Дьокуускайга блогер эдэр ийэлэр “Күөрэгэй” түмсүү тэриммиттэрэ аҕыйах сыл буолла. Бу ийэлэр бары араас эйгэҕэ үлэлиир дьон. Бастаан утаа оҕолорун төрөөбүт төрүт тылынан сайа саҥардар, дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы тыыны киллэрэр туһугар туруммуттара. Онтон улам киэҥ эйгэҕэ тахсан, билигин улаатан, кэккэлэрэ кэҥээтэ, хамаандалара хаҥаата. Сунтаар, Мииринэй уо.д.а. улуустарга эмиэ “күөрэгэйдэр” баар буоллулар.
Ааспыт өрөбүлгэ, сэтинньи 17 күнүгэр, “Үлэ кыбартаалыгар” “Төрүт тыл түһүлгэтэ” диэн улахан тэрээһин буолан ааста. Манна “400 саха тыла” диэн уопсастыбаннай хамсааһын эмиэ кытынна.
Сарсыардаттан төрөппүттэр – оҕолорун, эбэлэр, эһэлэр сиэннэрин илдьэ ыччат сөбүлээн мустар киэҥ-куоҥ уораҕайыгар муһуннулар. Мэлдьи буоларын курдук, оҕо аймах, ыччат, төрөппүт толору. Киэҥ аһыыр сирдээх буолан, дьон саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри хас да былаһаакканан астына-дуоһуйа сырыттылар быһыылаах. Тэрийээччилэр дьиэ кэргэн бүтүннүү кэлэн туһанарыгар анаан, эмиэ бэркэ бэрээдэктээн түһүлгэлэргэ араарбыттар.
– Бастаан эдэр ийэлэр түмсэн, “куорат оҕолоро сахалыы саҥаралларыгар тугу эмэ гыныахха” диэн санааттан түмсүү тэриммиппит. Онтон аны “Күөрэгэй” бэстибээли аан бастаан 2019 сыллаахха “Россия – моя история” түмэлгэ тэрийэн ыыппыппыт. Кыс хаар ортото ыһыах курдук сахалыы эйгэни тэрийиигэ, төһө да тымныы буоллар, дьон толору кэлбит этэ. Дьэ чахчы, дьон манныкка олус наадыйар эбит диэн сөхпүппүт. Ол кэннэ хамсык буолбутун кэннэ тохтуу сылдьыбыппыт. Былырыын Оҕо дыбарыаһыгар иккистээн ыыппыппыт, быйыл бу “Үлэ кыбартаалыгар” ыыта сылдьабыт. Быйылгы тэрээһиммит уратыта – ыччаттарга, оскуола обургу оҕолоругар сүрүн болҕомтобутун уурдубут. Былырыын кинилэргэ кыра муннугу биэрбиппит, “кэлэллэр дуу, суох дуу?” дии санаабыппыт. Онтубут ыччаттарбыт тоҕо анньан кэлэн олус көхтөөхтүк кыттыбыттара! Ырыа-тойук, үҥкүү-битии, муусука бөҕө көҕүлүттэн тутуллубута. Сахалыы тыллаах блогердары, ырыаһыттары, мусукааннары, артыыстары кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн олус астыммыттара. Бу да сырыыга ыччакка сүрүн болҕомтону уурдубут. Сахалыы тыллаах эйгэни кэҥэтэргэ кинилэр сүрүн күүс буоллахтара. Сахалыы киинэ устуутун, куйаар ситимин баһылыырга, ырыа-муусука эйгэтигэр бэрт сэргэх кэпсэтии таҕыста. Бу “Үлэ кыбартаала” – эдэр дьон, ыччат сылдьар былаһаакката. Онон бу ыччат уораҕайын анаан-минээн кэлэн кэпсэппиппит. Быйыл кыракыйдарга эмиэ ураты болҕомтону уурдубут. Былырыыҥҥы тэрээһиҥҥэ төрөппүттэрбит оҕолорун илдьэ сылдьар буолан, кэпсэтиигэ кытталларыгар мэһэйдэппиттэрэ. Ол иһин быйыл икки уһуйааны ыҥыран кытыннардыбыт. Төрөппүттэр кэпсэтиини истэр, кыттар кэмнэригэр иитээччилэр оҕолору аралдьыталлар, оонньотоллор. Быйыл хаһан да кыттыбатах тэрилтэлэри кытыннардыбыт. Оҕо дыбарыаһын куруһуоктарын чилиэннэрэ кэлэн, сайыннарар, аралдьытар маастар-кылаас, оонньуу бөҕөнү ыыттылар. “Утум” хампаанньа, “Алмазкредисервис” уонна да атыттар эмиэ оҕолору сайыннарар оонньуулары тэрийэн ыыталлар.
