Киир

Киир

Олунньу 16 күнүгэр Дьокуускайдааҕы "Арчы Дьиэтэ" духуобунай култуура киинигэр, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн, "Ийэ тыл илгэтэ" тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста. Кэлбит ыалдьыттары киирии ааҥҥа маҥан халадаайдаах дьахталлар үөрэ көрсөн, үрүҥ сылгы сиэлэ дэйбииринэн ыраастаан, хобо чуораан тыаһынан арыаллатан, барыбытын алгыска киирэргэ ыҥырдылар. Манна "Тыл иччитигэр сүгүрүйүү" сиэрэ-туома ыытылынна.

Алгыһы СӨ култууратын туйгуна, Арчы дьиэтин духуобунай култуура киинин фольклорга исписэлииһэ, алгысчыт, Кэбээйиттэн төрүттээх Сайылык Бүөтүрэ түһэрдэ. Хас биирдии киһи, төрөөбүт тыл ыйыгар сахалыы алгыһы иҥэриннибит, куппутун-сүрбүтүн бөҕөргөттүбүт.  Сылгы сиэлинэн сыт таһааран, боҕуруоскай отунан ыраастанан, санаабыт чэпчээтэ. Алгыс кэнниттэн бары киэҥ саалаҕа тоҕуоруһа муһуннубут. Сылаас алаадьынан хас биирдии ыалдьыты айах тутан күндүлээтилэр.

Untitled 2024 02 19T111008.797

Үөрүүлээх тэрээһини «Айар Кут» поэттар уонна прозаиктар регионнааҕы сойуустара "Ийэ тыл" диэн дьүһүйүүнэн арыйда. Кэкэрдэ, Чэлгийэ, Туску, Оhуордаах, Айталыына, Аана Кыыha хоһооннорун нарын-намчы кырыымпа тыаһыгар  доҕуһуоллатан  ааҕаннар, тута олус ураты, истиҥ-иһирэх,  сылаас эйгэ үөскээтэ.  Балбаара Хорула тылларыгар, Илья Константинов мелодиятыгар "Саха тыла" диэн ырыаны баян доҕуһуолугар толорон, дьон сэҥээриитин ыллылар. Баяҥҥа доҕуһуоллаата өрөспүүбүлүкэтээҕи баянистар, гармонистар, аккордеонистар сойуустарын чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Анастасия Болтокова-Дьолууна.

Салгыы Сайылык Бүөтүрэ "Иэйии эйгэтэ" ырыатынан мустубут дьонун эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Хоһоон Суһума" бырайыак кыттыылааҕа, Горнайтан сылдьар Мария Андреева ырыатын дохсун ытыс тыаhынан көрүстүлэр. Намтан сылдьар Маайа Григорьева бэйэтин тылларыгар, мелодиятыгар "Махтанабын" ырыатын, Наталья Иванова "Кэрэ киhи" ырыатын олус истиҥник толорон, кылыhaхтаах куолаһын кырыымпатын доҕуһуола ситэрэн биэрэрэ истэргэ олус долгутуулаах, дьиҥ сахалыы кэрэ дьүһүйүү буолла.

Untitled 2024 02 19T111020.856

Анастасия Болтокова-Дьолууна бэйэтин тылларыгар уонна мелодиятыгар "Үөһээ Бүлүү – мин дойдум" ырыатын олус истиҥник  толордо. "Хоһоон Суһума" бырайыак кыттыылаахтара Диана Сутакова-Дайаана Куо уонна Сайылык Бүөтүрэ, тапталлаахтар күннэригэр анаабыт хоһооннорун олус иэйиилээхтик ааҕаннар, дьон биһирэбилин ылыан ыллылар.  Валентина Саввина-Оhуордаах "Өбүгэм сиригэр" диэн бэйэтин хоһоонун олус иһирэхтик ааҕан, кэрэ нарын куолаһынан Уххан тылларыгар, Сиэн Тиитэп матыыбыгар "Ырыа-хоһоон" ырыатын толорон, дьон дуоһуйа иһиттэ, үҥкүүлээн да ыллылар. Аскалон Егоров Аркадий Алексеевка анаабыт "Истиий дуу, байааным ырыатын" толоруутун, Лена Черепанова гитаранан ырыатын дьон ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Каджана Евсеева-Чэлгийэ "Төрөөбүт төрүт тыл" диэн бэйэтин хоһоонун, Татьяна Иванова-Уран Күннэй "Ийэ тылым" хоһоонун, Вера Цыпандина Николай Васильев-Харыйалаах Уолун хоhоонун олус иэйиилээхтик ааҕаннар, дьон сэҥээриитин ыллылар. Эдэр суруйааччылар "Ньургуһун" түмсүүлэрэ П.А.Ойуунускай "Бырастыы" айымньытынан "Ийэ тыл илгэтэ" диэн дьүһүйүүнү олус таһымнаахтык толорон, бары олус астына иһиттибит, дуоһуйдубут.

Сонун түгэнинэн Полина Пантелеймоновнаны-Полина Победаны кытта истиҥ кэпсэтии буолла. Полина олоҕун кэрэ кэрдиис кэмнэриттэн быһа тардан кэпсээн, үбүлүөйдээх 70 сааһын көрсө бэйэтин ураты дьарыгын дьоҥҥо көрдөрөн, дьон киһи кыаҕыттан олус диэн соһуйда, сөҕө-махтайа көрдө. Саастан тутулуга суох, хаһан баҕарар күүскэ дьарыктаныахха сөбүн мустубут дьон эт харахтарынан көрөн итэҕэйдилэр, биһирээтилэр.

Өссө биир кэрэ түгэнинэн тутатына хоһоон айыыта буолла. Бары тыл эйгэлээх дьон мустубут буоланнар, бэриллибит 4 тылтан тутатына хоһоон айа охсон, бииртэн биир кэрэ хоһооннору иһиттибит.  Бастыҥ хоһоонньут аатын Ираида Коркина-Чугдаар Кыыс ылла уонна Арчы дьиэтин аатыттан өйдөбүнньүк бэлэҕи тутта.

"Ийэ тылы уруйдааҥ" диэн оһуохайынан бүгүҥҥү тэрээһин түмүктэннэ. Эдэр оһуохайдьыт Сергей Алексеев уонна олоҥхо тылын баһылаабыт Вера Цыпандина кылыһахтаах куоластарынан оһуохай тылын этэннэр, дьону түмэ тартылар.

Untitled 2024 02 19T111202.018

Ити курдук устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах дьоммут хомоҕой хоһоон хонуутугар  төрөөбүт тылбыт сүөгэйин-сүмэтин дуоһуйа ыймахтатан, ылбаҕай ырыа алыптаах эйгэтигэр  дууһалыын сынньатан, кырыымпа тыаһыгар сүрэхтиин сылаанньытан,  сайаҕас сахабыт тылыгар тапталбыт, ытыктабылбыт өссө дириҥээтэ,  күүһүрдэ.

Олус үрдүк таһымнаах тэрээһини салайан, иилээн-саҕалаан ыыппыт Сайылык Бүөтүрүгэр уонна "Ньургуһун" түмсүүгэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Инникитин даҕаны өссө айымньылаах үлэни, саҥаттан саҥа саҕахтары, үрдүктэн үрдүк чыпчааллары баҕарабыт! Сахабыт тыла үйэлэргэ үүнэ-сайда, чэлгийэ-чэчирии турдун!

Наталья Сергеева-Аана Кыыha, Чурапчы литературнай түмсүүтүн, "Айар Кут" регионнааҕы сойуус чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар