньукуус кэпсээнинэн, андылара кэлбэтэх үһү, барбыт күммэр Лабыгы үрэххэ уу кэлбит, мас бөҕө устан кэлэн быһыттарын тоҕо солоон кэбиспит, тууларын бэрт нэһиилэ быыһаабыттар. Онтон 9 тыатааҕы сохсотугар туох да ымньамматах үһү. “Байанайдаах уолбут баран, ол иһин мэлийдибит”, – дэспиттэрин ыҥыра кэлбит. Хайыахпыный, барсыбытым. Суолбутун ортолоон истэхпитинэ, Ньукуус атын тохтотон, илиитинэн далбаатаан ыҥыран ылла уонна илиитинэн тугу эрэ ыйар. Өйдөөн көрбүппүт, суол ортотугар хара улар олорор эбит. Аттан түспэккэ олорон, улар төбөтүн кыҥаан баран ытан саайдым. Уларым табыллан, өрө сохсоҥноон баран өллө.
Кустуур сирбитигэр кэлбиппитигэр Ньукулай уонна аҕам үөрэ көрүстүлэр. Ньукуус суумкатыттан улары таһааран биэрдэ. Киэһээҥҥи аһылыгы аһаан, дурдаҕа киирэн, сымыйанан кус манаабыта буолан баран утуйдубут. Сарсыарда уонча анды кэлэн баран, күөл илин баһыгар уҥуор түстүлэр, чочумча олороот, хоту диэки көтө турдулар. “Бу быйыл иккис түһүүлэрэ, онно тиийэн дурда оҥостуохха наада” диэтэ Харытыан. Харытыаннаах аҕам дурда оҥорбутунан бардылар, миигин дулҕата быс диэн баран сүгэ биэрдилэр. Онтон уот оттон дулҕалары уоттаатыбыт, уоттаан баран, сүгэнэн куска майгынныыр гына мончуук оҥордубут уонна дурдаҕа түүннэри олордубут.
Түүн анды кэлбэтэ, ол оннугар бырдахха сиэтэн сөп буоллубут, ыксааммын, сирэйбин кыраһыынынан соттобун, оччоҕуна ытырара аматыйарга дылы. Арай Ньукуус кыһаммат, мин көрдөхпүнэ, кинини кумаар да сиэбэт курдук. Харытыан мэлийэн, кумаарга дэлби сиэтэн, сирэйэ-хараҕа тостубут көрүҥнээх уонна "ким тугу түһээтэ" диэн ыйытта. Оҕонньоттор, куолуларынан, наар бокуонньуктары көрбүттэрин, кинилэрдиин кэпсэппиттэрин кэпсээтилэр. «Онтон эн тугу түһээтиҥ?” – диэн Харытыан ыйыппытыгар: – Эйигин түһээтим. Биир дьааһык буокканы тута сылдьаҕын, онтон 4 буоккатын миэхэ күүскүнэн биэрдиҥ, – диэтим. Онуоха киһим: “Бэрт түүл эбит, ол гынан баран, санаарҕаама, 20 бытыылка буокканы төрүт биэриэм суоҕа, бэйэм ыйыстыам уонна соҕотоҕун итириэм”, – диэн өс саҕа буолла. Оҕонньоттор түүлү ырытан баран, “киһибит 20 андыны өлөрөр буолбут” диэн тойонноотулар. Киэһэ барарын саҕана Ньукулай улахан халыыбырдаах саатын биэрдэ уонна икки ботуруону. «Уонча анды түстэҕинэ биирдэ ыытаар. Мин бу саанан үс сыллааҕыта күһүн 40 мороду түспүтүн, биирдэ ытан 18-тын хаалларбытым, сэрэнэн илдьэ сырыт, ууга түһэримэ, сүтэримэ. Дьэ, элбэх түстэҕинэ, үчүгэйдик бултаа", – диэн алҕаата. Киһибит улахан сааҕа үөрдэ уонна сэниэлээхтик эрдэн саҥа оҥорбут дурдатыгар барда.
Сарсыарда күн тахсыыта 50-тан тахса анды биһиэхэ түһээри гынан баран, уҥуор киһибит дурдатын таһыгар барылаччы түстүлэр, саҥа-иҥэ, охсуһуу бөҕө буолла, арай киһибит ыппат. «Хайа, киһибит утуйбут дуу, хайдах утуйан хааллаҕай? – диэн Ньукулай саҥа аллайан эрдэҕинэ, кэмниэ кэнэҕэс күөх буруо унаарыс гынна, онтон иккитэ утуу-субуу саа тыаһаата. Кустар көтөн тахсан баран, биһиги диэки истилэр, ону Ньукулай “саанан ытыллыбыт анды түспэт, чугаһынан аастахтарына күөрэтиэххит” диэтэ. Адьас аттыбытынан ааһан истэхтэринэ ытаммыт, түөрт анды түстэ, биир өлөн, үһэ бааһыран. Олору хаста даҕаны ытыалаан өлөрөн кэбистибит. Арай киһибит саатын тыаһа тохтообот, аны биэрэккэ сүүрэ сылдьан ытыалыыр, онтон хаалбыт андыны барытын дьаһайда быһыылаах, тыынан киирэн кустарын хомуйан биһиэхэ тиийэн кэллэ. “Байанайым бүгүн миэхэ мичик гынан, 20-тэн тахса андыны өлөрдүм. Алик түүлэ туолбата: 20-тэн тахсаны дьакыйдым”, – диэтэ. Бары соһуйуу, өмүрүү бөҕө буоллубут. Оннооҕор Ньукуус курдук кыраҕа ымыттыбат оҕонньор үөрэн, улахан илиитинэн Харытыаны кытта илии тутуста, ону үтүктэн бары илии тутустулар. Арай Харытыан миэхэ илиитин биэрбэтэ. Өлөрбүт куһун ааҕа-ааҕа биэрэккэ бырахта, онтуката оруобуна 20 устуука буолла. “Эс, хайдах маннык буолуой, аахпытым ээ, 20-тэн тахса этэ”, – диэн баран иккистээн аахта, эмиэ сүүрбэ буолла. Бары даҕаны түүлүм ахсаан өттүнэн оруобуна тахсыбытыгар сөрү диэн сөхтүлэр.
Дьэ, ити курдук, күннэр-дьыллар, Алдан өрүһүн уута сүүрүгүрэн ааһарын курдук, элэкис гынан аастылар. Бу бултаабыт сирбэр кэлин биирдэ бара сылдьыбытым. Онно сылдьан туппут балаҕаммытын өрт уота сиэн кэбиспит этэ. Сохсолорбут бары эмэҕирэн, сууллан хаалбыттар, бэттэх сыппыт дурдабыт омооно эрэ хаалбыт этэ. Арай уҥуор Харытыан оҕонньор туппут дурдата эрэ көстөрө. Онон Сыырдаахха оҕо сылдьан итинник үстэ түһээн турардаахпын. Ким байанайыгар сөтүөлээбиппитин Байанайбыт эрэ билэн эрдэҕэ.
Альберт Гринпис.
(бассааптан).