Соторутааҕыта интэриниэтинэн Нерюнгри куоратыгар “тэриллиилээх бөлөх боростутууссуйанан дьарыктаныыга кытыарбытын иһин” холуобунай дьыала тэриллибитин туһунан сурах тарҕаммыта.
Силиэстийэ сабаҕалыырынан, таҕылы ханнарар өҥөнү оҥорор пиирмэни икки дьахтар тэрийбит: 29 саастаах ыаллыы Амыр уобалаһын уонна 33 саастаах Нерюнгри олохтоохторо. Кинилэр биэс сыл устата (2016-2021 сс.) олус“таһаарыылаахтык” үлэлии олорбуттар. Уопсайа 20 дьахтар – Амыр уобалаһыттан уонна Забайкалье кыраайыттан Саха сирин соҕуруу киин куоратын олохтоохторун уонна ыалдьыттарын таҕылларын ханнаран, “түүҥҥү лыаҕынан” үлэлээбиттэр. Онуоха үлэни биэрээччилэрэ – “мамкалар” – диспиэччэр уонна суоппар быһыытынан бэйэлэрин билэр дьоннорун ыҥыран үлэлэппиттэр. Сорохтор кыбартыыраларын туран биэрэн, суукканан притоҥҥа кубулуппуттар.
Харчыга хараҥарбыт “мамкалар” 2018 сылтан аны бэйэлэрин суруллубатах кытаанах сокуоннарын, араас бобууну-хаайыыны, бэрээдэги олохтообутунан барбыттар. “Түүҥҥү лыахтарын” олохтоммут быраабыланы кэстэхтэрин ахсын кырбыыр, ыстарааптыыр буолбуттар. Ыстарааптара 500 тыһ. солк. кытары тиийэр эбит. Накаастыах буолан суоһурҕаммыттар: “Биһиги эппиппитин толоруоххут суоҕа да, боростутууккалыыргыт туһунан интэриниэт дьоно барыта билиэҕэ, видеолары угуохпут, кырбаммыт хаартыскаларгытын, видеоҕытын эмиэ”, -- диэн.
Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрбиттэринэн, бу тэриллиилээх бөлөх салайааччыларыттан ити сокуоннайа суох дьарыктан киллэрбит харчыларын – 15 мөл.солк. былдьаабыттар, ону таһынан массыыналарын уонна кыһыл көмүс киэргэллэри. Маны таһынан дьахталлар 40 мөл.солк. тахсалаах баайдарыгар-дуолларын былдьыыр гына дьаһал ылбыттар.
Билиҥҥитэ силиэстийэ түмүктэммит. Сотору кэминэн, борокуруор дьыаланы бигэргэттэҕинэ, суут көрүүтүгэр ыытыахтара.
Хаартыска: https://mirtesen.ru