Сандаара КУЛАКОВСКАЯ, юрист идэлээх, блогер, “Күөрэгэй” түмсүү сүрүннээччитэ:
– Дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы тыыны киллэрэргэ, оҕону төрүт тылынан иитэргэ-үөрэтэргэ төһүү күүс буоллун диэн, “Төрүт тыл түһүлгэтэ” диэн бэстибээлбитин сыл аайы ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу тэрээһиммитигэр 1500– 2000 киһи кэлэр. Бу кэмиэрчэскэйэ суох тэрээһин, биһиги харчы да, туох да оҥостубаппыт. Төттөрүтүн, бэйэбит харчы кыттыһан, бырахсан тэрээһиммитин ыытабыт. Сыччах “куораппытыгар сахалыы тыын баара буоллар” диэн сүрэхпит баҕатынан үлэлии-хамсыы, тэрийэ сылдьабыт. Кэпсэппит тэрилтэлэрбит эмиэ биир-биэс төлөбүрэ суох кэлэн үөрэ-көтө кытталлар. “Тугунан көмөлөһөбүнүй?” дии сылдьаллара олус үчүгэй. Бары даҕаны “оҕолорбут, ыччаппыт сахалыы саҥардаллар, сахалыы эйгэҕэ киирдэллэр ханнык” диэн ыалдьа сылдьар дьон буоллахпыт. Тылбыт бүгүҥҥү туруга хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын өйдөөтөхпүт дии.
Дьокуускай сахалыы тыллаах ыаллара биһиги тэрээһиммитигэр кэлэн, оҕолорун кытта маастар-кылаастарга, оонньууларга, аһаҕас кэпсэтиигэ, санаа атастаһыыга кыттан, кэнсиэр көрөн өрөбүл күннэрин туһалаахтык атаараллар. Бу тэрээһиммитинэн “куораппытыгар оҕолорбутун төһө баҕарар сахалыы эйгэҕэ иитиэххэ сөп, онуоха араас көмө-тирэх буолар тэрилтэлэр, биирдиилээн урбаанньыттар, оҕо сайдар кииннэрэ, үөрэх кыһалара, сахалыы остуол оонньууларын оҥорор урбаанньыттар бааллар” диэн билиһиннэрэбит, көрдөрөбүт. Манна да көстөрүнэн, сахалыы эйгэни тэрийэр элбэх тэрилтэ баар эбит. Төрөппүттэр оҕолорун төһө баҕарар бу тэрилтэлэргэ сырытыннарыахтарын, оонньуу атыылаһан сайыннарыахтарын сөп эбит. Сахалыы саҥарбат нууччалыы иитиилээх оҕолор кэлэн, кыратык да буоллар, сахалыы тыыҥҥа уһуйуллан барааччылар. Төрөппүттэрэ оҕолорун кытта төрүт дорҕооҥҥо, хомуска, ырыаҕа-тойукка, кылыһахха-чабырҕахха үөрэнэн, сахалыы харысхаллары уруһуйдуурга үөрэнэн бараллар.
Улуустааҕы “күөрэгэйдэр” тугу кэпсииллэрий?
Үгэс быһыытынан, сүрүн түһүлгэ — санаа атастаһыыта. Дьиэ кэргэн, түмсүүлэр, биирдиилээн сыһыаннаах дьон уопуттарын кэпсээтилэр. Манна тыһыынчаттан тахса килэмиэтир ыраах сытар Мииринэйтэн, Сунтаартан тиийэ кэлбиттэр.
Анна НИКИФОРОВА, Мииринэй куорат олохтооҕо, АЛРОСА хампаанньа үлэһитэ, “Мииринэй күөрэгэйэ” түмсүү сүрүннээччитэ:
– Биһиги былырыын Мииринэй куоракка олорор сахалары хамсатаары, түмээри алтынньы 15 күнүгэр тэриллибиппит. Хамсааһыммытын “Кэрэ эйгэ” диэн ааттаабыппыт. Элбэх омук тоҕуоруһан олорор бырамыысыланнай куоратыгар сахалыы эйгэни тэрийии олус уустук. Сахалыы саҥалаах дьон биһиги түмсүүбүтүгэр кэлэн, биир санаалаахтарын кытта көрсөн санаа атастаһаллар, кэпсэтэллэр, арааһы тэрийэн ыытабыт. Билиҥҥитэ түмсүүбүтүгэр 180 киһилээхпит. Былырыыҥҥыттан сыл устата 170 тэрээһини оҥордубут. Тыл өттүгэр биэс улахан пуорум ыыппыппыт. Муус устар 27 күнүгэр 350 киһилээх “Сахалыы саҥарабыт” диэн пуорум буолбута. Онно эмиэ оҕолорго, төрөппүттэргэ аналлаах тэрээһин этэ. Оҕону сайыннарар үөрэх кыһалара сахалыы тыллаах куруһуоктары тэрийэбит, төрүт дорҕооҥҥо, хомуска уһуйабыт, ырыаҕа-тойукка үөрэтэбит диэн кэпсээбиттэрэ, билиһиннэрбиттэрэ. Ол кэннэ, ыам ыйыгар, айылҕаҕа тахсан Ньукуолун бэстибээлин ыыппыппыт. Сайылыкка курдук тахсан, балаҕан өрөмүөннээн, кус миинэ буһаран, салама баайан, түптэ сытын таһааран олус истиҥ тэрээһини ыыппыппыт. Кус миинин буһаран Чернышевскай куоракка кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор дьиэлэригэр ыыппыппыт. Маннык тэрийэн нууччалар уутуйан олорор сирдэригэр булкуһан олорор сахаларга, кинилэр оҕолоругар төрүт култуурабытын, үгэспитин, тылбытын, дьарыкпытын билиһиннэрэбит. Аны туран, ыраас салгыҥҥа хаамыыны тэрийэбит, саастаах дьоммутун ыҥыртаан ииһи, быысапканы тэрийээччибит. Айанныыр, ааҕар, остуол оонньуулара, иистэнээччилэр, хаамааччылар уо.д.а. уопсайа уон тус-туспа хайысханан түмсэбит. Хас нэдиэлэ аайы араас тэрээһини ыытабыт. Бакаа анал дьиэбит-уоппут суох буолан, араас сиргэ көрсөбүт. Онон Мииринэй куоракка “сахалыы эйгэ баар буолла, онно олохтоох сахаларбытын уһугуннардыбыт” диэн, киэн тутта этиэххэ сөп. “Төрүт тылга төннүү” диэн учууталлары, дьыссаат иитээччилэрин кытта үөрэх эйгэтигэр хайысхалаах түмсүү тэрийбиппит. Быйыл сүрдээхтик туруорсан, сүүрэн-көтөн дьыссаакка сахалыы тыллаах бөлөх арыйтардыбыт. Онно төрөппүт бөҕөтүн хомуйан, барыларыгар илии баттатан, аны “иитээччи тиийбэт” диэбиттэригэр атын улуустан сахалыы тыллаах иитээччини көһөрөн үлэ бөҕөнү көрсүбүппүт. Аны туран, 26-с №-дээх куорат оскуолатыгар сахалыы кылаас аһылынна. Онно саха эрэ оҕолоро буолбакка, нуучча, омук оҕолоро эмиэ үөрэнэллэр. Кинилэр саха тылын биридимиэт быһыытынан үөрэтэллэр. Бу кылааска үөрэнэр бастакы кылаас оҕолоро наһаа үчүгэйдик сахалыы саҥарар, ааҕар, суруйар, бэл, чабырҕахтыыр буоллулар. Мииринэйгэ саха эйгэтин сэттэ эдэр ийэ буолан тэрийэ сылдьабыт. Бары араас эйгэҕэ үөрэнэбит. Мииринэй уһуйааныгар сахалыы бөлөҕү, оскуолаҕа сахалыы кылааһы астарыы сүрдээх киирсиилээх улахан үлэттэн таҕыста. Сүрүн сыалбытын ситистибит. Мантан тохтоон хаалбакка, Мииринэй улууһун барытын хабан үлэлиэхпит. Онон биир бөдөҥ бырамыысыланнай улууска сахалыы эйгэни киллэрии кимиилээхтик барар.
Дьэ, чахчы даҕаны, “идиэйэлэригэр Анна курдук бэриниилээх, сыалларын ситиһэргэ туохтан да толлон турбат эдэр дьон баар буоллахтарына, сотору омуктар тоҕуоруһан олорор улуустарыгар сахалыы саҥа сатарыыһы” диэн бүк эрэнэбит. Маннык дьон олоҕу хамсаталлар, дьону түмэллэр, кыаллыбаты кыайаллар.
Сахалыы остуол оонньуулара
Холобур, оҕолорго аналлаах оонньуулаах, күрэхтээх, тургутуулаах, маастар-кылаастаах анал былаһаакка баар. Манна кыратыттан обургу оҕотугар тиийэ сахалыы остуол оонньууларыгар астына дьарыктаннылар. “Алмазкредитсервис” тэрилтэ оҕолорго харчынан сөпкө туттарга остуол оонньуутун эгэлгэтин тэрийбиттэр. “Уу-чу-кучук” уһуйаан кэлэктиибэ кыра оҕолорго анаан, туһунан муннук ылан үлэ бөҕөнү ыытта. Кыра оҕолоох ийэлэр кырачааннарын иитээччилэргэ хаалларан баран, сөбүлээбит былаһааккаларыгар сырыттылар, кэпсэтиигэ кыттыстылар. Саха тэлэбиидэнньэтэ “Тоокуй” ойуулуктарын илдьэ кэлэн, оҕолорго сахалыы тыллаах ойуулук бөҕөнү көрдөрдүлэр. Оҕолор астына-дуоһуйа көрдүлэр аҕай. “Крафт” устуудьуйа салайааччыта Ньургуйаана Петрова оҕолорго харысхаллары уруһуйдатта, кырааскалатта.
Уопсайынан, “эдэр дьон төрүт тылы сайыннарарга араас хабааннаах остуол оонньууларын айаллар эбит” диэн, олус сөҕө-махтайа көрдүм. Холобур, Ньургун Григорьев Мандар Уус кинигэлэрин үөрэтэн, сонун остуол оонньуутун айбыт. Оонньуур киһи сахалыы оһуор арааһын таайыахтаах эбит, манна оҕо да, улахан да киһи үөрэ-көтө оонньуон сөп. Киһи мантан, биллэн турар, элбэххэ үөрэнэр, сахалыы оһуор арааһын, аатын билэр. Оттон Александр Винокуров диэн эдэр киһи маһынан остуол оонньууларын айан оҥорор эбит. Бу сырыыга “Балыксыттар” диэн оонньуутун аҕалан элбэх оҕо, төрөппүт сэҥээриитин ылла. Кини оонньуутуттан оҕолор арахпатылар.
Оонньуутун туһунан Александр: “Мин бу оонньууну Нерюнгрига үлэлии сылдьан айбытым. Ол саҕана 15-с №-дээх оскуолаҕа үлэлии сылдьан “Учитель года” күрэххэ кыттарбар остуол оонньууларын оҥорбутум. Уопсайа сүүрбэччэ оонньуулаахпын. Бу тэрээһиҥҥэ “Балыксыттар”, “Сырная мышеловка” диэн оонньууларбын аҕаллым. Оҕолор олус сэҥээрэн, оонньуу аҕай сылдьаллар. Дьиэ кэргэн киэһэтин, өрөбүллэргэ оҕолорун кытта маннык оонньуохтарын сөп. Билигин Оҕо дыбарыаһыгар үлэлиибин, куруһуокка оҕолору дьарыктыыбын. Биир үксүн алын сүһүөх оҕолоро сылдьаллар”. Остуол оонньууларыгар күрэхтэһиилэри ыытааччыбын, бэтэрээннэргэ эмиэ тэрийэн ыытабын. Бу оонньуулар оҕо болҕомтотун, төһө түргэнник толкуйдуурун, өйүгэр тутар дьоҕурун, сымсатын сайыннарар”, – диэн кэпсээтэ.
“Күөрэгэйдэр” ыыппыт быйылгы тэрээһиннэрэ, мэлдьи буоларын курдук, сүрдээх өрө көтөҕүллүүлээх ааста. Быыкаа оҕотуттан кырдьаҕаһыгар диэри араас хайысханы хабан үлэлэттэ. Тэрийээччилэр бэйэлэрэ да эппиттэринэн, быйылгы тэрээһиннэрэ ыччат дьону көҕүлүүр былаһааккаларыгар ордук болҕомтолорун уурбуттар. Обургу оҕолор, ыччат түмүстэҕинэ, нууччалыы кэпсэтэрин бары да истэ сылдьабыт. Саатар, ону аччатар наадаттан маннык сахалыы эйгэ баарын көрдөрөр, биллэрэр сөп. Бу тэрээһин сылтан сыл тупсан, кыттар дьоно элбээн, хамаандата хаҥаан иһэриттэн үөрэбит эрэ.
Балаһаны бэлэмнээтэ Туйаара СИККИЭР.